kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

"Мүччүргэннээх Саҥа Дьыл"

Нажмите, чтобы узнать подробности

"Мүччүргэннээх Саҥа Дьыл" оҕолорго Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта. "Лаглайбыт күөх харыйачаан" кинигэттэн. Хомуйан оҥорбут М.Г.Никифорова.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«"Мүччүргэннээх Саҥа Дьыл"»

Аптаах Саҥа дьыл

Ыытааччы

Тымныы оҕонньор

Хаарчаана

Дьэгэ-Бааба

Папуастар

Санта-Клаустар

Илиҥҥи дойду кырасаабыссалара

Шах


Туттуллар тэрил: хордуонтан оҥоһуллубут чаһы (циферблата тус-туспа сыһыарыллар, дь чааска кыырпахтаммыт)

Ыытааччы:

Үтүө-мааны күнүнэн,

Күндү ыалдьыттар!

Үтүө, үөрэхтээх оҕолордоох,

Сырдык кэлэр кэскиллээх

Дойдуунускай оскуола-саадыгар

Бүгүн кэллэ Саҥа дьыл!

-Кэннибитин эргиллэн, ааспыт сыл түмүктэрин ахтан-санаан ааһыаҕыҥ. Тыл бэриллэр оскуола-саад дириэктэригэр

- Тыл бэриллэр төрөппүттэргэ.

- Тыл бэриллэр оҕо саад иитээччитигэр

- Тыл бэриллэр кылаас салайааччыларыгар.

Ыытааччы: Сылы быһа кэтэспит кэллэ күндү кэммит, күлүмүрдүүр харыйалаах Саҥа дьылбыт, аптаах кэрэ киэһэбит! (Саҥа дьыл ырыатынан Хаарчаана киирэр)

Хаарчаана: Дорооболоруҥ оҕолоор! Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан! Кэллим мин эһиэхэ бырааһынньыкка ыалдьыттыы, аптаах киэһэни бэлэхтии. Оттон бу кэрэчээн харыйа уота умайбакка турар эбит дии. Миигин кытта хатылааҥ: “1,2,3 – харыйабыт уота, сандаар!” (аптаах палочкатынан далбаатыыр, лабааларын, оонньуурдарын таарыйар – харыйа уота умайар.)

Хаарчаана: Уой оҕолоор, олох да умнан кэбиспиппин дии, мин эһиэхэ кэһиилээх кэлбитим. Мин эһиэхэ аҕаллым Саҥа дьыллааҕы чаһыыны. Саҥа дьыл үүнүүтэ ким бу чаһы тыаһын истибит – дьоллоох буолуоҕа. (Арыйар, көрбүттэрэ – чаһы циферблата суох.)

Ыытааччы: Оҕолоор, чаһыбыт хайдах буолбутуй, туга тиийбэтий? (Оҕолор сыыппаралара, стрелката суох диэн этэллэр. Күлэ-күлэ Дь-Б киирэр.)

Дь.-Б.: Ха-ха-ха ити мин алдьаппытым, кыырпахтарын араас дойдуларынан тыалы кытта көтүппүтүм. Кыырпахтары булбаккыт, чаһыны оҥорбоккут – оччоҕо Саҥа дьыл буолбат, Тымныы оҕонньор кэлбэт. Ха-аха-ха. (барар)

Ыытааччы: Хаарчаана, оччоҕо Саҥа дьыл буолбат дуо? Оттон оҕолор бырааһынньыкка бэлэмнэммиттэрэ аҕай дии...Тымныы оҕонньору олус кэтэспиттэрэ...

Хаарчаана: Санаарҕаамаҥ, тугу эмэ толкуйдуохпут. Мин биллим, оҕолоор, биһиги араас дойдуларынан айанныахпыт, кыырпахтары булуохпут, чаһыбытын оҥоруохпут!

Ыытааччы: Хайдах, тугунан айаннаан тиийэбит?

Хаарчаана: Баар миэхэ көбүөр-сөмөлүөт (аҕалан тэнитэр). Манна туруоҕуҥ уонна көтүөҕүҥ. (көбүөргэ тураллар, уот хараҥарар, онтон сырдыыр)

Ыытааччы: Ханна эрэ тиийэн кэллибит, манна кимнээх бааллара буолуой?

(Музыка тыаһыыр, папуастар киирэллэр, үҥкүүлүүллэр)

Хаарчаана: Оҕолоор, биһиги Африкаҕа көтөн кэллибит, манна папуастар эмиэ Саҥа дьылы көрсөллөр эбит. Үтүө күнүнэн! Биһиги тымныы кыһыннаах Саха сириттэн аптаах саҥа дьыллааҕы чаһыбыт үлтүркэйдэрин көрдүү кэллибит.

Папуас: Бу маны көрдүүгүт дуо? (Моонньугар быаҕа иилинэ сылдьар) Бу киэргэлбин ырыа ыллаатаххытына эрэ биэриэм (Хаарчаана ыллыыр)

Папуас: Үчүгэй да харыйалаах эбиккит, чаһыгыт кыырпаҕын төттөрү биэрэбит, биһигини илдьэ барыаххыт дуо?

Хаарчаана: Баһыыбаларыҥ, биһигини кытта Саха сирин харыйатын баран көрүҥ, салгыы айаннаатыбыт. Оҕолоор, кэлэн бары көбүөргэ турдубут, илиигититтэн тутуһуҥ, көттүбүт! (оҕолор көбүөргэ тураллар, уот хараҥарар, онтон сырдыыр, Санта-Клаустар киирэн үҥкүүлүүллэр)

Хаарчаана: Оҕолоор, биһиги Америкаҕа көтөн кэллибит, Санта-Клаустар дойдуларыгар. Үтүө күнүнэн! Биһиги тымныы кыһыннаах Саха сириттэн аптаах саҥа дьыллааҕы чаһыбыт үлтүркэйдэрин көрдүү кэллибит.

Санта-Клаус: Бу маны көрдүүгүт дуо? (моонньугар быаҕа иилинэ сылдьар) хоһооҥҥутун эттэххитинэ биирдэ биэриэхпит. (Папуастар хоһоон ааҕаллар

Парфен: Саҥа дьыл – аптаах кэм,

Баҕа санаа туолуута,

Саҥа дьыл – көрдөөх кэм,

Бары үөрэ көрсөбүт.

Арылхан: Саҥа дьылга мин дьоммор

Кистээн бэлэх бэлэмниэм,

Харыйаҕа ыйанар

Оонньуурдары оҥоруом.

Саян 3 кл: Хаар киһини кырыйан

Түннүктэргэ сыһыарыам.

Хаар кыырпаҕын быһаммын

Хосторбутун киэргэтиэм.

Саян 4 кл: Саҥа дьылы кэтэһэбин,

Хас күн хаалтын ааҕабын,

Тымныы оҕонньор кэлэрин

Олус күүскэ күүтэбин.)

Санта-Клаус: Үчүгэй да Саҥа дьыллаах эбиккит, чаһыгыт кыырпаҕын төттөрү биэрэбит, биһигини илдьэ барыаххыт дуо?

Хаарчаана: Баһыыбаларыҥ, биһигини кытта Саха сирин Саҥа дьылын баран көрүҥ, салгыы айаннаатыбыт. Оҕолоор, кэлэн бары көбүөргэ турдубут, илиигититтэн тутуһуҥ, көттүбүт! (оҕолор көбүөргэ тураллар, уот хараҥарар, онтон сырдыыр, Илиҥҥи дойду үҥкүүтэ).

Хаарчаана: Оҕолоор, биһиги Илиҥҥи дойдуга көтөн кэллибит, манна эмиэ Саҥа дьылы көрсөллөр эбит. Үтүө күнүнэн! Биһиги тымныы кыһыннаах Саха сириттэн аптаах саҥа дьыллааҕы чаһыбыт үлтүркэйдэрин көрдүү кэллибит.

Шах: Бу маны көрдүүгүт дуо? (Моонньугар быаҕа иилинэ сылдьар). Дьэ миэхэ ырыа ыллаатаххытына биирдэ биэриэм. (Оҕолор бары ыллыыллар)

Шах: Олус да үчүгэй Саҥа дьыллаах эбиккит. Кыырпаххытын биэрэбит уонна биһигини илдьэ бараҕыт дуо?

Хаарчаана: Баһыыбаларыҥ, чэ бары барыаҕыҥ, көбүөргэ туруоҕуҥ.

Хаарчаана: Дьэ, оскуолабытыгар кэллибит. Билигин чаһыбытын оҥоруохпут, Саҥа дьылбыт буолуо, Тымныы оҕонньорбут тиийэн кэлиэ.

Шах ырыата “Моруос кэллэ”

(Хаарчаана кыырпахтары ылан чаһыга иилэр, Кураннар тыаһыыллар, музыка доҕуһуолунан Тымныы оҕонньор киирэн кэлэр.)

Тымныы оҕонньор: Э-һэ-һээй!!! 12 чаас буолаатын Саҥа дьылбыт үүннэ! Уруйдаан-айхаллаан тиийэн кэллим мин эһиэхэ! Көрсүбэтэхпит сыл буолла оҕолоор, улааппыккыт, маладьыастар! Оттон миигин кэтэстигит дуо?

(Тымныы оҕонньору ким эрэ хаарынан тамныыр)

Тымныы оҕонньор: Хайа, бу ким миигин хаарынан быраҕарый? (Оҕолор этэн биэрэллэр Дьэгэ-Бааба диэн)

Дьэгэ-Бааба: Бырааһынньыгы син биир ыһыам, бу харыйаны алдьатыам!

Тымныы оҕонньор: Кэл эрэ бэттэх, быракаас оҥоро сылдьыбыккын билигин тоҥорон кэбиһиэм! (Торуоскатынан таарыйар, Дьэгэ-Бааба күлүүлээх быһыыга тоҥон хаалар)

Хаарчаана: Эһээ, кини аны быракаастыа суоҕа, баһаалыста ириэр. Уонна хата хороводтуохха.

(Тымныы оҕонньор торуоскатынан таарыйар, Дь-Б ирэр, дэлби тоҥмут, илибириир. Хороводтууллар Дьэгэ Баабаттан уратылар.)

Дь-Б: Оттон миигин ким даҕаны хороводка ыҥырбатаҕа, мин эмиэ бырааһынньыктыахпын баҕарабын. Буруйбун билинэбин, мантан ыла үчүгэй буолуом. (Көрүдүөргэ сүүрэн тахсар, төттөрү мөһөөччүк тутуурдаах киирэр) Мин эһиэхэ кэһии аҕаллым, үчүгэй да үчүгэй!.. Бу, көрүҥ (мөһөөччүктэн эргэ ырбаахыны таһаарар), наһаа үчүгэй былааччыйа, эдэр сылдьан кэппитим. Ким ылар, ким да наадыйбат дуо? Онтон бу көрүҥ, хобордоох баар, сууйа түһэн баран, сиэркилэ курдук көрүнүөххэ сөп... тоҕо мин кэһиилэрбин ким да сөбүлээбэтэ? Онтон мин кэһии хомуйарга олус кыһаллыбытым.

Тымныы оҕонньор: Оннук буоллаҕына санаарҕаама, мин кэһиилээх кэлбитим. Ырыа-хоһоон аахпыкка бэлэхпин туттарыам.

Хаарчаана: Оҕолор эйиигин кэтэспиттэрэ, ырыа-хоһоон бэлэмнээбиттэрэ, олорон иһит.

(Оҕолор ааҕаллар, ыллыыллар, Тымныы оҕонньор кыра шоколадтары хоһоон эппит оҕолорго туттаран иһэр.)

Тымныы оҕонньор: Олус да элбэх ырыаны-хоһоону иһиттим. Үөрүүм өссө үксээтэ, дьэ билигин бэлэхтэрбин туттарыам: (Хаарчааналыын оҕолорго подарок биэрэллэр)

Тымныы оҕонньор: Барар кэмим тиийэн кэллэ, эһиил эмиэ кэлиэҕим, үчүгэйдик үөрэниҥ, бэрээдэктээх дьон буолуҥ!

Хаарчаана: Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!

Тымныы оҕонньор: Көрсүөххэ диэри!


Маскарад күрэҕэр кыттар оҕолор таҥна бараллар.

Аттракционнар.

Күрэхтэр түмүктэрин дьүүллүүр сүбэ иһитиннэрэр.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: Прочее.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
"Мүччүргэннээх Саҥа Дьыл"

Автор: Поскачина Алена Антоновна

Дата: 14.05.2020

Номер свидетельства: 549655


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства