Үлэ объега: алын кылаас о5олорун өйгө тутар дьо5урдарын сайыннарыы.
Үлэ предметэ: саха төрүт оонньуулара өйгө тутар дьо5уру сайыннарыыта.
Үлэ сыала:
Өбүгэ оонньууларын туһанан о5о5о төгүлү үөрэтии;
Үлэ тематынан көрүллүбүт оонньуулар маннык саба5алааһыңңа тиэрдэллэр: өбүгэ оонньууларын туһанан о5о5о төгүл таблицатын үөрэтии о5о көрөн, бигээн, тэңнээн, имэрийэн, тутан-хабан, сааһылаан наардыыр, өйгө тутар дьо5урун, бол5омтотун сайыннарар. Маннык үөрэтиллибит төгүл таблицата о5о өйүттэн сүтэн хаалбат, өр сылдьар.
Үлэ соруктара:
Төгүлү түргэнник, интэриэһинэйдик оонньоон үөрэтэр ньымалары көрдөөһүн;
Өбүгэ оонньууларын үөрэтии;
Опрос ыытыы;
Оонньуулары оңорон ахсаан уруогар, эбии дьарыкка туттуу;
Үлэ уратыта: о5о саастыылаахтарын кытта оонньууругар табыгастаах; биир оңоһугунан хас да араас оонньуулары оонньуохха сөп; оңорорго дөбөң.
Үлэ ахтыллыыта (актуальность): билигин араас электроннай оонньуулар элбэхтэр, ол гынан баран остуол оонньуута хаһан да умнууга хаалбат. Компьютер, араас гаджет о5о үгүс бириэмэтин, бол5омтотун тардаллар, доруобуйатын, майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын кэбирэтэллэр.
Өбүгэ оонньууларыгар оло5урбут остуол оонньуулара о5о үөрэ5эр бигэ интэриэһи үөскэтэллэр, үөрэнэр ба5аны сайыннараллар.
Иһинээ5итэ
Киириитэ
Оонньуулар
Түмүк
Туһаныллыбыт литература
Киириитэ
Төгүл таблицата – хас биирдии киһи оло5ор өрүү туттар таблицата. Ол иһин ити таблицаны өйгө тута сылдьар олус наадалаах. Таблицаны барытын өйгө хатыыр ыарахан. Онтон сиэттэрэн араас ньымалары туттабыт. Өйгө үчүгэйдик хатаабыт о5о суоттуура түргэн уонна сыыһата суох буолар.
Бу оонньуулары оңоруохпут иннигэр опрос ыыттыбыт. Кыттыбыт дьон ахсаана 50. Опрос түмүгэ:
50 киһиттэн - 32% чэпчэкитик ылыммыт. Мантан14% туох да көмөтө суох тута ылыммыт, онтон 18% оонньуу көмөтүнэн. 68% - ыараханнык, уһуннук тэтэрээт кэнниттэн нойосуус үөрэппит. Мантан 18% билигин да үчүгэйдик билбэт эбит. Ол аата 82% төгүлү үөрэтэр атын ньыма баарын билбэт.
Мантан сиэттэрэн, оҕо төгүлү үөрэтэн салҕыбатын диэн, араас ньымалары көрдөөтүм.
О5о кө5үн үрдэтэр ньымаларынан биирдэстэринэн оонньуу уонна күрэхтэһиилээх оонньуу түгэннэрин таба туһаныы буолар.
Үөрэнээччи оло5ор оонньуу маннык дэгиттэр сатабыллары сайыннарар аналлаах:
билэр – көрөр сатабылы сайыннарар: сынньатар, аралдьытар, астыныыны, интэриэһи. кэрэхсэбили үөскэтэр;
бодоруһар сатабылы сайыннарар: оонньуу көмөтунэн кэпсэтэ, бодоруһа үөрэнэр;
бэйэни салайар – дьаһайар сатабыл: билгэлэнии уонна оонньуу хаамыытыгар бэйэ быһыытын-майгытын, сыһыанын билинии, сыаналаныы;
ытык өйдөбүллэри иңэрии сатабыла: олох, быһыы-майгы сиэрин сыаналыырга, тутуһарга үөрэтэр.
Онон, оонньуу о5ону сынньатарын, аралдьытарын тэңэ, өссө иитэр- үөрэтэр уонна айар үлэ5э, үөрэххэ, киһи киһиэхэ истиң сыһыаныгар кубулуйар сүдү күүстээх.
Таблицаны өйгө тутарга интэриэһинэй буоллун диэн өбүгэ оонньууларын туттабын. Оонньуу быраабылатын көрдөрөн, тутуһуннаран оонньотуу, хас биирдии о5о5о интэриэһи тардар.
Оонньуулар
Хабылык .
Хабылыгы өбүгэлэрбит киэһээ аайы алаастарынан бэйэ – бэйэлэрин ыңырсан оонньууллара. Хабылык хабарга үксүгэр икки буолан, ардыгар элбэх буолан ооньууллар. Хабааччы хабылыгы барытын биир ытыһыгар сааһылаан мунньар уонна сэрэнэн үөһээ өрө быра5ар, хабылык остуолга түһүөн иннинэ илиитин көхсүн тоһуйан биэрэр. Илии көхсүгэр хас хабылык баарынан эмиэ үөһээ быра5ан баран, түһүүтүгэр ытыһынан хабан ылар. Хаппыт хабылыгын остуолга иккилии быра5ар, паарата суох хабылыгы ылар. Элбэх хабылыктаах киһи кыайар.
Уларытан биэрии: төгүлү суруйан биэрдибит.
Туос ынахтар.
Өбугэлэрбит туостан о5олоругар ынахтары оңороллоро. Ол туос ынахтарынан маннык оонньууллара. Бу оонньууга икки киһи онньуур. Биирдии киһиэхэ биирдии туос ынахтаахтар. Ынахтарын аатын этэллэр. Остуолга тардыллыбыт сурааһыңңа утарыта туруораллар. Хамаанда бэрилиннэ5инэ ынахтарын үрэллэр. Сурааһынтан таһаарбыт киһи ына5а кыайар. Бу оонньууга ким уһун тыыннаах кыайар. Бу оонньуу о5о доруобуйатыгар тыңата сайдарыгар көмөлөһөрө. ыаллаах оонньуулларыгар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү оңостоллоро; кыра о5олор быалаан баран соһо оонньууллара;
Уларытан биэрии: ынах сыанатын учуутал төгүлүнэн этэр. О5о сөпкө хоруйдаата5ына атыылаһан оонньуур.
О5устар харсыһыылара.
Саха5а талах оһуобай суолталаах – то5ус үйэ тухары толходуйбакка саханы «харыстыыр, араңачылыыр, ыраастыыр аналлаах», - диэн өбүгэлэр этэллэрэ. Мээнэ5э тала5ынан о5ону оонньоппот этилэр. Талах ынах, уолаттар миинэ оонньуур талах аттара улахан харысхал буолаллар.
Бу онньууга икки о5о оонньуур. Талахтан оңоһуллубут о5устарын ааттыыллар уонна күрэххэ киллэрэллэр. Муоста5а тардыллыбыт сурааһыңңа а5алан утарыта туруораллар. Хамаанда бэрилиннэ5инэ харсыһыннараллар. Сурааһыны аһарбыт о5ус кыайыылаах буолар. Бу оонньууга ким күүстээх илиилээх, тулуурдаах кыайар.
Уларытан биэрии: о5ус сыанатын учуутал төгүлүнэн этэр. О5о сөпкө хоруйдаата5ына атыылаһан оонньуур.
Тыксаан.
Бу оонньууга тала5ы ортотунан аңардаан, уһуна 2см гына оңоһуллубут фишкалар наадалар. Биир фишка бэлиэлээх буолар. Фишкалары остуолга быра5абыт. Биир бэлиэлээх фишканан атын фишкалары тарбахпытынан тыгабыт. Хаһан сыыһыаххар диэри таба- таба бара тура5ын. Ким элбэх фишкалаах кыайар. Сыыһа таппыт киһи уочараттан туораан иһэр.
Уларытан биэрии: фишкалара төгүрүктэр, онно төгүлү суруйан биэрдибит. Тыкпыт фишкатын сөпкө суоттаата5ына ылар.
Тыксаан дуоскатыгар эйдотехника (греч. «образ»), атыннык Симонида системата диэн Былыргы Грецияттан кэлбит системаны туһанным (Симонид диэн поэт күн аайы өйгө тутар дьо5урун эрчийэр эбит), о.э. өйгө тутуллуохтаах матырыйаалы араастаан уобарастаан көрөөһүн ньыматынан 3 сэргэни ойуулаатым («Үс Аар сэргэни астылар», «Үс Ытык сэргэни туруордулар». Сэргэ «рядом», «вместе» – саха итэ5элин биир ытык бэлиэтэ. Үөһээ дойду, ону сэргэ Салгын Кут бэлиэтэ. Орто «туруу бараан» туоруу барааһын Дойду, ону сэргэ Ийэ Кут бэлиэтэ. Өбүгэлэрбит киһи Аллараа Дойду көстүбэт эйгэтиттэн кэлэн Орто Дойду кылгас оло5ун этэңңэ туораан Үөһээ Дойдуга тиийиэхтээх диэн итэ5эйэллэрэ. Үс Дойду күүстэригэр үңэн туом оңороллоро, ол иһин аты сэргэ5э баайары ТУОМтуу баайыы дииллэрэ. Аллараа Дойду, ону сэргэ Буор Кут бэлиэтэ). О5о чыыһылалары көрөр, сааһылыыр, уратыларын өйдөөн көрөр. Түмүгэр бастакы сэргэ5э 3, 6, 9, иккис сэргэ5э 12, 15, 18 (бары уонтан са5аланаллар), үһүс сэргэ5э 21, 24, 27 (бары 20-лээхтэр), бары үһүнэн улаатан эрэллэр эбит диэн түмүк оңорор. Кэнники уруһуйу, чыыһыланы утуу-субуу турарын хара5ар хатыыр. «3»-тээх төгүл диэтим да, ити сэргэлэри саныы түһэр.
Бу Симонида системата диэн ааттыыр ньымабыт саха дьонугар ордук чугас курдук. Тугу эрэ сө5ө көрбүппүтүн эбэтэр өйдөөн хаалыахтаахпытын уобарастаан хоһуйар биир айыл5аттан бэриллибит дьо5урбут. Ити уратыбытын туһанан, Симонида систематын кэмиттэн кэмигэр туттан үөрэттэххэ, о5о сайдыытыттан тутулуга суох төгүл таблицатын, араас формулалары билиитэ чэпчиэ этэ.
Сыалы табыы.
Бу оонньууга икки киһи утарыта көрсөллөр. Быа5а баайыллыбыт сиэл төкүнүк мээчиги ынах муоһугар киллэриэхтээхтэр. Мээчиги ким түргэнник киллэрбит киһи кыайар.
Уларытан биэрии: бэриллибит төгүллээһини этэн суоттуу-суоттуу оонньуур.
Быаны эрийии.
Бу оонньууга икки киһи утарыта тураллар. Икки өттүгэр мастаах быалаахтар. Хамаанда бэрилиннэ5инэ быаларын мастарыгар эрийэллэр. Ким түргэнник ортотугар баар мээрэйи ааспыт киһи кыайар.
Уларытан биэрии: бэриллибит төгүллээһини этэн суоттуу-суоттуу оонньуур.
Эбии оонньуулар.
Куйуур. Бэриллибит төгүлгэ сөп түбэһэр «балыктары» ыа5аска хомуйар.
Муңха. Хамаанданан күрэх. Бэриллибит төгүлгэ сөп түбэһэр «балыктары» ыа5аска хомуйаллар.
Лото. Төгүл таблицатыгар оло5уран оңоһулунна, фишкалара талахтар.
Түмүк
Ити курдук төгүл таблицатын үөрэтэрбитигэр, бытааннык өйгө тутар о5о5о, өбүгэлэрбит оонньууларын, атын да ньымалары туттар табыгастаах диэн саныыбын. О5о көрөн, бигээн, тэңнээн, имэрийэн, тутан-хабан, сааһылаан наардыыр, өйгө тутар дьо5урун, бол5омтотун сайыннарар. О5о уруокка көхтөөхтүк кыттар, тэңңэ быһаарсар, толкуйдаһар буолла5ына, кини билиигэ-көрүүгэ тардыһара өссө күүһүрэр, уонна дэгиттэр сатабылын сайыннарар. Маннык оонньоон таблицаны чэпчэкитик өйдүүр, өйүгэр өр илдьэ сылдьар.
Туһаныллыбыт литература:
Бастакы үктэл №4 – изд-во «Якутский край», г. Якутск, 2006. – 80 с.
Өбүгэлэрбит оонньуулара. / Хомуйан оңордо А.Фёдоров. – Дьокуускай, 1992. – 40 с.
Мэңэ-Хаңалас улууһа Дойдуунускай алын кылаастаах оскуола – саада
Өбүгэ оонньууларын туһанан
өйгө хатыыр дьо5уру сайыннарыы
Үлэни оңордо: Поскачина А.А.
2017 с.