kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

" Эбээм, эбээм барахсан "

Нажмите, чтобы узнать подробности

    Сценарий праздничного мероприятия «Эбээм, эбээм барахсан» написано на якутском языке, направлено на сплочение детей и их бабушек, а также на формирование осознания значения семьи в жизни человека и уважительного отношения к своей бабушке.

Цель мероприятия: повышение роли бабушек в становлении личности ребенка.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«" Эбээм, эбээм барахсан "»

«Эбээм, эбээм барахсан»

  1. Ытык ɵйдɵбүл саамай күндү киhи эбээ

  2. Эбээ5э убаастабылы иитии.

  3. Эбээлэр идэлэрин, ханнык куоракка хайдах үɵрэммиттэрин билсии

Тэрилэ: интерактивнай дуоска, презентациялар.

Оформление: Дуоска сибэккилэринэн киэргэммит.

Бэлэмнэнии үлэлэр: ийэлэрин туhунан айбыт ɵйтɵн айыылара, ийэлэригэр оҥорбут оҥоhуктара кылааhы киэргэтэллэр, концертнай номердары бэлэмнэһин


Тэрээһин хаамыыта

- Утүө күнүнэн күндү эбээлэрбит! А5ам саастаах дьоннорунан күннэринэн уонна ийэлэр күннэринэн э5эрдэлиибит. Биһиги эһиэхэ анаан кылаас чаас ыытабыт.

- Биһиги быйыл күһүн 3 кылаас үөрэнээччилэрэ буоллубут, улааттыбыт.

- Эһиэхэ анаан «Оскуолам» диэн ырыаны толоруохтара.

- Хас биирдии сиэннэргит эһиги тускутунан өйтөн суруйбуттарын аа5ыахтара.Болҕойон истиэҕин эрэ.

- Кылаас чаас туох эрэ үөрэтэр кэмнээх, онон эбээлэрбитигэр тыл биэрэбит. Кинилэр бэйэлэрин идэлэрин туһунан кэпсиэхтэрэ. Кыра да эрдэхтэриттэн үлэ туһунан билистиннэр диэн эбээлэр идэлэрин туһунан кэпсииллэрин истиэххэ.

- Эбээлэр кэпсээннэрэ.

- Күндү эбээлэрбит идэҕит туһунан билсиһиннэрбиккитигэр махтанабыт.

- Күндүттэн күндү киһибитигэр махтанан кыракый эҕэрдэ нүөмэрдэрбитин аныыбыт.

  1. Ырыа «Эбээм, эбээм барахсан»

  2. Үҥкүү.

  3. Хоһоон аа5ыы.

-Эбээлэргэ анаан хоһооннорбутун этэбит. Подарок биэрии.



1. Эбээ туохтан туохтан үөрэрий

Эдэригэр түһэрий?

Кып – кыракый сиэнчээнин

Күлэр - үөрэр саҥатыттан

2. Эбээ кими көтөҕөр

Эйэ5эстик мичээрдиир?

Сүүрэр – көтөр чыычаа5ын

Сиэн дэнэр киһитин.

3. Эбээ ханна элээрдэ,

Эбии суумка тутуурдаах

Мааны сиэҥҥэ минньигэһи

Маанылаан аһатаары

4 Эбээ, эһээ оло5о

Эриэккэһэ барыта,

Эмдэй сэмдэй сиэннэргэ,

Эриэккэстэй дьоннорго.

5 Бып - быытыкаан дьоннорбут

Бары этэҥҥэ буолуннар,

Онтон ордук биһиэхэ

Олох баара биллибэт.

6 Элбэх оҕо эбээтэ,

Хас да оҕо ийэтэ

Эбэбитин биһиги

Таптыыбыт олуһун.

7 Мин эбэм үчүгэй

Элбэҕи да билэр

Yгүскэ да үөрэтэр

Кини миигин таптыыр

Кини миигин харыстыыр.

8. Эйэҕэс майгылаах

Эбэм барахсан.

Күннэтэ түбүгүрэр

Күн солото суох.

9. Күнү быһа түбүгүрэр,

Сүбэлиир, амалыыр

Тапталын барытын

Биһиэхэ биэрэр

10.Yчүгэйгэ, үтүөҕэ

Мэлдьитин сүбэлиир.

Минньигэс кэһиилээх

Мин күндү киһим

11.Улаата охсоммун

Эйиигин сынньатыам

Элбэхтик үөрдэммин

Кырдьар сааскын киэргэтиэм

12. Эбээ, мин күндү киһим.

Кырдьар диэни билинимэ

Сылайыма, санаарҕаама

Араас дьайга ылларыма

12.Эбээ, мин күндү киһим.

Кырдьар диэни билинимэ

Сылайыма, санаарҕаама

Араас дьайга ылларыма

- Күндү эбээлэрбитигэр ɵссɵ үчүгэй күɵх халлааны, кытаанах доруобуйаны үлэ5э ситиhиини ба5арабыт уонна ис сүрэхтэн о5орбут бэлэхтэрин туттарабыт

- Уопсай хаартыска5а түhүү, эбээлэри сиэннэрин кытта хаартыска5а түhэрии.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 3 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
" Эбээм, эбээм барахсан "

Автор: Аммосова Мария Николаевна

Дата: 03.04.2020

Номер свидетельства: 545226


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства