kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

День матери (Ийэ күнэ)

Нажмите, чтобы узнать подробности

Ийэ күнүн ыытыы сценария. 2017 с.

Кылаас иһэ киэргэтиллэр. Сахалыы ырыалары холбоон мунньустар кэмңэ иһитиннэриллэр.

Бырааһынньыгы о5олор бэйэлэрэ ыыталлар. Икки о5о ыытааччы, 5 о5о оонньуу ыытааччы уонна музыкальнай э5эрдэ нүөмэригэр о5о барыта кыттар.

Ыытааччылар: Максим, Даниил Платонов

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Ийэ кdнэ ГЗН»

Ийэ күнүн ыытыы сценария. 2017 с.

Кылаас иһэ киэргэтиллэр. Сахалыы ырыалары холбоон мунньустар кэмңэ иһитиннэриллэр.

Бырааһынньыгы о5олор бэйэлэрэ ыыталлар. Икки о5о ыытааччы, 5 о5о оонньуу ыытааччы уонна музыкальнай э5эрдэ нүөмэригэр о5о барыта кыттар.

Ыытааччылар: Максим, Даниил Платонов

Бырааһынньык хаамыыта

Учуутал:

1 Ыытааччы: Ийэлэр диэн тыллар дьиктилэр,

Туохтан да ураты сүдүлэр,

Ийэлэр эриэккэс кэрэлэр,

Туохтан да ураты күндүлэр.


2 Ыытааччы: Күндү ийэлэрбитин Ийэлэр күннэринэн ис-сүрэхпититтэн э5эрдэлиибит. Ба5арабыт сир үрдүгэр баар бары үчүгэйи, кэрэни.

1 Ыытааччы: Ийэлэрбитигэр анаан ыытар бырааһынньыкпытын са5алыырбытын көңүллээң!

2 Ыытааччы: Ийэлэрбит биһиги туспутугар кыһаллаллар-мүһэллэллэр. Сарсыардаттан түбүгүрэн бараллар. Биһигини оскуола5а тэрийэн атаараччы кимий? Араас минньигэс аһы астааччы кимий? Таңаспытын тигэр, сууйар? Уруокпутун толорорбутугар ким көмөлөһөр? Түүннэри-күнүстэри биһиги туспутугар кыһаллааччы? Биһиги ийэлэрбит барахсаттар.

1 Ыытааччы: Бүгүн ийэлэрбит «Сатабыллаах хаһаайка» диэн быыстапка тэрийдилэр.

Учуутал: Ийэлэрбит сөбүүлүүр дьарыктарын туһунан кэпсиэхтэрэ. Ийэлэрбит кэпсииллэрин бол5ойон истиэ5ин!

Учуутал: Ийэлэрбитигэр махтаныа5ың! Уонна ийэлэрбитигэр кэлэн быыстапка5а ситиһиилээхтик кыттыбыттарынан, Аан дойду дьахталларын күннэринэн э5эрдэлээн туран махтал суруктарбын кыракый бэлэхпин туттарарбын көңүллээң.

/бэлэхтэри туттарыы/

Учуутал: Бырааһынньыкпыт иккис чааһа кылаас иһигэр ыытыллар. күндү ийэлэрбитин кылааска ыңырабын.

/Ийэлэр киирэн остуолга киирэн олороллор/

2 Ыытааччы: Кыргыттар бэлэмнэниэхтэригэр дылы оонньуу ыытарбытыгар көңүллээң.

/Оонньуу/ /Таабырын таайтарыы/ ыытар Костя

1 Ыытааччы: Кыргыттарбытын Кэрэ Куолары ыңырабыт. Кэрэ Куоларбыт, кэрэчээн сибэккилии киэргэнэн-симэнэн кустуктана дайаллар.

/музыка тыаһыыр/

2 Ыытааччы: Кыргыттарбыт кэрэ эрэ буолбатахтар, кинилэр кыһамньылаахтар, өйдөөхтөр, үөрэхтэригэр үчүгэйдэр. Уонна өссө хомуска сатаан оонньууллар, ырыаһыттар. Кинилэр ийэлэргэ анаан ырыа ыллыахтара.

/Дорообо саңа күн/

Учуутал: Кыргыттар наһаа үчүгэй моданы көрдөрдүлэр. Кинилэргэ кыракый бэлэхтэрбин туттарабын. Ийэлэрин курдук барыга активнай, сэмэй, дьиэ кэргэн аанньаллара буолалларыгар ба5арабын.

1 Ыытааччы: Билигин оонньуу ыытыа5а Даниил Кожуров.

/Оонньуу «О5о5ун бул»/

2 Ыытааччы: Күндү ийэлэрбитигэр анаан ыллыа5а уолаттар квартеттара

1 Ыытааччы: Кыргыттарга оонньуу ыытыа5а Стасик.

/Оонньуу «Эн тугу гына5ын»/

2 Ыытааччы: Ийэлэргэ оонньуу ыытар Ньургун уонна Петя

/Сүүйүүлээх латорея/

1 Ыытааччы: Биһиги олорор олохпут барыта ийэттэн са5аланар! Кэпсэтэр тылбыт – ийэ тылбыт, олорор сирбит – ийэ буорбут, тулалыыр эйгэбит – ийэ айыл5абыт, онтон күндүттэн күндү киһибит биһиги күн күбэй ийэбит.

2 Ыытааччы: Эмньик саастарбыт дьоллоох буолалларыгар кыһаллар ийэлэрбитигэр дириң махталбытын тиэрдэбит.

Учуутал: О5олорбут э5эрдэлэрэ.

/Хоһоон аа5аллар, ырыа ыллыыллар «Ийэ5э махтал», Амма ыраас уута/


Оонньуу «Эн тугу гына5ын»

Мандарин өлүүлэргэ арааран баран о5олорбор биэриэм



Былааччыйа сууйуом, өтүүктүөн



Шоколад ыстаабакка эрэ ыйыстыам



Ыт миинэн баран айанныам



Шарик куоппатын диэн күрүө5э баайыам




Былаат баанан кэбиһиэм




Мыыла баанньыкка илдьэ барыам




Хаппыыста бытар5ай гына кырбаан салатка кутуом




Кыһыл көмүс балык ыһаарылаан сиэм




Куукула ороңңо утутуом




Сон абырахтаан кэтиэм


Таабырыннар

  1. Түөhүгэр түөрт уон түөрт тимэхтээх Чолоодо тойон баар үhү. (ба5а)

  2. Кынаттаах да – көппөт, айахтаах да – саңарбат баар үhү. (балык)

  3. Сарыы са5ынньахтаах уhун синньигэс о5онньор баар үhү. (сордоң)

  4. Көмүс сонноох Көөдөкөөн о5онньор баар үhү. (собо)

  5. Ырыаhыппынан сүрдээхпин, Борокуоппуйапка тиийэн, тылым чороччу тардан хаалар диир баар үhү. (кэ5э)

  6. Куула5а курууска суруксут, халдьыа5а хара масчыт баар үhү. (киргил)

  7. Туос-маас саңалаах, тэлэс-былаас дайбаабыт баар үhү. (тураах)

  8. Көхө5ө иңнибэт күндү таас баар үhү. (сымыыт)

  9. Көтөр кынаттаахтан сүүрэр атахтаах төрүүр баар үhү. (нэтээги)

  10. Тыа5а нэкэс баар үhү. (куобах)

  11. Бөтөс ыт бөтөн хаалбыт. (бөрө)

  12. Сип-сап дьиэлээх Ньамалаhа Маарыйа баар үhү. (эһэ)



ба5а, балык, сордон, собо, кэ5э, киргил, тураах, сымыыт, нэтээги, куобах, бөрө, эhэ






















Лоторея





Чайный сервиз двухкомнатная квартира зубная щетка

В Москве






Чороон счастье кастрюля







Пенал подписка «Далбар Хотун» кукла







Часы стол обеденный торт







Альбом путевка в Сочи стиральная машина







Ожерелье ручка волшебная комод






Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 3 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
День матери (Ийэ күнэ)

Автор: Григорьева Зинаида Николаевна

Дата: 04.04.2018

Номер свидетельства: 464917


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства