kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Разработка урока "Героический эпос - олонхо"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Олонхо - шедевр якутского народа. В олонхо богатство языка, традиций нашего народа. 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Разработка урока "Героический эпос - олонхо"»

Республика Саха (Якутия)

Муниципальное образование «Кобяйский улус (район)»

Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение «Люксюгунская основная общеобразовательная школа»






«Олоҥхо – төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ»

(разработка урока)







Выполнила: Эверстова Нюргустана Владимировна

учитель начальных классов





Люксюгюн 2021

МТ «Кэбээйи улууһа (оройуона)»

МБУоҮөТ «Лүксүгүн сүрүн уопсай уерэхтээһин оскуолата»







«Олоҥхо – төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ»

(уруок разработката)









Оҥордо: Эверстова Нюргустана Владимировна

алын сүһүөх кылаас учуутала





Лүксүгүн 2021

Уруок: литература ааҕыыта.

Кылаас: 3 кылаас.

Тиэмэтэ: «Олоҥхо – төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ».

Уруок тиибэ: саҥа теманы үөрэтии;

Технологията: ИКТ, дидактическай оонньуу.

Методтара: быһаарыы, кэпсэтии, презентация көрдөрүү, сорукка тахсыы, хонтуруол, хайҕабыл, айар (творческай) сорудах, рефлексия.

Уруок сыала: олоҥхо туһунан билиини хаҥатыы. Олоҥхону уус-ураннык ааҕыыга көҕүлээһин, тыл саппааһын байытыы. Олоҥхо иитэр-үөрэтэр өрүттэрин билии.

Уруок соруктара:

Yѳрэтэр:

- тыл кѳмѳтүнэн айымньыны сиһилии ырытарга үѳрэтии;

- айымньы сүрүн санаатын быһаарарга үѳрэтии;

- айымньы иитэр-үөрэтэр өрүттэрин үөрэтии.

Сайыннарар:

- саҥарар саҥаны сайыннарыы;

- үѳрэнээччи тылын саппааһын кэҥэтии;

- ааҕарга интэриэһи үѳскэтии.

Иитэр:

- бодоруһуу сатабылларын сайыннарыы;

- бэйэ-бэйэҕэ аһыныгас буолууну, кѳмѳлѳҺүүнү иҥэрии;

- тѳрѳѳбүт тѳрүт тылынан киэҥ туттууну иитии.

Былааннаммыт түмүк:

Тустаах үѳрэх биридимиэтин үѳрэтии түмүгэ:

- айымньы ис хоһоонун ѳйдѳѳн ааҕыы;

Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии: биир саастыылаахтарын кытта алтыһыы сатабылларын сайыннарыы.

Yѳрэх уопсай сатабылларын сайыннарыы:

- алтыһыы кэмигэр бэйэ-бэйэҕэ кѳмѳлѳсүһүү;

- үѳрэнээччи салайынар дьоҕурун сайыннарыы;

- бѳлѳххѳ бодоруһуу, үлэни үллэстии, былааннаныы.

Туттуллар тэрил: Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова «Литература ааҕыыта» 3-с кылаас, «Олоҥхо тыла-өһө», «Мин дойдум – олоҥхо дойдута», интерактивнай дуоска, проектор, «Олоҥхо – төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ» презентация,

Уруок хаамыыта:

I. Тэрээһин чаас:

- Үтүө күнүнэн, оҕолор!

КЭПСЭЭН

ХОҺООН

ОЛОҤХО

ҮГЭ

ДРАМА

  • Бу тыллартан хайата норуот тылынан уус-уран айымньытай?

  • Оҕолор: олоҥхо.

- Саамай сөп бүгүн биһиги «Олоҥхо-саха норуотун барҕа баайа» диэн уруокпутугар саха норуотун уһулуччулаах уус-уран айыытын – олоҥхотун туһунан кэпсэтиэхпит. Бүгүн мин эһиэхэ олоҥхо олоҕу ойуулуур сүдү айымньы буоларын туһунан, ыччаты үөрэтэр-иитэр суолтатын кэпсиэҕим.

- Тэтэрээкээ бүгүҥҥү чыыһыланы, тиэмэны суруйабыт.

II. Сүрүн чаас:

1. - Оҕолоор, саха норуотун тылынан уус-уран айымньыларын тустарынан биһиги оҕо эрдэхтэн билэбит. Билигин миэхэ норуот тылынан уус-уран айымньыларын араастарын санатыһа таарыйа этиҥ эрэ. (Оҕолор таабырын, өс хоһоонноро, остуоруйа, чабырҕах диэн этэллэр).

- Маладьыастар. Онтон быйыл биһиги саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай улахан көрүҥүн олоҥхону салҕыы үөрэтэбит. Олоҥхо норуот тылынан уус-уран айымньытын саамай улахан көрүҥэ. Кини ис хоһоонунан да киэҥ, тас көрүҥүнэн да улахан. Манна киһи-аймах үйэлэр тухары сүппэт-оспот үтүө сиэрэ, олох туһугар охсуһуута ойууланар. Кэрэ, үтүө быһыы-майгы үйэлээҕин, киһи олоҕо бүтүн норуотун олоҕор суолталааҕын олоҥхо филисофията этэр. Кини сүрүн этэр санаата - «күн улууһун, айыы аймаҕын дьонун» дьоллоох, эйэлээх олохторун «абааһы аймахтарыттан» көмүскээһин. Олоҥхо бар дьон уйгулаах олоҕун туһугар ханнык да ыарахаттартан толлубакка хорсуннук охсуһарга ыҥырар. Норуот саас-үйэ тухары эйэҕэ, дьолго баҕарбытын уус-уран тыл күүһүнэн уос номоҕо оҥостон кэпсиир. Олоҥхо киһи олоҕун сүрүн ис хоһоонун оҕо-уруу төрөтөн ыал буолууну этэр.

- Биһиги өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн аан дойду хас дойдуттан турарый?

- Олоҥхоҕо үс дойду ойууланар. Орто дойдуга көмүскэстээх санаалаах күн өркөн улуустара, аһыныгас санаалаах айыы хаан аймахтара олороллор. Кинилэр үрүмэлээх үүт курдук үүт тураан олохторун Аллараа дойду адьарай биистэрэ адаҕыйан тахсаннар аймыылларын иһин, Үөһээ дойду үрдүк айыылара сүдү күүстээх бухатыыры ох курдук оҥорон, кустук курдук куоһаан туһэрэллэр. Бухатыыр орто дойду дьонун көмүскээн уһун айаннарга турунар. Аллараа дойду абааһыларын кытта охсуһан кыайыы-өрөгөй көтөллөнөн кэлэр. Олоҥхо бүтүүтүгэр орто дойду дьоно бары бэйэлэрин дьоллорун булан, ыал буолан уруу тэрийэллэр. Бу буолар олоҥхо олоҕу ойуулуур көстүүтэ. Хас биирдии киһи орто дойдуга олох олоро кэлэр. Онон кини ханнык баҕарар ыарахаттары туораан олох олоруохтаах диэн үөрэтэр сүрүн идеята.

- Олоҥхоҕо туох туһунан кэпсэнэр эбитий? (Оҕолор олоҥхоҕо үс дойду, айыы дьонун уонна абааһылар тустарынан кэпсэнэрин этэллэр).

2. Сынньалаҥҥа олоҥхо хамсаныылара:

Эрчиллиигэ бэлэмнэнии (турукка киирии)

Ойон тахсар күннээх,

Охтон баранар мастаах,

Уолан бүтэр уулаах

Орто туруу дойду

Оҥоһуллубута эбитэ үһү.

Орто дойду айыллыыта:

- Иннэ-кэннэ биллибэт - Сиһи көнөтүк туттан

Киэҥ куйаар ортотугар туруу, төбөну уҥа,

Биир кыракый таас оҕото хаҥас эргитии.

Төкүнүйэ-бөкүнүйэ

Сылдьыбыта үһү.

Олоҥхоҕо айылҕа көстүүтэ:

- Туналҕан маҥан - Илиини үөһэ уунан

Килбиэн халлаан, атах төбөтүгэр туран

Үрдүк мэҥэ чиккэйии.

Добун халлаан.

- Күннэтэ күөрэйэр - Төбөнү уҥа-хаҥас

Күндү маҥан күн, кыҥнатыы.

Күрэнэн көрбөтөх

Күлүм-чаҕыл күн.

- Үрүҥ былыт үөрдүстэ - Икки илиини быластыы

Хоҥор былыт холбосто. уунуу, иннигэр холбооһун,

Маҥан былыттар икки илиини кэккэлэһиннэрэ хамсатыы.

Бараалаһан кэлбиттэр.

3. - Оҕолоор, олоҥхо туох сүрүн идеялаах эбитий? (Оҕолор олох олоруу диэн этэллэр).

- Чэ, бары былыргы дьыл быдан мындаатыгар, урукку кэм одун уорҕатыгар айанныаҕын.

- Дьэ эрэ оҕолоор, олоҥхо туһунан сүрүн өйдөбүлү мин кэпсээммиттэн уонна презентацияны көрөҥҥүт ыллыгыт. Билигин хараххытыгар оҥорон көрүҥ эрэ былыргы саха балаҕанын иһин.

(Оҕолор харахтарын симэн учуутал этэрин өйдөрүгэр оҥорон көрөллөр).

- Көмүлүөк оһох умайа турар. Оһох иннигэр оҕолуун-кырдьаҕастыын бары мустан олоҥхоһуту истэллэр. Былыр уот суох кэмигэр уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ кинилэр аралдьыйаллара эрэ ити. Ол иһин олоҥхоһут кэллэҕинэ дьоро киэһэ үүнэрэ.

4. - Чэ, эрэ харахпытын астыбыт. Билигин мин эһиэхэ олоҥхо үөрэтэр-иитэр өрүттэрин кэпсиэҕим, биһиги олоҥхоттон туохха үөрэнэбит. Билигин мин ол этэр өрүттэрбин тэтэрээппитигэр сурунан иһиэхпит.

1. Олоҥхоҕо киһи төрүөҕүттэн уһун олоҕо уустаан-ураннаан ойууланар. Бухатыыр айыллан, алгыстанан Орто туруу буран дойдуга олохтоноот, олоҕун оҥостубутунан, дьиэ-уот тэриммитинэн барар. Хас биирдии туттуута, хамсаныыта алгыһы, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа үтүө сыһыаны, сүгүрүйүүнү кытта ситимнээх. Олоҥхо геройдарын эргиччи айыылар, от-мас иччилэрэ араҥаччылыыллар. Ол да иһин «Саха-айылҕа оҕото» диэн этиллэр. Айылҕаны кытта биир тыыннаах, өйдөһөр, өйөһөр аналлаах. Ону олоҥхо геройдара тутуһаллар. Айыы киһитэ «аһыныгас санаалаах, көмүскэс сурэхтээх», онтон ситимнэнэн айылҕаны кытта биир тыыннаах буолан хорсун сурэхтээх, сытыы, мындыр өйдөөх, үтүө-кэрэ майгылаах буолар. Бу буолар норуот ыччатын иитэр сүрүн тутаах төрүтэ. Айылҕалыын биир тыыннаах киһи атын дьону-сэргэни өйдүүр, ытыктыыр, аһынар, көмүскэс. Саха айылҕа оҕото буоларын быһыытынан кини хайдах эбитий?

Оҕолор: Аһыныгас (тэтэрээккэ суруйаллар).

2. Үөрэх туһунан өйдөбүл олоҥхоҕо баар. Олоҥхо бухатыыра хайаатар да үгүс үөрэҕи ааһан «үс биис үгэһигэр үөтүллүбүт», «аҕыс уон аҕыс албаһы, тоҕус уон тоҕус кубулҕаты» баһылаабыт буолар. Туох да бу Орто дойдуга сырата сылбата, дьулуура, дьаныара, үлэтэ суох ситиһиллибэтэ, үөрэҕи, ньыманы, сатабылы ылыныы, баһылааһын киһи олоҕор быһаарар суолталааҕа олонхоҕо кэрэһэлэнэр. Сатабыла, дьоҕура, билиитэ-көрүүтэ суох киһи олоҕо табыллыбакка огдолуйар аналлааҕа көстөр. Манна туох диэн суруйабыт?

Оҕолор: үөрэҕи ылыныы, дьулуурдаах, дьаныардаах буолуу (тэтэрээккэ суруйаллар).

3. Олонхоҕо бухатыыр Орто дойдуга үрдүк аналлаах, ыйаахтаах түһэриллэр. Уол оҕо барахсан омук тирэҕэ, олоҕун тутааҕа буолара көстөр. Кини сыала «күн дьонун көмүскүүр, айыы дьонун араҥаччылыыр». Бу үрдүк аналтан төрөөбүт дойдуга, норуокка бэриниилээх, кинилэр тустарыгар өлөллөрүн утуйарга холуурга тиийэ хоодуот буолуу хоһуйуллар. Ханнык да ыксаллаах тугэҥҥэ бухатыыр өйдөөхтүк-төйдөөхтүк сыһыаннаһан, иннин-кэннин кэтэнэн көрөн оҥорор. Аҥардас күлүмэх күүс алдьархайы эрэ ааҥнатыан сөбө, өй-сүрэх күүһэ олоҕу оҥорорго, араҥаччылыырга быһаарар суолталааҕа өйдөнөр. Манна туох диэн суруйабыт?

Оҕолор: Аҥардас күүһүнэн эрэ буолбакка өйгүнэн эмиэ туһаныахтааххын.

4. Олонхоҕо ураты суолталаахтык дьахтар ойууланар. Маҥан кини норуот олоҕор төрүт буолара этиллэр. Үгүс олоҥхо төрүөтэ дьахтар. Абааһы уола дьахтары уоран барыыта-бүтүн норуот олоҕун уйгутун, кэскилин, дьолун туһугар охсуһууга кубулуйар. Бухатыырдар айыы дьахтарын араҥаччылаары, күн дьахтарын көмүскээри уустук киирсиилэргэ, дуолан охсуһууларга буһаллар-хаталлар, кыайан-хотон тахсаллар. Дьахтар олох салҕаныыта, үтүө кэрэ, ыраас санаа символа. Дьахтары идеал оҥостуу норуот утуе-мааны майгытын, кыыска, ийэҕэ сылаас сыһыаннааҕын көрдөрөр. Дьахтар норуоту салҕыыр, омук омугунан хаалар кутун-сүрүн тутар, көнүл, дьоллоох олоҕун бэлиэтэ буолар улуу өйдөбүллээҕин норуот олоҥхотугар ойуулуур. Бу мындыр санаа саха олоҥхотун түстүүрэ кэрэхсэбиллээх. Манна туох туһунан этилиннэ?

Оҕолор: кыыска, дьахтарга убаастабыл, кинилэри араҥаччылааһын.

5. Олоҥхо ыал тэриллиитинэн-олох сүрүн укулаата ууруллуутунан, уруу олохтонуутунан түмүктэнэр. Дуолан охсуһуулар, ытык киирсиилэр-барыта ыал буолуу, олох оҥостуу туһугар оноһуллаллара бэйэтэ сүүнэ иитэр суолталаах. Саха ыал буолууга бастыҥ суолтаны биэрэрэ-олоҕу биирдиилээн дьон-сэргэ дьолунан көрөрө дириҥ философскай истээх. Олоҥхо иитэр-үөрэтэр сыала түохха сытар эбитий?

Оҕолор: ыал буолуу, норуот инники кэскилэ.

6. Олоҥхоҕо сиэр-туом тиһигэ ырылхайдык кестер. Геройдар олохторун бэлиэ түһүмэхтэрэ хайаатар да алгыһынан арчыланар. Алгыс норуот иитэр-такайар сүдү күүстээх ньымата буолар. Ол курдук хас биирдии саха киһитэ күөх окко үҥкүрүс гынаатын кытта Иэйиэхсит илгэлээх, Айыыһыт арчылаах алгыһынан көрсүллэр. Олоҥхоҕо туттуллар сиэр-туом?

Оҕолор: өбүгэ сиэрин-туомун тутуһуу, алгыһы үөрэтии.

7. Төрөөбүт ийэ тылы таптыырга олоҥхо тыла тиэрдэр. Тыл кэрэтэ, күүһэ, имэҥэ олоҕу уус-ураннык дьүһүйэр. Күндү баай - өй-санаа баайа- тыыннаах тылга. Саха аптаах-алыптаах тыла –олоҥхоҕо. Олоҥхолуун алтыспыт норуот талааннаахтара, айар үлэһиттэрэ үлэлэрэ тахсыылаах, өйдөрө-санаалара тобуллаҕас буолар. Олоҥхо туохха тапталы иитэр эбитий?

Оҕолор: Тылга. Тыл баар буоллаҕына норуот баар.

Дьэ биһиги олоҥхо иитэр-үөрэтэр өрүттэрин бу курдук наардаатыбыт. Олоҥхону оҕону-ыччаты иитиигэ туһаннахха дьиҥ сайаҕас өйдөөх-санаалаах, сахабын дэнэр киһини иитэн таһаарыахха сөп диэн эрэниэҕин.

Бугуҥҥу уруок сыалын ситистибит. Олоҥхо саха норуотун барҕа баайа буоларын итэҕэйдибит. Кини иитэр-үөрэтэр өрүттэрин кэпсэтистибит. Олоҥхобут сүдү улахан суолталаах буолан 2005 сыллаахха аан дойду шедевринэн биллэриллибитэ. Онон хас биирдии саха оҕото киэн туттуохтаах, олоҥхону үөрэтиэхтээх.

III. Түмүк чаас:

- Оҕолоор, бүгүн эһиги туох саҥаны биллигит?

- Бэйэҕит таһымҥытын хайдах сыаналыыгыт? (Оҕо тылынан эбэтэр тэтэрээккэ оҥорор.)

- Олоҥхо диэн эһиги санааҕытыгар туохха үөрэтэрий?

- Биһиги уолаттарбытын “Биһиги бухатыырдарбыт” диибит. Онтон кинилэр дьиҥнээх бухатыыр буолалларыгар туох нааданый? (Оҕолор санааларын этэллэр.)

- Биһиги дойдубутун олоҥхо аллараа дойдутун кытта тэҥнээн көрдөххө хайдах эбитий?

- Киһи туохтан үөрүөн сөбүй?

- Дьоллоохпут дуо маннык кэрэ дойдуга олорорбутуттан?

- Дойдубут куруук маннык кэрэ, баай буоларыгар биһиги тугу гыныахтаахпытый?



Бу дьоһун дьоро дьылбыт

Доруобуйаҕытын тупсардын,

Дохуоккутун улаатыннардын,

Үлэҕитин, үөрэххитин үмүрүттүн

Үөрүүгүтүн – көтүүгүтүн үксэттин,

Ил – эйэ эҥэрдэстин!

Иэримэ дьиэҕитин иччилээтин,

Иитэр сүөһүгүтүн күрүөлээтин –

Диэн алгыс тыллары этэбит!

Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларыҥ! Көрсүөххэ диэри!


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 3 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Разработка урока "Героический эпос - олонхо"

Автор: Эверстова Нюргустана Владимировна

Дата: 02.12.2021

Номер свидетельства: 593247


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства