kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сценарий Нового года на якутском языке

Нажмите, чтобы узнать подробности

Праздник Нового года был проведен в начальной школе в 2020 году. Главные герои праздника Красная Шапочка, Микки Маус, Минни Маус.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сценарий Нового года на якутском языке»

Сана Дьыл сценарийа 2020с

Фанфары…тыаьа

Ведущай:

Тиийэн кэллэ Саҥа Дьыл

Сахам сирин үрдүнэн

Үтүѳ истиҥ сонуннардаах

Бары дьоҥҥо кэһиилэрдээх.


Кэрэтиэн, Саңа Дьыл киэьэтэ

Сандааран, салаллан кэлбитэ

Санаа5а сааскы күн кэриэтэ

Сүрэххэ үүнэр күн үөрүүтэ.


-Күндү о5олор, төрөппүттэр, учууталлар! Саргылаах Саңа Дьыл салаллан кэлбитинэн итиитик-истиңник э5эрдэлиибит! Ааьар эрэр Сибиинньэ сыла биьиэхэ элбэх үөрүүнү-көтүүнү, ситиьиини а5алла.(Сибиинньэ киирэн хааман тахсар) Киниэхэ бары махтаныаххайың! !! Аны 11 сылынан корсуоххэ диэри!

О5олоор, кэлэн иьэр 2020 сыл илиңңи халандаарынан туох сыла буоларын билэ5ит дуо?( крыса эбэтэ кутуйах сыла).

Үүнэн эрэр Кутуйах сыла эьиэхэ барыгытыгар дьолу-соргуну, үгүс элбэх ситиьиини а5аллын диэн туран, биьиги аптаах-алыптаах Сана Дьыл остуоруйатын эьиэхэ бэлэхтиибит.

О5олоор оссо тогул уруйдуу-айхаллыы корсуо5ун быйылгы уунэр сылбыт символларын Кутуйахтары!(тахсан барар)

3а кыл кутуйах ункуутэ.

(музыка тыаьыыр)

Сцена ортотугар улахан мөhөөччүк сытар. Музыка тыаьынан үңкүлүү- үңкүлүү Кутуйахтар Микки Маус уонна Минни Маус киирэн кэлэллэр. (Дьингл бэнс ырыа тыаьыыр)

Микки-Маус : Уой! Подароктаах мөhөөччүк. Хайалара умнан-тэмнэн хаалларбыт буолла5ай?

Мини-Маус: Моруос о5онньор түөhэйэн. аара баран иьэн түhэрэн кэбиспит, быьыыта.

М-М: Ии, хата биьиги бэйэбит ылыахха. Хайатын тура-тура о5олор эрэ подарок ылыахтарай? Хас сыл аайы тугу ба5арбыттарын ылан биэрэллэр. Онтон биьиэхэ туох да суох. Саатар үйэбитигэр биирдэ биьиги да минньигэс подарокка тиксиэххэ.

М.М: Ылыахха-ылыахха.

М-М: Иэхэйбиин! Дьэ аьыахпыт-сиэхпит буолла5а. (тахсан бараллар)


Кыьыл Бэргэьэчээн киирэр, үҥкүүлүүр.

Кыьыл Бэргэьэчээн : -Уой! Подароктаах мөhөөччүк хана баарый? суох буолбут. Ким эрэ уоран ылбыт. Хайыыбыный? Дед Моруос үчүгэйдик харабыллаар диэн хаалларбыта. (ытыыр)

Ведущай: - Чэ, ытаама. Бу эйиэхэ сэттэ өңнөөх аптаах сибэккини биэрэбин. Мантан биир эминньэ5ин ылан барыахтаах дойдун аатын эттэххинэ - ол дойдуга баар буолан хаала5ын.Ѳйдѳѳтүҥ дуо?

Кыьыл Бэргэьэчээн: Соп. Ойдоотум. Дьэ эрэ, о5олоор. Подарогы кѳрдүү араас дойдуларынан барабыт дуо?

Тэлээр-тэлээр сэбирдэх

Ар5аа сиртэн со5уруу

Сири эрэ да5айаат

Мин ба5абын эн толор…

Ведущай: Аптаах сибэккичээн кыыһы ырыаьыт-ункууьут дьоннордоох, остуоруйа дойдутугар Индия5а а5алла.

(2 а кыл Индийскай үҥкүү)

Кыьыл Бэргэьэчээн -Убаастабыллаах, Индия олохтоохторо! Эьиги подароктаах мѳһѳѳччүгү кѳрбуккут дуо?

Индиялар:-Суох.

Кыьыл Бэргэьэчээн Тэлээр-тэлээр сэбирдэх

Ар5аа сиртэн со5уруу

Сири эрэ да5айаат

Мин ба5абын эн толор…

Ведущай: Аптаах сибэккичээн Кыьыл Бэргэьэчээни лотос сибэккинэн симэммит Корея5а а5алла.

4б кылаас Корейскай ункуу.

Кыьыл Бэргэьэчээн -Эьиги подароктаах моьооччугу корбуккут дуо?

Кореецтар:-Суох

Кыьыл бэргэьэчээн

Тэлээр-тэлээр сэбирдэх

Ар5аа сиртэн со5уруу

Сири эрэ да5айаат

Мин ба5абын эн толор

Ведущай: Бу сырыыга сибэккибит кыыьы Виноград дойдутунан аатырар ,кыьыл танаьы сырсар о5устардаах Испания сиригэр тэлээрдэн а5алла.

2 б кыл. Испанскай ункуу.

Кыьыл Бэргэьэчээн - Эьиги подароктаах моьооччугу корбуккут дуо?

Испанецтар:-Суох

Тэлээр-тэлээр сэбирдэх

Ар5аа сиртэн со5уруу

Сири эрэ да5айаат

Мин ба5абын эн толор

Ведущай: Аптаах сибэккичээн кыысчааны халлаанна харбаспыт урдук хайалардаах, хотой курдук уолаттардаах, куба курдук кыргыттардаах Грузия5а а5алла.

3б кыл Грузинскай ункуу.

Кыьыл Бэргэьэчээн - Эьиги подароктаах моьооччугу корбуккут дуо?

Грузиннар:-Суох

Кыьыл бэргэьэчээн:

Тэлээр-тэлээр сэбирдэх

Ар5аа сиртэн со5уруу

Сири эрэ да5айаат

Мин ба5абын эн толор…

Ведущай: Бу сырыыга сэттэ ѳҥноох сибэккичээн Бэргэьэчээни эйээрэ-куйаара биллибэт кумахтаах Африка5а а5алла.

3 а кыл «Чунга-чанга ункуутэ»

Кыьыл Бэргэьэчээн - Эьиги подароктаах моьооччугу корбуккут дуо?

Негритеноктар:-Суох

Тэлээр-тэлээр сэбирдэх

Ар5аа сиртэн со5уруу

Сири эрэ да5айаат

Мин ба5абын эн толор

Ведущай: Кыысчаан бэрт уьуннук котон Америка5а Техас ковбойдарыгар кэллэ .

4 а кыл Ковбойскай ункуу

Кыьыл Бэргэьэчээн - Эьиги подароктаах моьооччугу корбуккут дуо?

-Суох, корботохпут.

Кыьыл Бэргэьэчээн

Тэлээр-тэлээр сэбирдэх

Ар5аа сиртэн со5уруу

Сири эрэ да5айаат

Мин ба5абын эн толор

Ведущай:Бэргэьэчээн элбэх сири кэрийэн, сылайан торообут дойдутугар Россия5а тоннон кэллэ.

1 кылаас Русский танец.

Кыьыл Бэргэьэчээн -Элбэх сири кэрийдим, ким да билбэт. Эьиги подароктаах мочооччугу корбут буолаайа5ыт?

Россия олохтоохторо:-Корбуппут-корбуппут. Кутуйахтар илдьэ сылдьаллара. Эйиэхэ Тымныы Кырдьа5ас эрэ комолоьуо. Кинини тургэнник ыныра охсуохха наада.

Ведущай: О5олоор! Тымныы Кырдьа5аьы ынырыахха!(Атах тыаьа иьиллэр, тыал сирилиир тыаьа)

Тымныы Кырдьа5ас Сана Дьыл уолу уонна Хаарчаананы кытта киирэллэр. (Сана Дьыл-Макаров Сережа, Хаарчаана-Карина Чирикова, Тымныы Кырдьа5ас- ?

Тымныы Кырдьа5ас:-Дорооболорун о5олоор! Болугур оскуолатын уорэнээччилэрэ, тороппуттэрэ уонна учууталлара! Араас сирдэри кэрийэн., эьиэхэ тиийэн кэллибит. Сана Дьылынан! Сана Дьолунан! Дьэ эрэ , чугаьатын эрэ манна подарокпытын.

Кыьыл Бэргэьэчээн: Эьээ! Били о5олорго биэриэх буолбут подароктаргын Кутуйахтар уоран ылбыттар. Араас дойдулары кэрийэн кордуу сатаатым да булбатым.

Тымныы Кырдьа5ас:Ол иьин да5аны. Ол Кутуйахтартан подарогы ыллахпытына эрэ бу куутэн олорор о5олорго Сана Дьыл уоруутун а5алар буоллахпыт дии.

Билигин аптаах торуоскабынан устэ тоҥсуйдахпына , ылбыт киьи бэйэтэ а5алан биэриэ.

(Тымныы Кырдьа5ас устэ торуоскатынан тонсуйар, Кутуйахтар киирэн кэлэллэр.)

Кутуйахтар: Биьиги моьооччукпутун биэрбэппит. Саатар бырааьынньыккытыгар ынырбатаххыт.

Ведущай:- Убаастабыллаах Микки уонна Минни Маустар! Биьиги бырааьынньыкпытыгар кунду ыалдьыт буолун. Баьаалыста киирэн олорун.

Кутуйахтар: -Иэхэйбиин!Бырааьынньык! Оннук буолла5ына биэрэбит бо5о буолла5а дии.

Тымныы Кырдьа5ас: Болугур оскуолатын уорэнэччилэрин дневнигэр биэстэрэ, туоттэрэ элбээбит дииллэр. Кинилэри барыларын ити ситиьиилэринэн э5эрдэлиибин уонна махтал суруктары туттарабын. Маннайгы кылаастарга сыана тура илик Онон кинилэргэ халандаар бэлэх туттарабын. (О5олор кылаастарынан тахсан грамота ылаллар туран иьэллэр , бары ыллыллар. Кылааьынан Т.К. кытта хаартыска5а туьэллэр)

1 кыл «Эргичий хоровод»

2 кыл «Аммам ыраас уута»

3 кыл «О5олору харыстаан»

4 кыл Мин о5о сааьым квартет.

Тымныы Кырдьа5ас: Истин эрэ, о5олоор! Мин сиэним Сана Дьыл эьигини э5эрдэлиэн ба5арар.

Сана Дьыл уол инники тахсар.

- Мин Сана дьыл буолабын

Сана сылы аьабын

Тымныы эьээ о5онньору

Сынньаланна атаарабын

Угус элбэх эрэллээх

Сана сылга уктэнэбин

Угус утуо санаалаах

Сана дьылы аьабын

- Тымныы Кырдьа5ас : Чэ, о5олоор! Биьиги салгыы бараары ыксаатыбыт. Подароктаргытын мин комолоьооччулэрим кылаастарынан хааллардылар.

В:Кутуйахтар, эьиги анны о5олорго мэьэйдээмэн. Онтон эьиги, о5олоор, Кутуйахтары абааьы корумэн. Кинилэр эьиги собулуур мультиктаргыт геройдара буолаллар. Эйэлээхтик олорун! Корсуоххэ диэри!(тахсан бараллар)

Вед:Ааспыт сыллыын барыстын

Ыарыы-санньыар, хомолто.

Сана Дьыллыын кэлистин

Уоруу-котуу, дьол-соргу

Ба5а санаа туолуута!

Ведущай: О5олору барыларын «Сана дьыл» диэн ункуугэ ынырабыт.

(Музыка «Новогодние игрушки» тыаьыыр. О5олор бары тахсан ункуулууллэр. Сурун дьоруойдар уонна Микки маустар (4а кылаас о5олоро) сцена5а ункуулууллэр уоннаа5ылар- аллара заалга.)

Вед: Сана кун кэриэтэ

Биир сылбыт котон ааста.

Уоруулээх куммут ууннэ.

Сана Дьылга уоруубутун,

Чугас дьоннуун уллэстиэххэ.

Сана сылга сырдык дьолу

Бары эрэнэ куутуоххэ!



-О5олоор, мантан киэьээ эьигини куутэллэр минньигэс астаах кафе, араас дьикти аттракционнар…Бары оонньууларга уорэ-кото кыттын!













Программа





1кл –Россия

2а – Индия

2б – Испания

3а – Африка

3б – Грузия

4а – Америка ковбойдара

4б - Корея


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 4 класс

Скачать
Сценарий Нового года на якутском языке

Автор: Тимофеева Дария Афанасьевна

Дата: 29.11.2021

Номер свидетельства: 592994

Похожие файлы

object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(38) "Слово об Айтматове... "
    ["seo_title"] => string(19) "slovo-ob-aitmatovie"
    ["file_id"] => string(6) "169575"
    ["category_seo"] => string(10) "vneurochka"
    ["subcategory_seo"] => string(7) "prochee"
    ["date"] => string(10) "1423419972"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства