Учуутал Майорова Александра Афанасьевна, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай эрэллэри бэлэмниир орто оскуола- интерант
Уруок түhүмэхтэрэ | Уруок ис хоhооно уонна учуутал дьарыга | Үөрэнээччилэр үлэлэрэ | Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ |
1.Тэрээһин чааһа Сыала: үлэлиир турукка оҕону киллэрии | Уруокка үлэлиир туругу тэрийэр - Үтүө күнүнэн! | Үтүө күнүнэн! Хомуллуу. Болҕомтолоохтук, көхтөөхтүк үлэлииргэ бэлэмнэнэллэр | Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии: тыл нуорматын, культуратын тутуһаллар |
2.Ситиһии төрүөтүн олохтооһун Сыала: барбыты чиҥэтии | Дьиэҕэ үлэни бэрэбиэркэлээhини тэрийэр. | | Бодоруһар сатабыл: бэйэ—бэйэни истэллэр, көмө. Бэйэ санаатын сөпкө быһаарыы, элбэхтэн наадалааҕы булан ылыы, барытын түмүү |
3.Билэр үөрүйэхтэргэ олоҕуран проблеманы таһаарыы Сыала: толкуйдатыы проблеманы туруоруу | Υɵрэнэр проблеманы таhаарар. Карточкалары ылыҥ эрэ. Туох сорудаҕын толорорбут буолуой? -Ханнык үөрүйэх нааданый? Суолтата сүнньүнэн биир, ол гынан баран араастык этиллэр тыллары (синонимнары таба булуу) -Синоним диэн туох этэй? алҕас куттас үөрүү сыыһа хорсун дьол | Эппиэтин этэллэр, оччоҕо дуоскаҕа эппиэтэ тахсар. майгыннаһар тыллары тэҥнээн көрөр, туох уратылаахтарын быһаарар. Уратыны таһаарар тыллары булан этэр. Алҕас-сыыһа Үөрүү-дьол | Билиини-кɵрүүнү ылар сатабыл: Тус билиилэригэр тирэҕирэллэр Билэр-көрөр сатабыл: Эппиэт истэн, тугу эбиэххэ сөбүн толкуйдууллар, ситэрэн биэрэллэр |
3.Үөрэтэр соругу туруорунуу Сыала: Урут билэргэ олоҕуран саҥа билиини ыларга бэлэмнээһин. Билэри, билбэти чопчулааһын | Уруок тиэмэтин уонна соруктарын буларга кɵмɵлɵhɵр. Ханнык тыллар ордон хааллылар? Бу тыллар ис хоһооно биир диэххэ сөп дуу. Бүгүҥҥү саҥа темабыт аата, оҕолор. утары суолталаах ааттар. Бу тыллары утары суолталаах тыллар, эбэтэр антонимнар диэн ааттыыллар | Хорсун –куттас суох | Билэр-көрөр үөрүйэх: өй үлэтин дьайыыларын сатаан оҥорор (сыаналаныы, ырытыы); Бэйэни салайынар-дьаhанар үөрүйэх: Тыллары куолаан бииргэ булаллар, булбуттарын быһаарсаллар |
4. Саҥа билиини арыйыы. Сыала: Бииргэ толкуйдаан, саҥаны арыйыыга, бэриллибит тиһигинэн үлэлээһиҥҥэ сатабыллары сайыннарыы | Утары суолталаах аат биһиги төрөөбүт тылбытын киэргэтэр, тылбыт баар- суох баайа буолар. 1. Yɵрэнэр кинигэнэн үлэни тэрийэр. Быраабыланы кытта билсиһии. 33с Сорох тыллар утраы суолталаах буолаллар. Үрүҥ-хара, итии-тымныы, бар-кэл, киир-таҕыс, түүн –күнүс, үөһэ-аллара, уҥа-хаҥас. Тэтэрээккэ үлэ 1 эрч кырдьаҕас киһи кырдьаҕас ханнык ыйытыыга хоруйдууруй утары суолтатын булуҥ эрэ. Куйаас сайын- Уһун күн- Чуумпу сарсыарда | Кинигэнэн үлэ 33 с Кырдьаҕас киһи-эдэр киһи Куйаас сайын- тымныы сайын Уһун күн- кылгас күн Чуумпу сарсыарда- чуумпу киэһэ | Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ: - Үөрэнэр соругу таба туруорунуу. Бодоруһар үөрүйэх: Эйэ-дэмнээхтик икки ардыгар кэпсэтэллэр, быһаарсаллар Билиини-кɵрүүнү ылар сатабыл: үөрэнээччи үөрэххэ баҕатын күүһүрдэргэ үлэлиир; Саҥа ураты суолталаах тыллары ырыталлар, тэтэрээттэригэр бэлиэтэнэллэр |
5.Физминутка Сыала: оҕо сылаатын таһааран, сынньанарын ситиһэн, салгыы үлэлиирин салайыы | Физминутканы тэрийэр. - Билигин, оҕолоор, сынньана таарыйа оонньуохпут. Мин билигин тыллары этиэм ону эhиги утарытын онороҕут. Холобура: тур диэтэхпинэ олороҕут. Саҕалаатыбыт: уҥа диэки биирдэ хардыылааҥ, хомойбут киhини көрдөрүҥ, хаҥас хараххытын илиигитинэн саба туттуҥ, уҥа атаххытын өрө тэбиҥ, турабыт. Сөп сынньанныбыт | Оҕолор хамсанан, сэргэхсийэллэр, | Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бары тэҥҥэ хамсанан |
6.Билиини чиҥэтии уонна хонтуруолланыы Сыала: Ырытар, тэҥниир сатабылларын сайыннарыы | Ылбыт билиилэрин чиҥэтэргэ үлэни тэрийэр. 3. Утарыта суолталаах тылларынан ситэр. Буспут дьэдьэн- Куораттан кэллэ Сылаас күн- Хорсун оҕо- | Буспут дьэдьэн- сиикэй дьэдьэн Куораттан кэллэ – куораттан барда Сылаас күн- тымныы күн Хорсун оҕо – куттас оҕо | Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ Билэр-көрөр сатабыл: Оҕолор санааларын аһаҕастык этэллэр, тыл этии нуорматын тутуһаллар Бэйэни сыаналанар үөрүйэх: утарыта суолталаах тыллары табыгастаахтык туһаныы, сөпкө суруйуу. Киһи быһыытынан сайдар үөрүйэх: коллективка эйэ-дэмнээхтик үлэлээһин, үлэни тиһэҕэр тиэрдэр үөрүйэҕи иҥэринии.. Бодоруһар сатабыл: Бэйэ икки ардыгар сүбэлэһэн быһаарсаллар, чопчулууллар Билиини-кɵрүүнү ылар сатабыл: Тэтэрээккэ ыраастык, Сөпкө суруйуу үөрүйэҕэ |
Утарыта суолталаах тыллары толкуйдаа. Арый- сап, кирдээх-ыраас, халыҥ-чараас.... | |
Тылдьытынан үлэ сыала Ɵйдѳммѳт тыллары булан, ону туоратарга сыал-сорук туруорунуу | 6. Буочаргын тупсар. Сытар дүлүҥ анныгар уу киирбэт. Дүлүҥ суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан көрөбүт.. бөкүнүк уһун мас. 7. Бис диэн тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан бул. Тылы сөпкө саҥарарга, суруйаргы эрчилин. Этиитэ толкуйдаа. Бу тыллары туһанан этиитэ толкуйдаа. | Тылдьытынан үлэ Оҕолор эппиэттэрэ |
8.Тылы дорҕоонунан ырыт. Дэриэбинэ- .. дорҕоон, ...буукуба, ..сүһүөх. [д]- бүтэй дорҕоон, ньиргиэрдээх [э] – кылгас аһаҕас дорҕоон [р] -бүтэй дорҕоон, ньиргиэрдээх [иэ] - дифтонг [б]- бүтэй дорҕоон, ньиргиэрдээх [и] – кылгас аһаҕас дорҕоон [н] - бүтэй дорҕоон, ньиргиэрдээх [э]- кылгас аһаҕас дорҕоон дэ-риэ-би-нэ, 4 сүһүөх | Дэриэбинэ- 8 дорҕоон, 9 буукуба, 4 сүһүөх |
9. Аах. Салгыы ситэрэн суруй. Тииҥ – тыа кыыла. | |
7. Дьиэҕэ үлэ Сыала: оҕо чинчийиэн баҕарар санааны көтөҕүү | Дьиэҕэ үлэни быhаарар. 2 эрч 33с Үрүҥ былаат утары өҥүн ситэрэҕит Кыра эһэ – кээмэйин Ньулуун миин- амтанын | Оҕолор санааларын үллэстэллэр. Бүгүҥҥү уруокка тугу өйдөөбүттэрин этэллэр. Дьиэҕэ үлэ суруналлар | |
8. Бэйэни сыаналаныы Сыала: Бэйэ ситиһиитин ырытан уруокка уопсай түмүк таһаарыы | Үөрэнээччи бэйэтин дьарыгын сыанабылын тэрийэр. бүгүҥҥү уруокка эн кими хайгыаҥ этэй? Тоҕо? ____ бүгүҥҥү уруокка эн бэйэҕин туохха хайгыаҥ этэй? Тоҕо? | | Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ Бодоруһар үөрүйэх: Уруокка саамай болҕомтолоох оҕону быһаараллар, сыана быһаллар, түмүк санааларын этэллэр |
9. Рефлексия Сыала: уруок тематын, сыалын быһаарыы | Уруок түмүгүн быhаарыыны тэрийэр. Бүгүҥҥү уруокка тугу сөбүлээтигит? Ханнык тыллары кытта билистиҥ Тоҕо утары тыллар диибитий | | Билэр-көрөр үөрүйэх: Уруок устата иҥэриммит билиилэрин быһаараллар Бодоруһар үөрүйэх: Ылбыт билиилэрэ туохха уонна тоҕо наадалааҕын быһаарсаллар |