Уус- уран литература норуот тылынан айымньыта түмүктүүр уруок. Остуоруйа диэн тугй, кини араастарын сиһилии арыйар.
Просмотр содержимого документа
«Доклад: "Таал- Таал эмээхсин остуоруйа"»
"Мэҥэ-Хаҥалас оройунун" МТ Үөрэҕин Управлениета
Дойдунуускай алын сүһүөх оскуола-саада.
Дакылаат
" Таал- Таал эмээхсин"
Дакылааты суруйда:
Дойду алын сүһүөх оскуола - саадын
4 кылааһын үөрэнээччитэ
Александров Давид
Салайааччы:
Дьяконова-Кычкина Туйара Михайловна
2017 сыл
Ис тутула
1. Киирии тыл........................................................................................................3
2. Остуоруйа диэн тугуй?.....................................................................................3
3. Остуоруйа араастара .........................................................................................3
4. Таал- Таал эмээхсин ........................................................................................3-4
6. Түмүк...................................................................................................................4
7. Туһаныллыбыт литература................................................................................5
1. Киирии тыл.
Саха остуоруйата бэрт былыр саха суругу- бичиги билиэн быдан инниттэн үөскээбитэ. Остуоруйа - бараммат норуот баайа. Бу үгүс тиэмэлэрдээх жанр былыр- былыргаттан оҕоҕо чугас, оҕо дууһатын тутар, санаатын кынаттыыр, үтүөҕэ- кэрэҕэ үһүйар, хорсун- хоодуот быһыыга угуйар.
Мин дакылаатым аата : "Таал- Таал эмээхсин"
Сыала: Остуоруйа диэн тугун билии, остуоруйа бөлөхтөрүн кытта билсии, сиэрдээх майгыга дьулуһуу.
Соруга: Остуоруйаны ааҕыы, быһаарыы.
2. Остуоруйа диэн тугуй?
Остуоруйа - норуот тылынан уус-уран айымньыта фольклор биир көрүҥэ, киһи бэйэтин баҕатын, олоҕун-дьаһаҕын эбэтэр араас быһылаан туһунан өйтөн оҥорон кэпсиир дьиктилээх- дьиибэлээх, кэрэхсэбиллээх фантастическай кэпсээнэ.
Остуоруйаны ким айарый?
Норуот уонна суруйааччы. Норуот тылынан айбыта( автора биллибэт) - ол норуот тылынан айымньыта дэнэр. Ханнык эмэ дьоҕурдаах киһи суругунан суруйар уонна аатын эмиэ суруйар кэбиһэр. Онон суругунан тарҕатыллар, автора биллэр айымньы - литературнай айымньы дэнэр.
3. Остуоруйа бөлөхтөрө.
Норуот талааннааҕа , уус-уран тыллааҕа айбыт остуоруйата үйэттэн- үйэҕэ, көлүөнэттэн - көлүөнэҕэ бэриллэн, улам тупсарыллан - чочуллан биһиги күммүтүгэр тиийэн кэлбит.
Саха норуотун остуоруйата үс бөлөххө арахсар: олох- дьаһах, хамсыыр- харамай туһунан. дьиктилээх - алыптаах остуоруйа.
4. Таал- Таал эмээхсин остуоруйа.
Таал -Таал эмээхсин остуоруйаны биһиги үһүс бөлөххө киллэрэбит.
Дьиктилээх- алыптаах остуоруйаларга киһи хаһан да үөйбэтэх дьиктитэ кэпсэнэр. Геройдар араас быһылааҥҥа түбэһэллэр, хорсун быһыыны көрдөрөн, дьикти алып көмөтүнэн кыайаллар- хотоллор.
Таал - Таал эмээхсин уу баһа киирэн баран, хатыыскалыы сылдьан охтон туһэн сытан, сири. күнү, тыалы, араас кыыллары кытта кэпсэтиитэ кэпсэнэр. Бүтэһигэр киһи күүстээх санаалааҕа, муударайа, кыайыгаһа- хотугаһа көстөн тахсар.
5. Түмүк.
Остуоруйаттан киһи элбэх үтүө өрүттэргэ үөрэнэр, төрөөбүт дойдутун историятын интэриэһиргиир. Саха фольклорун баай кистэлэҥнэригэр уһуйуллар. Остуоруйа кистэлэҥнэрэ оҕону э саҥаны тобуларга, саҥа көрүүлэргэ үөрэтэр.