kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

" Букубаар быраһаай"

Нажмите, чтобы узнать подробности

"Букубаар быраһаай" разработка методического материала на якутском языке. После окончания букваря, для детей 1 класса.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«" Букубаар быраһаай"»

Ыытыллар кылаас: I (маҥнайгы)

Буолар кунэ: кулун тутар 16 күнэ

Темата: «Букубаар, быраhаай!»

Сыала-соруга:

  • Дорҕооннору, буукубалары хатылааhын, билиилэрин хаҥатыы, эбии билэргэ туhаайыы.

  • Бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһарга үѳрэтии, ситимнээх саҥаны сайыннарыы;

  • Оҕо тылын саппааhын байытыы, тылын-ѳhүн, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы



Хаамыыта:

- Үтүө күнүнэн күндү оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар. Бүгүн оҕолор, биһиэхэ бырааhынньык. Эhиги аан бастакы кинигэҕитин Букубаары бүтэрэр күҥҥүт. Балаҕан ыйыттан саҕалаан, ааҕарга суруйарга үөрэнэн кэллибит. Онтон бүгүн номнуо букубаарбыт кинигэтин бүтэрэн быраһаайдаһар күммүт үүннэ. Мантан ыла эhиги бэйэҕит сөбүлээбит кинигэлэргитин ааҕар буолуоххут.

Ханнык баҕарар врач, учуутал, агроном, лётчик, инженер, учёнай, бу биһиги төрөппүттэрбит – оскуолатааҕы олохторун, бу букубаартан саҕалаабыттара.Ол иһин букубаардар араас норуоттар тылларынан бэчээттэнэн тахсаллар. Саха бастакы букубаарын Семён Андреевич Новгородов айыаҕыттан, үгүс сыл ааста. Ити сыллар усталарыгар кини бэйэтэ олус элбэхтик уларыйда, үгүс көлүөнэ дьону үөрэттэ, ииттэ.

Букубаар сүрүн соруга_ оҕолору ааҕарга үөрэтиитэ, хаһан да уларыйбат. Онтон биһиги үөрэммит Букубаарбыт Мария Филипповна Кронникова автордаах буоларын бары бэркэ билэбит.

  1. Оҕолоор, кинигэ туhунан өс хоhооннорун ааҕыахха эрэ. (дуоскаттан бары бииргэ)

«Кинигэ – киhи үтүө доҕоро, өйдөөх субэhитэ»,

«Ким кинигэ аргыстаах- ол билиилээх».

- Бу ѳс хоhооннорун хайдах ѳйдүүгүт?

- Кинигэ биhиэхэ элбэҕи кэпсиир, элбэххэ үөрэтэр. Элбэх кинигэни аахтаххына, үгүhү өйдүөҥ, элбэҕи билиэҥ.

2.  Аан бастаан биһиги аһаҕас дорҕооннору үөрэппиппит.

Дорҕоон диэн тугуй? ( Дорҕоону истэбит, саҥарабыт. )

Дорҕоону сурукка тугунан бэлиэтиибит? Букванан. Букваны көрөбүт, ааҕабыт

3. Ханнык дорҕооннору билэбит ? (аһаҕас, бүтэй дорҕооннор)

- Аһаҕас дорҕоон

- бүтэй дорҕооннор

4. Экраны керебут, билигин оонньуу оонньуохпут.

Уруһуйу көр уонна тыл бастакы дорҕоонун быһаар

5. Бүтэй дорҕооннор

Салгыы бүтэй дорҕооннорго киирэбит. Б/д.хайдах араарабытый? Бу туох бэлиэтэй? (ньиргиэрдээх б.д …), ханнык б.д. ньиргиэрдээхтэрий? (б,г,5,дь,л,м,д, н,ц,нь,р, h)

- Ньиргиэрэ суохтар? (п, т, с, к,х,ч)

- Хас б./д хоhулаhарый?

6. Киирии дорҕооннорго оонньуу. Илии иминэн билии. Ыйытыыларга эппиэт Я, Ю,Е, В,Ж

7. – Салгыы оонньуохпут «Тыллары таай». Хоhуласпыт бутэй дорҕоонноох тыллары таайабыт. . Экраҥҥа уочаратынан оҕолор тахсаллар.

(ЫРЫА. АБВГД-ейка)

Маладьыастар! Букубаар махтал тылын эһиэхэ этэр.

8. Тыл моделын оҥор. Кылаас, суорат, паарта

9– Билигин оҕолор ааҕан иhитиннэриэхпит. (Карточкалары түҥэтэбин). Биир биир ааҕаллар.














Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 1 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
" Букубаар быраһаай"

Автор: Дьяконова-Кычкина Туйара Михайловна

Дата: 20.05.2023

Номер свидетельства: 631923


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства