Олоҥхону уруоктарга киллэрэн биэрии холобурдара.
Ахсаан уруога.
1.Олоҥхо олуктарыттан сахалыы мээрэйи, ахсааны булларыы.
Тоҕус былас суһуохтаах
Туналҕаннаах ньуурдаах
Туйаарыма Куо.
Көтөр Мүлгүн бухатыыр
Икки тэргэн тиэрбэс саҕа
Хара харахтааҕа,
Икки хамчаакы кыһыл саһылын
Тиирэ туппут курдук
Тэтэгэр имнээҕэ,
Икки сур кииһи субуруччу туппут курдук
Сурадаһын хаастааҕа.
Үс былас өрбөйөр өттүктээҕэ,
Биэс былас бэкийэр бииллээҕэ,
Алта былас дала буурай сарыннааҕа…
Барар сирэ баҕана үүтэ буолла,
Кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолла.
Абааһы уола биһиги киһибитин
Моонньоох баһын быһа охсоору
Даллас гыммытыгар,
Биһиги киһибит,
Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ
Туора ыстанан аһаран биэрдэ.
Тэһиин быстыаҕынан
Чиччигинэс иҥиирдээх,
Көнтөс быстыаҕынан
Күлүмэх күүстээх
Күн дьөһөгөй оҕото.
Түмүк: 1. Барар сирэ баҕана үүтэ буолла,
Кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолла.- сахалыы мээрэйинэн киһи туругун бэлиэтээһин.
2. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ- түргэн диэн өйдөбүлгэ сахалыы мээрэй.
3. Тэһиин быстыаҕынан,
Көнтөс быстыаҕынан- ат-сылгы күүһүн-уоҕун көрдөрөр сахалыы мээрэй. Ити курдук ахсаан уруогар олоҥхо олуктарын киллэрэн биэриэххэ сөп. Задачаҕа киллэриэххэ сөп.
2. Задачалар.
*Ийэм айаным устата аһаан сэниэтэ киллэр диэн, өйүө уган ыыппыт. 6 тууйаска, барыта 180 киилэ сүөгэй биэрбит. Тохтоон сынньанар кэммэр 90 киилэ сүөгэйи сиэтим. Хас тууйас хаалбытый?
*Биһиги Алаһа дьиэбититтэн арахсан, аллараа дойду диэки айаннатан иһэбит. Айаммыт устата араас элбэх моһоллору туораатыбыт. Биир сиргэ 90 көһү баран баран сынньаммыппыт. Онуоха диэри 6 моһолу аастыбыт. Моһоллор икки ардылара тэбис тэҥ. Хаалбыт 150 көһү хас моһолу туораан ааһабытый? Айаммыт устата хас моһолу көрсөбүтүй?
3. 2 кылааска дьайымаллары (операциялары)барарга маннык сорудахтары киллэрэн биэрэбин.
Туналҕаннаах ньуурдаах
Туйаарыма Куо суһуоҕун өрүммүт...
Ханнык дьайымаллары оҥордо?
Тарааҕын ылла
тараанна
баттаҕын өрүннэ
Суоттаа
+9
тараанна
Төттөрү дьайымал
+9 суһуоҕун өрүннэ
-9 суһуоҕун сүөрдэ
Олоҥхо тутулунан хас да түһүмэхтээх айан уруогун холобура.
Бары бухатыыр оруолугар киирэбит.
1 түһүмэх: Сорук Боллур сорудаҕа
Сорудаҕы толорбуттар Сорук Боллур туох сорукка кэлбитин билэллэр, салҕыы айанныыллар.
2 туһумэх: Ийэ, аҕа алгыһа.
Сорудаҕы толорон баран, ыраах айаҥҥа турунарбытыгар Ийэ, Аҕа алгыһын ылабыт уонна салҕыы айанныыбыт.
3 түһүмэх: Айан
Бухатыыр айаннаан иһэн сорудах толорор, ону кыайдаҕына тустаах сиригэр кэлэр.
4 түһүмэх: Абааһы уолун кытта күөн көрсүһүү.
Самостоятельнай үлэ.
5 түһүмэх: Өрөгөй кэмэ.
Ким бүтэрбит- кыайыы көтөллөнөн Орто дойдуга эргиллэр.
Төрөөбүт дойдутун уруйдуур-айхаллыыр.
Түмүк таһаарыы, сыаналаныы.
Бу түһүмэхтэр уларыйан иһиэхтэрин сөп. Геройдарын эмиэ уларытан биэриэххэ сөп. Оҕолор абааһы уолун кыайаарылар кыһаналлар аҕай. Кыайдахтарына үөрэллэр. Ким эрдэ бүтэрбит көмөлөһүөн син.
4. Көнө. Сардаҥа. Кэрчик.
Сорудах
Олоҥхо бухатыырын айанын суолуттан көнөнү- от күөҕүнэн, сардаҥаны- кыһылынан, кэрчиги- халлаан күөҕүнэн булан тарт.
Аан дойду уонна мин төрөөбүт кыраайым.
Темата: Биһиги аһылыкпыт хайдах буолуохтааҕый?
Соруктар:- аһыыр аска болҕомто тоҕо уруллуохтааҕын дириҥэтэн өйдөтүү.
Төрүт астар суолталарын таба өйдүүллэрин ситиһии.
Олоҥхо олуктарыттан төрүт астарбыт ханныктарын быһаартарыы.
Киһи этигэр-сиинигэр ханнык наадалаах веществолар баалларын билии уонна ол веществолар хантан кэлэллэрин билии.
Тэрилэ проектор, экран, слайдалар, олоҥхо олуктара, таблицалар, карточкалар, опыт оҥорор матырыйааллар,*Төрүт астар суолталара*
доклад стендэбэйэ.
Уруок хаамыыта:
1.Тэрээһин чаас.
Бүгүҥҥү уруокка ааспыт уруокка барбыт темабытын хатылыахпыт, салҕыы билиибитин кэҥэтэн элбэҕи үлэлиэхпит. Уруокка бэлэммит дуо?
2.Хатылааһын.
Ааспыт уруокка ханнык теманы барбыппытый? «Киһи тоҕо ыалдьарый?» диэн тема. Онно ханнык саба5алааһыннары таһаарбыппытый, тоҕо ыалдьыахпытын сөбүй?
Күннээҕи режими тутуспат буоллахпытына.
Сыыһа аһаатахпытына.
Спордунан дьарыктаммат буоллахпытына.
Аҕыйахтык хамсаннахпытына.
Салныҥҥа сылдьыбат буоллахха.
Куһаҕан дьаллыктартан.
Эһиги дьиэҕитигэр доруобуйаҕыт туругун сыаналанан кэлиэхтээх этигэт. Бэриллибит ыйытыыларга*сөп* эбэтэр *суох* диэн эппиэттээбит буолуохтааххыт. Хайата элбэх буолла? (Хас биирдии оҕо эппиэтин этэр уонна түмүк оҥостор).
2. Саҥа тема.
Киһи доруобуйата мөлтүүрүгэр сыыһа аһааһын биир улахан биричиинэ буолар диэн быһаардыбыт.
Аһылыкпыт олус элбэх көрүҥнээх. Холобура эһиги ханнык астары аһыыгытый? Бу карточкаларга суруйабыт.
Үүт эт арыы килиэп балык...
Бу суруйбут астарбытын икки бөлөххө араарабыт, бөлөххүтүн ааттыыгыт.
Ханнык бөлөхтөргө араадыгыт?
1 бөлөх: Үүнээйи ас: оҕурсу, луук, килиэп (бурдук)...
2 бөлөх: Хамсыыр-харамайтан ылыллар бородуукталар: үүт,эт, балык, арыы. (дуоскаҕа ыйаан иһэбит)
Оҕолоор, биһиги сахалар төрүт астарбыт мантан ханныктарый? (үүт, арыы, сүөгэй, эт, балык уо.д.а)
(проекторынан олоҥхо олуктара тыктарыллар)
*Олоҥхо олуктарын ааҕыаххайын уонна ханнык төрүт астар бааларын быһаарыаххайын.
Эмээхсин дьахтар,
Тоҕус халлааны уруйдуу-уруйдуу
Арылыас кус сымыытын курдук
Араҕас арыытын лаһыгыраччы арыылаабыт;
Көҕөччөр биэ көйөргөтүнэн
Улан биэ кымыһынан
Ыһыах ыһан унаарыппыт…
Арыы, кымыс, cөлөгөйүнэн- ынах үүтүттэн оҥоһуллар, бухатыырга күүһү-уоҕу киллэрэр эмтээх утах.
Айан киһитэ ааспыта буолуо,
Суол киһитэ тутайбыта буолуо,
Айыы амтаннаах аһынан аһатын,
Сөлөгөйүнэн утахтаан…
Эт аһылыктан сүнньүнэн сылгы киэнэ хоһуллар эбит.
“Суон саалы мохсуо кэбиһин,
Халыҥ саалы хардарыта уурун” диэн.
Төрүт астары билиһиннэриигэ туттуллар.
Ити курдук ханнык баҕарар уруокка толкуйдаан олоҥхону киллэрэн биэриэххэ сөп эбит.
*Оҕолоор, сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр учуонайдар биһиги аһыыр аһылыкпыт олус судургу буолбатаҕын билбиттэрэ. Ол иһин ас олус элбэх көрүҥүн чинчийэн көрбуттэрэ. Биһиги билигин саамай судургу опыты ынахтан ылбыт үүппүтүнэн оҥорон көрүөхпүт.
Опыты ыытарга туттуллар тэриллэр: сибиэһэй үүт, уксус, ыстакаан, улахан ньуоска.
Опыт хаамыыта:-үүтү ыстакааҥҥа кутабыт;
-2 ньуоска уксус кутабыт, булкуйабыт;
-2-3 мүнүүтэ кэтээн көрөбут.
Опыт түмүгэ: Үүппут хайаата?
-Икки чааска араҕыста. Биирэ-манан, хойуу. Иккиһэ-дьэҥкир, убаҕас.
Туох тумугу оҥоруохха сөбүй?
-Процесс брыытын түмүгэр үүт иэдьэгэйгэ кубулуйда уонна үүккэ өссө уу баар эбит.
Саамай сөп. Химиктэр иэдьэгэйи чинчийэн, үөрэтэн баран, бу сымыыт үрүнэр майгынныр «белок» диэн вещество буоларын бидбиттэр. Онон үүппүтүгэр белок, уу, сахар, сыа-арыы (сүөгэй) баарын биллибит.
Учуонайдар ити курдук үөрэтэн биһиги аһыыр аспытыгар хайаан даҕаны уу, белок, сыа-арыы, углевод, араас минеральнай туустар, бэтимиинэр баар буолуохтаахтарын быһаарбыттара.
*Билигин, истиэҕин биһиги кылаастан Турнина Аля үрүҥ астары ырытан суруйбут дакылаатын. Туох туһалаах астар эбитий уонна учуонайдар чинчийэн билбит веществолара бааллар эбит дуу, суох дуу? Ону истиэҕин. (дакылааты истии)
Итини таһынан белок эккэ, балыкка баар буолар.
Биллэрин курдук, киһи этэ-сиинэ ортотунан 15-20% белоктан, 60-65% ууттан, 0,6% углеводтан, 19% сыаттан, 5.8% араас туустартан турар. (Проекторга көстөн иһэр)
Ити олус наадалаах веществолары киһи организмыгар аһылыгы кытта иҥэринэр. Ол иһин итилэри иҥэмтэлээх веществолар дэнэр.
*Билигин тэҥнээн көрүөҕун эрэ. Аля кэпсээниттэн үрүҥ астарбыт састааптарын уонна киһи этигэр-сиинигэр баар буолуохтаах иҥэмтэлэх веществолары” Туох түмүккэ кэллигитий?
Үрүҥ аска учуонайдар эппит веществолара барыта баар эбит. Уонна хас биирдии вещество ханнык оргаҥҥа хайдах дьайыахтааҕын, туох туһалааҕын биллибит. Аляҕа махтаныаххайын наһаа үчүгэй туһалаах дакылааты суруйан биһиэхэ билиһиннэрбитигэр.
4. Билиини чиҥэтэр эрчиллиилэр.
1 сорудах: Бэҕэһээ сарсыарда, кунус, киэһэ тугу аһаабыккын суруй.
Аһылыккар ханнык иҥэмтэлээх веществолар баалларын, ханныктар суохтарын быһаар. (Таблица оҥоруу)Бэйэҕэр тумуктэ оҥор.
2 сорудах: Аһылык гигиенатын туһунан тугу билэҕин? Ситэрэн суруй.
-Аһыан иннинэ илиигин мыылалаах уунан кичэйэн сууй.
-Ыраас иһиттэн аһаа.
-Оҕуруот астарын оргуйбут итии уунан сууй.
-Куҥҥэ түөртэ аһаа-мэлдьи биир кэмҥэ. Киэһээҥҥи аһылыгы утуйуон икки чаас иннинэ аһаа.
-Аһыыргар аскын үчүгэйдик, кичэйэн ыстаа.(Быраабыла таһаарыы)
5.Түмүк