kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сценарий классного часа "Дух леса - Баай Байанай"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Дух леса в якутском веровании Баай Байанай. Этот классный час учит детей с малых лет бережному отношению лесу, дичи, всему чем связана охота.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сценарий классного часа "Дух леса - Баай Байанай"»

Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение

«Люксюгунская основная общеобразовательная школа»

















Кылаас чаас сценарийа

«Сэтинньи ый – Баай Байанай ыйа»











Оҥордо:

Эверстова Нюргустана Владимировна,

алын сүһүөх кылаас учуутала











Лүксүгүн, 2021

Темата: «Сэтинньи ый – Байанай ыйа».

Кылаас: 3.

Сыала: 

  1. Сахалыы ый эргииринэн сэтинньи ый – Байанай ыйа буоларын тоhоҕолоон бэлиэтээhин.

  2. Байанай диэн тыл ѳйдѳбүлүн ѳйдѳѳн хаалалларын ситиhии.

  3. Байанайга сыhыаннаах булт тэриллэрин, сорох сиэрин – туомун, харыс ааттар баалларын ѳйдѳтүү, быhаарыы.

  4. Баай Байанай «иччилэригэр» харыстабыллаах сыhыаны, айылҕаҕа сүгүрүйүүнү, тапталы иҥэрии.

  5. Өбүгэ үгэстэрин тилиннэриигэ болҕомто ууруу, улахан дьон алгыhын, сүбэтин болҕомтоҕо ылыы, ѳйдѳѳн хаалыы.

  6. Тѳрѳппүттэри кытта бииргэ үлэлээhиннэри салгыы ыытыы, сайыннарыы.

Үөрэх дэгиттэр дьайыылара:

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: «мин тугу билиэхпин баҕарабыный» (сыал, сорук), «мин тугу билэбиний» (түмүк), тэҥнээн көрөөһүн, Ытык өйдөбүлү иҥэринэр сатабыл: үлэ түмүгүн сыаналаныы, сыыhаны булан көннөрүнүү.

Билэр-көрөр сатабыл: сахалыы ыйдар ааттарын билиhиннэрии, «Байанай» диэн ким буоларын өйдөтүү.

Бодоруhар сатабыл: бэйэ-бэйэни, учууталы истэ үөрэнии, бииргэ үөрэнэр доҕотторугар убаастабыллаахтык сыhыаннаhыы, мөккүhэр түгэн таҕыстаҕына конфликт үөскэппэт туhугар үлэлээhин.

Кыттар дьон: тѳрѳппүттэр, ыҥырыылаах ыалдьыт, учуутал.
Ньымата: кѳрсүhүү, бэсиэдэ, күрэхтэһии.
Туттар тэриллэр: алаадьы, кымыс, А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй «Байанай алгыhа» кинигэ ойуулара; проектор, презентациялар,

аал уот макета, илим, туу, куйуур, туhах, ох саа, хапкаан (булт тэриллэрэ); фишкалар – собо (24), саhыл (2), киис (2) ойуута; хомус тыаhа, араас кыыл саҥата, Байанай ойуулаах мэдээл, «Аар тайҕа устун» түhүмэх сорудаҕа, хамаандаҕа арахсарга туhаныллар фишкалар (3 муннук, 4 муннук).

Ыҥырыыбыт: «Өбүгэлэрбит үтүѳ үгэстэрэ эhигини арчылаатын».


Кылаас чаас хаамыыта.

(Кылаас чааhа саҕаланыан иннинэ уолаттар фишка таланнар, хамаандаҕа арахсаллар. 3 муннук фишкалаахтар 1 хамаанда - «Сыыдамнар» диэн ааттаах остуолга олороллор. 4 муннук фишкалаахтар 2 хамаандалар - «Сонордьуттар» диэн ааттаах остуолга олороллор).


Аhыллыыта (музыка тыаhыыр):

- Киирии – тэбэнии, чуораан тыаhатыы, ыраастаныы – дэйбииринэн;

- Кылаас чааhын аата, тиэмэтэ, сыала (презентация көмөтүнэн учуутал көрдөрөр).

1. Тэрээhин чаас.

- Үтүө күнүнэн, оҕолоор! Бүгүн биhиги эhиэхэ кылаас чааhын ыыта кэллибит. (Бэйэни, көмөлөhөөччү уолаттары билиhиннэрии). Бары күнүтүк олордубут уонна чуумпуран олорон истэбит.

- Оҕолоор, ким сахалыы ыйдар ааттарын билэрий? (Слайд 1)

Тохсунньу ый – Танха Хаан

Олунньу ый – Одун Хаан

Кулун тутар – Дьөhөгөй

Муус устар – Айыыhыт

Ыам ыйа – Иэйэхсит

Бэс ыйа – Үрүҥ айыы тойон

От ыйа – Аан Алахчын

Атырдьах ыйа – Аан Дьааhын

Балаҕан ыйа – Улуу Суорун

Алтынньы ый – Хотой Айыы

Сэтинньи ый- Байанай

Ахсынньы ый – Билгэ Хаан.

- Ол аата билигин ханнык ый түмүктэнэн эрэр эбитий? (Баай Байанай

ыйа).

- Сэтинньи ый – «Байанай ыйа» дэнэр. Сэтинньи ыйга сирбит тонор.

Ойуур, тыа иhэ чуумпурар, утуйар. Ойуур иччитэ Баай «Байанай» кыылларын, балыктарын, хамсыыр-харамайын маныыр, араҥаччылыыр. (Хомус тыаhа, араас кыыл саната иhиллэр).

- Ол аата бүгүн биhиги кылаас чааспытыгар туох туhунан кэпсэтэрбит

буолуой? (Байанай ыйын туhунан) (Слайд 2).

-Бүгүҥҥү кылаас чааспыт темата «Сэтинньи ый – Байанай ыйа».

- Эһиги санааҕытыгар өбүгэлэрбит биир сүрүн дьарыктарынан туох буолуой? (Бултааһын).

- Саамай сөп бултааһын.

- Баай Байанай диэн кимий? Тоҕо Баай диэбиттэрэ буолуой? (учуутал). (Слайд 3).
- Сэтинньи ыйга сахалыы ый эргииринэн ойуур иччитэ Баай Байанай кэлэр. Байанай кыылларынан, күндү түүлээҕинэн, көмүс хатырыктааҕынан баай. Байанай диэн тыынар тыыннаҕы, хамсыыр-харамайы барыларын көрөн-харайан олорор саамай улахан иччи буолар. Дьэ бу иччиттэн булчут киhи кэлэн аал уоту аhата-аhата көрдөhөр буолар. Кини аата элбэх:
Эhэкээн, Бараахы Сүүрүк, Кураҕаччы Сүүрүк, Соххор Долбун, Барылаах (бары кыылы бас билэр), Куралай Бэргэн, Сүҥкэр Эрэлик, Тоҥуоллут, Сайын Сэгэйэн, о.д.а. Кини булчут оҕонньор буолан кѳстѳр. Омуннаах, үѳрүнньэҥ, ѳhүргэс. Кини дьоно – бары иччилэр. Ойуур хас булуҥа бэйэтэ туспа иччилээх:
- Куруҥ тыа иччилээх,
- Хара тыа иччилээх,
- Ой тыа иччилээх.
Мастар иччилэрэ: Даркы иччилээх, Сыбар иччилээх, Тѳҥүргэс иччилээх.
Булт сэбэ-сэбиргэлэ эмиэ иччилээх: Тоҥуу иччилээх, Кылыы иччилээх,
Кэнтик иччилээх.
Бу иччилэр бары кѳрѳ-билэ, истэ сылдьаллар. Кыыллар бары Байанай үѳрэ-сүүрүгэ диэн ааттаналлар. Кыылларга эмиэ дьон курдук ийэ куттарын сороҕо иҥэ сылдьар.

- Булчут диэн кими этэбитий? (Оҕолор эппиэттэрэ).

- Былыр биhиги эhээлэрбит бултаан-алтаан дьоннорун, дьиэ кэргэннэрин иитэн олорбуттара. Ол курдук, куобаҕы бултаан этин сииллэр, тириититтэн үтүлүк, бэргэhэ тиктэн кэтэллэр эбит. Оннооҕор суорҕаннара куобах тириититтэн буолара. Билигин даҕаны эhиги аҕаларгыт булт абылаҥар ылларан дьэ, бу кэмҥэ тэринэн, ох курдук оҥостон бултуу-алтыы бараллар.

- Уол оҕо айылҕаттан булка-балыкка буккуллар айдарыылаах. Кинини кыра эрдэҕиттэн тыаҕа илдьэ сырыттахха, өбүгэлэрбит үгэстэрин, булт сиэрин-туомун үөрэттэххэ үтүө булчут, балыксыт буола улаатар! Ол иhин бүгүн манна биhиги уолаттарбыт эмиэ кыратык да буоллар «булчуттар» буолан ылыахтара, онтон кыргыттар бултаммыт бултан араас ас рецептэрин кэпсиэхтэрэ. (Слайд 4).

- Дьэ, о5олоор, булчуппут хара тайҕаҕа бараары ханнык сиэри-туому толороруй?

- Аал уоту аһатан Баай Байанайтан көрдөһөр-ааттаhар. (Аал уот макета).

- Уолаттары эрэ билигин манна бу аал уоппут тула ыҥырабын, манна төгүрүччү олоруҥ.

- Биhиги өбүгэлэрбит айылҕаны кытта өйдөhөн, сөпсөhөн олорбуттар эбит. Ол иhин айылҕа уон оччонон төлөөн, булдунан-аhынан күндүлээн, иитэн-аhатан олорбут.

Сиргэ – уокка барыны бары харыстаан, сиэрдээхтик сыалдьыахха, өбүгэлэрбит тугу эппиттэрин үөрэтиэххэ, тутуhуохха наада.

- Бултуу барыан иннинэ Саха киhитэ хайаан да Аал уотун аhатан, Байанайтан көрдөhөн, көҥүллэтэн эрэ бултуу барара. Уолаттар билигин аал уоттарын аhатыахтара, Байанайтан көҥүл ылыахтара.

(Аал уокка эрдэттэн бэлэмнэммит уолаттар алгыстара)

1 уол: Бардам туту,

Барылы кэскил,

Баай барыылаах

Тойон эhэм,

Истэ сэргэҕэлээ,

Көрө бүдүлээ!

Тус бэйэҥ туhааннаах

Доҕор гынан туhалаа:

Уурбуттаах буолларгын-уларытыма,

Анаабыттаах буолларгын-аралдьытыма.

Мурун анныттан

Булта булан кулу,

Атах анныттан

Алта айан кулу.

2 уол: Адаар муостааххыттан,

Атырдьах атахтааххыттан амсат!

Сымнаҕас сыалааххыттан,

Сылаас тыыннааххыттан сымсаттар!

Кыhыл-хара кылааннааххыттан,

Күндү үтүө түүлээххиттэн

Күөйэ-көрсө көтөн кулу!

Аал уотунан айахтаатым,

Күөх уотунан күөмэйдээтим,

Аhаан сырҕаан туруҥ!..

Төлкөлөөх түөнэ маҥан түөрэх,

Тэхтиргэ тэптэрэр,

Очурга оҕустарар буолаайаҕыный!

Туску-уо!

- Үчүгэй! Баай Байанайтан ааттаhан, аал уоппутун аhаттыбыт.

- Дьэ билигин булка ананар күрэххэ айаммытын саҕалыыбыт. Уолаттар киирэн иhэн фишкалары талан ылбыккыт, ол фишкаларынан хамаандаҕа арахсан олороҕут. Фишкаларгыт көрбүккүт курдук биирэ 3 муннук уонна 4 муннук. 3 муннук фишкалаахтар 1 хамаанда. 4 муннук фишкалаахтар 2 хамаандалар.

- Маҥнайгы хамаанда аата – «Сыыдамнар»

- Иккис хамаанда аата – «Сонордьуттар».

- Эдэр булчуттарга туhаайан эттэххэ, булт диэн киhини умсугутар, эр киhи этигэр-хааныгар инэ сылдьар дьарык. Саа сэп-сэбиргэл, саа тэрилэ – бу эр киhи баайа! Онон мин маҥнайгы күрэҕи саҕалыыбын. Билигин хамаандалар булт тэрилин төhө билэллэрин тургутан көрүөхпүт!

I түhүмэх: «Булт тэрилэ - эр киhи баайа». (Слайд 4).

- Хас сөптөөх эппиэт аайы Эбэбит көмүс хатырыктааҕын Байанай бэлэх уунуо.

1. Улахан балыктааhыҥҥа туттуллар тэрил (муҥха). (Слайд 5).

2. Балыктааhыҥҥа киhи сыратын ылбат, бириэмэтин сиэбэт ханнык тэрил туттулларый? (туу) (тууну көрдөрөбүт).

3. Саха ойбонтон балыктыырыгар ханнык тэрили туттарый? (куйуур)

(Слайд 6).

4. Саа суох эрдэҕинэ куобаҕы хайдах бултуур этилэрий сахалар? (туhаҕынан) - туhаҕы көрдөрөбүт.

5. Куhу былыр сахалар тугунан бултуулларый? (ох саа) (Слайд 7).

6. Саhылга, бөрөҕө сылдьар суолугар сонордьут булчут тугу уурарый? (хапкаан) – хапкааны көрдөрөбүт.

- Саха уолаттара диэх курдук эбиккит, олус учугэй. (Сөптөөх эппиэт аайы таайбыт булт тэрилин оҕолорго көрдөрөн иhэр).

(хас сөптөөх эппиэт аайы собо)

II түhүмэх: «Хара тыа баайа» (Слайд 8).

Слайд 9.

- Былыр-былыргыттан Саха киhитэ хара тыаны доҕор-атас гынан бу күҥҥэ тиийэн кэлбитэ. Хара тыа барахсан булдунан-аhынан күндүлээн, иитэн-аhатан олордоҕо.

- Бу түhүмэххэ уолаттар кылгас бэриллибит бириэмэҕэ кыыллар ааттарын суруйуохтара (2 мүн бэриллэр).

- Уолаттар бэлэмэнэнэр бириэмэлэригэр кыргыттар презентация, уруһуй көмөтүнэн астарын рецебин кэпсиэхтэрэ. (Кыргыттар кэпсииллэр).

- Бириэмэ бүттэ. Дьэ, билигин көрүөхпүт Байанай эhиэхэ ханнык кыыллары бултуурга көнул биэрбитин уонна ханнык хамаандаҕа хас арааhын анаабытын. Манна турабыт, хас хардыы аайы суруйбут кыылгытын ааттыгыт (хамаандаттан биир уол тахсар).

- Бүгүн _____ хамаанда булчуттарын Байанайбыт күндүлээбит эбит. Кыайыылаахха хара тыа саамай күндү баайа киис. (кыайыылаахха киис)

III түhүмэх. «Аар тайҕа устун». (Слайд 10).

- Булду Аар тайҕаны баhыттан атаҕар диэри тилийэ кэрийэн, күннэри-түүннэри эккирэтэн, сонородоhон бултууллар. Байанай хара тыа баайын баҕалаахха эрэ барытын ыhан-тоҕон, ытыhыгар ууран биэрбэт. Сатабыллаах, табыллыбыт эрэ булчут кырса, саhыл кыбыныылаах, тииҥ тиhимэхтээх, солондо соhуурдаах төннөн элбэх күннээх эрэйин, сыратын төлөтөр.

- Сэрэйбиккит буолуо, эдэр булчуттарбытын билигин Аар тайҕаҕа атаарабыт, онтон Аар тайҕабыт бу баар. (Слайд 11)

- Уолаттарга сорудах толороллоругар 2 мүн бэриллэр, бу бириэмэҕэ манна кыыл аатын булан бэлиэтиэхтээххит. Бэлэмҥит дуо? (Слайд 12)


т э б ө к х о

а h э р у а д

й с а ө о б н

а к h ы л л о

х и а т с о ы

к и н а б а р

ы с д а а т а

р с а т и и ҥ

Тайах, кырса, эhэ, киис, андаатар, куобах, солондо, саhыл, бөрө, таба, тииҥ.

- Саҕалаатыбыт, кытаатыҥ!

- Уолаттар бэлэмэнэнэр бириэмэлэригэр кыргыттар презентация, уруһуй көмөтүнэн астарын рецебин кэпсиэхтэрэ. (Кыргыттар кэпсииллэр).

- Кылгас бэриллибит бириэмэ бүттэ, тохтуубут. Уолаттарбыт Аар тайҕаттан ханнык бултаах-алтаах төннүбүттэрин билигин билиэхпит.

- Кыайыылаах хамаандаҕа мааны булт бэриллэр (саhыл) (Слайд 13)

(1 уол көмүскүүр).

IV түhүмэх: «Илиминэн соболооhун» (Слайд 14).

- IV түмүктүүр түhүмэхпитигэр балыксыттар буолабыт. Бу түhүмэх сорудаҕа маннык. Дуоскабыт көрөргүт курдук илим, онтон илимҥэ кэлбит хас балык аайы тыл баар, ол тыллары сөпкө сааhылаан өс хоhоонун таhаарабыт. Балыктарбытын бастаан илимтэн араарабыт, ол араарарга бары сыаптыы турабыт. Балыктары барытын араардыбыт эрэ остуолга өс хоhоонун оҥоробут. Сорудах өйдөннө дуо? (Слайд 15).

1. Ким доҕордоох, ол дьоллоох.

2. Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

- Ханнык хамаанда түргэнник өс хоhоонун оҥорон таhаарар эбитий? (Кыайыылаахха собо).

Дьэ манан биhиги күрэхпит түмүктэнэр. Билигин Баай Байанай ханнык хамаандаҕа элбэх булду анаабытын билиэхпит. Хамаандалар Байанайгыт бэлэҕин ааҕыныҥ эрэ. Элбэх ахсааннаах бултаах хамаанда кыайар. (Кыайбыт хамаандаҕа Байанай ойуулаах мэдээл).

- Дьэ, ити курдук бултаан-алтаан дьиэбитигэр тиийэн кэллибит. (Слайд 16).

Түмүк.

- Бүгүҥҥү кылаас чаастан эhиги туох саҥаны биллигит?

- Сэтинньи ыйы атыннык туох диэн ааттыыр эбиттэрий?

- Байанай диэн кимий?

- Булчут диэн кимий?

- Бүгүн ылбыт билиигит олоххо туhалаах эбит дии санаатыгыт дуо?

- Эhиэхэ барыгытыгар төгүрүк лиис биэртэлиибин, манна бэйэҕит туруккутун уруhуйдаан көрдөрөн. (үөрбүт эбэтэр хомойбут).

- Дьиэҕитигэр аҕаҕытыгар, эhээҕитигэр, убайгытыгар көмөлөhүннэрэн, выставка оҥорорбутугар хас биирдии оҕо 3 булт тэрилин ойуутун аҕалаарыҥ!

- Көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар улахан махталбын тиэрдэбин.

- Көрсүөххэ диэри.





















Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 3 класс

Скачать
Сценарий классного часа "Дух леса - Баай Байанай"

Автор: Эверстова Нюргустана Владимировна

Дата: 02.12.2021

Номер свидетельства: 593241


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства