Конспект интегрированного урока ( окружающий мир, родной язык, изо) для 1 класса на якутском языке.
Просмотр содержимого документа
«Интегрированный урок "Дойдум киэргэлэ - үрүмэччи"»
Темата: Дойдум киэргэлэ – үрүмэччи
Кылааһа: 1
Дьарык көрүҥэ: интегрированнай ( тулалыыр эйгэ, саха тыла, уруһуй)
Үөрэх технологията: интегрированнай үөрэтии, информационнай
Туттуллар тээбириннэр: проектор, Роwer Point презентация, аудиоматырыйааллар, уруһуйдуур тэриллэр, шаблоннар.
Учуутал дьарыгын сыала: Үөрэх биридимиэттэрин бииргэ тутан үөрэнээччи билэр-көрөр баҕатын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы
Үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ:
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ: Кэрэни өйдөөн көрөргө үөрэнэр, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны иҥэринэр;
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
Үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр
Билэр-көрөр сатабыл.
Үөрэх дьарыгын сыалын өйдүүр, билиитин сааһыланар
Бодоруһар сатабыл.
Бииргэ үлэлиир үөрүйэҕи ылынар
Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ:
Саха тыла - тылынан уонна суругунан тыл ситимин, этиини онорор
Тулалыыр эйгэ – үөн-көйүүр атын харамайдартан уратытын быһаарар, үрүмэччи туһунан сүрүн өйдөбүллэри билэр ( тутула, үөскээһинэ)
Уруһуй – бэлэм шаблону өҥүн таба дьүөрэлээн кырааскалыыр
Дьарык ис хоһооно:
| Дьарык хаамыыта | Учуутал дьайыыта | Үөрэнээччи дьайыыта | Көрдөрөр матырыйаал |
1 | Тэрээһин чаас | |
2 | Уруок сыалын туруоруу. | Оҕолоор, бүгүн биһиги айылҕаны чинчийээччилэр буолуохпут. Ол аата тулалыыр эйгэни үөрэтиэхпит, элбэх саҥаны билиэхпит. | Дьарыкка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлэнэллэр, үлэлиир турукка киирэллэр | |
3 | Уруок тематыгар киллэрии | Биһиги биир айылҕа оҕотун көрдүү барыахпыт. Кини кимий? Бу таабырыны таайдаххытына билиэххит. | Таабырыны ааҕаллар, таайаллар | Ким сир үрдүгэр түөртэ төрүүрүй?- 1 слайд |
4 | Үөрэҕи тэрийии | |
| Проблемнай түгэни үөскэтии | - Туох дии саныыгыт? Тыыммат предмет буолуо дуу, тыынар тыыннаах дуу? Тоҕо? Тоҕо киһи буолбатаҕый? Үүнээйи буолар дуо? - Ханнык харамай буолуой? Кыыл дуу, көтөр дуу? Оччоҕо туох буолуой? -Хайа ыйытыы бэлиэтин кэнниттэн туохтар эрэ быктылар дии! Туох атаҕай? Тоҕо үөн диэтигит? | Санааларын этэллэр, сабаҕалаан көрөллөр | 2 слайд – Киһи – үүнээйи – харамай ( ойуулар) 3 слайд – Кыыл – көтөр - ? 4 слайд ? кэнниттэн 6 атах тахсан кэлэр |
| Саҥаны арыйыы Учуутал кэпсээнэ | - Биһиэхэ кистэлэҥ сурук кэлбит. Бу хайалара 4 –тэ төрүүрэ буолуой? - Хайдах? Бастаан сымыыт буолан күн сирин көрөр. Онтон сымыыт сыыйа көйүүр буола уларыйар, салгыы сайдан-сайдан сыаҕайга кубулуйар уонна түмүгэр үөҥҥэ кубулуйар. - Оҕолоор, биһиги сыаҕайбыт ханнык үөҥҥэ кубулуйда? - Үрүмэччилэр – саамай кэрэ дьүһүннээх үөннэр. Аан дойдуга быһа холоон үрүмэччи 50 тыһыынча көрүҥэ баар. Саха сиригэр үрүмэччи 5 көрүҥүн булбуттара. Амтаны билэр органнара атахтарын тумсугар баар. | Тыллары ааҕаллар, түмүк оҥороллор - үөн барыта 4 төрүүр эбит | 5 слайд Ти…йи А…ҥа Хо…дуос Ы…рыа Үрү…чи 6 слайд – Сымыыт – көйүүр – сыаҕай – үөн ( ойуу, учуутал кэпсээнин кэмигэр сыыйа көстөн иһэллэр) |
| Тылы кытта үлэ. | - Үрүмэччини атыннык туох диэн ааттыылларый? - Билигин үрүмэччи туһунан тыл ситимэ уонна этии толкуйдуохпут. Саамай үчүгэй этиини суруйабыт. | Тыл ситимэ, этии толкуйдууллар, тэтэрээккэ үлэлииллэр | 10 слайд Үрүмэччи – лыах _______ үрүмэччи |
5 | Сынньалаҥ. | -Үрүмэччилэр көтөллөр, Кынаттарынан сапсыналлар, Нарыннык тэлээрэ дайаллар, Сэрэнэн сибэккигэ түһэллэр. | Үрүмэччи көтөрүн үтүктэн хамсаналлар | 11 слайд Үрүмэччилэр – ойуу |
6 | Үөрэнээччилэр айар үлэлэрэ. «Үрүмэччилээх хонуу» коллективнай панно оҥоруу. | - Бэйэҕит үрүмэччи уруһуйдуоххутун баҕараҕыт дуо? Үрүмэччи этэ-сиинэ хас чаастан турарый? ( учуутал шаблоннары түҥэтэр) - Бэйэҕит сөбүлүүр дьүһүҥҥүтүнэн кырааскалаан - Билигин бары үрүмэччилэрбитин хонууга сыһыаран дьикти-кэрэ көстүүнү таһаарыахпыт. Үрүмэччилэр наһаа кэрэ, нарын харамайдар. Кинилэри көрөн киһи олус үөрэр, быыкаа айылҕа киэргэллэрин эһиги харыстааҥ! | Харандааһынан үрүмэччи этин-сиинин чаастарга араараллар, кырааскалыыллар, уопсай панноҕа сыьыараллар | 12 слайд – Үрүмэччи этин чааһа ( схема – ойуу) Аудиоматырыйаал Ырыа «Үрүмэччи», Күөх хонуу - панно |
7. | Дьарык түмүгэ: | |
| | - Бүгүн туох саҥаны билбиппитин чиҥэтиэҕиҥ эрэ. Онно көмөлөһүөҕэ кроссворд. Тыллары барыларын сөпкө таайдаххытына, Саха сирин биир дьикти-кэрэ үрүмэччитин аатын билиэххит. 1. Үрүмэччи аан бастаан туох буолан төрүүрүй? 2. Үөн-көйүүр хас атахтааҕый? 3. Үрүмэччи атын аата. 4. Үрүмэччи үсүһүн туох буолан төрүүрүй? 5. Үрүмэччи амтаны тугунан билэрий? 6. Дьыл ханнык кэмигэр төрүүрүй? 7. Саамай кэрэ чааһа, киэргэлэ тугуй? - Туох диэн тыл таҕыста? ( Сахаайа) | Тыллары таайан сахаайа диэн Саха сирин үрүмэччитин аатын таһаараллар | 13 слайд – кроссворд |
8. | Рефлексия | |
| | - Бу дьарыкка ханнык үлэни сөбүлээтигит? - Туох саҥаны биллигит? - Бэйэҕит үлэҕитин сыаналаныҥ. - Маладьыастар! Бары бииргэ олус үчүгэйдик үлэлээтигит. | | |