"Мэҥэ-Хаҥалас оройунун" МТ Үөрэҕин Управлениета
Дойдунуускай алын сүһүөх оскуола-саада.
Дакылаат
"Омоҕой Баай, Эллэй Боотур саха норуотун төрдө"
Дакылааты суруйда:
Дойду алын сүһүөх оскуола - саадын
4 кылааһын үөрэнээччитэ
Спиридонова Анжела
Салайааччы:
Дьяконова-Кычкина Туйара Михайловна
2017 сыл
Ис тутула
1. Киирии тыл................................................................................................. 3
2. Номох диэн тугуй?......................................................................................3
3.Гаврил Васильевич Ксенофонтов- саха биллиилээх
историга, этнограф, учуонай.........................................................................4
4. Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур.............................................................4-5
5. Дойду нэьилиэгин былыргыта...................................................................5
6. Түмүк...........................................................................................................6
7. Туһаныллыбыт литература........................................................................6
1. Киирии тыл.
Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытыгар таабырын, өс хоһооно, чабырҕах, үгэ, ырыа-тойук, сэһэн ( номох, үһүйээн), остуоруйа, олонхо киирэр. Кинилэр былыр сурук-бичик суох эрдэҕинэ үөскээбиттэрэ.
Биир эмит талааннаах, тыл баайдаах киһи ыллаан-туойан эбэтэр остуоруйалаан, чабырҕахтаан кэбиспитин атын истибит киһи дьоҥҥо кэпсииригэр уларытан- тэлэритэн, эбэн-көҕүрэтэн. тылын- өһүн тупсаран биэрэр. Ол курдук төрүттэммит айымньы киһиттэн- киһиэхэ бэриллэн истэҕин ахсын ордук ситэн-хотон, чочуллан, уостан түспэт, умнуллубат айымньы буолан хаалар эбит.
Норуот бу айымньыларыгар кини сиэрэ- майгыта, өйө- санаата, баҕата- дьулуура барыта көстөр. Онон норуот тылынан уус-уран айымньытын иҥэн-тоҥон үөрэтии, төрөөбүт дойдуну дириҥник билэргэ улахан кыаҕы биэрэр.
Дакылаатым аата "Омоҕой Баай, Эллэй Боотур саха норуотун төрдө". Мин бу дакылааппар номох диэн тугун; Саха сирин биллиилээх историк, этнограф Гаврил Васильевич Ксенофонтов туһунан, кини "Эллэйада" диэн үлэтин, көрүүлэрин; Дойду нэһилиэгин былыргытын кытта ситимнээн суруйдум.
Дакылаат сыала: номох диэн тугун билии, биллиилээх дьон үлэлэрин кытта билсии, төрөөбүт дойдум былыргытын үөрэтии. оҕолорго билиһиннэрии.
Соруктар:
1. Библиотекаҕа сылдьыы.
2. Интернет ситимиттэн матырыйаал көрдөөһүн.
3. Оҕолорго билиһиннэрии.
2. Номох диэн тугуй?
Үһүйээн - үйэттэн үйэҕэ уос номоҕо, кэпсэлгэ сылдьар тэттик сэһэн буолар. Үһүйээн сүрүн ис хоһооно - чахчы норуотун сөҕөн, киэн туттан, ытыктаан кэпсээбиттэрэ номох буолар. Ол номох киһиттэн киһиэхэ кэпсэнэригэр өссө күүркэйэн, күүһүрэн, холобур " ойуулаабыт киһилэрэ олонхо бухатыырыгар майгыннаах " буолуор дылы. Номох олоххо чахчы буолбут түгэнтэн ылыллан кэпсэнэр.
3. Гаврил Васильевич Ксенофонтов- саха биллиилээх историга, этнограф, учуонай, политическай, общественнай деятель.
1888 сыллаахха, тохсунньу 4 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас улуус, Төрдүс Малдьаҕар нэөилиэгэр төрөөбүтэ. 1912 сыллаахха Томскайдааҕы университет юридическай факултетын бүтэрбит..
1913- 1917 сылларга Дьокуускайга итэҕэллээх присяжнай быһыытынан үлэлээбитэ.
1920-1923 сылларга Иркутскайдааҕы университетка үлэлээбитэ Чинчийиилэригэр докумуон хомуйаары элбэх экспедициялары тэрийбитэ
1930 сылларга Саха АССР Совнаркомун научнай -чинчийэр институтугар үлэлии сылдьан "Эллэйада" уонна "Ураанхай сахалар" улахан үлэлэрин бэлэмнээбитэ.
"Эллэйада" - Эллэйгэ аналлаах, Эллэй туһунан былыргы үһүйээннэр, номохтор киирбиттэрэ. Кини этэринэн норуот тылынан уус- уран айымньылара, дьиҥ буолбут историческай түгэннэр. Ол историческай түгэннэри бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээн дьиҥ историяны чөлүгэр түһэриэххэ сөп диэн.
4. Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур.
Соҕуруу дойду киһитэ Омоҕой Баай бэйэтин дьонун- сэргэтин кытта өстөһөн күрээн Өлүөнэ өрүһү өрө өксөйөн, билиҥҥи Нам улууһун сиринэн кэлэн иһэн, биир сиргэ тохтоон ааһар. Ол ааһан, Ытык хайа ардыгар киэҥ Туймаада ( Өлүөнэ өрүс Улуу Арыытын хонуута, билигин онно Дьокуускай куорат турар) хонууга тохтуур. Онно биир күөлү булан ийэтин аатынан Сайсары диэн ааттаан, олохсуйар. Икки кыыстаах, уолаттардаах, ынахтаах- сылгылаах, ча5ар дьонноох кэлэр. Баай- талыы, бас-көс дьон эбиттэр. Омоҕой баай кэлээт да түннүгэ үөлэһэ суох туруорбах балаҕаҥҥа олорор. Ол курдук олордоҕуна туспа омук киһитэ Эллэй Боотур Өлүөнэ устун дүлүҥү миинэн кэлбитэ үһү. Ол кэлэн Омоҕой Баайга хамначчытынан киирэр.
Эллэй Боотур тимир, мас ууһа, бэрт дьоҕур киһи эбит. Кэлээт балаҕаҥҥа үөлэстээх оһох, түннүк оҥортуур. Сүөһүгэ дал, күрүө, бүтэй тутар уонна булт тэрилин туу,сохсо, айа оҥортоон бултуур. Майгылаах үтүөтэ, кэрэ дьүһүннээх буолан Омоҕой кыргыттара сөбүлүүллэр. Омоҕой ону билэн, кыргыттарыттан биирдэрин кэргэн ыларыгар этэр. Эллэй көйгө кыыһы Ньыка Харахсаны талар, онно Омоҕой кыыһыран биир ынаҕы, биир биэни чаастаан үүртэлээн ыытар. Кинилэр билиҥҥи Киллэм сыһыытыгар олохсуйаллар. Эллэй туос ураһаны тутан, ойуулаан- мандардаан кэбиьэр, араас туос иһиттэри тигэллэр. Сүөһүлэригэр дал, күрүө оҥорон түптэ түптэлиир. Бастакы уол оҕолонор, ол үөрүүтүгэр биэ ыан, кымыс көөнньөрон ыһыах ыспыта үһү. Ол курдук Эллэй байан- тайан, алта уол оҕону төрөтөн, алта улуус төрдө буолан үөскээбиттэр. Хаайа Хаҥылытта диэн уолуттан- Мэҥэ улууһа үөскүүр.
5. Дойду нэьилиэгин былыргыта.
Саха биллиилээх фольклориһа Дьячковскай - Сэһэн Боло "Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннээҕи саха олоҕо" кинигэтигэр Мэҥэ улууһун Бахсы нэһилиэгэ моҕуол, брасскай ( монгол, бурят) төрүттээх Омоҕой Баай дьонуттан ууһаабытын туһунан норуот номоҕор олоҕуран суруллубут. 1934 сыллаахха Чурапчы оройуонун Бахсы нэһилиэгин киһитэ Слепцов Петр Филиппович, 72 саастаах кырдьаҕастан суруйбут сэһэнинэн: былыр билиҥҥи Дьокуускай куорат олоҕун хоту, соҕуруу өттүгэр Баҕарах, Бахсы, Баатылы диэн сылгы- сүөһү баайдаах үс ини- бии дьоннор олорбуттар. Кинилэр Омоҕой баай дьонуттан үөскээбит буолуохтарын сөбүн былыргы сэһэнньиттэр этэллэрэ үһү. История учуонайдара этэллэринэн нэһилиэктэр үксүлэрэ хара маҥнайгыттан тугунан эрэ уһулуччу биллибит- көстүбүт номоххо киирбит өбүгэлэрин аатынан ааттаналларын бэлиэтээбиттэр.
Бахсы аҕатын ууһун, нэһилиэгин аата кини төрдө-ууһа буолбут киһи аатынан үөскээбит буолан тахсар. Петр Слепцов ыйарынан, Бахсыттан Амыдай ( билигин Дойдуга итинник ааттаах оттонор ходуһалаах арыы баар) диэн уол төрөөбүт.
Кырдьаҕастар сэһэннэриттэн, номоххо киирбит өбүгэлэрбит Бахсы Оҕонньор, кини уола Амыдай, "моҕуол, бырааскай төрүттээх Омоҕойтон" силис тардыылаах дьон, Өлүөнэ өрүскэ, Хоту Ытык Хайа утарыта сытар Дойду Улуу Арыытыгар баар эбит. Ити сир кэлин 1898 сыллаахха Дойдуунускай туспа нэһилиэк буолан араарыллыар диэри Дойду Бахсыта диэн ааттанара уонна төрүт-уус сир буоларын быһыытынан Бахсы нэһилиэгин састаабыгар киллэриллэрэ. Онон Бахсы ууһун тэнийиитэ Дойдуттан саҕаламмыта диэн сабаҕалааһын оруннаах.
6. Түмүк.
Былыргы үһүйээннэри, номохтору, сэһэннэри тиһэн биллиилээх историк дьоммут саха норуотун дьиҥ историятын суруйбуттара кэрэхсэбиллээх. Кинилэр сүдү үлэлэрин интэриэһиргээн үөрэтэрбит- ааҕарбыт, биһиэхэ кэлэр көлүөнэ дьонугар олус туһалаах, хас биирдиибит кимтэн төрүттээхпитин үөрэтэргэ, элбэҕи билэргэ- көрөргө дьулуһуохтаахпыт.
7. Туһаныллыбыт литература.
1. Захарова Л.В., Флегонтова У.М. Литература ааҕыыта учебник, 2016 сыл Дьокуускай Бичик;
2. редактордар Дмитриева С.Г., Птицина М.И. "Дойду нэьилиэгэ" 2017 сыл Дьокуускай, Кытыл.
3. Номохтор. Сэһэннэр. Сэмэн Боло интернет caйт www/wikiwand/com
4. Ксенофонтов Г.В. htt//ru/wikipedia/org
5. Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур интернет сайт forum/ykt.ru viewtopic
6. М. Попова Төрүт культуурата. 1992 сыл Дьокуускай