Оскуола : Сатаҕай орто оскуолата
Учуутал : Яковлева Степанида Анатольевна
Кылаас : 4
Предмет : саха тыла
Тиэмэ: Туохтуур үөскээһинэ
Уруок хаамыыта
Уруок сыала
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ ( предметные результаты ):
туохтуур аат тылтан, даҕааһын ааттан сыһыарыы көмөтүнэн үөскүүрүн билии;
киирии тыл олоҕо уларыйбатын, сахалыы сыһыарыы сыстарын чиҥэтии;
тылы састаабынан ырытыы;
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты):
сыалы-соругу таба туруорунуу;
тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдөөһүн;
араас сыһыарыылары туттан сахалыы тыл эгэлгэтин үөскэтии, туттуу;
буукубалары холбуур ньымалары сөпкө туһанан буочары тупсарыы;
пааранан бииргэ алтыһан үлэлээһин;
анал бэлиэлэри туһанан тыл дорҕоонун быһаарыы, тылы үөскэтии;
истэр дьон санаатын сэҥээрэргэ, учуоттуурга, ыйытыыларга чопчу хоруйдуурга кыһаллыы;
бэйэтин санаатын сааһылаан саҥаран дьоҥҥо тиэрдии.
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)
төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналааһын, тыл кэрэтигэр умсугуйуу;
өс хоһоонноро иитэр-үөрэтэр суолталаахтарын ырытыы, өйдөөһүн.
Уруок тэрилэ
Учууталга: карточкалар, тылдьыт, ПК
Оҕолорго: карточкалар, үөрэнэр кинигэ, тэтэрээт, тылдьыт
I. Проблема туруоруу, уруок тиэмэтин таһаартарыы.
Учуутал карточка түҥэтэр. Оҕолор ааҕаллар.
- Ханнык саҥа чаастара бэриллибиттэрий?
- Бэриллибит тылларга олоҕун, сыһыарыытын бэлиэтээ.
(Пааранан карточкаҕа үлэлииллэр.)
Уруһуйдаа, суоттаа, атыылаа, маастаа, мастаа, бултаа, ыраастаа, сылаастаа, маҥхай, холкутуй.
Учуутал ыйытар:
II. Буочарга үлэ.
стр.133 эрч.11
Ааҕыы, ырытыы, бэйэ санаатын этии, устуу.
III. Саҥаны арыйыы уонна туһаныы.
1. Кинигэнэн үлэ с.131 эрч.1
- Тылынан үлэ. Сыһыарыыны туһанан туохтууру үөскэтэллэр.
- Туохтууру –лаа сыһыарыы үөскэтэр диэн түмүккэ кэлэллэр.
2. стр.132 эрч.2
- оҕолор самостоятельнай үлэлэрэ.
- ханнык саҥа чаастарыттан туохтуурдар үөскээбиттэрий? Тыллар олохторун этиҥ.
3. стр.132 эрч.4
- -лаа сыһыарыынан туохтууру үөскэтэллэр (уочаратынан);
- оҕолор тугу бэлиэтии көрбүттэрин кэпсииллэр (киирии тыл олоҕо уларыйбат, сахалыы сыһыарыы сыстар);
- этии толкуйдууллар.
Сынньалаҥ
Оонньуу „Үлэһит уонна сүрэҕэ суох“
Сүрэҕэ суох балалайкаҕа оонньуур, атыттар араас үлэни хамсанан көрдөрөллөр. Сүрэҕэ суох былдьыыр, былдьаппыт балалайкалыыр.
4. стр.132 эрч.3
- -лаа сыһыарыы көмөтүнэн туохтуур үөскүүрүн көрдүбүт;
- аны атын сыһыарыылары көрүөхэйиҥ. Карточкаҕа үлэлииллэр. (Тымный, сытый, кыһый, харыһый, тулуй, наҕылый, көҕөр, абар, күүһүр, сыыһыр, хараар);
- ханнык сыһыарыылары бэлиэтээтибит (-ий, -өр );
- учуутал түмүк оҥорор: туохтуур аат тылтан, даҕааһынтан -лаа, -ий, -өр сыһыарыылар көмөлөрүнэн үөскүүр.
IV. Чиҥэтии.
1. стр.133 эрч.7
2. стр.133 эрч. 9
- тыл оонньуута. Учуутал икки тылы эппитин оҕолор биир тылынан солбуйаллар. (Мин киэним - миэнэ, олох мас – олоппос, бу сыл – быйыл, бу күн – бүгүн, үөт тирэх – үөттүрэх, хабан ыл - хабылык)
- Учуутал түмүк тыла: төрөөбүт сахабыт тыла хайдах курдук дьиктилээх, баай эбитий. Өбүгэлэрбит тылларын-өстөрүн умнумаҥ, саҥарар саҥаҕытыгар туттуҥ.
3. стр.132 эрч.5
- өс хоһооннору булан холботолоо (экраҥҥа тыктарыллар).
Кэрдиэҥ иннинэ кэмнээ, биирдэ быс.
Истибиккин өй , туттуоҥ иннинэ толкуй .
Сэттэтэ мээрэй , көрбүккүн умнума.
Саҥарыаҥ иннинэ толкуй , хараҕыҥ харатын курдук харыс .
Төрөөбүт дойдугун быһыаҥ иннинэ мээрэй .
- тэтэрээккэ усталлар.
V. Түмүк.
- Туохтуур ханнык саҥа чаастарыттан үөскүүрүй?
- Ханнык сыһыарыы көмөтүнэн?
- Ханнык сорудаҕы ордук сөбүлээтигит? Тоҕо?
Дьиэҕэ үлэ.
Стр133 эрч.10 тылдьыты туһан