kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Технологическая карта урока "Кыталык - саха ытык көтөрөНь

Нажмите, чтобы узнать подробности

Технологическая карта урока, 3  класс. предмет. Культура народов Республики Саха. "Кыталык - саха ытык көтөрө"

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Технологическая карта урока "Кыталык - саха ытык көтөрөНь»

Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)

ГБПОУ РС (Я)

«Вилюйский педагогический колледж им. Н.Г. Чернышевского»

Отделение подготовки учителей начальных классов







ТЕХНОЛОГИЧЕСКАЯ КАРТА

Культура народов Республики Саха (Якутия)

3 класс





Составила студентка 311 группы

ОПУНК ПВНК

Обутова Сайыына Вячеславовна

Проверила: ________/___________________/

Вилюйск, 2016


Уруок тиэмэтэ: Кыталык – саха норуотун ытык көтөрө

Уруок соруктара: Саха норуотун өйүгэр – санаатыгар кыталык оруолун үөрэтии, кыталык – Саха Сирин харыстанар көтөрө буоларын өйдөтүү.

Билэр – көрөр дьоҕуру сайыннарыы: Үөрэнээччи билэр – көрөр сатабыллын, тыллан өһүн , толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.

Дэгиттэр үөрүйэҕи сайыннарыы: Оҕо бэйэтин дьоҕурун сайыннарыы; элбэҕи билэ сатыыр, бэйэтин санаатын арыйыы, интэриэһин сайыннарыы.

Сатабылы инэрии :Учууталы сатаан болҕойон истэн суруйарын, ыраастык туттан үлэлиирин, алҕастарын сатаан булан көннөрүннэллэрин ситиһии.

Тус бэйэ үөрүйэхтэрэ: бэйэ дьоҕурун туһанан билиини ыларга дьулуһуу, болҕомтолоох, элбэх билиини, быһаарыыныны ыларга бэлэм буолуу.

Салайынар үөрүйэхтэрэ: билии ыларга үлэни былааннааһын, сыыһалары учуоттаан көннүрүнэргэ иитии, үлэ инники түмүгүн сабаҕалааһын.

Бодоруһар үөрүйэхтэр: бэйэ – бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыан, учууталы кытта сөпкө алтыһыы. Үөрэнээччи атын оҕо эппиэтин болҕойон истэрин ситиһии.










Уруок этаптара

Учуутал дьайыыта

Үөрэнээччи дьайыыта

Бириэмэ

УУД

  1. Тэрээһин чаас

  • Үтүө сарсыарданан!

(оҕолор уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлиир).

  • Үтүө сарсыарданан.

1 мүн

көтөрө буоларын өйдөтүү.

Билэр – көрөр дьоҕуру сайыннарыы: Үөрэнээччи билэр – көрөр сатабыллын, тыллан өһүн , толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.

Дэгиттэр үөрүйэҕи сайыннарыы: Оҕо бэйэтин дьоҕурун сайыннарыы; элбэҕи билэ сатыыр, бэйэтин санаатын арыйыы, интэриэһин сайыннарыы.

Сатабылы инэрии :Учууталы сатаан болҕойон истэн суруйарын, ыраастык туттан үлэлиирин, алҕастарын сатаан булан көннөрүннэллэрин ситиһии.

Тус бэйэ үөрүйэхтэрэ: бэйэ дьоҕурун туһанан билиини ыларга дьулуһуу, болҕомтолоох, элбэх билиини, быһаарыыныны ыларга бэлэм буолуу.

Салайынар үөрүйэхтэрэ: билии ыларга үлэни былааннааһын, сыыһалары учуоттаан көннүрүнэргэ иитии, үлэ инники түмүгүн сабаҕалааһын.

Бодоруһар үөрүйэхтэр: бэйэ – бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыан, учууталы кытта сөпкө алтыһыы. Үөрэнээччи атын оҕо эппиэтин болҕойон истэрин ситиһии.


  1. Саҥа тиэмэҕэ киирии

  • Билигин кыратык оонньуохпут. Ооньуубут быраабылата маннык: мин буукубалары биэрбин ол буукубалартан эһиги көтөр аатын таһаарыахтааххыт.

  • Бастаан сөпкө таайбыкка,эппиэттээбиккэ лиис биэрэбин, ону уруок бүтүүтэ туһаныахпыт.

Оҕолор тыл тааһаараллар, көтөр аатын булаллар.

  • кыталык

5 мин

  1. Сүрүн чаас

  • Ол аата бүгүн биһиги кыталык туһунан ырытаһыахпыт.

  • Кыталык туһунан биһиги тугу билэбитий?

  • Кыталыгы билэр туһуттан бүгүн биһиги кыра чинчийэр үлэ оҥоруохпут. Ону барытын маннык таблицаҕа толорон иһиэхпит.

  • Бастатан туран, биһиги кыталык туһунан тугу билиэхтээхпитий?

  • Сөп, ким билэрий хайдах дьүһүннээҕин?

  • (слайд) Кыталык эппит курдук:

Маҥан, төбөтө атаҕа кыһыл өҥнөөх. Уһуна 120 см, ыйааһына 8 кг тиийэр.

  • 120 см уһуннаах буоллаҕына төһө улахан көтөр эбитий?

  • метр таһаардахпытына төһө буоларый?

  • бастаан эппиэттээбит оҕо тахсан мээрэйдээх көрөр.

  • Өссө тугу билиэхтээхпитий?

  • Бары кыталыкпыт ойуутун болҕойон көрдүбүт. Кыталыкы тугунан аһылыктанарын ким этиэй?

  • Сайынын от аһылыктанар эбит. Онтон сааһын, күһүнүн кутуйахтарынан уонна от силиһинэн аһыыр. Тоҕо?

  • сөп, өссө тугу билиэхтээхпитий?

  • Ким билэрий ханна олороллорун.

  • Кыталык кыһын кыстыыр сирдэрэ – Кытай, Индия, Афганистан. Онтон төрүүр – ууһуур сирдэрэ – Саха сирин бадарааннаах, куталаах күөл, өрүс кытыллара, туундара.

  • Картаҕа ким көрдөрүөй, бу ааттаммыт дойдулары?

  • Кыталык Саха Сиригэр уйаланар сирдэрэ: Яна, Амма, Лена, Халыма, Алдан, Индигир.

  • Өссө кыталык туһунан тугу билиэххитин баҕараҕыт?

  • (саҥаларын тыаһатыы)

  • Оҕолор, онтон сахаларга кыталык туох суолталаах дии саныыгыт?

  • Биһиги сахалар кыталыгы кыраһыабай кыыс уобараһагар, олох салҕанан баран иһиитигэр, дьолго – соргуга тэҥниибит уонна сүгүрүйэбит. Олоҥхоҕо хоһуйаллар, ырыа – хоһоон айаллар. Онтон кыталыгы өлөрбүт киһи – кылгас үйэлээх буолар, үнкүүтүн көрбүт киһи дьоллоох.

  • Атын норуот кыталыгы эмиэ ытык кыылынан ааҕаллар эбит. Ол курдук ханты уонна манси норуот кыталыгы олус диэн ытыктыыр, харыстыыр. Уонна сылын ахсын араас тэрээһиннэри ыытар эбит.

  • Кыталык кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөр. Ол аата биһиги кыһыл кинэҕэ киирбит буоллаҕына хайыахтаахпытый?

Кыһыл кинигэни көрдөрөр.

  • Тоҕо кыталык ахсаана аҕыйыырый?





Оҕолор тугу билэллэрин кэпсииллэр




  • Кыталык тас көрүҥүн.


  • маҥан, уһун моонньуулаах, атахтаах, кытатын кытыыта харалаах.





  • улахан.


  • 1 метр уонна 20 см.




  • тугунан аһылыктанарын.



  • ким туох эппиэттээҕин этэр.

  • сайын от күөх сибиэһэй, онтон күһүн уонна саас

  • от тахса илик ьбуолар уонна саҥаран өлөр.

  • ханна баалларын.

  • оҕолор эппиэттэрэ.







  • биир оҕо тахсан эппиэттиир?




  • Хайдах саҥарарын.


  • эппиэттиииллэр.























  • Бултууллар, төрүүр – ууһуур сирдэрэ аҕыйах, экология мөлтөх.

15 мин

  1. Чиҥэтии.

  • биһиги туох сыалтан бүгүн кыталыктар тустарынан үөрэттибит?

  • Иван Ионович Дьячковскай – Кыталык Уйбаан диэн Амма улууһуттан төрүтттээх, аан бастаан кыталыктар үнкүүлэрин уон сааһыгар көрбүт. Олоҕун кыталыктары харыстаһын үлэтигэр анаабат киһи.

  • кыталыктар ханна олороллорун, тугунан аһылыктаналларын, хайдах дьүһүннээҕин билээри.

  • кыһыл кинигэҕэ киирбит кыыллары харыйстыахтаахпыт.

5 м

  1. практическай чаас

  • Мин билигин лиис түҥэтэлиэм.

Бу лиистэринэн биһиги кыталыктары оҥоруохпут.

  • Биһиэхэ наада: кыптый уонна хара уонна кыһыл өҥнөөх харандаас, фломастер.

  • Бары бүтэрдибит.. Билигин биһиги кыталыктарбытын көтөн эрэр тиһэн баран кылаас киэргэтиэхпит.

  • Бары биир – биир тахсан кылаас оҕолоругар баҕа санааҕытын этэҕит.

  • Бэлэмнэнэллэр.

10 м


  1. Түмүк

  • бүгүҥҥү уруокка тугу биллигит?

  • Эппит курдук, кыталык үнкүүтүн көрбүт киһи дьоллоох буолар. (видео)

  • тугу билбиттэрин укэпсииллэр.

5 м





Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 3 класс

Скачать
Технологическая карта урока "Кыталык - саха ытык көтөрөНь

Автор: Обутова Сайыына Вячеславовна

Дата: 29.04.2019

Номер свидетельства: 508738


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства