Киһи барыта хаһан эрэ кырдьан кыаммат буолар. Ол иһин саха киһитэ былыр-былыргыттан кырдьа5ас киһини көрөр-харайар, ытыктыыр этэ.
Просмотр содержимого документа
«Кылаас чааһа "Кырдьаҕаһы ытыктыыр куолу"»
Кырдьа5аһы ытыктыыр куолу.
- Киһи барыта хаһан эрэ кырдьан кыаммат буолар. Ол иһин саха киһитэ былыр-былыргыттан кырдьа5ас киһини көрөр-харайар, ытыктыыр этэ.
Сэһэргэһии.
- "Кырдьар - кырыыс, сорсуйар - сор" диэн өс хоһооно баар. То5о итинник этэллэрэ буолуой? Кырдьа5ас киһи эдэр киһи курдук сылдьыбат, бытаан, ыалдьара элбэх, хара5а кыайан көрбөт, кулгаа5а кыайан истибэт. Ол эрэй, сор.
- "Кырдьа5аһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт" диэн то5о этэллэрий?
- Кини өр олорбут, элбэх эрэйи, кыһалҕаны көрсүбүт, элбэххэ үөрэммит буолан, туох, хайдах буоларын билэр. Онон туһалаа5ы сүбэлиир.
- "Кырдьа5ас киһи о5отугар түһэр" диэни хайдах өйдүүгүт?
- Кыра о5ону төрөппүттэрэ көрөллөр, көмөлөһөллөр, ол курдук кырдьа5ас киһини эмиэ көрүөххэ-истиэххэ наада.
Хоһоон аа5ыы. П.Тобуруокап "Танюша". Сэһэргэһии.
- Кырдьа5аска о5о тугу көмөлөһүөн сөбүй?
- Олороругар олоппос ылан биэрэр, миэстэтин туран биэрэр, уулуссаны туорууругар көмөлөһөр, барар сиригэр сирдээн илдьэр, үөһэ ыйанан турар таҥаһын ылан биэрэр. Эйэ5эстик кэпсэтэр. Бырааһынньыкка э5эрдэлиир, уруһуйдаан бэлэхтиир. Бу барыта кырдьа5ас киһиэхэ улахан көмө. Кини онтон үөрэр, хайгыыр, алгыс тылын этэр.
Сценка айан оонньооһун. 2 о5о тахсан биирэ "Эбээ" (эһээ) буолар, биирэ "сиэн" буолан дьиэтээ5и түгэни санаан үтүктэллэр.
Таабырын: Сарсыарда 4 атах, күнүс 2 атах, киэһээ 3 атах баар үһү.
- Туох түмүккэ кэллигит? "Эдэртэн эйэтин, кырдьа5астан алгыһын ыл" диэн өс хоһоонунан сирдэтэн эйэлээх буолуохтаахпыт, кырдьа5аһы ытыктыахтаахпыт, киниэхэ көмөлөһүөхтээхпит.