kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Күннээҕи режим (Режим дня школьника)

Нажмите, чтобы узнать подробности

Классный час "Күннээҕи режим" (Режим дня школьника) предназначается для учителей начальных классов якутской школы. Здесь даны и сказки, загадки, стихотворения на якутском языке.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Күннээҕи режим (Режим дня школьника)»

Күннээҕи режим

Уруок сыала- соруга:

- режим биhигини бэрээдэккэ үɵрэтэр.

- бэйэбит үлэбитин сатаан тэринэргэ

- бэйэ –бэйэбитин ɵйдɵhɵргɵ, сатаан кэпсэтиhэргэ, бииргэ үлэлэhэргэ

- бэйэбит уонна атыттар быhыыларын сатаан сыаналыырга


Тэрилэ: Чаhы, хартыына: күннээҕи режим, Мэник Мэнигийээн, ɵс хоhоонноро

  1. Остуоруйаны истии

Ыт оҕото уонна Куоска олорбуттара үhү. Кинилэр кыыллар оскуолаларыгар үɵрэнэ киирбиттэр. Ыт оҕото сарсыарда 7 чааска турбут, суунан – тараанан, аhаан 9 чааска оскуолаҕа кэлбит.

Куоска оҕото 9 чаас саҕана нэhиилэ уhуктубут. Ыксаан аhаабакка да, сууммакка да оскуолаҕа сүүрбүт. Тиийбтиэ, уруок хайыы-үйэ саҕаламмыт, кыыл оҕолоро бары үɵрэнэ олороллор эбит.

Ыт оҕото күнү быhа үɵрэ-кɵтɵ үɵрэммит. Учуутал кэпсиирин болҕойон истибит, онон уруогун барытын ɵйдɵɵбүт. Оттон Куоска оҕото уруок устата утуктуу олорбут, учуутал кэпсээнин аанньа истибэтэх, онон уруогун кыайан ɵйдɵɵбɵтɵх.

Чуораан тыаhаабыт, үɵрэх бүппүт. Ыт оҕото сып-сап курдук хомунан, дьиэтигэр кэлбит. Аhаабыт –сиэбит, дьиэтин –иhитин дьаhайбыт. Уруогун ааҕан бүтэрбит уонна таhырдьа оонньуу тахсыбыт.

Оттон Куоска оҕото күнү быhа суолга оонньуу сылдьыбыт, онон дьиэтигэр киэhэ хойут кэлбит. Кэлэн уруогун ааҕаары гыммыта хайыы-үйэҕэ хараҥа буолбут, дьоно утуйан эрэллэр эбит. Куоска оҕото уруогун ситэ аахпакка эрэ эмиэ утуйан хаалбыт.

-Ханнык кыыл оҕотун сɵбүлээтигит? Тоҕо? Ыт оҕото тоҕо үчүгэйдик үɵрэнэр эбитий? Киниэхэ туох кɵмɵлɵhɵрɵ буолуой?

Бэрээдэктээх буоларга, үчүгэйдик үɵрэнэргэ биhиэхэ режим кɵмɵлɵhɵр. Режим эн хаhан турургын, аhыыргын, үɵрэнэргин, оонньуургун, уруоккун ааҕаргын, утуйаргын барытын ыйан биэрэр. Режими тутуhар оҕо ол иhин үчүгэйдик үɵрэнэр, дьонугар кɵмɵлɵhɵр, оонньуур, кинигэ ааҕар, телевизор кɵрɵр. Онно барытыгар бириэмэ булар. Оттон режими тутуспат оҕо туохха да бириэмэтэ тиийбэт. Аанньа утуйбат, уутун хаммат, уруогун ситэ аахпат, дьонугар кɵмɵлɵhɵр солото суох. Оннук оҕо бэрээдэгэ суох, мɵлтɵх үɵрэнээччи буолар. Ол туhунан поэт Петр Тобуруокап олус үчүгэйдик хоhоону уруйбут, истиэҕиҥ эрэ.

Эрдэ турбут оҕолор элбэхтик да оонньууллар,

Хойут турар оҕолор куоттараахтаах ытыыллар.

Эрдэ турбут оҕолор мээчик хапса сылдьаллар,

Хойут турар оҕолор кус сыгынньах сыталлар.

Эрдэ турбут оҕолор оол сɵтүɵлээн эрэллэр,

Хойут турар оҕолор таҥна сатыы сылдьаллар.

  1. Таабырыны таайыы. Чаhы

Саҥарбат да бириэмэни билэр баар үhү. Чаhы туhунан атын таабырыны ким билэрий? Таабырыны ким бэйэтэ оҥоруоҕай?

- чаhы туох туhалааҕый? Кини режими тутуhарга хайдах кɵмɵлɵhɵрүй? Хас чаас буолбутун кɵрдɵрɵр.

3. Хамсаныылаах сынньылаҥ

4. Хартыыҥкаларынан үлэ. Күннээҕи режим.

7.00 - Туруу

7.10 - Зарядка

7.15 - Суунуу- тарааны

7.30 – сарсыардааҥҥы аhылык, оскуолаҕа хомунан барыы

8.50 - үɵрэх

13.30 – күнүскү аhылык

14.00 – дьарык

16.00 - уруок ааҕыыта

18.30 – киэhээҥҥи аhылык

19.00 – иллэҥ кэм

20.30 – суунуу - тарааныы

21.00 - утуйуу

5.Бириэмэҕэ күрэхтэhии

- ким түргэнник уонна сааhылаан үɵрэх тэрилин суумкатыгар угар эбитий;

- ким түргэнник уонна кичэйэн тимэх тиктэр эбитий;

-ким түргэнник спортивнай форматын кэтэр эбитий;

-ханнык эрээт түргэнник уонна тыаhа суох дуоскаҕа бэрээдэгинэн турар уонна олорор эбитий.

6. Ѳс хоhоонноро.

Бириэмэ чыычаах тэҥэ: ыытыаҥ тутуоҥ суоҕа.

Бириэмэ – харчы буолбатах, сүтэриэҥ – булуоҥ суоҕа.

Мүнүүтэни ыытыаҥ – чааhы сүтэриэҥ.

Ыксыаҥ – дьоҥҥо күлүүгэ барыаҥ.

Икки куобаҕы эккирэтиэҥ – биири да тутуоҥ суоҕа.

7. Айар түгэн.

Арай Аан дойдуга барытыгар чаhылар сүтэн хааллыннар. Туох буолуо этэй?

Ѳйдɵɵ!

  • Бириэмэ иннин хоту баран иhэр. Сүтэрбит бириэмэҕин тɵнүннэрбэккин. Бириэмэҕин харыстаа, халтайга ыытыма.

  • Күннээҕи режимҥин тутус: сɵпкɵ утуй, сɵпкɵ тур.

  • Ханна да, туохха да хойутаама: болдьоспут бириэмэҕэ кэл.

9.Түмүк: бириэмэ киhиэхэ олус күндү. Бириэмэни тɵнүннэрбэккин, ол иhин туhалаахтык атаар

Эбии матырыйаал

Ѳбүгэ саҕаттан. М.Матахова

Yтүɵ майгы ɵлүүттэн ɵрүhүйэр, тɵлкɵлɵɵх ɵй тɵhүүнү кɵтɵҕɵр.

Сайаҕас санаа сырдыгы сайар, ыраас суобас ыйдаҥалаах буолар.

Оруо-маhы ортотунан ойдоххо олох огдолуйар,

Тэҥкэ тиити тɵргүүтүнэн сырыттахха тɵлкɵ алдьанар,

Хантайан туран халлааҥҥа силлээтэххэ харахха түhэр,

Сымыйа тыл сыанан аҕаабат, үрдэр антах,ɵҕүрүйдэх бэттэх

үлүбүɵй үтүктүү үчүгэй аатырбат.



Чэнчис оҕо. И.Артамонов

Мин тииспин, сирэйбин кичэйэн суунабын,

Ол кэннэ баттахпын аргыыйдык тарыыбын.

Мин таҥнар таҥаспын сааhылаан уурабын,

Киртийбит саҕабын ыраастык сууйабын.


Маннык быраабылалары билэргит уонна толороргут наада

  • Аhыаҥ иннинэ илиигин суун – илииҥ кирдээх буолуо

  • Аhыыргар кɵнɵтүк олор, ону-маны тыытыма – аскын тоҕуоҥ

  • Аhыы олорон, элбэхтик саҥарыма – чачайыаҥ, харыаҥ

  • Аhаан бүтэн баран, баhыыбалаа, устуулгун оннугар уур

  • Аhыыр остуолга кинигэҕин - тэтэрээккин уурума – киртийиэ

  • Киhи аhыыр кэмин тутуhуохтаах.

  • Аhы тобохтуур түктэри.



Утуй түhээн кɵрүɵҕүӊ - күн кɵмүс куораттарын,

Ый ыраас хайаларын, сир ыраах муннуктарын.

Уутун хана утуйбат боруок оҕо улааппат.

Бүɵтүр Тобуруокап


Саҥа күннүүн кɵрсүhүү

Бүɵтүр Тобуруокап

Yрүӊ күммүт кɵhүннэ – үлэ күнэ үүннэ!

Ийэ турда, аҕа турда! Чэй суунуохха! Аhыахха!

Бары үлэҕэ турунуохха!

Быар куустан олорор, оннук киhи манна суох!



Сарсыардааҥҥы зарядка

Бүɵтүр Тобуруокап

Зарядканы сатаабат, сарсыарданы таптаабат,

Зарядканы оҥорбот – сааhын ситэ олорбот!


Зарядкаhыт оҕолор – саамай чэгиэн оҕолор,

үɵрэххэ да туйгуннар, үлэҕэ да бастыҥнар!


Зарядкаhыт оҕолор – саамай эрэл доҕоттор.

Кыайбатаххын кыайаллар, кыахтаах –күүстээх аргыстар.


Сарсыардааҥҥы зарядка саллаакка да, генералга –

Тэбис-тэҥҥэ туhалыыр, чэгиэн-чэбдик гынаттыыр!


Зарядканы баҕарбат – салгын мүɵтүн амсайбат.

Зарядканы умнубат – саараама да кырдьыбат.

Бу курдук, бу курдук – ыраас уу саккырыыр,

Бу маннык, бу маннык – ытыhан суунабын.

Чэбдик буолар туhугар чэнчис оҕо дьулуhар.

Бу курдук, бу курдук – кичэйэн соттобун.

Бу маннык, бу маннык – мин ыраас буолабын.

Архип Абаҕыыныскай










Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 2 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Күннээҕи режим (Режим дня школьника)

Автор: Майорова Александра Афанасьевна

Дата: 31.03.2019

Номер свидетельства: 505476


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства