kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Интелектуальный исследовательский проект "Сахалыы остуола оонньууларын нөҥүө оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы""

Нажмите, чтобы узнать подробности

Бырайыак аата: «Сахалыы остуол оонньуутун көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы».

Бырайыак автора:

Иванова Лилиана Прокопьевна, саха тылын уонна литературатын учуутала, үрдүк анал үөрэхтээх, l категориялаах, үлэ ыстааһа – 6 сыл.

Бырайыак төрүөтэ:  Оҕо сааска киһи оонньоон үөрэнэр, сайдар кэмэ. Оҕолор сүрүн дьарыктарынан оонньуу буолар. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох. Кыра, орто саастаах оҕо өйүгэр иҥэриитэ, оҥорон көрүүтэ, өйгө тутуута, болҕомтото, өйдүүр дьоҕура оонньууннан сайдар. Билиңңи оҕо суотабай төлөппүөн, көмпүүтэр, телевизор иннигэр элбэхтик олорор. Бэлэм информацияны ыла үөрэммит оҕо толкуйдуур, айар дьоҕура сыппыыр.

        Сахалыы остуол оонньуута өбүгэбит культуратын сорҕото буолар. Оҕону норуот оонньууларынан иитии олус элбэх туһалааҕын улуу педагогтар Г.Н.Волков, Е.И. Тихеева, А.П. Усова уо.д.а. улэлэригэр ыйыллар.

Бырайыак аата: «Сахалыы остуол оонньуутун көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы».

Бырайыак автора:

Иванова Лилиана Прокопьевна, саха тылын уонна литературатын учуутала, үрдүк анал үөрэхтээх, l категориялаах, үлэ ыстааһа – 6 сыл.

Бырайыак төрүөтэ:  Оҕо сааска киһи оонньоон үөрэнэр, сайдар кэмэ. Оҕолор сүрүн дьарыктарынан оонньуу буолар. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох. Кыра, орто саастаах оҕо өйүгэр иҥэриитэ, оҥорон көрүүтэ, өйгө тутуута, болҕомтото, өйдүүр дьоҕура оонньууннан сайдар. Билиңңи оҕо суотабай төлөппүөн, көмпүүтэр, телевизор иннигэр элбэхтик олорор. Бэлэм информацияны ыла үөрэммит оҕо толкуйдуур, айар дьоҕура сыппыыр.

        Сахалыы остуол оонньуута өбүгэбит культуратын сорҕото буолар. Оҕону норуот оонньууларынан иитии олус элбэх туһалааҕын улуу педагогтар Г.Н.Волков, Е.И. Тихеева, А.П. Усова уо.д.а. улэлэригэр ыйыллар.

 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Интелектуальный исследовательский проект "Сахалыы остуола оонньууларын нөҥүө оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы""»

МБОУ «Кюереляхская средняя общеобразовательная школа имени С.Г.Коврова»

с. Кюерелях МР «Горный улус» РС (Я)»













Сахалыы остуол оонньуутун көмөтүнэн

оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы

(бырайыак барыла)



























Бырайыагы суруйда: төрөппүт Иванова Лилиана Прокопьевна









2021 сыл.

«Оҕону төһөнөн эрдэ өй, остуол оонньуутугар угуйаҕын да, кини соччонон сытыы, имигэс өйдөөх, билбитин сатаан олоххо туһанар, инникитин өтө көрөр кыахтаах дьиҥнээх үрдүк интеллектээх киһи буола улаатар»

Б.П.Никитин


Бырайыак аата: «Сахалыы остуол оонньуутун көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы».


Бырайыак автора:

Иванова Лилиана Прокопьевна, саха тылын уонна литературатын учуутала, үрдүк анал үөрэхтээх, l категориялаах, үлэ ыстааһа – 6 сыл.


Бырайыак төрүөтэ: Оҕо сааска киһи оонньоон үөрэнэр, сайдар кэмэ. Оҕолор сүрүн дьарыктарынан оонньуу буолар. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох. Кыра, орто саастаах оҕо өйүгэр иҥэриитэ, оҥорон көрүүтэ, өйгө тутуута, болҕомтото, өйдүүр дьоҕура оонньууннан сайдар. Билиңңи оҕо суотабай төлөппүөн, көмпүүтэр, телевизор иннигэр элбэхтик олорор. Бэлэм информацияны ыла үөрэммит оҕо толкуйдуур, айар дьоҕура сыппыыр.

Сахалыы остуол оонньуута өбүгэбит культуратын сорҕото буолар. Оҕону норуот оонньууларынан иитии олус элбэх туһалааҕын улуу педагогтар Г.Н.Волков, Е.И. Тихеева, А.П. Усова уо.д.а. улэлэригэр ыйыллар.



Бырайыак туһулуута: Оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар сахалыы остуол оонньууларын үөрэтии, чинчийии.


Бырайыак үөрэтэр предметэ: Остуол оонньуутун көмөтүнэн оҕо толкуйдуур, өйдүүр, ылынар дьоҕурун сайдыыта.


Бырайыак сыала: Сахалыы остуол оонньуутун көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун, өйүн-санаатын, этин-сиинин сайыннарыы.

Бырайыак соруктара:

  • Толкуйдуур дьоҕуру сайыннарарга сыһыаннаах анал программалары, методическай литературалары, дидактическай пособиелары наардааһын, ааҕыы, үөрэтии, ырытыы;

  • Толкуйу, өйү-санааны сайыннарарга аналлаах остуол оонньууларын көрдөөһүн, талыы, ырытыы;

  • Оҕо этэ-сиинэ, өйө сайдар уратытын учуоттаан сахалыы остуол оонньууларын билиһиннэрии, интэриэһи үөскэтии;

  • Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы остуол оонньууларын пропагандалааһын;

  • Сахалыы остуол оонньууларын оҕо бэйэтэ баҕа өттүнэн оонньуурун ситиһии;

  • Логическай толкуйдаах, өйтөн айар, бириэмэни көдьүүстээхтик туһанар, дьоҥҥо-сэргэҕэ сиэрдээх сыһыаннаах, үтүө майгылаах буола улаатарыгар олук ууруу.


Бырайыак сонун өрүтэ: Оҕо уонна учуутал, оҕо уонна төрөппүт бииргэ куолаан айбыт оонньууларын киллэрии.


Бырайыак ыытыллар сирэ: Горнай улууһа, Октябрьскай нэһилиэгэ, Степан Гурьевич Ковров аатынан Күөрэлээх орто үөрэхтэһин оскуолата.



Бырайыак кыттыылаахтара: «С.Г.Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолатын» алын, орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэр, бары үлэһиттэрэ, төрөппүттэрэ.


Бырайыак кэмэ: Үс сыл, 2021 – 2023 сылга диэри.


Бырайыак олоххо киириитин тутула (механизма)


Хайысхалара

Ыытыллар үлэ көрүҥэ

Ким толороро, кыттара

l. Бэлэмнэнии этаба

2021 с. олунньу ыйыттан бэс ыйыгар диэри






















1. Сыал, сорук туруоруу.

2. Анал программалары, методическай литературалары, дидактическай посо-биелары наардааһын, талыы, үөрэтии, ырытыы.

3. Толкуйдуур дьоҕуру сайыннарарга аналлаах остуол оонньуулары булуу, көрдөөһүн, ырытыы, талыы.

4. Хас биирдии оҕо толкуйдуур дьоҕурун, интеллегин кэтээн көрүү, диагностика, мониторины саҕалааһын.

5. Хас биирдии оҕоҕо сайдыы лииһин (маршрут) оҥоруу.

6. «Оҕо өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга төрөппүт оруола» төрөппүттэргэ конференция тэрийии, диагностиканы иһитиннэрии.

7. Конференция сүнньүнэн төрөппүттэргэ оонньуу айыытыгар конкурс ыытыы.

8. Конференция, былаан түмүгүнэн смета оҥорон оскуола администрациятыгар көмүскээһин.




- Учууталлар, куруһуок салайааччылара.

- Учууталлар, төрөппүттэр.



- Бырайыак кыттыылаахтара.



- Бырайыак кыттыылаахтара.



- Бырайыак кыттыылаахтара.


- Бырайыак кыттыылаахтара.




- Бырайыак кыттыылаахтара.



  • Учууталлар, кылаас салайааччылара, төрөппүттэр.



ll. Олоххо киллэрии этаба

2021 с. балаҕан ыйыттан

2023 бүтүөр диэри.



1. Анал программанан, былаанынан бырайыагы тиһигин быспакка үлэлэтии.

2. Хас сыл аайы оҕо сайдыытынан мониторинг ыытыы.

3. Мониторинг түмүгүнэн үлэ былааныгар уларытыылары (коррекция) киллэрии.


- Учууталлар, төрөппүттэр.



- Бырайыак кыттыылаахтара.


lll. Түмүк этап

2023 с.ахсынньы ыйа



1. Бырайыак үлэтин түмүгүнэн тэрээһин үлэлэр.

2. Бырайыак салгыы сайдар кэскилин дьүүллэһии, ырытыы (рефлексия), сал-гыы быланнааһын.

3. Алын кылаас учууталларын кытта бииргэ үлэлээһин (адаптивнай период).





- Учууталлар, төрөппүттэр, алын кылаас сүһүөх учууталлара.




Бырайыак сүрүн ис хоһооно.


Оҕо сааска киһи оонньоон үөрэнэр, сайдар кэмэ. Оҕолор сүрүн дьарыктарынан оонньуу буолар. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох. Оҕо өйүгэр иҥэриитэ, оҥорон көрүүтэ, өйгө тутуута, болҕомтото, өйдүүр дьоҕура оонньууннан сайдар. Билиңңи оҕо суотабай төлөппүөн, компьютер, телевизор иннигэр элбэхтик олорор. Бэлэм информацияны ыла үөрэммит оҕо толкуйдуур, айар дьоҕура сыппыыр.
Сахалыы остуол оонньуута өбүгэбит культуратын сорҕото буолар. Оҕону норуот оонньууларынан иитии олус элбэх туһалааҕын улуу педагогтар Г.Н.Волков, Е.И. Тихеева, А.П. Усова уо.д.а. улэлэригэр ыйыллар.

Остуол оонньуутун көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыыга эйгэ (оҕо, төрөппүт, учуутал) барыта кыттыһарынан уратылаах. Чопчу сыал-сорук туруоруллан, хас биирдии оҕо уратытын учуоттаан үлэ ыытыллар.

Остуол оонньууларын толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы дьайымалларын кытта дьүөрэлээн уонна сайыннарар эйгэлэригэр көҥүл оонньуу кэмигэр ыытыахха сөп. Оҕо барыта толкуйдуу үөрэнэрин, бэйэтин санаатын этэрин ситиһэр инниттэн бөлөхтөргө арааран оонньотор табыгастаах буолуоҕа. Учуутал оҕо төһө ылынарыттан көрөн оонньуу ис хоһоонун уустугурдан – судургутан биэриэн сөп.

Оҕо билбитин-көрбүтүн, сатаабытын-сатаабатаҕын чиҥэтэр сыалтан ый аайы хабылык, тырыыҥка, хаамыска, тыксаан, баайа күүгүнэй, күөрчэх ытыйыы у.д.а. остуол оонньууларыгар күрэхтэр, аралдьытыылар, буолуохтарын сөп.

Сыл бүтүүтэ бөлөхтөрүнэн «Сахалыы остуол оонньуулара» күрэх ыытыллыан сөп, манна биирдиилээн оҕо уонна төрөппүт оҕотунаан диэн арааран кыттыахтарын эмиэ сөп.

Маны барытын уонна бодоруһуу араас түгэннэрин оҕо бэйэтин уонна саас-тыылахтарын сыаналыырыгар видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн көрдөрүү, иһитиннэрии, ыытыллыбыт тэрээһиннэр тутатына ырытыллан иһэллэрэ туруоруллубут сыалы ситиһэргэ көдьүүстээх буолуоҕа.



Бырайыак сүнньүнэн төрөппүтү кытта үлэ


Бу бырайыак сүрүн бириинсибэ: оҕо айылгытын, кини кыаҕын уонна төрөппүт баҕатын тутуһуу буоларынан, бырайыак саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри төрөппүтү кытта ыкса сибээстээх үлэ тиһигин быспакка барыахтаах.

Ол курдук, бырайыак бэлэмнэнии үлэтигэр «Сахалыы остуол оонньуулара оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыыга төрөппүт оруола» - диэн темаҕа төрөппүттэргэ конференция ыытыллар. Конференция кэмигэр диагностика түмүгүн иһитиннэриини киллэрэн, ол түмүгүнэн оҕо бэйэтин сааһыгар толкуйдуур дьоҕурун сайдыытын туһунан кэпсэтии барар. Бөлөхтөрүнэн арааран толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыыга аналлаах оонньуу көрүҥнэрин билиһиннэрии, оонньотуу. Конференция түмүгүнэн төрөппүтү кытта үлэҕэ былаан ылыныы уонна остуол оонньуутун айыытыгар конкурс ыытылларын иһитиннэрии.

Маны таһынан бырайыак сүнньүнэн ыытыллар тэрээһиннэргэ, аралдьы-йыыларга төрөппүттэри кытыннарыы, оонньууларга аналлаах туттар маты-рыйааллары, оҕо сөпкө толкуйдуур, сыымайдыыр дьоҕура тобуллар анал трибуна оҥотторуу. Сыл түмүгүнэн «Сахалыы остуол оонньууларыгар спартакиалда» күрэххэ кытыннарыы буолар.



Бырайыак сүнньүнэн оонньуулар көрүҥнэрэ


Оонньуу – оҕо саас биир быстыспат аргыһа буолар. Оонньууттан оҕо дуоһуйууну ылар, оонньуу нөҥүө оҕо эт-хаан өттүнэн сайдар, олоҕу-дьаһаҕы, үлэни -хамнаһы кыра эрдэҕиттэн билэр, доҕотторугар, дьоҥҥо-сэргэҕэ киһилии сыһыаннаһар буола улаатар.

Бырайыакка киирэр остуол оонньуулара чопчу сыаллаах-соруктаах, ис хоһоонноох буолуохтаахтар. Оонньуулары ыытыллар дьайымаллары кытта сөп-төөхтүк алтыһыннаран, көҥүл оонньууларга таба киллэрэн биэрдэххэ, үлэ ордук көдьүүстээх буолуоҕа. Сахалыы остуол оонньууларын көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы сүрүннээн 6 салааҕа арахсыан сөп, онно өй оонньууларын, дидактическай остуол оонньууларын, хамсаныылаах оонньуулары төрөппүтү кытта айаммыт уонна саха төрүт остуолун оонньууларын киллэрэн биэрэбит. Ол курдук:


1 көрүҥ. Тырыыҥка. Тырыыҥка тутум уһуннаах, испиискэ маһыгар маарынныыр синньигэс буолар. Аҥар илиигэ сөпкө бобо тутуллар ахсааннаах. Биир тырыыҥка төбөтүн токурутан, ньуоска гыналлар. Оонньооччу тырыыҥканы хаҥас ытыһынан остуол үрдүгэр туруору тутар, уҥа ытыһын тырыыҥка үрдүгэр ууран баран, эмискэ ыһыктар. Тырыыҥка остуолга ыһылла түһэр. Туспа сытар тырыыҥканы саҕалааччы бэйэтэ хомуйан ылар. Баттаһа түспүт тырыыҥканы ньуосканнан өйөөн-убаан соһон ылар. Атын маһы хамсатта да, бу киһи тохтуур, уочараттаах киһи оонньуур. Тырыыҥка бүтүөр диэри оонньуу салҕанан бара турар. Элбэҕи ылбыт оонньооччу хотор. Манна мээнэ долгуйан салҕалаабат, чуолкай туттуулаах, кыраҕы харахтаах, сэрэхтээх, тулуурдаах киһи кыайар.

2 көрүҥ. Хабылык. Хабылык маһа 16 см уһун, 9 см кэтит, 4 мм халыҥ буолар. Ахсаана 30 устуука. 2 мүнүүтэ оонньонор. Оонньооччу хабылыгы ытыһыгар ууран баран өрө быраҕаат, илиитин көхсүгэр түһэрэн ылар. Өссө биирдэ быраҕаат, чопчу биир хабылыгы харбаан ылыахтаах. Бүтэһик биэс хабылык хааллаҕына барытын хабан ылан баран биири ылар, эбэтэр эмиэ биири эрэ хабан ылыахтаах. Бүтэһик үс хабылык хааллаҕына эмиэ үһүөннэрин хабан ылан баран биири ылар, эбэтэр биири эрэ ылар. Бүтэһик хабылыгы ытыһыгар ууран баран өрө быраҕаат, ылгын чыкыйа уонна аата суох тарбахтар ыккардыларыгар кыбытан ылыахтаах. Икки мүнүүтэ бүтүөр диэри оонньонор, элбэҕи ылбыт бастыыр. Киһи илиитэ, тарбаҕа имигэс, чуолкай хамсаныылаах буола сайдар.

3 көрүҥ. Хаамыска.

  • Хаамыскалары кытаанах мастан 1,5-2см өрүттээх 5 кубик оҥоһуллар. 2 мүнүүтэ оонньонор. Ким элбэх очко ылбыт, ол хотор.

  • Маҥнайгы партия: оонньооччу хаамысканы оргууй аҕай тарҕата быраҕар. Биири талан ылан өрө быраҕар уонна түһүөн иннинэ атыттары биир-биир хомуйан ылар. Оонньооччу хабан ылбыт хаамыскатын атын ытыһыгар хомуйара көҥүллэнэр.

  • Иккис партия:хаамысканы өрө быраҕаат, атыттары иккилиинэн хомуйан ылаллар.

  • Үһүс партия: түөрт хаалбыт хаамыскаттан уһун биирдэ, биири туспа харбаан эбэтэр ылыллар. Маҥнай биири, онтон үһүн охсон ылыахха эмиэ син.

  • Төрдүс партия:биири өрө быраҕаат, атыттарын биирдэ харбаан ылыллар.

  • Бэһис партия: биэс хаамысканы өрө быраҕан баран, илии көхсүгэр түһэрэн ылыллар, иккиһин быраҕаат барыларын ытыска түһэриллэр.

  • Хаамыскаһыт тарбаҕа имигэһин, хапсаҕайын таһынан түргэнник хамсанар, сытыы-сымса буолуохтаах.


  • 4 көрүҥ. Тыксаан. 1 см кэриҥэ суон талаҕы 1,5-2см уһун гына кэрчиктээн баран ортотунан хайыталлар. Маннык 50-60 тыксаан оҥоһуллар. Хас да киһи остуол тула олорон оонньуур. Тыксааны биир ытыска мунньан баран остуол үрдүгэр ыһаллар, онуоха мас умса-тиэрэ, үрүт-үрдүгэр түһэр. Куппут киһи бастаан икки баттаһа түспүтү ылар, умса сытар тыксааны умса сытарынан, тиэрэ сытары - тиэрэнэн “ытыалыыр”. Таптаҕына уонна атыны хамсаппатаҕына, таппыт тыксаанын ылар, салгыы оонньуур. Сыыста эбэтэр атын тыксааны хамсатта да тохтуур, уочараттаах киһи эмиэ саҥа кутан, оонньоон барар. Тыксаан бүтүөр диэри итинник оонньонор. Бүтэһигэр оонньооччулар ылбыт мастарын иккилиинэн остуолга быраҕан иһэллэр, ордон хаалбыт тыксааннаах киһи кыайар. Оонньуу кыраҕы, бэргэн буоларга, тарбах күүһүн сатаан туттарга үөрэтэр.


  • 5 көрүҥ. Баайа (дугда). Баайаны оҥорорго куб маһы ортотунан үүттээн баран, харандаас суонун саҕа уһуктаах, кубтан сантиметр саҕа чорбойон быга сылдьар гына мас кыһаллар уонна, туллан түспэтин диэн, силимнээн кэбиһэллэр. Баайаны күөрчэх курдук эргитэҕин уонна остуолга ыһыктан кэбиһэҕин. Оччоҕо балайда эргийэн баран, биир ойоҕоһунан иттэнэ түһэр. Баайа түөрт өттүгэр араас бэлиэлэр бааллар: кириэс, 3 кэрдиис, 5 кэрдиис, ойбон. Кинилэр бары тус-туспа суолталаахтар. Оонньооччулар бары уон биирдии тырыыҥка маһы үллэстэллэр. Ол аата «баайдара үптэрэ» дэнэр. Баайаны эргитэр бастакы киһи кытыйа иһигэр «баайыттан үбүттэн» биир эбэтэр хас да маһы ууруохтаах. Оччоҕо атын оонньооччулар эмиэ, хас мас ууруллубутунан көрөн, соччо «баайы үбү» кытыйаҕа угаллар. Бастакы оонньооччу баайаны икки ытыһыгар кыбытан эргитэн-эргитэн баран остуолга ыһыктан кэбиһэр. Баайа эргийбэхтээн иттэнэ түһэр. Онно түспүт ойоҕоһугар үс кэрдиис баар буоллаҕына, оонньооччу кытыйа иһиттэн 3 маһы ылар. Оттон кириэс түспүт буоллаҕына, 3 маһы ылар. Кириэс түспүт буоллаҕына, 3 маһы ол кытыйаҕа бэйэтиттэн уурар. Ойбон өттүнэн түспүт буоллаҕына, 7 маһы эмиэ бэйэтиттэн кытыйаҕа уурар. Биэс кэрдиистээх өттүнэн түстэҕинэ, кытыйаҕа баар маһы барытын ылыахтаах. Баайаны күнү утары эргитиллиэхтээх. Оонньооччу баайаны биирдэ эргитиэхтээх уонна сүүйдүн да сүүйбэтин, атын оонньооччуга биэрэн иһиэхтээх. Өскөтүн, биир эмэ оонньооччу табыллан, кытыйа иһигэр баар маһы барытын ыллаҕына, саҥа оонньуу саҕаланар, эмиэ бары ол кытыйаҕа “баайдарыттан-үптэриттэн” угуохтаахтар.


  • 6 көрүҥ. Күүгүнэй.

  • 2-3 мм халыҥнаах. 20-чэ мм кэтиттээх. 70-80 мм уһуннаах тымтыгы ортотунан туора икки кытыытынан курдаттыы үүттүүллэр. Үүттэринэн сөбүгэр суон 50-ча см уһуннаах сабы угаллар. Сап төбөтүн холбуу баайаллар.

  • Быа аҥар төбөтунхаҥас илии эрбэҕэр иилэн, иккис төбөтүн уҥа илии ортоку тарбаҕар кэтэрдэн баран, быаны мөлтөтө-мөлтөтө ууннары тардыалыыллар. Оччоҕо сап төптөрү-таары хатыллан тымтыгы эргитэр, араас дорҕоонноох тыастар тахсаллар.

  • Күүгүнэйи дэбигис эргиппит уонна киһи сэргиир араас дорҕооннорун таһаарбыт оҕо хайҕанар.


Маны таһынан киллэрэн биэриэххэ сөп:

  • Интеллектуальнай тыл оонньууларын айыы;

  • Эт-хаан хамсаныытыгар оонньуулары айыы;

Төрөөбүт төрүт тылынан ситимнээх саҥа төрүттэригэр үөрэммит оҕо бэйэтин сааһыгар сөптөөх билиилэрэ, сатабыллара. (Диагностика)


Үрдүк таһым. Кыбыстыбакка, толлубакка оҕолор уонна улахан дьон иннилэригэр толкуйдаан, ыраҥалаан бэйэтин санаатын сиһилии этэр кыахтаах. Сытыы, имигэс өйдөөх, билбитин сатаан олоххо туһанар, инникитин өтө көрөр кыахтаах дьиҥнээх үрдүк интеллектээх киһи буола улаатыан баҕарар. Саҥара туран дьон хараҕын таба көрөр, кинилэр ис туруктарын таба таайар. Саастыылаахтарын уонна улахан дьону кытта сайаҕас, элэккэй сыһыаннаах, тулуйан истэр буолуохтаах.

Орто таһым. Атын дьон кэллэхтэринэ кыбыстара – куттанара көстөр. Сирэйин – хараҕын туттуута, тас көрүҥэ этэр тылын ис хоһоонугар сөп түбэспэт буолуон сөп. Харахтара дьону үрдүлэринэн эбэтэр туора көрөллөр. Кыайан сөптөөх хамсаныыны толкуйдаан оҥорбот. Атын киһи ис туругун билэ сатыыр толкуйдуур, айар дьоҕурдаах буолуон баҕарар. Бодоруһуу түгэниттэн көрөн кэпсэтэр киһитигэр сөпкө сыһыаннаһар. Ардыгар тулуйан истибэт, сэргээбэт.

Намыһах таһым. Дьон иннигэр санаатын этэрин толлор. Толкуйга түстэҕинэ истээччилэрин диэки көрбөт. Атын киһи ис туругун билэ сатаабат. Оонньуу кэмигэр ис туругун сирэйигэр – хараҕар биллэрбэт. Толкуйдуур дьоҕура сайдыбатах. Болҕомтото ситэ сайдыбатах.


Бырайыак бэлэмнэнии этабыгар ороскуоттанар үбүн сметата.




Атыылаһар, туттуллар матырыйаал



Ахсаана


Сыаната


Сууммата

1.

Методическай литературалар, дидактическай пособиелар.


10

200

2000

2.

Семинардарга, НПК – га, пед. ааҕыыларга кыттыы, барыы – кэлии айанын ороскуота, ГСМ.


2000

3.

Төрөппүттэргэ аналлаах оонньуу айыытын конкурсун ороскуота.


2000

4.

Сахалыы остуол оонньууларын атыылаһыы (хабылык, хаамыска, тырыыҥка, баайа, тыксаан, күүгүнэй)



3000

5.

Канцелярскай табаардар (докумуону бэчээттииргэ, принтер кырааската, картридж, А – 4, А – 3, А – 2 о.д.а.)


2600




Барыта:



11.600




Сабаҕалааһын: Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, биһиги тугу ситиһэбитий?


  • Оскуола оҕото толкуйдуур дьоҕурун дьүөрэлээн туттар буолуохтаах.

  • Тыл культуратын таба туттар, тулалыыр эйгэҕэ сиэрдээх сыһыаннаах, үтүө майгылаах буола улаатар.

  • Төрөөбүт төрүт остуол ооньууларыгар ытыктабылы кыра сааһыттан иҥэринэн, саха буоларыттан киэн тутта улаатыахтаах.


Бырайыак салгыы сайдар кэскилэ.


Горнай улууһун, Октябрьскай нэһилиэгин «С.Г.Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолата» «Сахалыы остуол оонньууларын көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы» бырайыагын чэрчитинэн анал программа оҥорон, улууска тарҕатан араас өрүттээх үлэни тэрийиэххэ сөп.



Туһаныллыбыт литература:


1. Олоҥхо ойуулаах тылдьыта: кыра оҕо, иитээччи, төрөппүт О - 55 туһанарыгар аналлаах / хомуйан оҥордулар: В.В. Аммосова, Н. И. Филиппова, Е. П. Чехордуна; худуоһунньук С. Е. Старостина, И. Ю. Пестряков. - Дьокуускай : Якут. Край, 2009. – 96 с.

2. Платонова Т.В. Люби и знай родной край / Хохолова Е. Е. // Программа и методические рекомендации к программе. - Якутск;2009. – 91 с.

3. Федоров А.С. Саха төрүт оонньуута. – Дьокуускай: 2011. -96 с.

4. Харитонова М.Н. Тосхол: национальнай оҕо тэрилтэтин базовай программата. - 3-с тахс. - Дьокуускай: 2009. - 72с.

5. Федоров И. Г. Өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа: ойуулаах тылдьыт. –

6. Саха төрүт өйдөбүллэрэ: Быһаарыылаах ойуу тылдьыт / М. Е. Барахова, - Дьокуускай: Көмүөл, Т.1. – 136 с.



Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 1 класс

Автор: Иванова Лилиана Прокопьевна

Дата: 22.01.2021

Номер свидетельства: 571009


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства