kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Энтузиаст, патриот, наставник, общественник, саҥаны-сонуну көҕүлээччи биир дойдулаахпыт.

Нажмите, чтобы узнать подробности

Музейный урок для начальных классов о земляке-энтузиасте, патриоту своего наслега.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Энтузиаст, патриот, наставник, общественник, саҥаны-сонуну көҕүлээччи биир дойдулаахпыт.»

Энтузиаст, патриот, наставник, общественник, саҥаны-сонуну көҕүлээччи биир дойдулаахпыт...


Музейнай уруок былаана


Олунньу 25 күнэ

3 кылаас коллектива




  1. Киирии тыл (Готовцева Л.Н.)

  2. Оҕо сааһа (Румянцев Андрей, Варвара Николаевна)

  3. Үөрэҕэ (Горохова Полина, Иван Дмитриевич)

  4. Үлэлээбит үлэтэ (Готовцева Л.Н.)

  5. Дьиэ кэргэнэ (Неустроева Таня, Мария Александровна)

  6. Төрүттээбит музейа, кинигэлэрэ (Кэргэнэ Свешникова Т.А.)

  7. Викторина (Парасковья Никифоровна)

  8. Видео

  9. Түмүк

















  1. Киирии тыл.

Үтүө күнүнэн!

- Бүгүҥҥү музейнай уруокпут ананар Энтузиаст, патриот, наставник, общественник, саҥаны-сонуну көҕүлээччи биир дойдулаахпыт... (хаартыска) Кини кимий?

- Иван Данилович төрөөбүт Өспөҕөр өссө да элбэҕи оҥоруох, айыах-тутуох кэскиллэээх былааннардаах киһибитин 69 сааһын туолаары сырыттаҕына, 2004 с. бэс ыйын 17 күнүгэр өлөр өлүү биһигиттэн туура тутан барбыта.

- Кини биһиэхэ, кэнэҕэски көлүөнэ ыччакка анаан суруйбут өбүгэлэрбит, аҕа көлүөнэ дьоммут хайдах дьаһанан үлэлээн-хамсаан кэлбиттэрин, нэһилиэкпит историятын киэҥник хабан кэпсиир “Өспөх тойон удьуордара” кинигэтин икки туома тыыннааҕын баттаһа 2003 с. бэчээттэнэн тахсыбыта. Оттон 3 туома хомойуох иһин үбэ-харчыта кыайтарбакка күн бүгүҥҥэ диэри тахса илик. Билигин биһиги эһиэхэ Иван Данилович олоҕун туһунан кылгастык билиһиннэриэхпит.

2. Оҕо сааһа. Румянцев Андрей ийэтинээн Варвара Николаевналыын.

- Оҕо сааһын билиһиннэриэхтэрэ Андрей ийэтинээн Варвара Николаевналыын.

- Иван Данилович 1935 с. Быраан анныгар Варвара Дмитриевна, Данил Петрович 1 Свешниковтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ 12 оҕоломмуттарыттан кини эдьиийинээн эрэ тыыннаах ордон дьон буолтара. Эдьиийэ Өксүүн 7-с, Иван 9-с оҕонон төрөөбүттэр. Онон кинилэр дьонноругар күндү оҕолор эбиттэр. Иван 10-гар, эдьиийэ 15-гэр аҕалара тыҥатынан ыалдьан өлбүт. Онон эрдэ тулаайах хаалбыттар.

- Эдьиийэ Аксинья Даниловна ахтарынан, быраата Ваня кыратыгар сүрдээх тэбэнэттээх, элбэх саҥалаах эбит. Эһэлэрэ тууһут-ардьаһыт оҕонньор эбит. Биир сайын элбэх баҕайы тууну-ардьаны өрөн баран уурбутун Ваня барытын үнтү сынньан кэбиспит. Онно кыыһыран, чыпчаххайданан баран эккирэппитигэр Ваня куотан сабараанньа үрдүгэр тахсан куоппут. Онон эһэтэ таһыйбакка төннүбүт. Эһэлэрэ саас туллук кэлиитин саҕана доҕуур диэни оҥорон биэрэр эбит. Онтукаларыгар туллук иҥиннэҕинэ дьиэ киһитэ барыта үөрэр эбит. Кус кэлиитин саҕана быһыт оҥорон, чөкчөҥөҕө чаахаан иитэн биэрэллэр эбит. Онон кыра эрдэҕиттэн бултаан дьонун үөрдэр эбит.

- Ваня тулаайах аҥардаах үөскээбит буолан, кыһалҕаны этинэн-хаанынан билбит буолан олус аһыныгас, үтүөкэн сүрэхтээх, эрэллээх табаарыс этэ диэн бииргэ үөрэммит табаарыстара ахталлар.

3. Үөрэҕэ. Горохова Полина, Парасковья Никифоровна.

- Иван Данилович оҕо сааһа үгүс ыарахаттардаах кэмҥэ ааспыт буолан, ыарахан олох, кыһалҕа диэннэри үчүгэйдик билэн улааппыт буолан, үөрэхтээх киһи буоларга, үлэни таптыырга, дьон кыһалҕатын таба өйдүүр буоларга уурбута.

- Билигин тылы биэрэбит Полина Гороховаҕа уонна Иван Дмитриевичка.

- 1943 с. маҥнайгы кылааска киирэригэр дьоно Киппээттииргэ көспүттэр. Онон кыракый Ваняны Өспөххө саҥаһыгар Настааҕа олохтообуттар. Өспөх алын сүһүөҕүн оскуолатын кэнниттэн Найахы 7 кылаастаах оскуолатыгар интернакка олорон үөрэммит. Бииргэ үөрэммит оҕолоро ахталларынан Ваня Свешников улаатан истэҕин аайы билиигэ-көрүүгэ тардыһара, үөрэххэ дьулуура улаатан испит. Үөрэҕин тас өттүгэр уус-уран кинигэни таптаан ааҕар эбит. Аахпыт кинигэтин туһунан табаарыстарын кытта санаатын үллэстээри “Эн ону аахпытыҥ дуо?” диэн үгүстүк ыйыталаһар эбит. 1951 с. Найахы оскуолатын бүтэрбитин кэннэ эдьиийэ куруһуба баайан ылбыт 1,5 м күндү соҕус таҥаһынан, 2 м түрүкүө таҥаһынан Ванятыгар сон, ыстаан тиктэрэн, Дьэгэтэккэ саппыкыһыт нуучча кэлбитигэр убайын саппыкытын кыччаттаран, дьоҥҥо үлэлээн муспут 500 с., куул аҥара суухара өйүөлээн борохуотунан Дьокуускайга аймахтаргын булаҥҥын педучилищеҕа үөрэхтэ туттар диэн ыытан кэбиспит. Иван аймаҕын булан, үөрэҕэр ситиһиилээхтик киирэн үөрэнэ сырыттаҕына, тыҥатынан ыалдьыбыта биллэн, үөрэҕиттэн тохтуурга күһэллибит. Ол кыһын эмтэммит. Эһиилигэр дьонугар олорон тыа сибиэһэй салгыныгар доруобуйатын көннөрбүт. 1953 с. Дүпсүн орто оскуолатыгар үөрэнэ барбыт. Дүпсүҥҥэ үчүгэй үөрэхтээҕин, көхтөөҕүн, тэрийэр дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн үөрэх, комсомол комитеттарыгар талан үлэлэппиттэр. Ким да үөрэтиитэ суох балалайкаҕа, мандолинаҕа, баяҥҥа оонньуурга үөрэммит. Табаарыһынаан Николай Петровичтыын штативтаах аппарат булан хаартыскаҕа түһэрэргэ үөрэммиттэр. Иван Данилович эт-хаан өттүнэн эмиэ дэгиттэр сайдыылаах: чэпчэки атлетиканан, тустуунан дьарыктаммыт.

- 1958 с. – Иван Данилович Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун механизацияҕа отделениятыгар үөрэнэ киирэр. 1961 с. – Өлүөхүмэ куоратыгар техник-механик үөрэҕин туйгуннук бүтэрэн дойдутугар төннөн кэлэр. 1968 с. – Новокузнецкайдааҕы государственнай педагогическай институт индустриальнай педагогическай факультетыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбит. 1973 с. үөрэҕин Бочуотунай грамоталаах бүтэрэр. Уопсай техническэй диссипилиинэ уонна физика учууталын идэтин ылбыта



4. Үлэлээбит үлэтэ. Готовцева Л.Н.

.- Орто оскуоланы бүтэрээт, 1956-58 сс. Төрөөбүт Өспөҕөр кулуупка үлэлии-үлэлии, бастакы техническэй сайдыыны олоххо киллэриигэ олук уурсубута. Бастакы саҥа техникалары таҥан үлэлэппит дьоннортон биирдэстэрэ. Өспөххө аан бастаан электричество, радио киириитигэр көмөлөспүтэ.ити кэмҥэ пилорама, таһаҕас тиэйэр массыына, ДТ, МТЗ трактордар уу мотуора кэлитэлээбиттэрэ. Иван бастакы техникалар кэлиэхтэриттэн техниканы дьулуһан туран баһылыыр баҕалааҕа. 1958 с. Каганович аатынан колхоз бырабылыанньата Иван Свешниковы техникаҕа сыһыаннааҕын уонна дьоҕурдааҕын иһин Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэххэ ыыппыта. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн баран дойдутугар Сталин аатынан Правда колхозка отделение механигынан, 1963-68 сс. Коммунизм колхозка кылаабынай механигынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.Колхозка урукку Дүпсүн МТС-ын мастарыскыайын, бары оборудованияларын, станоктарын эҥкилэ суох үлэлиирин хааччыйбыта, техника үлэһиттэрин бигэ коллективын тэрийбитэ.

-1968-76 сс. Төрөөбүт Өспөҕүн 8 кылаастаах оскуолатыгар физика, черчение, үлэ уруоктарын учууталынан үлэлии-үлэлии кэтэхтэн Новокузнецкайдааҕы пединституту үөрэнэн бүтэрбитэ. Иван Данилович оройуоҥҥа биир бастакынан үөрэтии саҥа систематын – кабинетынан үөрэтиини олохтообута. Көрдөрөн үөрэтэр матырыйааллары булбута, стеллажтары, ыскааптары оҥорбута. Физика кылааһын быыһаан лаборатория оҥостубута. Араас техническай средстволары булан, айылҕаттан мындыр буолан, сороҕун бэйэтэ айан оҥорон оҕолору үөрэтэрэ. Дуоскатын эмиэ уоттаах-күөстээх, аһыллар-сабыллар гына оҥорбута. Оҕолору бэйэлэрин толкуйдатар эйгэни сатаан тэрийэрэ, араас опыттары оҥорон үөрэнээччилэрин сөхтөрөрө, соһутара. Бэлэм эппиэти биэрбэт методиканы тутуһара. 1973 с. кабинеттары көрүү республикатааҕы конкурсугар 3 миэстэни ылан, САССР Үөрэҕин министерствотын Бочуотунай грамотатынан, араас көрдөрөн үөрэтэр баай техническэй средстволарынан наҕараадаламмыта. Бииргэ үлэлиир коллегаларын ытыктабылын ылбыта, оҕолор куттарын туппута.

-Эдэр учуутал кыаҕын, тэрийэр талаанын, инникилээҕин таба көрөн оройуон салайааччылара 1976 с.Дүпсүн совхоз Өспөхтөөҕү отделениятын управляющайынан анаабыттара. Иван Данилович управляющайдыыр кэмигэр Өспөхтөр Сельхозтехника холбоһугун кытары ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Лена өрүс холбоһуктаах пароходстватын, Лена бассейнын уутун суолун Управлениятын, Дьокуускайдааҕы техническэй учаастагы кытта шефтэһии, ыкса доҕордоһуу олохтонор. Хардарыта көмөлөсүһүү көхтөөхтүк барар. Кинилэр быһаччы көмөлөрүнэн Өспөххө селекторнай сибээс туруоруллубута. Онон күн аайы отчуттары, ыанньыксыттары, ньирэй көрөөччүлэри, сылгыһыттары, булчуттары кытта рациянан кэпсэтэн билсэ олорор кыахтанан үлэ-хамнас тэтимэ түргэтээбитэ. Пароходствалар паром биэрэннэр 10-ча сыл буор босхо туһаммыппыт. 1977с. тохсунньуга АТС, муус устарга үрдүк күүрүүлээх уот линията туруоруллан үлэҕэ киирбитэ. Кини салайбыт сылларыгар Дүпсүн совхоз Өспөхтөөҕү отделенията үгүс производственнай уонна бородууксуйаны оҥоруулара биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыта.

- Ити курдук бэрт таһаарыылаахтык үлэлии сырыттаҕына 1983 с. Дүпсүн совхозка кылаабынай инженер-механигынан анаабыттара. Үлэтигэр киирээт техника ыскылаатын тула ыүылла сытар эргэ техникалары бэрээдэктэппитэ, инвентаризацияны саҥалыы ыыттарбыта, эргэ станция дьиэтин көһөрөн техобслуживание дьиэтин туттарбыта, техника киин котельнайыгар саҥа оһохтору монтажтаппыта, мастарыскыайга капитальнай өрөмүөнү ыыттарбыта. Совхоз бары отделенияларыгар хотон механизациятыгар элбэх үлэ барар. Урукку халыыпка хаайтарбакка совхоз техсоветын саҥалыы тэрийэн-былааннаан үлэлэппитэ. Ол түмүгэр 1984с. совхоз историятыгар аан бастаан 7774 т от оттонон былаан 102, 4% туолбута. Дүпсээҕэ бииргэ үлэлээбит дьонноро салайааччы быһыытынан улахан талааннааҕын бэлиэтииллэр.

- Оройуон инженернэй сулууспатын үлэтин иилииргэ-саҕалыырга сөптөөх салайааччы быһыытынан сыаналаан, Иван Даниловиһы 1985 сыл тохсунньутугар оройуон Госкомсельхозтехника управляющайынан аныыллар. Сельхозтехника 200-тэн тахса үлэһиттээх, балачча улахан партийнай тэрилтэлээх, бүтүн оройуон хаһаайыстыбатын олоччу уматыгынан, чоҕунан хааччыйар, таһаҕастарын таһар күүстээх автопаркалаах, сельхозтехниканы уонна саппаас чааһы совхозтарга атыылыыр салаалаах, оройуон хаһаайыстыбаларыгар барыларыгар миэстэтигэр техобслуживание оҥорор анал специалистардаах оройуону олоччу тутан олорор улахан тэрилтэ этэ. Иван Данилович Госкомсельхозтехникаҕа үлэлээбит сылларыгар элбэх араас өрүттээх үлэлэр ыытыллаллар. Ити сылларга дойдуга уларыта тутуу саҕаламмыта. Госхомсельхозтехника Ремтехпредприятие диэн тэрилтэҕэ уларытыллар. Иван Данилович ити тэрилтэҕэ начальниктыыр.

- 1987 с. атырдьах ыйыгар Өспөх сельскэй Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананан төрөөбүт нэһилиэгэр эргиллэн кэлэр. Нэһилиэгэр хозрасчетнай территорияльнай управленияны тэрийэр туһунан СР Правительствотын уурааҕын таһааттарбыта. Онон 1989 с. алтынньы 16 күнүгэр Өспөххө оройуон уонна Найахы совхоз салайааччылара, специалистара кыттыылаах Өспөх нэһилиэгин олохтоохторун уопсай мунньахтарынан саҥа структуранан үлэлиир Өспөхтөөҕү сельскэй хозрасчетнай территориальнай управление тэриллэр, бэрэссэдээтэлинэн биир санаанан Иван Данилович талыллар. Салалта бу саҥа ньыматыгар киирии үрдүкү салалта өттүттэн сөптөөх өйөбүлү, көмөнү ылбакка уонна сүрүн мэһэйинэн нэһилиэк үлэлии турар тутаах объектара: 18 техника турар гараһа бары техникалардыын, саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит маҕаһыын дьиэтэ баайдыын-дуоллуун биир түүн иһигэр умайан хаалбыттарыттан табыллыбатаҕа. Ол быһылаан кэнниттэн нэһилиэк олус ыарахан балаһыанньаҕа киирбитэ. Иван Данилович оройуонунан, куоратынан сүүрэн-көтөн, техника кэпсэтэн булаттаан уонна нэһилиэгин дьонун сатаан түмэн аҕыйах хонук иһигэр туруору саҥа гараһы, маҕаһыыны туттаран үлэҕэ киллэттэрэн балаһыанньаттан тахсыбыта. Бу олус ыарахан кэмҥэ киһитэ кини буолан дьону кытта сатаан кэпсэтэн, олус элбэх билсэр доҕоттордоох буолан барытын ситиспитэ.

- Үлэҕэ дьону аттаран туруорууга, дьону кытта кэпсэтиигэ сыралаһан туран бэрт уһуннук кэпсэтэрэ, өйдөтөрө, бэйэтин этиитигэр хайаан да киллэрэн тэйэрэ. Дьэ манна сытар салайааччы сыралаах үлэтэ, кини ньиэрбэтин эстиитэ, сылайыыта. Онуоха Иван Данилович киэҥ көҕүстээҕин, бэйэтин олус кыана туттарын көрдөрөрө диэн үөлээннээхтэрэ ахталлар.

- 1993 сыл алтынньы 13 күнүгэр РФ Президенэ Б.Н.Ельцин бары таһымнаах Сэбиэттэр үлэлэрин тохтотуор диэри нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Онтон сынньана түһэн баран 1994-96 сс. Өспөх нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан үлэлээбит. Онтон баҕа өттүнэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, нэһилиэгин историятын чинчийиинэн, урут олорон, үлэлээн-хамсаан ааспыт дьону үйэтитиинэн дьарыктаммыта. Ол түмүгэ “Өспөх тойон удьуордара” диэн улахан кинигэлэри суруйбута, сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн нэһилиэк музейын дьиэтин туттаран, 2000 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр музей үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэҕэ киирбитэ.

6. Төрүттээбит музейа, кинигэлэрэ.

-Билигин ахтыы тылы биэрэбит Иван Данилович төрүттээбит музейын, таһаарбыт кинигэлэрин туһунан билиһиннэрэригэр кэргэнигэр Татьяна Алексеевна Свешниковаҕа.

5. Дьиэ кэргэнэ. Неустроева Таня, Мария Александровна.

- Иван Данилович инники кэскилин, олоҕун чахчы сыаналаан, билэн Татьяна Алексеевнаны кэргэн ылан, чахчы да сахаҕа биир дьоһуннаах иллээх-эйэлээх ыал буоланнар дьоллоохтук олордулар. Билигин дьиэ кэргэнин туһунан билиһиннэрэригэр тылы биэрэбит Таняҕа уонна Мария Александровнаҕа.

- Иван Данилович уонна Татьяна Алексеевна 1962 с. олохторун холбоон муус устар 14 күнүгэр сыбаайбалаабыттара. Онтон кини төрүт сиригэр, төрөөбүт-үөскээбит Өспөҕөр силис-мутук тардыстан 4 кыыс, 3 уол оҕоломмуттара.

  • -Любовь Ивановна, зоотехник үөрэхтээх, Приморский сельхозинституту бүтэрбит. 2 уол оҕолоох, 3 сиэннээх. Администрацияҕа тыа хаһаайыстыбатын специалиһынан үлэлиир.

  • Вячеслав Иванович, культура үөрэхтээх, Якутскайдааҕы Культпросвет училищены бүтэрбитэ. Чааһынай охраннай тэрилтэҕэ охраннигынан үлэлиир. 2 оҕолоох.

  • Наталья Ивановна, Якутскайлааҕы Сибээс техникумун бүтэрбитэ. Майатааҕы почтамт Бороҕоннооҕу почтовай сибээһин начальнига. 1 уоллаах.

  • Лена Ивановна, Найахы детсадыгар физкультураны үөрэтэр. 2 уоллаах.

  • Варвара Ивановна, ЯГУ ПИ бүтэрбитэ. Речевой школаҕа педагог-воспитателинэн үлэлиир. Кэргэннээх, 2 уоллаах.

  • Иван Иванович, Художественнай училищены бүтэрбитэ. 2 уоллаах.

  • Андрей Иванович, Якутскай куоракка атыы-эргиэн менеджеринэн улэлиир. Кэргэннээх, кыыстаах уол о5олоох.

  • Иван Данилович музыкаҕа, спортка сыстаҕаһа оҕолоругар, сиэттэригэр бэриллибит. Улахан уол Вячеслав культура үөрэхтээх. Сиэннэрэ Алексей, Иван физрук идэлээхтэр, нэһилиэк чиэһин волейболга элбэхтэ көмүскээбиттэрэ. Иван 2008 с. норуоттар икки ардыларынааҕы Азия оҕолоро спортивнай оонньууларга волейбол командатыгар оонньообута. Уолан национальнай ыстаныыларга оҕолорго Саха республикатын призера Кынаттаах Куонаан бирииһигэр күрэхтэһиигэ 1996 сыллаах төрүөх уолаттарга улуус чемпиона. Оҕолоро бары олоххо миэстэлэрин булунан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн олороллор, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.



  • Билигин сынньана таарыйа викторина боппуруостарыгар эппиэттиэххит. Ким болҕомтолоохтук олорон истибит элбэх баалы ылан бирииһи ылыаҕа. Викторина боппуруостарын ыытарыгар көрдөһөбүт Парасковья Никифоровнаттан.



7. Викторина боппуруостара:



  1. Төрөөбүт сирэ? (Быраан анна)

  2. Туллугу бултууругар ханнык булт тэрилин туттарай? (доҕуур)

  3. Ханнык музыкальнай инструменнарга оонньуур этэй? (баян, мандолина, балалайка)

  4. Музыкальнай инструменнарга ким үөрэппитэй? (бэйэтэ үөрэммит)

  5. Оскуолаҕа ханнык предметтэри үөрэппитэй? (физика, труд, черчение)

  6. Музей хас сыллаахха үлэҕэ киирбитэй? (2000)

  7. Спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктаммытай? (тустуу, чэпчэки атлетика)

  8. Кабинеттары көрүү республикатааҕы конкурсугар хаһыс миэстэни ылбытай? (3 миэстэ)

  9. Хас кыыс, хас уол оҕолооҕуй? (4 кыыс, 3 уол)

  10. Иван Данилович управляющайдыыр кэмигэр Өспөхтөр ханнык тэрилтэлэри кытта шефтэспиттэрэй? (Сельхозтехника холбоһуга, Лена өрүс холбоһуктаах пароходствата, Лена бассейнын уутун суолун управленията, Дьокуускайдааҕы техническэй учаастак).

- Викторина түмүгүн таһаарыы. Наҕараадалааһын.





8. Видео көрүү.

- Билигин Иван Данилович тыыннааҕар уһуллубут видеоны көрүөхпүт. Бары болҕойобут.

Түмүк тыл.

  • Дьэ, ити курдук Иван Данилович олоҕун устатын тухары наар инники күөҥҥэ сылдьыбыт, олоҕу уһансыбыт, билиигэ-көрүүгэ тардыспыт, биир да бэчээт, радио сонуннарын көтүппэт, барыга бары киэҥ билиилээх, ханнык баҕарар киһини кытта тэҥҥэ кэпсэтэр, үрдүк культуралаах киһи.

  • Түмүккэ, бу музейнай уруогунан Энтузиаст, патриот, наставник, общественник, саҥаны-сонуну көҕүлээччи биир дойдулаахпыт Иван Данилович үтүө аата хаһан да умнуллубатыгар, дьонугар-сэргэтигэр куруутун холобур буола туруо диэн эрэнэбит.

  • Барыгытыгар кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт. Уонна бүгүҥҥү музейнай уруокпутугар кэлэн кыттыыны ылбыт Иван Данилович кэргэнигэр Татьяна Алексеевнаҕа улахан махталы кытта бэйэбит сэмэй өйдөбүнньүк сувенирбытын туттарарбытын көҥүллээҥ.













Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 4 класс

Автор: Готовцева Лена Николаевна

Дата: 02.12.2022

Номер свидетельства: 618983


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства