kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Проект "Остуоруйа"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Остуоруйаны уерэтэргэ, аа5ыыны кытта дьуерэлээн туттуохха соп

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Проект "Остуоруйа"»





Тезис



Темата: «Оҕо айар дьарыгын остуоруйа нөҥүө сахалыы тыыҥҥа иитии».























Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ дириҥ билиилээх, культуралаах, сахалыы сиэрдээх, майгылаах, төрөөбүт төрүт тылын билэр, сайыннарар кыахтаах, үөрэххэ тардыhыылаах оҕону иитэн таhаарарга сүрүн үөрэх тэҥ ураты эбии дьарыгынан хабыы улахан оруоллаах дии саныыбын. Ол инниттэн оскуолаҕа оҕо илиинэн оҥорор "Айар абылаҥ" уонна "Остуоруйа дойдута" куруhуоктары тэрийэн үлэлэтэбин. Куруһуок оҕону айар дьоҕурга, уус-уран оҥоһукка уһуйарга, үтүөнү-мөкуну таба көрөргө, сыаналыырга үөрэтэр, сайыннарар, билиитин – көрүүтүн кэҥэтэр. Кыра эрдэҕиттэн уус-уран оҥоһук эйгэтигэр киллэрэргэ уонна кэрэни таба көрөн, айылҕаны харыстыыр санааны оҕоҕо сайыннарар, билиитин – көрүүтүн кэҥэтэр. Куруhуокка баҕалаах оҕо барыта дьарыктанар.

Остуоруйа – бараммат норуот баайа. Бу үгүс элбэх араас тиэмэлэрдээх жанр былыр-былыргыттан оҕоҕо чугас, оҕо дууhатын тутар, санаатын кынаттыыр, үтүөҕэ-кэрэҕэ уhуйар, хорсун-хоодуот быhыыга ыҥырар. Норуот тылынан уонна литературнай айымньытыгар олоҕо-дьаhаҕа, быhыыта-майгыта, бэйэ-бэйэтигэр сыhыана, таҥаhа-саба, аhа-үөлэ, үлэтэ-хамнаhа, айылҕаҕа сүгүрүйүүтэ ханнык да айымньытааҕар бу остуоруйаларга арылхайдык көстөр. Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт буоруттан силистэнэн-мутуктанан иитилиннэҕинэ норуотун амарах сурэҕин, мындыр өйүн, киэҥ көхсүн, үтүө майгытын утумнаатаҕына тылын-өһүн иҥэриннэҕинэ дьоhун киhи иитиллэн тахсыа диэн санааттан сахалыы остуоруйа, олоҥхо жанрын талан үлэлэhэбин.

Чинчийии суолтата: Алын кылаас оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ тус сыаллаах программа оҥостон үлэлиир ордук таhаарыылаах буолар. Оҕо барыта тэҥ сайдыылаах, биир тэҥ иитиилээх буолбат. Хас биирдии оҕо ураты сайдар суоллаах-иистээх, айылҕаттан бэриллэр дьоҕурдаах, тыллаах-өстөөх. Бу дьоҕурдара арыллан, сайдан иhэрэ учуутал сөпкө салайар, сайыннарар үлэтиттэн улахан тутулуктаах. Бу соругу ситиhэргэ учуутал уонна төрөппүт түмсүүлээхтик биир сүрүн сыалынан, хайысханан үлэлиирэ ирдэниллэр.

Чинчийии сонуна: Манна олоҕуран мин куруhуоктарбын сыhыаран дьарыктыырга быhаарыммытым. Тулалыыр эйгэни оҕо кыра эрдэҕиттэн харыстыы, сэргии үөрэниитэ, үбү – харчыны экономиялаан тупсаҕай оҥоһуктары оҥоруу, төрөөбүт тылга тирэҕирии. Остуоруйа нөҥүө сахалыы куттаах, киhилии сиэрдээх, үтүө майгылаах, чөл туруктаах киhини иитэргэ үөрэтиэххэ сөп. Бу үчүгэй түмүгү биэрэрин төрөппүттэр, оҕолор билинэллэр. Бу үлэ үгэскэ кубулуйан үтүө түмүктэри биэрдэ.

Чинчийии объега: Куруhуок нөҥүө остуоруйалары, олоҥхону ырытан, оҥоһуктары оҥоруу, төрөөбүт тылы сайыннарыы. Быраҕыллыбыт матырыйаалы туһаҕа таһаарыы.

Чинчийии предметэ:

Саха норуотун дьиктилээх- алыптаах остуоруйалара, дьарыкка туттуллар араас көруннээх ньымалар, төрөөбүт тылы сайыннарыы

Чинчийии сыала:

Остуоруйа нөҥүө норуот үтүө үгэстэрин туhанан, сиэрдээх майгыны олохсутан, олоххо көрүүлэрин билиҥҥи киэпкэ, ньымаҕа киллэрэн кэнчээри ыччакка тиэрдии. Быра5ыллар материалтан мындырдаан оҥоһуктары оҥорон төрөппүт, оҕо интэриэһин тардыы. Фантазияларын, билэ-көрө сатыыр дьоҕурдарын сайыннарыы, тыа ыалын оҕотугар экономика бастакы хардыыларын иҥэрии, тылы сайыннарыы

Чинчийии соруга:

- Оҕо сатабылын сайыннарыы;

- Төрөөбүт төрүт тылынан саҥатын сайыннарыы

- Норуот үгэс дьарыгын өйдөтүү, иҥэрии;

- Оҕо толкуйдуур дьоҕурун, талаанын ,үөруйэҕин сайыннарыы;

- Оҕону өй-санаа, билии-көрүү, туттуу-хаптыы, эстетическай өттүн тэҥҥэ

тутан сайыннарыы

- Ситимнээх саҥаны сайыннарыы, үтүө өйү–санааны, иэйиини, толкуйун

тобулуу

Сабаҕалааhын:

Өскөтүн оҕо дьарыгар сөптөөх усулуобуйа тэрийэн, интэриэhиргэтэн, утумнаахтык ыыттахха, санаа курдук дьулуурдаах, сиэрдээх, үтүө майгылаах, төрөөбүт төрүт тылын билэр-ытыктыыр, чөл туруктаах, ыраас санаалаах киhилии киhини иитиэххэ сөп.


Чинчийии ньымалара:

-остуоруйа нөҥүө умнуллубут уонна умнуллан эрэр үгэстэри аныгы олоххо сөптөө5үнэн көрөн иитэр улэҕэ туһаныы.

-остуоруйаҕа олох-дьаһах, идэ, дьарык туһунан өйдөбүллэр бириинсиптэригэр олоҕуран, билиҥҥи олоххо сөп түбэһиннэрэн, ыалга, төрөппүккэ оҕону иитэр тутаах ньыма быһыытынан олохтооһун.

-дьон-сэргэ ортотугар сиэрдээх майгыны, чөл олоҕу, сиэри-туому сөпкө толорору сырдатар, уһуйар улэни утумнаахтык ыытыы.

- дьарыкка олоҕуран докладтары суруйтарыы, спектакльга, оскуола үлэтигэр кыттыы.

- персонажтарынан, кинилэр-тылларын өстөрүн үөрэттэрэн оонньотуу


Чинчийии практическай өттүнэн:

- куруhуогу ыытыыга аналлаах программа проега оҥоhулунна;

- норуот үтүө үгэстэрин үөрэтиигэ аналлаах сөптөөх норуот остуоруйалара уонна литературнай остуоруйалар талылыннылар;

- анал спектакыллар сценарийдара сурулунна;

- оҕо дьоҕурун, кыаҕын учуоттаан оруоллар, сорудахтар бэриллэллэр;

- декорация, музыка, көстүүм, атрибутика төрөппүт, оҕо көмөтүнэн бэлэмнэниллэр.

- остуол үрдүнээҕи оҕо оонньуур театра тэрилиннэ.

Сүрүн чааhа

Билиҥҥи сайдыылаах олоххо оскуолаҕа араас ньымалары туһанан оҕону иитии, сайыннарыы күүскэ киирэн иһэр. Үөрэтии ньымаларын үлэлээһиҥҥэ кубулутуу, атыннык эттэххэ үөрэнээччилэр бэйэлэрэ учуутал көмөтүнэн эрэ буолбакка, ааҕан, ырытан, чинчийэн үлэлээһиннэрэ оҕоҕо туһаайыллыбыт үөрэхтээһин концепциятыгар олоҕурар.

Оҕо тус бэйэтэ кыра эрдэҕиттэн көхтөөх, барыны бары кэрэхсиир, билэ-көрө сатыыр, үлэһит буолара оҕо сайдыытыгар улахан суолталаах. Оҕо ураты ис кыаҕын сайыннарарыгар араас дьарыктары, үлэлиир усулуобуйаны тэрийии; дьарык оҕо сайдыытыгар, сааһыгар сөп түбэһэрин учуоттуур табыгастаах; оччоҕуна оҕо соругу толорута түргэтиир, сатабыла төрөөбүт тылынан саҥарара сайдар.

Сатабылга бырайыактаан үөрэтии ньыматын киллэрдим. Бырайыак суолтата оҕо компетентнай буоларын ирдиир. Ол аата оҕо бэйэтин сабаҕаланар, анализтанар, алтыһар дьоҕура сайдар, бэйэтин үлэтин дьаныардаахтык ыытар, туруоруммут үлэтин, соругун толорор.

Үөрэнээччи сатабылын сайыннаран манныгы билэр буолуохтаах.

- Төрөөбүт норуотун үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын, култууратын, традициятын.

- Төрөөбүт норуотун тылын-өһүн, уус-уран кэрэтин

- Рынок үйэтигэр сатаан дьаһаныы кистэлэҥин. Экономика сүрүн өйдөбүллэрин кытта билсии

- Оҥоһугу хайдах тупсарары, киэргэтэри.

- Быраҕыллыбыты туһаҕа таһаарыы ньыматын.

- Үлэҕэ ыраастык, чэбэр буолары, сэрэхтээхтик туттары.

Былаанныыр утум-ситим үлэ:

- Оҕо оҥорбут оҥоһугун бэйэтэ сыаналыырын, кэпсиирин ситиһии (туох туһалааҕын, туохтан оҥоһуллубутун, хайдах холбоммутун, оҥоһук оҥоһуллубут ситимин).

- Үөрэнээччи туох сатабылы ылбытын көрдөрөр уонна кини үлэтин сыаналыыр сыалтан бастыҥ үлэ быыстапкатын тэрийии.

- Учуутал этиитин «мин курдук оҥор» диэн үөрэнээччитин – толорооччу оруолунан үөрэттэҕинэ оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдыбат, онон хас биирдии оҕо дьоҕурун арыйан, бэйэтин кыаҕыгар тирэҕирэн айар уруоктары эбэтэр уруокка айар сорудахтары тобулуохтаах.

- Атын уруоктары кытта сибээстээхтик үлэлиэхтээх. Холобура: ааҕыы уруогар ааҕа сылдьар айымньыларыттан сүрүн геройдары, айымньы тутулун, оҥоһук оҥоһуллубут быһыытын оҥоруу.

- Тылы сайыннарыы: саҥа тыллары билии, кэпсиир дьоҕуру сайыннарыы, өс хоһооннору, таабырыннары туттуу.

- Ахсаан: тэҥнээһин, түмүгү оҥоруу, ырытыһыы, ахсаан, кэмнээһин, суоттааһын, мээрэй единицалара, геометрическай фигуралары туттуу.

- Айылҕа уруога: доруобуйаны харыстааһын – ыраас, чэбдик буолуу, айылҕаны харыстааһын.

- Уруһуй: тиэмэтэ, сюжета, композицията, дьуһун, кэрэҕэ уһуйуу.

- Музыка: темпата, ритма, учугэй энергияны мунньуу, уобараһы дьүһүйүү.


Кылаас таһынан ыытыллар араас аралдьытар үлэлэр нөҥүө оҕо сааһын учуоттаан туран, олоххо миэстэтин таба булунарыгар бу ыытыллар дьарык сөптөөх иитиини түстүүр. Билиҥни сайдыылаах олоххо оҕону сиэргэ-майгыга иитии уонна сайыннарыы сүрүн хайысха буолар. Маннык дьарыктары ханнык баҕарар үөрэх тэрилтэлэригэр табатык киллэрдэххэ, айар дьарык уонна остуоруйа кистэлэҥнэринэн үлэ оҕону иитиигэ, сайыннарыыга, саҥа көрүүлэргэ, суолу-ииһи тобуларга улахан кыаҕы биэрэр. Оҕо бу эйгэни кытары бииргэ үлэлээһинэ киһи личность быһыытынан сайдыытыгар улахан көмөлөөх. Оҕо улаатан истэҕин аайы сиэрдээх, көхтөөх майгыта, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыла, көмөлөһүүтэ, дойдутун, дьонун иннигэр эппиэтинэһэ, төрөөбүт тылын билэрэ, иитэр сыаннастарга олоҕурар. Учуутал оҕоҕо тириэрдэр бары сатабылын туhанан айымньылаахтык үлэлээтэҕинэ. Оҕо үтүө өрүттэргэ үөрэнэн, төрөөбүт дойдутун историятын интэриэhиргиир, саха фольклорун баай кистэлэҥнэригэр уhуйуллар, төрөөбүт төрүт сүмэтин иҥэринэр, туттар. Ситии- хотуу аартыгар дьулуурдаахтык турунар.




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 3 класс

Скачать
Проект "Остуоруйа"

Автор: Дьяконова-Кычкина Туйара Михайловна

Дата: 06.11.2024

Номер свидетельства: 659071


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства