kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Мин эбэм сэрии сылын оҕото

Нажмите, чтобы узнать подробности

Сэрии саҕанааҕы оҕолор олохторун билиьиннэрии.Эбэм оонньооботох оҕо сааһын билиһиннэрии.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Мин эбэм сэрии сылын оҕото»

Бүлүү улууһун үөрэҕириитин салаата

А.И.Леонтьев аатынан орто оскуола















Мин хос эбэм сэрии кэминээҕи оҕо























Толордо: Лөкөчөөн орто оскуолатын

2 кылааһын үөрэнээччитэ

Перов Владлен

Салайааччыта: Андреева Зинаида Дмитриевна

2023с.







Иһинээҕитэ

Киириитэ

1. Сэрии сыллара

3. Умнуллубат оҕо саас

4. Хос Эбэм үлэтэ, олоҕо.

Түмүк







































Сыала:

1.Сэрии сылларынааҕы оҕолор олохторун үөрэтии. Кинилэр үлэлээн-хамнаан ааспыт кэмнэрин үйэтитии.

2.Хос эбээм Алексеева Матрена Никитична олоҕун үөрэтии, билиһиннэрии.















































Киирии тыл.

Сэрии диэн тыл хас биирдии киһини, оҕону дьиксиннэрэр тыл. Биһиги эбэлэрбит эһэлэрбит оҕо саас диэни билбэккэ, эрэйи -муҥу билэн улааппыттара. Сэрии хаһан да буолбатын. Кинилэр оонньооботох оҕо саастарын туһунан билии үөрэтии бу биһиги ытык иэспит буолар. Биһиги нэһилиэктэн отут киһи сэриигэ барта. Онтон уон аҕыс киһи төннүбүтэ. Билигин биһиги нэһилиэкпитигэ р биир да сэрии бэтэрээнэ суох.



  1. Сэрии сылларынааҕы оҕолор олохторуттан.

Сэрии маҥнайгы күнүттэн оҕолор төһө да кыра буоллаллар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн –хамсаан бартара. Аҕаларын, убайдарын сэриигэ атааран, харах уулаах хаалтара. Сэрии түргэнник бүтэрин туһугар кинилэри солбуйан тыылга хорсуннук үлэлииллэрэ. Оччотооҕу оҕолор оборона фондатыгар аһы-үөлү, ичигэс таҥаһы, харчыны хомуйууга кытталлар эбит. Куобах тириитин, ичигэс үтүлүктэри, кыһыҥҥы бэргэһэлэри, көтөрү булан дьонноругар аҕалаллар эбит. Ону барытын сыарҕалаах атынан ыыталлара. Сэриигэ өлбүт фронтовиктар кэргэттэригэр мас таһан,эрбээн, хайытан көмөлөһөллөрө.Сайынын улахан дьону кытта тэҥҥэ колхозка үлэлииллэрэ, булуугунан сири хорутан, оҕус сиэтэн, бурдук быһан, от охсон, от мунньан көмөлөһөллөрө. Колхозтаахтар, оҕолор өстөөҕү сотору кыайар иһин бэйэлэрин харыстаммакка үлэлииллэрэ.

Биһиги нэһилиэкпитинэн Якутскй, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар оройуоннарыгар тиэрдэр суол урут да ааһара билигин да ааһар. Онон төннөн иһэр фронтовиктар ити суолунан тохтоло суох ааһалларын көрөллөр эбит. Ол саҕанааҕы пионердар, оҕолор, олохтоохтор тоҥон, аччыктаан иһэр фронтовиктарга аһынан, таҥаһынан тугу кыайалларынан көмелеһөллөрө, кинилэр истиҥ махталларын ылаллара.

Онон Баппаҕаайы оҕолоро, Кыайыы күнүн төһө кыахтара баарынан уһансыбыттара диэн киэн туттабыт.











Мин хос эбэм туһунан.

Мин хос эбэм Алексеева Матрена Никитична төрөөбүт төрүт дойдута Лөкөчөөн- айылҕа биир кэрэ миэстэтэ. Хатыҥ- чараҥ суугунун ортотугар турар биир бастыҥ бөһүөлэк. Бултаах-астаах, балыгынан баай 200-тэн тахса кыра, улахан күөллэрдээх үтүөкэн дойду. Былыр дьоннор аҕа уустарынан араас алаастарга өтөхтөрүнэн тарҕаһан олорбуттар.

Хос эбэм Алексеева Матрена Никитична 1932с от ыйын 1 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр Лөкөчөөн бөһүөлэгэр кэрэ айылҕалаах Оллоону учаастагар Улахан Алыһардаах өтөҕөр төрөөбүтэ. Ийэтэ Алексеева(Ильинова) АлександраИннокентьевна , аҕата Алексеев Никита Николаевич . Аҕата мас, тимир ууһа эбит. Бииргэ төрөөбүттэрэ сэттэ эбиттэр. Онтон ыалдьан биэс оҕо өлбүттэр. Онон быраатынаан Алексеев Егор Никитичтиин иккиэйэх хаалбыттар.

Дьонноро кыаммат этилэр. Эбэм кыра эрдэҕиттэн араас үлэҕэ эриллэн улааппыт. Сэрии кэмэ буолан олох- дьаһах олус ыарахана. Кыратыттан оҕус сиэтэн, окко тэҥҥэ сылдьыһара. Эбэм сэрии саҕана уоннаах оҕо эбит.

Кини Лөкөчөөҥҥө бастакы үөрэнээччи. Ол курдук 1947с . балаҕан ыйын 15 күнүгэр Андреевскай начаалынай оскуола аһыллыбыт. Бу оскуола тутуутугар хос эбэм аҕата Никита Николаевич биригэдьиирдээбит. Хос эбэм уон биэс саастааҕар үөрэнэ киирбит.Бастакы үөрэх дьылыгар 44 оҕо үөрэммит. Онтон маҥнайгы кылааска 30 араас саастаах оҕолор киирбиттэр.

Учууталларынан Харлампьев Афанасий Гаврильевич уонна Петров Прокопий Сидорович үлэлээбиттэр. Оҕолорун үөрэттэрээри төрөппүттэр ыраах учаастактартан дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэр. Онтон ыла дьиэ-уот элбээн барбыт. 1949 сыллаахха төрдүс кылаас аһыллыбыт

4-5км учаастактан сатыы сылдьан үөрэнэллэрэ. Кинигэ, тэтэрээт тиийбэт эбит. Маҥнайгы кылааска Григорьев автордаах икки эрэ букварь баар үһү. Тэтэрээт суох буолан хаһыат лииһигэр суруйаллар эбит. Чэрэниилэ оннугар оһох курунньугун тутталлар үһү. Оскуола библиотекатыгар сэттэ кинигэ, алта таблица, биир балалайка баара. Ол да буоллар эбээлээҕим кыһанан туран үөрэнэллэр эбит. Бу оҕолортон сэттэ учуутал, түөрт орто анал үөрэхтээх үлэһиттэр үүнэн тахсыбыттар. Үөрэҕэр үчүгэй үһү. Лөкөчөөҥҥө төрдүс кылааһы бүтэрэн баран, Илбэҥэҕэ бэһис кылааска үөрэнэ киирбит. Онтон сааһынан улахан буолан колхозка үлэлэтээри оскуолаттан тохтоппуттар. Онтон ыла колхозка, совхозка тохтоло суох ыанньыксытынан үлэлээбит.

От үлэтигэр, бурдук ыһыытыгар, хомуйуутугар үлэлээбит. Ас-таҥас олус кырыымчык этэ диэн кэпсиирэ. Аҕата көмүс хостооһунугар сылдьыбыт, ол иһин сэриигэ ылбатахтар. Кыайыы буолбутун Сымалыыр диэн сиргэ сылдьан истибит. Онно дьон -сэргэ үөрүү бөҕөтө буол бутт ар.

Хос эбэм 1954сыллаахтан пенсияҕа тахсыар дылы колхозка, совхозка ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Хос эһэбинээн ыал буолан үс оҕоломмуттара: икки кыыс, биир уол. Улахан кыыстара Клара Дмитриевна сэттэ о5олоох, 21 сиэннээх,биир хос сиэннээх, со5отох уоллара, мин эһэм Андреев Никита Дмитриевич, икки оҕолоох, биэс сиэннээх, кыра кыыс Мария Дмитриевна түөрт оҕолоох, биэс сиэннээх.

Онон мин хос эбээм Алексеева Матрена Никитична үс оҕолоох, уон үс сиэннээх,отут хос сиэннээх, алта хос хос сиэннээх. Онон эбээм олоҕо салҕанар. Биһиги эбээбитин умнубаппыт куруук кэпсии сылдьыахпыт.



Түмүк тыл.



Сэрии хаһан да буолбатын. Киһи олоҕун аймаабыт, оҕо саас диэни биллэрбэтэх алдьархайдаах сэрии умнуллубатын. “Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх” диэн өс хоһооно этэринии Ийэ дойдуларын көмүскээбит, олохторун толук уурбут аймах- билэ дьоммутун умнумуоҕуҥ. Итии, иһирэх тылынан ахта саныы сылдьыаҕыҥ.

Оҕолор, Эбээлэрбит,Эһээлэрбит олохторун үөрэтиэххэйиҥ, үйэтитиэххэйиҥ. Кинилэр ааттарын ааттата туруоҕуҥ.

Суох буоллун сэрии!!! Туругурдун Эйэ!!!



Туттуллубут литература

  1. Яковлев А.Н. Лөкөчөөн нэһилиэгэ, 2007с

  2. Торотоева Л.Ф. Тыыннаахтар умнубат сыллара, 2011

  3. Петров П.С. Олохпор көрсүбүт түбүгүм. 1998с.

  4. Седалищев Д.С. Тыылга Улуу кыйыыны уһансыбыттара 2020с.

  5. Алексеев Е.Н. Лөкөчөөн оскуолата 1998с


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 2 класс

Скачать
Мин эбэм сэрии сылын оҕото

Автор: Андреева Зинаида Дмитриевна

Дата: 13.02.2023

Номер свидетельства: 625485


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства