kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

" Мин уонна төрөөбүт дойдум Арыылаах" гражданско-патриотическое воспитание младших школьников

Нажмите, чтобы узнать подробности

Материал содержит опыт работы по патриотическому воспитанию младших школьников
Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«" Мин уонна төрөөбүт дойдум Арыылаах" гражданско-патриотическое воспитание младших школьников»

«Ыччаты патриотизм тыыныгар иитии олус суолталаах: олох сыаннастарын, майгы-сигили төрүттэрин туһунан кэпсэтии буолар. Биһиги манна олоҕуран олохпутун оҥоруохтаахпыт, уопсастыбабытын сайыннарыахтаахпыт, ол түмүгэр дойдубутун бөҕөргөтүөхтээхпит. Инникибит бөҕө акылааттаах буолуохтаах. Ол акылаат – патриотизм. Патриотизм – доуйдубут уонна кэлэр кэскилбит туһугар эппиэтинэс. Ити эппиэтинэһи илдьэ сылдьар туһугар ыччаты патриотизм тыыныгар уонна гражданственноска иитиигэ үлэ дьиҥнээх, хамсаныылаах ньымалара наадалар ...» - диэн дойду Президенэ Владимир Путин 2012 с. ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитии боппуруостарыгар анаммыт мунньахха этэн турар.

Олоҕу кытта ыкса сибээһи тутан оҕо бэйэтин дьиэ кэргэнин, үөрэнэр оскуолатын, олорор нэһилиэгин, улууһун, республикатын олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин болҕойон көрө, өйдүү, быһаара үөрэниитэ патриотическай иитиигэ төрүт буолар диэн санааттан 2013 с. улуустааҕы үөрэх управлениетыгар экспертнэй сэбиэккэ «Мин уонна төрөөбүт дойдум Арыылаах» диэн уруок таһынан ыытыллар дьарыктар анал программаларын көмүскээбиппит.

Программа сыала: оҕо кыра сааһыттан саҕалаан төрөөбүт дойдутун таптыырыгар, харыстыырыгар, патриотическай тыыны иҥэринэн сайдан тахсарыгар иитии.

Актуальноһа: кэлиҥҥи кэмҥэ дойду үрдүнэн буола турар араас уларыйыылар сабыдыаллара биһиги олохпутугар күүскэ билиннэ. Оҕо информационнай эйгэтэ кэҥээтэ, ылара, ылынара бэрээдэгэ, ситимэ суох буолан, тастан киирэр дьайыыга бэринимтиэ буолла. Онон, оҕо өссө кыра дууһата ыраас-сайаҕас эрдэҕинэ патриотизмҥа иитии – алдьархайтан араҥаччылыыр, соргулаах суолга киллэрэр аналлаах.

Программа 4 бөлөхтөн турар:

  1. Дьиэ кэргэн – дьол-соргу уйата.

Оҕо төрөөбүт дойдутун билэ-көрө улаатарыгар бастатан туран олорор дьиэтэ-уота, төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ буолаллар. Кинилэри кытта сибээһи бөҕөргөтөргө, дьиэ кэргэҥҥэ убаастабылы, тапталы иитэргэ, эппиэтинэстээх буоларга, дьиэ кэргэн сыаннастарын ытыктыырга соруктаах.

  1. Оскуола – иккис дьиэм.

Коллектив суолтатын өйдөтөргө, үөрэххэ сыһыаны, оскуолаҕа тапталы, харастабыллаах сыһыаны, уопсай интириэһинэн салайтарыыны иитэр соруктаах.

  1. Төрөөбүт алааскын эн таптаа.

Олорор бөһүөлэгин уратытын, историятын үөрэтии, тугунан тыынан олорорун тиэрдии, общественнай үлэҕэ кыттыыларын көҕүлээһин.

  1. Төрөөбүт дойдугун бил, таптаа, харыстаа.

Төрөөбүт дойду историческай, культурнай, экономическай уратытын туһунан өйдөбүлү үөскэтии. Культурнай сыаннастары харыстыырга интэриэстээх буолууну иитии.

Бу 4 бөлөххө темаларынан, кылаастарынан аттарыллан дьарыктар сылга 33-34 ч. былааннаналлар. Дьарыктар ыытыллар миэстэлэрэ, формалара хааччахтаммат. Айылҕаҕа, тэлгэһэҕэ, музейга, оскуолаҕа, ыалга даҕаны экскурсия, бэсиэдэ, викторина, оонньуу, уруһуй түһүлгэтэ, проект оҥоруута, көрсүһүүлэр, быыстапкалар, интервью ылыыта, презентация оҥоруута, бэлиэтээһин суруйуу курдук көрүҥнэринэн ыытыллаллар. Манна төрөппүтү кытта бииргэ үлэлээһин эрэйиллэр. Дьарыктарга бэлэмнэнии элбэх матырыйаалы системалаан, наардаан, чөмөхтөөн биэрии хайаан да наада. Онон биһиги элктроннай көрүҥҥэ көһөрөн, туттарга, буларга табыгастаах гына оҥордубут. Манна нэһилиэкпит баай историятын, олоҕун-дьаһаҕын, айылҕатын, үлэтин-хамнаһын, олохтоохтор дьарыктарын туһунан билиһиннэрэр, көрдөрөр матырыйааллар, оҕолор чинчийбит үлэлэрэ киирдилэр. Барыта биир сиргэ түмүллэн, туттарга табыгастаах, атын да учууталлар кылаас таһынан үлэҕэ тутталларыгар көмөлөөх буолла.

Ол курдук презентациялар, сценарийдар, оҕолор үлэлэрэ, видеоматериаллар, докладтар, тургутуктар, хаартыскалар диэн уопсай страницалардаах. Онно киирдэххэ хас да салааҕа арахсар.

Холобур: презентациялар страницаҕа бааллар:

  1. Мин дьиэ кэргэним

  2. Нэһилиэгим историята

  3. Көһөрүллүү

  4. Чурапчы чулуулара

  5. Нэһилиэгим талба талааннаахтара

  6. Нэһилиэгим айар куттаах дьоно

  7. Тыыннаахтар умнубат сыллара

  8. Спортивнай Арыылаах

Бу хайысхаларынан мунньуллубут матырыйааллар папка иһигэр бааллар.

2-с страница: Дакылааттар. Манна оҕолор үлэлэрэ

  1. Айгыр-силик айылҕа

  2. Мин сөбүлүүр дьарыгым

  3. Киэн туттар дьоммут

  4. Чөл олох – доруобуйа төрдө

  5. Кыраайы үөрэтии

Маннык темаларынан наарданан киирдилэр. Ити курдук, сценарийдар, оҕолор үлэлэрэ, тургутуктар страницаларга ыытыллыбыт дьарыктар, оҕолор уруһуйдара, дьарыкка туттуллар викториналар киирдилэр.

Биир улахан салаабыт – видеоматериаллар. Манна кырдьаҕастар бэйэлэрэ кэпсээбит ахтыылара, Бакаа Маайа бэйэтин толоруутугар хоһоон, чабырҕах бааллар.

Электроннай сборникка баар матырыйааллары предметтэр алтыһыыларыгар сөп түбэһиннэрэн өбүгэ үөрэҕэр, история, уруһуй, тулалыыр эйгэ, ырыа, технология, төрөөбүт тыл уруоктарыгар да туттуохха сөп.

Сборнигы оҥорорбутугар Auto Play, Power Point, Kvisoft, Smart Notebook, Фотошоу программалары туһанныбыт.

Бу дьарыктарга сылдьан оҕо киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар эрэнэбит.

Кини кимтэн кииннээҕин, хантан төрүттээҕин биллэҕинэ, кырдьаҕастарга истиҥ сыһыан үөскүө.

Дьиэтин тиэргэниттэн саҕалаан төрөөбүт дойдутун таптыы ытыктыы үөрэннэҕинэ дойдутугар тардыһыыта үрдүөҕэ.

Төрөөбүт түөлбэтин айылҕатын билистэҕинэ, харыстыы улаатыа.

Кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт түөлбэтин үлэһит, биллиилээх, айар куттаах дьонун билэ улааттаҕына киэн туттуо, үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһыа.

Дьарыктарга оҥорбут уруһуйдарынан чинчийэр, айар үлэлэринэн араас конкурстарга кытталлар. Бэйэбит оскуолабытыгар ыытыллар Макаровскай, улуустааҕы Үөкүйэ, Далан, Ноҕуруодап, Уолан ааҕыыларыгар “Радость” оҕону сайыннарар киин конкурстарыгар ситиһиилэрэ элбэх. Наталья Гаврильевна салалтатынан “Чуораанчык”, “Кэскил” хаһыакка сонуннарын суруйаллар, конкурстарга кытталлар.

Учууталлар бэйэбит эмиэ иитэр үлэбит опытыттан улуустааҕы пед. ааҕыыларга, Далан ааҕыыларыгар, Республиканскай Башарин ааҕыыларыгар, Региональнай Макаровскай ааҕыыларга кытынныбыт.













«Мин уонна төрөөбүт дойдум Арыылаах»

алын кылаастарга кылаас таһынан

ыытыллар дьарыктар программаларынан

гражданскай-патриотическай иитиигэ улэ опытыттан.






Чурапчы улууьун Т.М.Каженкин аатынан

Арыылаах орто оскуолатын алын кылааc учууталлара

Дагданча Н.М .















2017 с.




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Прочее

Целевая аудитория: Прочее

Автор: Дагданча Нюрбина Молотовна

Дата: 11.03.2017

Номер свидетельства: 399344


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства