kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сергей Васильев хоһооно «Тииң»

Нажмите, чтобы узнать подробности

Литература аа5ыытын уонна саха тылын интегрированнай

уруогун технологическай картата

Төрөппүттэргэ анаан аһа5ас уруок

Учуутал – Григорьева З.Н.

Болугур  орто  оскуолата

Кылааһа - 1

Уруок сүрүн өйдөбүлэ: Сергей Васильев тииң туһунан хоһоонун нөңүө о5о уус-уран айымньыны аа5ыытыгар интэриэһи үөскэтии.

Уруок сыала: Айымньыны истэргэ, тылга бол5омтолоох буолууга иитии;

                        Тииң туһунан билиини кэңэтии, айыл5а5а харыстабыллаах сыһыаны иитии.

Туттуллар матырыйаал:

- учебник Литература аа5ыыта

- презентация «Тииң».

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сергей Васильев хоһооно «Тииң»»

Литература аа5ыытын уонна саха тылын интегрированнай

уруогун технологическай картата

Төрөппүттэргэ анаан аһа5ас уруок

Учуутал – Григорьева З.Н.

Болугур орто оскуолата

Кылааһа - 1

Уруок сүрүн өйдөбүлэ: Сергей Васильев тииң туһунан хоһоонун нөңүө о5о уус-уран айымньыны аа5ыытыгар интэриэһи үөскэтии.

Уруок сыала: Айымньыны истэргэ, тылга бол5омтолоох буолууга иитии;

Тииң туһунан билиини кэңэтии, айыл5а5а харыстабыллаах сыһыаны иитии.

Туттуллар матырыйаал:

- учебник Литература аа5ыыта

- презентация «Тииң».


Темата: Сергей Васильев хоһооно «Тииң»

Тиибэ: саңа матырыйаалы үөрэтии

Соруга: - айымньыны ;

-аа5ар дьо5уру сайыннарыы, аа5ыыга о5о интириэһин тардыы.

Үөрэтии түмүктэрэ

Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ:

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы:

-Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар;

-Сэһэргэһэр киһитин болђойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр , бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр;

-Учебниктан, атын литератураттан ылбыт информацияны бэйэ кэпсээнигэр туһаныы, түмүк оңоруу;

-Бэйэ ситиһиилэрин сыаналаныы.


Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иңэрии түмүгэ:


Атын предметтэри кытта сибээһэ: литературнай аађыы, технология, уруһуй

Уруок хаамыыта

Учуутал үлэтин көрүңнэрэ

Үөрэнээччи үлэтин көрүңнэрэ

1.Тэрээһин түһүмэх 1 мин

Үлэлиир турукка киллэрии

- Үтүө күнүнэн убаастабыллаах төрөппүттэр!

Бүгүн эһиги Литература аа5ыыта уонна саха тыла интегрированнай уруокка кэлэн олоро5ут.

Ођолор үлэлииргэ бэлэм буолаллар




Төрөппүттэри кытта дорооболоһоллор.

2. Уруок тематыгар интэриэһи уонна проблеманы үөскэтии түһүмэђэ 5 мин

Толкуйдатыы, проблеманы үөскэтии, ырытыы

- Бүгүн биһиэхэ уруокпутугар билиэн-көрүөн бађалаах Чуораанчык уол кэллэ. Кини таабырын таайтарыан ба5арар. (слайд 2)


-Оччођо эһиги санаађытыгар бүгүңңү уруокпутугар туох туһунан айымньыны аа5ыахпытый?

(слайд 3)

Таабырыны таайаллар.

Бэйэ-бэйэђэ болђомтолоохтук сыһыаннаһыы уонна бэйэ-бэйэни истиһии.


Ођолор эппиэттииллэр



Ођолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.

3. Баар билиигэ тирэђирии түһүмэђэ 5 мин

Баар билиигэ тирэђирэн уруок тематын таһаарыы.

-Тииң туһунан тугу билэ5ит?


/о5олор эппиэттэрин кылгастык суруйан иһэр/

-Тииң туһунан ханнык айымньыга аахпыппытый?

(слайд 4)


- Бүгүн туох туһунан аа5ыахпытый?


/доска5а суруй/ Уруок сыала


Аа5ыахпыт суруйуохпут



Тииң туһунан тугу билэллэрин кэпсииллэр.

Билэр ођолортон сиэттэрэн, билэллэрин ааттыыллар, көрдөрөллөр, мөккүһэллэр, дакаастыыллар.

4. Саңа билиини ылыы түһүмэђэ 10 мин

Ођо үлэтин тэрийии. Саңа быһаарыыларыгар көх-нэм буолуу.


- Кинигэ 94 стр арыйың ханнык айымньыны аа5ыахпытый?

/айымньы аата суо5ар бол5омто уурар/


- Мин айымньыны аа5ан иһитиннэриэхпин ба5арабын.

Учуутал аа5ан иһитиннэрэр.


/О5олор аа5алларын хонтуруоллуур/


- Айымньыны туох диэн ааттыа этигит?

(слайд 5)




Кинигэни арыйан көрөллөр.


Аата суо5ун көрөллөр


Учуутал аа5ыытын истэллэр.




Сыабынан аађаллар


Эппиэттииллэр

5. Билбэти быһаарыыны көрдөөһүн түһүмэђэ 5 мин

Мөккүһүүнү таһаарыы; саңа өйдөбүллэри бэйэ быһаарыытын ситиһии;


- Суруйааччы тииңи ойуулуур тыллары булуң


Учуутал көмөлөһөр

Ойуулуур тыллар: өлбөөрбүт күкээркэй, кэриимниир, тиит төргүү мутугун, көмүллүүр

(слайд 6, 7, 8)

Эйэ дэмнээхтик бэйэ икки ардыгар кэпсэтии, быһаарсыы, мөккүһүү.


Тыллары булан аа5аллар. Бэйэлэрэ быһааран холоноллор.





6. Физминутка 1 мин

- О5олор, бу этиилэртэн тииң туһунан этиини тэтэрээккитигэр устуң.

Былаан:

- бастаан тугу гынабыт?

- аа5ан баран?

- онтон дьэ устабыт

Сайыммыт кэлэрэ чугаһаата, кэ5эбит кэлиэ5э.

- Кэ5э диэн тылы фишканан суруйуң.

Куобах эмиэ.

Магнитнай фишкаларынан.


Бу үс тылтан ханнык тылы кыайан көһөрбөппүтүй? То5о?

О5олор аа5аллар, суруйаллар.







Фишканан суруйаллар


Бэрэбиэркэлэнэллэр.


О5олор быһаараллар. Санааларын этэллэр.

6.Түмүк оңоруу түһүмэђэ

Ођолор санааларын билии.

Ыйытыы көмөтүнэн уруок сыала ситиһиллибитин ырытыы.


Бүгүңңү уруокпут сыала туох этэй?

Тииң хайдах кыыл эбитий?

«Тииң мэйиитэ» диэн тугу этэллэрий? Дьоңмутуттан ыйытылаһың.

Ођолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.

7. Рефлексия.

- Тииң туһунан элбэђи биллим, уруокка үчүгэйдик аахтым, суруйдум диир ођолор дневниккэ түөрт муннугу барытын кырааскалыыллар.

- Тииң туһунан син биллим, син аахтыбым, син суруйдум диир о5олор улахан аңарын кырааскалыыллар.

- Тииң туһунан ађыйађы биллим диир ођолор аңарын.

Бэйэ ситиһиитин сыаналааһын.








Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 1 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сергей Васильев хоһооно «Тииң»

Автор: Григорьева Зинаида Николаевна

Дата: 04.04.2018

Номер свидетельства: 464919


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства