Аhа5ас уруок технологическай картата
Предмет: | Тереебут тыл |
Оскуола, кылаас: | МБОУ Дойдунуускай начаалынай оскуола-саада, I кылаас |
Уруок ыытыллар бириэмэтэ | Олунньу 17 кунэ |
Учуутал: | Поскачина Алёна Антоновна |
Уруок темата: | Тиэкис |
УМК (учебник аата, автора) | Тереебут тыл 1 кылаас , автордар С.С.Семёнова, Н.Н.Васильева |
Учуутал сыала: Соруктара: | О5олорго тиэкис туьунан ейдебулу быьаарыы. 1. Бэлэм этиилэри сибээстээн тиэкис оцоро уерэнии. 2.Сибээстээх сацаны, суруйар уеруйэ5и сайыннарыы, тыл саппааьын байытыы. 3.Толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы. 4.Дьиэ кэргэццэ иллээх сыьыаны иитии; айыл5а кестуулэригэр интэриэьи тардыы. |
Уэрэнээччи соруга: | Тиэкис диэн тугун билэр. |
Тустаах уерэх предметин уерэтии тумугэ: | Тиэкис этиилэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта ис хоьооннорунан ситимнээхтэрин ейдуур. Тиэкиьи уонна туспа этиилэри арааран билэр. Бэлэм этиилэри сааьылаан тиэкис оцорон таьаарар. Сацарар сацатын сайыннарар, тылын байытар. |
Туттар тэрил: | Ноутбук, проектор, колонка, кроссворд уруьуйа, маркер, сорудахтаах карточкалар; магниттаах буукубалар; тус-туьунан сылдьар этиилэр; А4 лиис, килиэй. |
Уруокка ханнык уэрэх сатабылларын сайынна-рыыга улэ ыытыллыахтаа5а | Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэни хонтуруолланар. Учууталы кытта тэннэ улэлэьэн уруок тематыгар тахсар; Уерэх сыалын эрдэ ылбыт билиитигэр уонна билбэтигэр тирэ5ирэн туруорар. Былааннааьын - куутуллэр тумуктэн керен сыал туруорунар; учуутал туруорбут сыалынан сирдэтэн улэлиир, септеехтук ылынар; Бэйэ улэтин сыаналанар. Толкуйдуур. Араас чаастартан биир елуускэни уескэтэр. Тумук оцорор. Билэр-кѳрѳр сатабыл: Саңа билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр, туруоруллубут сыалтан керен тылынан бэйэ санаатын толору тириэрдэргэ кыьанар; ырытар, толкуйдуур; бэйэ санаатын тылынан сатаан этэр; тугу улэлиэхтээ5ин былааннанар; учуутал кемете суох соруда5ы бэйэтэ оцорор; тулалыыр эйгэтин билэ-кере сатыырга дьулуьар. Бодоруһар сатабыл: кэпсэтии сиэрин тутуьар, сахалыы дорооболоьор; араас санаалары ылына, истэ уонна бэйэтин санаатын тириэрдэ уерэнэр; атын дьон санаатын истэр; бииргэ былааннаахтык улэлиир; кэпсэтиигэ киирэр; тэцнээхтэрин кытта бииргэ алтыьан улэлиир. Тус туьаайыылаах сатабыл: бэйэ улэтиттэн астынар; улэлиир миэстэтин сепке оцостор; |
Уруокка ханнык ытык эйдэбулу инэриигэ улэ ыытыллыахтаа5а | О5о тулалыыр эйгэтин билэр-керер, чугас дьонун кытта истинник бодоруьар, кемелеьер. |
№ | Х/м | Дьарык хаамыыта. | Учуутал дьарыга. | О5о дьарыга. | Уерэх дэгиттэр дьайыылара |
1 | 1 | Тэрээьин чаас. | - Тереебут тылбыт ханныгый о5олор? - Тереебут тылбытын салгыы уерэтэргэ бэлэмцит дуо? - Дьэ, тереебут тылбытын теье билэн эрэрбитин тургутунан керуе5уц, кроссворда таайыа5ыц. | Ыйытыыларга хоруйдуур, уруокка теье бэлэмин хонтуруолланар. | Бодоруьуу: кэпсэтии сиэрин тутуьар, сахалыы дорооболоьор; бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл: уруокка теье бэлэмин хонтуруолланар. |
2 | 3 | Актуализация. | 1)Дор5ооннортон турар. 2)Аьа5ас дор5оон керуцэ. 3)Ханнык дор5ооццо салгын мэьэйи керсеруй? 4)Дор5оон бэлиэтэ. 5)Кини тыллартан турар. 6)Игирэ бутэй дор5ооннор. Ортотугар туох диэн тыл та5ыста? | Тыл Дифтонг Бутэй Буукуба Этии Хоьуласпыт Тиэкис. | Бодоруьуу: араас санаалары ылына, истэ уонна бэйэтин санаатын тириэрдэ уерэнэр. Билэр-көрөр сатабыл: Саңа билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр. |
3 | 5 | Cаца тема5а улэ: | - Тиэкис диэн тугу этэллэрэ буолуой? - Кеша, тиэкистэ оцор эрэ. - Туох ыараханы керустуц? - Ол аата биьиги тугу билиэхтээх эбиппитий? Уруокпут темата? - Тиэкис диэн тугун билэммит, бэйэбит тиэкис оцорон таьаарыахпыт. -Бу суруктары аа5ыах эрэ. - Бу туохтарый? - Туох атыннаахтарый? -Ким туох санаалаа5ый? - Бастакы этиилэр хайдахтарый? (сибээьэ суохтар) -Иккис этиилэр? (сибээстээхтэр) -Туох туьунан кэпсэммитий? - Ону хантан биллибит? - Барыта хаар туьунан кэпсэммит. Ол аата туох тумуккэ кэлэбит? - Этиилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ис хоьооннорунан ситимнээх буоллахтарына – тиэкис диэн ааттанар эбит. | 1) ТаҺырдьа тымныы. Ытым олус мэник. Кинигэм ойуута элбэх. 2) ТаҺырдьа хаар түҺэр. Сымна5ас хаарга төкүнүйэ оонньуубун. Хаары олус таптыыбын. О5олор хоруйдара. | Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл: учууталы кытта тэннэ улэлэьэн уруок тематыгар тахсар; уерэх сыалын эрдэ ылбыт билиитигэр уонна билбэтигэр тирэ5ирэн туруорар. Билэр-керер сатабыл: - туруоруллубут сыалтан керен тылынан бэйэ санаатын толору тириэрдэргэ кыьанар; ырытар, толкуйдуур. |
4 | 7 | Хартыынанан улэ. | - Тиэкис айабыт дуо? Тиэкис туохтартан турар диэбиппитий? - Хартыынаны керебут. Этиилэри толкуйдаан тиэкис оцоруо5уц. Бастакы хартыына5а туох кестеруй? Кыьын буолбут. Таьырдьа хаар туьэр. Уол хаар кыырпа5ын керер. Уол а5атын кытта хаар курдьэллэр. - Эьигиттэн ким хаар курдьуьээччиний? - Хаары то5о курдьэллэр? - Эдьиийин кытта тугу гынарый? -То5о баьаллара буолуой хаары? -Эьиги баьааччыгыт дуо? -Онтон тугу гыннылар? -Уол кимиэхэ кемелесте? Эьиги кемелеье5ут дуо дьоццутугар? -Дьиэ5э киллэрэн ууллара уурдулар. То5о? - Ол аата хаар биьиги олохпутугар туох туьалаах эбитий? -Туох туьунан кэпсээн айдыбыт? Ким ессе биирдэ кэпсиэн ба5арда? | -Этиилэртэн. О5олор ыйытыыларга хоруйдууллар. Хартыынанан керен этиилэри толкуйдууллар. | Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл: Былааннааьын - куутуллэр тумуктэн керен сыал туруорунуу; Тус туьаайыылаах сатабыл: уерэхтэн ылбыт билиититтэн, тумуктэриттэн астыныахтаах; Билэр-керер сатабыл: бэйэ санаатын тылынан сатаан этэр; Бодоруьуу: атын дьон санаатын истэр; бииргэ былааннаахтык улэлиир; кэпсэтиигэ киирэр. |
5 | 2 | Сынньалац. | | Ырыанан хамсаныылаах зарядка оцороллор. | |
6. | 7 | Тиэкси аа5ыы. | О5олор, биьиги бу тиэкиспитин кинигэ5э суруйбуттар. Аа5ыа5ыц эрэ. - Туох туьунан эбитий? - Хаар туьунан ессе тугу билэ5ит? - Кэпсээн хас этиилээ5ий? - Этиилэр ис хоьоонноро бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр дуо? - Тиэкиспитин ааттыахха сеп дуо? - Туох диибит? | О5олор аа5аллар. Кыһын. Халлаантан көмнөх хаар түһэр. Ньургун хаар кыырпа5ын үтүлүгэр тоһуйда. Хаар оһуора кэрэтиэн! Ким маны барытын оңороруй? Дьэ, дьикти! Киэһэлик Ньургун а5атыныын хаар күрдьүөхтэрэ. Сотору хаар халыңыа. Оччо5о эдьиийин кытта көмүрүө хаары баһыахтара. Көмүрүө хаар уута элбэх буолар. Ити курдук хаар арааһа, дьиктитэ үгүс. Ыйытыыларга хоруйдууллар. | Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл: хонтуруолланар; Билэр-керер сатабыл: толкуйдуур. Бодоруьуу: олох-дьаьах уонна киьи сыаннастарын, айыл5а кэрэтин ейдуур. |
7. | 3 | Тыллары быьаарыыга улэ. | - Ханнык ейдеммет тыллар бааллар? Көмүрүө хаар – Бедец, мууьурбут, арахса сылдьар хаар. Хаар кыырпа5а – хаар кыырпа5ын бол5ойон кердеххе, араас быьыылаах буолар. Көмнөх хаар – хойуутук туьэр хаар. - Ейдеетугут дуо? | Слайдалары кереллер. Хаар арааьын ейдеен кербуттэрин этэллэр. | Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл: учуутал туруорбут сыалынан сирдэтэн улэлиир, септеехтук ылынар; Билэр-керер сатабыл: тулалыыр эйгэтин бол5ойон керерге дьулуьар. |
8. | 5 | Сурук улэтэ. | - Чэ эрэ, кердеруе5уц эрэ хаар хайдах туьэрин. Хаар туьэр намыыннык, намчытык. Турабын ытыспын тоьуйа. Хаар кыырпа5а кэрэтин Одуулааммын уерэбин. Хаарым улам уулунна, Ытыстарбын илиттэ. Инчэ5эйи сотуннум, Ытыстарбын ириэрдим. - О5олор, илиибитин эрчийэн билигин тугу гынарбыт буолуой? - Ону хайдах былаанныыбыт? - Эьиэхэ карточка биэрэбин. Туох соруда5ы толороргут буолуой, керуц эрэ. Ханнык буукуба кеппутун тэтэрээккэ сепке суруйуц. - Улэ5итин сыаналаац. | Тарбахтарын хамсатан хоьоону утуктэллэр. Сурук улэтин тэтэрээккэ толороллор. Улэтин сыаналанар. | Бэйэни салайынар-дьаьанар: тугу улэлиэхтээ5ин былааннанар; учуутал кемете суох соруда5ы бэйэтэ оцорор. Бэйэ улэтин сыаналанар. |
9. | 2 | Оонньуу «Муммут буукуба» | Ким бутэрдэ? Дуосканы керебут. О5олоор, Бэргэн биьиэхэ оонньуу а5албыт. Буукубалар мунан хаалбыттар. Таайыа5ыц эрэ, ханнык тылларый? | КЫЬНЫ ДИКЬТИ НУРГУНЬ Кыьын дьикти Ньургун Дуоска5а тахсан буукубалары сааьылаан тыллары таьаараллар. | Бэйэни салайынар-дьаьайар сатабыл: толкуйдуур. |
10. | 3 | Бэлэм этиилэри сааьылаан тиэкис таьаараллар. | – Дьэ маладьыастар, аны бу маннык тыллардаах ыьыллыбыт тиэкиьи сааьылыахха. Халыц хаар тустэ. Ньургун тацнан таьырдьа та5ыста. Хаары текунутэн хаар киьини оцордо. Хаар киьи хара5ын хамсатар курдук. Дьэ дьикти! | Тус-туспа сылдьар этиилэри сааьылаан килиэйдээн тиэкис оцороллор. | Бэйэни салайынар-дьаьанар: араас чаастартан биир елуускэни уескэтэр. Бодоруьуу: Тэцнээхтэрин кытта бииргэ алтыьан улэлиир. |
11. | 2 | Тумук. | - О5олор, эьиги тугу оцорон таьаардыгыт? - Тиэкискит табылынна дуо? -Тиэкис диэн туох эбитий? - Ханнык сорудахтарга ыараханы керустугут? - Ханнык сорудах чэпчэки эбитий? - Хайдах улэлээтим дии сананныц? - Галя хайдах улэлээтэ? - Уруокка ордук тугу себулээтигит? - Таьырдьа оонньуу та5ыстаххытына хаар арааьын бол5ойон керееруц. | О5олор хоруйдара. | Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл: сыаналанар, тумук оцорор. Тус туьаайыылаах сатабыл: бэйэ улэтиттэн астынар. |