kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Методическая разработка: "Саха төрүт оонньуулара"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Саха төрүт оонньуулара алын кылаас, детсад оҕолоругар эти- хааны эрчийэргэ ананар. Ону таһынан сынньалаҥнары ыытыыга туттуллуон сөп.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Методическая разработка: "Саха төрүт оонньуулара"»

Оҕустар харсыһыылара

Өбүгэлэрбит кыстыктан сайылыктарыгар көһүүлэрэ биир кэрэ бырааһынньыгынан буолара. Атыыр оҕус айаатааһына, оҕолор аймалҕаннара, күөрэгэй ырыата, киһи-сүөһү үөрүүтэ- барыта биир тыын буолара. Атыыр оҕустары харсыһыннарыы биир дьикти түгэнинэн буолара. Оҕустар кэннилэриттэн оҕолор харсыһа оонньууллара.

Оҕолор, оҕустары үтүктэн, айаатыы- айаатыы буору ытыстарынан хаһыйан, тобуктаан сылдьан кынчыаттаһан кэлээт, төбө- төбөлөрүттэн тирэһээт, харсыспытынан бараллара. Харсыһар кэмнэригэр оонньууну ыытааччы үс миэтэрэ сири кээмэйдиир уонна ортотунан сурааһын тардар. Харсыһар оҕолор сурааһын икки ардыгар туруорар, төбөлөрүн холботон " Чэ!" диэн хамаандалыыр. Харсыһааччылар эмискэ төбөҕө түһүө суохтаахтар.

Өскөтүн бастакы оҕо иккис оҕону сурааһынтан 1,5 миэтэрэ тэйиччи үтүрүйэн илтэҕинэ, иккис оҕо кыайтарбытынан ааҕыллар.



Тоҕус былас суһуоҕу өрүү.

Биһиги өбүгэлэрбит баай дьону кыыстарын суһуоҕунан сыаналыыллара. Улахан баай дьон кыыстарын баттаҕын тоҕус суһуох, орто баай- сэттэ суһуох, сөбүгэр баайдаах дьон үс суһуох гына өрөллөрө дииллэр.

Тоҕустуу киһилээх икки бөлөххө тэрийэллэр. Бөлөхтөргө төгүрүк иини биэрэллэр. онно 1 м уһуннаах 27 сүүмэх баттаҕы, сиэли, быаны ( таҥас ыйыыр быа ордук) сөллүбэт гына уһуктарыттан баайталаан кэбиһэллэр. Төгүрүк иилэри киһи уунан тиийэр сиригэр биэтэҥнии турар гына ыйыыллар.

Ыытааччы икки бөлөҕү төгүрүк иилэртэн 10 м тэйиччи турурорар. Биирдии киһи сүүрэн тиийэн сүүмэҕи кытаанах гына өрөр. Бүтэрээт, эргиллэ кэлэн, бэйэтин киһитин ытыһын охсор, кини сүһүөх өрө сүүрэр. Хайа бөлөх төһө үчүгэйдик, кытаанахтык өрбүтэ, хайалара урут бүтэрбитэ сыаналанар. Урут бүтэрэн баран, суһуохтара мөлтөхтүк өрүллүбүт бөлөх кыайтарыылааҕынан ааҕыллар.

Хороҥ оту үрдүнэн ыстаныы.

Икки 40 см уһуннаах хаппыт оту икки ардылара 1 м сиргэ кэккэлэһиннэрэ уураҕын.

икки киһи тэҥҥэ бу оту үрдүнэн көтүөхтээхтэр. Кинилэр атахтарын тойон эрбэхтэрин икки илиилэринэн араарбакка ыстаныахтаахтар. Өскөтүн биирдэстэрэ оту таарыйдаҕына эбэтэр илиилэрин ыһыктан кэбистэхтэринэ, кыайтарыылааҕынан ааҕыллаллар.

Бу оонньууну хамаанданан эбэтэр икки киһи -4 хороҥ оту субуруччу ыстанар гына оҥороллор.



Кыаһыланыы.

Куйааска ынах эмиийэ хатан, кыымаайы, күлүмэн сиэн, дэлби бааһырар, кыайан ыаппат буолар. Ол иһин тэбиэлэммэтин, мөхсүбэтин диэн кэлин атахтарын такымнарын үөһээ өттүнэн быанан кыаһылыы баайаллар.

Икки бөлөххө арахсаллар. Ыытааччы оонньооччулары атахтарын бэрбээкэйдэриттэн кыаһыланалларыгар этэр. Хаҥас бэрбээкэйдэрин куустаран ылан, иккитэ эрийэ тардан, уҥа атахтарын бэрбээкэйдэригэр аҕалан сөллүбэт гына ыга баайаллар (атахтарын тккт арда кыра арыттаах буолар.

Ыытааччы 15- 20 м сиргэ күрэхтэһэр сири бэлэмниир. Бөлөх дьонун тус-туспа субуруччу туруортуур. Кыаһылаах киһи ойуоккалаан, хааман ( бэйэтиттэн тутулуктаах) бэлиэтэммит сири эргийэн кэлэн, урут турар икки киһи илиилэрин тэҥҥэ таарыйар. Оҕуттаҕына туруохтаах, кыаһыта сөлүннэҕинэ, тута бааныахтаах уонна салгыы сүүрүөхтээх. Урут кэлбит бөлөх дьоно кыайаллар.



Кириэс тэбии.

Икки тэбис-тэҥ см кэтиттээх, 70 см уһуннаах 0,5 см халыҥнаах маһы ылан көнө сиргэ кириэстии уураллар.

Оонньооччу сис туттан кириэстии ууруллубут мас таһыгар кэлэр. Кини бу кириэс үрдүнэн аҥаар атаҕын үөһээ көтөҕөн баран, биир атаҕынан кылыйан, маһы таарыйбакка кириэстии ыстаҥалыыр кэмигэр ханнык баҕарар ырыаны дорҕоонноохтук ыллыахтаах.

Өскөтүн маһы таарыйан кэбистэҕинэ, хотторбутунан ааҕыллар. Биир мүнүүтэ тохтоло суох кириэһи таарыйбакка үҥкүүлээтэҕинэ, кыайар.



Оһуор түһэрии.

Бу оонньууну былыргы биһиги өбүгэлэрбит оҕолорго кыһыҥҥы кылгас күннээх кэмҥэ саха оһоҕун тула олорон, хаары күрдьэр күрдьэххэ чоҕунан оһуор- ойуу түһэрэллэр эбит. Алта оҕо үстүү буолан хайдан күрэхтэһэллэр. Оонньууну ыытааччы бастакы икки оҕо харахтарын таҥаһынан баайар. Кинилэртэн биирдэстэрэ оһоҕу эргийэн кэлэн, күрдьэҕи булан, чох ылан оһуор түһэрэр. Кини кэнниттэн оһоҕу эргийэ барыахтаах оҕо хараҕа баайыылаах турар. Оонньуу ыытааччы бастакы оҕо уруһуйдаан бүтээтин кытта иккис оҕону оһоҕу тула ыытар. Ити курдук оһоҕу үстэ эргийэн, хайа хамаанда үчүгэй оһуору түһэрбит, ол кыайыылаах.

Бу оонньуу оҕо холкутук толкуйдуур, өйүгэр ойуулаан көрөр дьоҕурун сайыннарар.





Ойбону көһөрүү.

Хас да киһи хамаандаҕа хайдан күрэхтэһэр оонньуута. Икки мас иһиккэ толору уу кутан дьиэ биир муннугар, икки кураанах иһити дьиэ атын муннугар кэккэлэһиннэри туруораллар. икки хамаанда биирдии мас ньуоскалаахтар. Хамаанда бастакы киһитэ сүүрэн тиийэн уулаах иһиттэн ньуоскатынан баһаат, кураанах иһиккэ тиийэн кутар уонна төттөрү сүүрэн иккис киһитигэр ньуоскатын биэрэр. Ити курдук иһиттээх уу бүтүөр диэри кураанах иһиккэ ууну кута сүүрүөхтээхтэр.

Хайа хамаанда түргэнник уонна тохпокко уутун көһөрбүтүнэн кыайыыта быһаарыллар. Өскөтүн уутун көһөрбүтүнэн кыайыыта быһаарыллар. Өскөтүн уутун таһан урут бүтэрбит хамаанда уута иккис хамаанда уутунааҕар кыра, быһаҕас буоллаҕына, кыайтарбытынан ааҕыллар. Ол аата үлэ хаачыстыбалаахтыктык толоруллубатах.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 4 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Методическая разработка: "Саха төрүт оонньуулара"

Автор: Дьяконова-Кычкина Туйара Михайловна

Дата: 05.12.2017

Номер свидетельства: 442283


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства