kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

План открытого урока с технологической картой "Матрешка"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Уруок тиэмэтэ "Матрешка" о?о?ук Предмет Технология Кылаас 4 кылаас Уруок тиибэ коллективнай айар ?лэ. ??рэтэр сыала О?ону эскии?инэн ( ньэмиэтинэн) тутта ??рэтии, сэрэхтээх буолуу быраабылатын туту?уу,кыптыыйынан туттарга сэрэхтээ буолууну. Сайыннарар сыала Бол?омтолоох буолууну, кэрэни кэрэхсээ?ин, сыаналаа?ын. Иитэр сыала ?лэни таптыырга, тулуурдаах буоларга, ылыммыт ?лэтин б?тэ?игэр дылы тиэрдэргэ. Билэр-к?р?р сатабыла О?о?угу ки?и о?орон та?аарбыт матырыйаалыттан о?оруу. Кыптыыйынан таба туттарга ??рэнии. Бэйэни салайынар сатабыл ?лэлиир миэстэни с?пк? тэрийии, коллективнай ?лэни былаан бы?ыытынан с?пк? тэрийэн о?оруу. Бодору?ар сатабыл Бииргэ ?лэлиир табаары?ын санаатын истэ ??рэнии, сыаналаа?ын. Тус ту?аайыы сатабыла Нуучча норуотун о?о?уктарын кэрэхсээ?ин, убаастабыллаахтык сы?ыана?ыы. Туттуллар матырыйаал Араас ??н??х хордуон, бэлэммнэммит о?уордар, ПВА килиэй, кыптыый, цветной карандаш, киистэ, салфетка Туттуллар оборудование ноутбук, проектор, музыка дискэтэ, карточка. Уруок технологическай картата № уруок этээба хроном. толорор соруга соругу толоруулар к?рд?р??лэр учуутал дьарыга о?о дьарыга 1 организ. момена 1-2 о?о бол?омтотун тардыы о?о барыта дьарыгынан хабыллыыта -?т?? к?н?нэн - Б?г?н би?иги уруокпутугар ыалдьыттар кэлэн олороллор, э?эрдэлиэххэйин эрэ кинилэри. - Олордубут, уруокпутун са?алыаххайын. -?т?? к?н?нэн Сэргэхсийии, хомуллуу уруокка бэлэмнэнии. 2 уруокка к??? у?угуннарыы 10 уруокка интэриэ?и ??скэтии. Баар билиилэргэ оло?уран уруок ис хо?оонугар тиэрдии о?о толкуй-дуур ?лэнэн хабыллыыта Барбыт тиэмэни хатылаа?ын. - О?олоор би?иги бу технологиябыт уруогун ханнык разделыгар сылдьабыт. - Бу иннинэ ханнык разделы ??рэппипитий? - Айыл?а уонна ки?и о?орон та?аарбыт матырыйаала туох атыннаахтарый? Тугу би?иги туттабыт? - Саамай с?п маладьыастар. Хартыына проекторга к?ст?р. Хаты? мас - Ханнык ма?ый? Бу мастан тугу о?ороллоро буолуой? - Би?иги саха омуга буоларбытынан сибээстээн туохха туттабытый? - Олус ?ч?гэй, маладьыастар - О?олоор би?иги б?г???? уруокпутугар нуучча норуотун биир саамай кэрэ, киэн туттар о?о?угун кытта билсиэхпит уонна о?оруохпут. ( слайд к?рд?р??) Историяттан кылгастык кэпсээ?ин - Ха?ан, ханна уонна ким матрешканы онорбутай, айбытай? диэн боппуруоска кылгастык тохтоон аа?ыахайын. Матрешка аан бастаан Россия?а 18 ?йэ б?т??тэ ??д?йб?т. Малютин диэн худуо?унньук идэлээх ки?и айбыт, кини аан бастаан Мамонтовтар дьиэ кэргэ??э к??лэйдии сылдьан Фукуруму диэн Японскай та?араны ?йд??н, интэриэ?иргээн к?рб?т. Бу Японскай Фукуруму та?ара о?онньор эбит, ортотунан хайдар ол и?иттэн бэйэтиттэн кыра-кыра оннук о?онньоттор тахсаллар эбит. Бу к?р?н баран, арай мин нууччалыы маннык оонньууру онордохпуна диэн толкуйга т??эр. Ол гынан кини токарь идэлээх Звездочкинна мас о?о?угу о?ороругар заказ т??эрэр. Ол о?о?ук эскии?ин бэйэтэ т?к?н?к сирэйдээх баа?ынай кыы?ын о?орор. Улахан матрешка и?иттэн кыра-кыра тахсар гына араас ??н??х, сибэккилээх былааттаах кыргыттары о?орор. Биир кыы?а хара б?т??г? тутан турар гынар,икки?э сиэрпэ, ?с??э каравай -килиэп тутан турар, уонна кыргыттарга бырааттарын о?орторор. Бу Матрешка аан бастаан Россия?а, онтон Парижка 1900 сыллаахха буолбут аан дойдутаа?ы выставка?а улахан хай?абылы уонна би?ирэбили ылар, кинини нуучча норуотун искусстватын символынан бэлиэтэнэр. Бастакы о?о?уллубут матрешка гуашь кыраасканан кырааскаламмыт билигин да Сергиево-Посадскай искусство музейыгар турар. - кумаа?ынан кырыйан о?оруу раздела. - айыл?а матырыйаалларыттан оно?уктар. - айыл?а матырыйааллара ( араас сэбирдэхтэр, от-мас сили?э, умна?а, соломо, туос, туой, хаамыска, араас к?т?р т??тэ) - ки?и о?орон та?аарбыт матырыйаала (кумаа?ы, танас, пластик, пластилин, - Былыр-былыргаттан би?иги ?б?гэлэрбит хаты? маска с?г?р?йэллэрэ, кини убаастыыллара. киниттэн араас и?ит -хомуос, туттар-тэрил о?ороллоро, ол курдук араас чорооннору, кытыйалары, ытыктары, хамыйахтары, ат сыар?атын. - Туо?уттан эмиэ и?иттэри тигэллэрэ (чабычахтары, тууйастары, ), ону та?ынан дьахтар киэргэлин, туос хаппахчы сабыыларын. - Ону та?ынан ?н?гэ?ин, сили?ин, сэбирдэ?ин хомуйан,хатаран араас эмп-том гыналлара. Чээрэтинэн чэй о?остоллоро. 3 уруок практическай ?р?тэ 20-25 м?н. туруоруммут сыалы сити?иигэ ту?улаан бары бииргэ ?лэлээ?ин ньэмити туттан, с?пк? кырыйан ?лэлээ?ин - Би?иги б?г???? уруокпутугар Матрешка о?о?угу, быйыл ат сыла кэлбитинэн сибээстээн ат ойуулаах, сахалыы тыыннаах гына о?оруохпут. - О?о?укпутун туох к?м?т?нэн о?оробутуй ? - ?лэни са?алыахпыт иннинэ кыптыыйынан ?лэлииргэ, туттарга сэрэхтээх буолууну хатылыыбыт. - Бытаан музыка холбонор ?лэ былаана ( слайдынан бы?аарыы) - Ньэмиэт к?м?т?нэн. ??н??х хордуону, туттан о?оробут Кыптыыйынан туттарга сэрэхтээх буолуу. - 4 физминутка 1-2 м?н. хас биирдии о?о хамсаныыта -Чэйи? эрэ туруо?ун сылайдыбыт, сынньаныа?ын ( о?олор дуоска иннигэр тахсаллар) Физминутка чабыр?а?ынан ыытыллар, онно с?п т?бэ?иннэрэн хамсаналлар Ункуу хамсаныытынан 5 практическай ?лэ иккис чаа?а Кырыллан бэлэмнэммит деталларбытын анал эрдэттэн о?о?уллубут хордуонка?а килиэйдиибит - Улаханыттан са?алыыбыт. Бары куолаан бииргэ ?лэлиибит. икки?ин, ?с???н. Киэргэтии. 6 хатылаа?ын, рефлексия 5-7 м?н Бэйэ санааларын этиниилэрэ т?м?ктэри о?остуу, рефлексияны о?оруу Хатылаа?ынна блиц-опрос карточката бэриллэр. Боппуруостар - Б?г???? уруокка би?иги тугу биллибит? - Туох матырыйаалтан о?ордубут? - Туохха ыарыр?аттыбыт? - Тугу сатаатыбыт? О?олоор олус ?ч?гэй, би?иги б?г?н элбэ?и биллибит, Матрешка о?о?укпутун олус туппса?ай гына о?ордубут, онно с?б?лэ?э?ит дуо? Туох к?м?т?нэн, хайдах онордубут? Онон б?г???? уруокпут сыалын ситтибит былыр- былыргыттан би?иги ?б?гэлэрбит сылгыны ??эр та?ара Дь???г?й айыыта о?остоллоро. Сылгы ту?унан араас номохтор, чабыр?ахтар, таабырыннар, билгэлэр, ?с хо?оонноро бааллар. Э?иги сылгыга анаммыт ханнык билгэлэри, таабырыннары билэ?итий Матрешка о?о?угу о?ороллоругар тугу ?йд??б?ттэригэр тест толоруу Кылгастык тест ырытыы. О?о?угу анализтаа?ын. Мин сити?иим картаны толоруу. Бэйэ улэтин сыаналаа?ын. Санааларын этинии - Эскиз (ньэмиэт), бэлэм кырыллан о?о?уллубут деталлартан чаппараак. о?уордартан - Билгэлэри этии, таабырын таайсыы Маладьыастар уруокка бары на?аа к?хт??хт?к, ?ч?гэйдик ?лэлээтигит. Барыгытыгар махтал буолуохтун. - О?олоор ыалдьыттарбытыгар б?г?н би?иги уруокпутугар кэлэн сылдьыбыттарыгар, к?рб?ттэригэр- истибиттэригэр махтаныа?ын эрэ. - Махтал буолуохтун.
Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«план открытого урока с технологической картой "Матрешка"»

Уруок тиэмэтэ "Матрешка" оҥоһук

Предмет Технология

Кылаас 4 кылаас

Уруок тиибэ коллективнай айар үлэ.

Үөрэтэр сыала Оҕону эскииһинэн ( ньэмиэтинэн) тутта үөрэтии, сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһуу,кыптыыйынан туттарга сэрэхтээ буолууну.

Сайыннарар сыала Болҕомтолоох буолууну, кэрэни кэрэхсээһин, сыаналааһын.

Иитэр сыала Үлэни таптыырга, тулуурдаах буоларга, ылыммыт үлэтин бүтэһигэр дылы тиэрдэргэ.

Билэр-көрөр сатабыла Оҥоһугу киһи оҥорон таһаарбыт матырыйаалыттан оҥоруу. Кыптыыйынан таба туттарга үөрэнии.

Бэйэни салайынар сатабыл Үлэлиир миэстэни сөпкө тэрийии, коллективнай үлэни былаан быһыытынан сөпкө тэрийэн оҥоруу.

Бодоруһар сатабыл Бииргэ үлэлиир табаарыһын санаатын истэ үөрэнии, сыаналааһын.

Тус туһаайыы сатабыла Нуучча норуотун оҥоһуктарын кэрэхсээһин, убаастабыллаахтык сыһыанаһыы.

Туттуллар матырыйаал Араас өҥнөөх хордуон, бэлэммнэммит оһуордар , ПВА килиэй, кыптыый, цветной карандаш, киистэ, салфетка

Туттуллар оборудование ноутбук, проектор, музыка дискэтэ, карточка.





Уруок технологическай картата

уруок этээба

хроном.

толорор соруга

соругу толоруулар көрдөрүүлэр

учуутал дьарыга

оҕо дьарыга

1

организ. момена

1-2

оҕо болҕомтотун тардыы

оҕо барыта дьарыгынан хабыллыыта

-Үтүө күнүнэн

- Бүгүн биһиги уруокпутугар ыалдьыттар кэлэн олороллор, эҕэрдэлиэххэйин эрэ кинилэри.

- Олордубут, уруокпутун саҕалыаххайын.

-Үтүө күнүнэн

Сэргэхсийии, хомуллуу уруокка бэлэмнэнии.

2

уруокка көҕү уһугуннарыы

10

уруокка интэриэһи үөскэтии. Баар билиилэргэ олоҕуран уруок ис хоһоонугар тиэрдии

оҕо толкуй-дуур үлэнэн хабыллыыта

Барбыт тиэмэни хатылааһын.

- Оҕолоор биһиги бу технологиябыт уруогун ханнык разделыгар сылдьабыт.

- Бу иннинэ ханнык разделы үөрэппипитий?


- Айылҕа уонна киһи оҥорон таһаарбыт матырыйаала туох атыннаахтарый? Тугу биһиги туттабыт?








- Саамай сөп маладьыастар.

Хартыына проекторга көстөр. Хатыҥ мас

- Ханнык маһый? Бу мастан тугу оҥороллоро буолуой?

- Биһиги саха омуга буоларбытынан сибээстээн туохха туттабытый?



















- Олус үчүгэй, маладьыастар

- Оҕолоор биһиги бүгүҥҥү уруокпутугар нуучча норуотун биир саамай кэрэ, киэн туттар оҥоһугун кытта билсиэхпит уонна оҥоруохпут.

( слайд көрдөрүү)

Историяттан кылгастык кэпсээһин

- Хаһан, ханна уонна ким матрешканы онорбутай, айбытай? диэн боппуруоска кылгастык тохтоон ааһыахайын. Матрешка аан бастаан Россияҕа 18 үйэ бүтүүтэ үөдүйбүт. Малютин диэн худуоһунньук идэлээх киһи айбыт, кини аан бастаан Мамонтовтар дьиэ кэргэҥҥэ күүлэйдии сылдьан Фукуруму диэн Японскай таҥараны өйдөөн , интэриэһиргээн көрбүт. Бу Японскай Фукуруму таҥара оҕонньор эбит, ортотунан хайдар ол иһиттэн бэйэтиттэн кыра-кыра оннук оҕонньоттор тахсаллар эбит. Бу көрөн баран, арай мин нууччалыы маннык оонньууру онордохпуна диэн толкуйга түһэр. Ол гынан кини токарь идэлээх Звездочкинна мас оҥоһугу оҥороругар заказ түһэрэр. Ол оҥоһук эскииһин бэйэтэ төкүнүк сирэйдээх бааһынай кыыһын оҥорор. Улахан матрешка иһиттэн кыра-кыра тахсар гына араас өҥнөөх, сибэккилээх былааттаах кыргыттары оҥорор. Биир кыыһа хара бөтүүгү тутан турар гынар,иккиһэ сиэрпэ, үсүһэ каравай -килиэп тутан турар, уонна кыргыттарга бырааттарын оҥорторор. Бу Матрешка аан бастаан Россияҕа, онтон Парижка 1900 сыллаахха буолбут аан дойдутааҕы выставкаҕа улахан хайҕабылы уонна биһирэбили ылар, кинини нуучча норуотун искусстватын символынан бэлиэтэнэр. Бастакы оҥоһуллубут матрешка гуашь кыраасканан кырааскаламмыт билигин да Сергиево-Посадскай искусство музейыгар турар.

- кумааҕынан кырыйан оҥоруу раздела.


- айылҕа матырыйаалларыттан оноһуктар.

- айылҕа матырыйааллара

( араас сэбирдэхтэр, от-мас силиһэ, умнаһа, соломо, туос, туой, хаамыска, араас көтөр түүтэ)

- киһи оҥорон таһаарбыт матырыйаала (кумааҕы, танас, пластик, пластилин,



- Былыр-былыргаттан биһиги өбүгэлэрбит хатыҥ маска сүгүрүйэллэрэ, кини убаастыыллара. киниттэн араас иһит -хомуос, туттар-тэрил оҥороллоро, ол курдук араас чорооннору, кытыйалары, ытыктары, хамыйахтары, ат сыарҕатын.

- Туоһуттан эмиэ иһиттэри тигэллэрэ (чабычахтары, тууйастары, ), ону таһынан дьахтар киэргэлин, туос хаппахчы сабыыларын.

- Ону таһынан үнүгэһин, силиһин, сэбирдэҕин хомуйан ,хатаран араас эмп-том гыналлара. Чээрэтинэн чэй оҥостоллоро.












3

уруок практическай өрүтэ

20-25 мүн.

туруоруммут сыалы ситиһиигэ туһулаан бары бииргэ үлэлээһин

ньэмити туттан, сөпкө кырыйан үлэлээһин

- Биһиги бүгүҥҥү уруокпутугар Матрешка оҥоһугу, быйыл ат сыла кэлбитинэн сибээстээн ат ойуулаах, сахалыы тыыннаах гына оҥоруохпут.

- Оҥоһукпутун туох көмөтүнэн оҥоробутуй ?

- Үлэни саҕалыахпыт иннинэ кыптыыйынан үлэлииргэ, туттарга сэрэхтээх буолууну хатылыыбыт.

-

Бытаан музыка холбонор


үлэ былаана ( слайдынан быһаарыы)

- Ньэмиэт көмөтүнэн.

өҥнөөх хордуону, туттан оҥоробут

Кыптыыйынан туттарга сэрэхтээх буолуу.

-


4

физминутка

1-2 мүн.

хас биирдии оҕо хамсаныыта


-Чэйиҥ эрэ туруоҕун сылайдыбыт, сынньаныаҕын ( оҕолор дуоска иннигэр тахсаллар) Физминутка чабырҕаҕынан ыытыллар, онно сөп түбэһиннэрэн хамсаналлар

Ункуу хамсаныытынан

5

практическай үлэ иккис чааһа





Кырыллан бэлэмнэммит деталларбытын анал эрдэттэн оҥоһуллубут хордуонкаҕа килиэйдиибит

- Улаханыттан саҕалыыбыт. Бары куолаан бииргэ үлэлиибит. иккиһин , үсүһүн. Киэргэтии.









6

хатылааһын, рефлексия

5-7 мүн

Бэйэ санааларын этиниилэрэ

түмүктэри оҥостуу, рефлексияны оҥоруу

Хатылааһынна блиц-опрос карточката бэриллэр.

Боппуруостар

- Бүгүҥҥү уруокка биһиги тугу биллибит?

- Туох матырыйаалтан оҥордубут?

- Туохха ыарырҕаттыбыт?

- Тугу сатаатыбыт?


Оҕолоор олус үчүгэй, биһиги бүгүн элбэҕи биллибит, Матрешка оҥоһукпутун олус туппсаҕай гына оҥордубут, онно сөбүлэһэҕит дуо?

Туох көмөтүнэн, хайдах онордубут?


Онон бүгүҥҥү уруокпут сыалын ситтибит

былыр- былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит сылгыны үҥэр таҥара Дьөһөгөй айыыта оҥостоллоро. Сылгы туһунан араас номохтор, чабырҕахтар, таабырыннар , билгэлэр, өс хоһоонноро бааллар. Эһиги сылгыга анаммыт ханнык билгэлэри, таабырыннары билэҕитий

Матрешка оҥоһугу оҥороллоругар тугу өйдөөбүттэригэр тест толоруу

Кылгастык тест ырытыы.

Оҥоһугу анализтааһын.

Мин ситиһиим картаны толоруу. Бэйэ улэтин сыаналааһын . Санааларын этинии




- Эскиз (ньэмиэт), бэлэм кырыллан оҥоһуллубут деталлартан чаппараак. оһуордартан


- Билгэлэри этии, таабырын таайсыы



Маладьыастар уруокка бары наһаа көхтөөхтүк, үчүгэйдик үлэлээтигит. Барыгытыгар махтал буолуохтун.

- Оҕолоор ыалдьыттарбытыгар бүгүн биһиги уруокпутугар кэлэн сылдьыбыттарыгар, көрбүттэригэр- истибиттэригэр махтаныаҕын эрэ.

- Махтал буолуохтун.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 4 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
план открытого урока с технологической картой "Матрешка"

Автор: Дьяконова-Кычкина Туйара Михайловна

Дата: 19.05.2016

Номер свидетельства: 328373


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

Распродажа видеоуроков!
ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства