kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Интегрированный урок окружающего мира и математики в 3 классе "Саха сирин устун айан"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Интегрированный урок окружающего мира и математики "Саха сирин устун айан"

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Интегрированный урок окружающего мира и математики в 3 классе "Саха сирин устун айан"»



Технологическай карта


Уруок

Тулалыыр эйгэ

Тиэмэ

Саха Сиринэн устун айан

Сыала

Саха сирин ытык-кэрэ сирдэрин үөрэтии; төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии; үөрэнээччи айар, толкуйдуур, ырытар дьоҕурун сайыннарыы.

Соруктара

- үөрэнээччи тиэкиһи кытта үлэлиир сатабылларын сайыннарыы;

- үөрэнээччи бөлөххө үлэлиир усулуобуйатын тэрийии;

- үөрэнээччи санаатын сааһылаан этэрин ситиһии.

Уруок тиибэ

Саҥаны арыйыы

Атын уруоктары кытта сибээһэ

Математика, КНРС(Я)

Ньымата

Чинчийии, көрдөрөн үөрэтэр ньыма

Уруок формата

Уопсай, бөлөҕүнэн үлэ

Туттар тэрилэ

Компьютер, мультимедийный проектор, презентация, маршрутнай илиистэр, карточкалар, айылҕаҕа туттар тэриллэр




















Этап урока, его цели


Учуутал үлэтэ


Үөрэнээччи үлэтэ


Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрин сайыннарыы

I. Тэрээһин чаас


Сыала:

Кылааска үлэлиир эйгэни тэрийии.

- Үтүө кунунэн, күндү оҕолор. Мин аатым Валентина Ивановна. Бүгүҥҥү уруокпун маннык этиинэн саҕалыахпын баҕарабын: “ Баҕалаах сиргэр тиийиэххин сөп - өскөтүн хаамтаххына, билбэккин билиэххин сөп – өскөтүн үөрэннэххинэ.”

(Слайд 1)

Оҕолор уруокка үлэлиир турукка киирэллэр, бэлэмнэнэллэр

Бодоруhар сатабыл (Коммуникативные УУД)

учууталы, доҕотторун кытта үлэлиир сатабылы былааннааһын.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл (Регулятивные УУД)

уруокка үлэлииргэ былааннаныы.

II. Сонурҕатыы.

(Ввод в тему)


Сыала:

Оҕону үөрэнэр турукка киллэрии, умсугутуу



- Оҕолор, кутаа уотун тула туруоххайыҥ.

- Бу хартыыналары көрөбүт уонна арааһа таайбыккыт буолуо. Бу ханна?

(Слайд 2)

- Биһиги Сахабыт сирэ туох уратылааҕый, дьиктилээҕий. Бары ааҕабыт.

(Слайд 3)

- Бу киһини билэҕит дуо?

- Франция курдук ыраах сиртэн кыһын Саха сиригэр айанньыт кэлэ сылдьыбыт. Тугунан кэлэн барбытый?

- Ыраахтан да биһиги дойдубутун көрө кэлэллэр эбит!


- Мин эһиэхэ рюкзакпар араас маллары аҕаллым.

  • Бу туттар тэриллэр туохха наадалаахтарый?

  • Ол аата бүгүн биһиги ханна барабытый?

  • Оннооҕор ыраах дойдуттан Саха сирин көрө кэлэллэр. Онтон биһиги бэйэбит төрөөбүт дойдубутун үчүгэйдик билиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит.

  • Ол аата биһиги бүгүн айанныыбыт?

  • Бүгүҥҥү тиэмэбит Саха сирин устун айан. Ытык кэрэ сирдэри кытта билсиэхпит (Слайд 4)

  • Картаны көрүҥ. Араҕар сирбит – Үөһээ Бүлүү.

(Кутаа уот тула тураллар)

  • Саха Сирэ


Оҕолор ааҕаллар.



Эппиэттииллэр






Санааларын этэллэр


Хостуурун көрөллөр, таайаллар.

  • Айылҕаҕа айанна турунабыт





- Саха сиригэр




Үөһээ Бүлүүнү картаҕа былааҕынан бэлиэтииллэр

Бодоруhар сатабыл (Коммуникативные УУД)

иһитиннэрииттэн саамай сүрүнүн араарар. Оҕолору, учууталы өйдөөн истэр, санаатын сааһылаан этэр.

III. Матырыйаалы кытта үлэ.


Сыала

Бөлөҕүнэн үлэни тэрийии.

Ытык кэрэ сирдэри кытта билсиһии


- Мантан биир малы ылыҥ. Паарта үрдүгэр талбыт малларгыт хартыыналара турар, бэйэҕит киэнин булаҥҥыт миэстэҕитин булуҥ. Айанньыт пилоткатын кэтиҥ.

- Бөлөх аайы остуолга иккилии карточка баар. Тиэкистээх карточкалары көрөбүт. Иккис бөлөхтөр ханна айанныыгыт? Үһүстэр? (быраабыла)

- Бастакы сорудаххыт: холобура, бу тиэскискэ Лабыҥкыр күөл уһуна, иэнэ, дириҥэ биллибэт.

- Задачалары, тэҥнэбиллэри суоттаан тиэкискитин ситэрэҕит (флажок). Манна баар эбии матырыйаалы хайаан да ааҕаҕыт.

- Иккис сорудах: бэйэҕит тиэкискититтэн тугу билбиккитин атын бөлөхтөргө биир оҕо баран кэпсиир (маршрутнай илиис)

- Бөлөҕүнэн үлэ саҕаланна

Оҕолор үс бөлөххө арахсаллар. Маршрутнай илииһи кытта үлэлииллэр.






Бодоруhар сатабыл (Коммуникативные УУД)

- бөлөҕүнэн үлэлэhэр,

-бииргэ үөрэнэр-алтыhар о5олоругар убаастабыллаахтык сыhыаннаhыыта.

-Атын оҕосанаатын истэр.

-бэйэтин санаатын сааһылаан этэр

Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл (Познавательные УУД)

айымньы тылын – өһүн, ис хоһоонун билии. Айымньы ис хоһоонун ырытар, наардыыр, сөптөөх эппиэти булар, түмүк оҥорор.

IV. Чиҥэтэр үлэ



КСО технологиятын туһаныы


Бастаан бүппүт бөлөҕү сөбүн-сыыһатын көрөр. Бэрэбиэркэлиир илиистэри биэрэр, быһаарар



Бөлөхтөртөн биирдии оҕо сорудаҕы бүтэрэн атын бөлөххө тугу билбитин кэпсиир. Истибит бөлөх атын бөлөҕү сыаналыыр.


Ытык өйдөбүллэри иңэрии түмүгэ (Личностные УУД)

-Геройдарга бэйэлэрин санааларын аһаҕастык этэллэр.

-дьон тугу гыммыттарын сыаналааһын.


Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл (Регулятивные УУД)

-бөлөххө үлэ

Кэпсэтиигэ истии култууратын тутуhар. Кэпсэтии сыалын-соругун, о5о, учуутал этэр санаатын, кэпсэтии ис хоhоонун өйдүүр.


Кэпсэтиини то5оостоохтук кө5үлүүр, са5алыыр, түмүктүүр.


V. Түмүк


Сыала: ылбыт билиини чопчуланыы, бэйэни сыаналаныы

- Бөлөхтөр, миэхэ кэлэн үлэҕит түмүгүн көрдөрүҥ.


Бэчээт туруорар «Салгыы айаҥҥа бэлэмҥит!»

- Оҕолоор, кутаа уоппут тула өссө биирдэ мустуохха эрэ.

- Бүгүҥҥү уруоктан саҥаны тугу биллигит?


- Саамай дириҥ күөл аата?

- Лабынкыр күөлүгэр айан хантан саҕаланар этэй? (Флажок)

-Саамай тымныы полюһа?

- Хас кыраадыс тымныы буола сылдьыбытый?

-Өймөкөөн диэни тылбаастаатахха туох диэн буолар эбитий?

- Өймөкөөн киин дэриэбинэтэ? (Флажок)

- Саамай үрдүк хайа?

- Тоҕо итинник диэн ааттаммытый?

- Кыайыы хайата ханнык дэриэбинэҕэ баарый?


- Бүгүҥҥү уруокпутун биллэр айанньыт Альфред Теннисон тылларынан түмүктүөхпун баҕарабын

- Миигин үтүктэбит:

«Охсус, көрдөө, бул уонна бэринимэ!»

Үлэлэрин түмүктэрин көрдөрөллөр.







Санааларын үллэстэллэр










Ыйытыыларга эппиэттииллэр

Уруокка ылбыт билиилэрин чопчулууллар.


Дьиэҕэ үлэ


Сыала:

Үлэни чопчуланыы

- Саха Сирин өссө ханнык ытык-кэрэ сирдэрин көрүөххүн, сылдьыаххын баҕараҕын?

- Кылгас өйтөн суруйуута суруйуҥ.

- Бары көхтөөхтүк үлэлээбиккитин иһин махтал!


Дьиэҕэ үлэни тэтэрээккэ суруналлар.

Үөрэнээччи үлэтин былааннанар.




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 3 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Интегрированный урок окружающего мира и математики в 3 классе "Саха сирин устун айан"

Автор: Николаева Валентина Ивановна

Дата: 29.03.2020

Номер свидетельства: 544610


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства