Дойдуга Педагог уонна уьуйааччы сылын чэрчитинэн ыытыллар улуустаа5ы педагог улэ һиттэр икки ардыларыгар ыытыллар ансамбылынан ырыа күрэҕин сценарийа
Буолар кунэ: кулун тутар 18 кунэ, кунус 4 чаастан
Буолар миэстэтэ: Бырааттыы Сидоровтар ааттарынан спорт саалата, Кириэстээх нэһилиэгэ
Ынырыы музыка тыаьыыр,
Отбивка тыаһыыр, ыытааччылар сыанаҕа тахсаллар
1 ыыт (Жанна). Утуо күнүнэн кунду корооччулэр, сэргэх истээччилэр, ытык-мааны ыалдьыттар!
2 ыыт (Петр). Дойдуга Педагог уонна уьуйааччы сылын чэрчитинэн ыытыллар улуустаа5ы педагог улэһиттэр икки ардыларыгар аан бастаан ыытыллар “Ырыа угуйар дойдута” диэн ааттаан ансамылынан ырыа күрэҕин ыалдьыттара буолан олороҕут. Проект автордара Макаринская Жанна Александровна уонна Михайлова Мария Лаврентьевна.
1 ыыт. Бугун кулун тутар 18 күкнкүгэр чахчы даҕаны чаҕылхай, үтүө – мааны сааскылыы сайаҕас күн буолла. Маннык күҥҥэ бука – бары ыллаан, кулгаахтарбытын сымнатан, дууһабытын сылаанньытан, бэркэ астына сынньанан барыаххыт диэн итэҕэйэбит.
1 ыыт . Дьиннээх ырыа диэн тугуй?
2 ыыт. . Ырыа- сурэх толоно,
Ырыа сана конулэ,
Дьол дуу, сор дуу оонньуута,
Хаарыаннаах харах уута.
Ырыа сурэх кылааныыта.
1 ыыт. Ырыа туохтан уоскууруй?
Ырыа уоскуур уорууттэн,
Биитэр ааспат абаттан.
Биитэр олор моккуортэн,
биитэр улуу тапталтан,
Куулаттарыы мунуттан.
2 ыыт. Ырыа то5о уоскууруй?
Дьон сурэ5эр тапталы,
Дуолан дохсун санааны,
Дьолу, куну, ча5ылы
Кымыс курдук кутаары,
Ырыа уоскуур ылланаары.
1 ыыт. Биьиэхэ бугун кытта тиийэн кэллилэр ырыа куттаах учууталлар, уьуйааччылар. Кинилэри дохсун ытыс тыаһынан сыанаҕа көрсуөххэйиҥ!
“Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохой орто оскуолатын” “Сиккиэр” ансамбыла, салайааччы Тихонова Клара Степановна
Хадан орто оскуолатын “Сыккыс” ансамбыла ыалдьыттыы кэллэ, салайааччы Гаврильева Айталина Ивановна
Бордон нэьилиэгин “Хатыҥчаан” уьуйаанын “Иэйии ансамбыла” бүгүҥҥү күммүтүн киэргэтэ кэллэ, салайааччы Михайлова Акулина Васильевна
Аллыҥа нэһилиэгин “Үрүйэчээн” уһуйаанын “Ай-ыллаа” ансаамбыла бэйэлэрин көрдөрө, дьону көрө мааны ыалдьыт буолан кэллилэр, салайааччы Иван Степанович Иванов
2 ыыт.
“Борис Никикифорович Егоров аатынан Кундэйэ орто оскуолатын” бастыҥ ырыаһыттара биһиги күрэхпитигэр тиийэн кэллилэр, салайааччы Веригина Наталья Никандровна
Түбэй орто оскуолатын “Сиккиэр” ансаамбыла бугун биьиэхэ эмиэ тиийэн кэллилэр. Салайааччы ____________________
Андрей Петрович Павлов аатынан Сунтаардааҕы 1 нүөмэрдээх оскуола “Күн ситимэ” ансаамбыла икки ырыаны бэлэхтии кэллилэр, салайааччы Афанасьева Октябрина Федотовна
Уһун- күөл “Сулусчаан ” детсадыттан “Сулусчаана” ансаамбылы көрсүөххэйиҥ, салайааччы Лыткина Мария Александровна.
Уонна К
И.Г.Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолатын “Иэйии” ырыа бөлөҕө бүгүн икки ырыаны бэлэхтиэхтэрэ, салайааччы Макаринская Жанна Александровна
2 ыыт. Кэлбит ыалдьыттарбытыгар өссө төгүл кэмэ суох ытыспыт тыаһын бэлэхтээн кэбиһиэххэйин
1ыыт. Манна мустубут бар дьоммут, бука- бары тураргытыгар көрдөһөбүт, Сунтаарбыт улууһун сүрүн ырыатын толоруоххайыҥ.
Своднай хор Сунтаар гиминин ыллыыр
2ыыт. Эҕэрдэлииргэ тыл бэриллэр И.Г.Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолатын директорыгар Васильев Павел Васильевичка.
1 ыыт. Күрэхпит балаһыанньатынан ансамбыллар иккилии ырыаны толоруохтара.
-Оскуола, үөрэхтээһин туһунан
-талан ылбыт сахалыы ырыалара
2 ыыт: Бүгүнну дьүүллүүр сүбэни кытта билиһиннэрэбин:
Зоя Васильевна Уарова- Сунтаардааҕы искусство оҕо оскуолатын теоретическай дисциплиналарын уерэтээччи педагога, Саха республикатын культураҕа туйгуна, дирижер- хоровик
Максимов Андреан Егорович - Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагога, “Өрөгөй” ансаамбыл кыттыылааҕа.
Назарова Яна Петровна- “Солнышко” детсад ырыаҕа педагога
1 ыыт. Кыттааччыларга ситиһиини баҕарабыт, дьүүллүүр сүбэ саамай-саамайдары булан таһаарыа диэн эрэнэбит.
Кыттаачылар бары сыанаттан тахсан бараллар
2 ыыт. Кириэстээх орто оскуолатын уерэнээччилэрин ааҕыларыгар Анемподист Иванович Софронов-Алампа “Саха норуотугар” хоһооно
хоьоон ааҕар уолаттар тахсаллар
1 ыыт: Жеребьевка кэннэ заявканнан ааҕан биир биир ыҥыртыыбыт.
1 ыыт. Манан биһиги күрэхпит түмүктэнэр, кытааччылар ылбаҕай ырыаларын иһиттибит, сөптөөх сыаналар турдулар. Дьууллуур субэни тумук таьааралларыгар атаарабыт.
2 ыыт . Бу быйылгы сылбыт биһиэхэ, педагогтарга, улахан суолталаах буолар. Манна кыттыбыт бары ырыаһыттарга биһиги барҕа махт албытын тиэрдэбит. Ансаамбыллар өссе сайда туруҥ, ыраахха дылы ааттаныҥ, репертуаргытын хаҥатыҥ, саҥаттан-саҥа көстөөмнэри кэтэн дьон хараҕын сымнатын диэн бу ырыа күрэҕэ тэрилиннэ. Ырыа киһини кэрэҕэ эрэ угуттуур, үөһэ эрэ көтүтэр, ылааҥ, ырыаны таптааҥ!
1 ыыт. Конкурспутун тэрийэн ыытарбытыгар куус комо буолбут дьоммутугар бар5а махталбытын тиэрдэбит
Спонсордаабыт:
“Кириэстээх нэһилиэгэ” МТ, аҕа баһылык Александр Николаевич Григорьев
Сувнтаардааҕы Үөрэҕирии тэрилтэлэрин профсоюһа, председатель Новиков Анатолий Степанович
Кириэстээх нэһилиэгин “Саргы түһүлгэтэ” социально-культурнай киин, директор Платонова Альбина Федоровна
“И.Г.Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолатын” профсоюзнай комитета, председатель Макаринская Жанна Александровна
85 саастаах Мэҥэ-Хаҥалас улууьун музыка учуутала, бояниһа ____________
Кириэстээх орто оскуолатын ветерана, музыкаҕа учуутала, “Иэйии” ансамбль теруттээччитэ Максимова Зинаида Георгиевна
Кириэстээх нэһилиэгин талба мааны кийиит кыргыттара
_____________________________________________
Бу курдук бэйэ-бэйэбитигэр комолоьуоххэ, ойоьуоххэ. Ойдоьуоххэ. Ииллээх ,эйэлээх буолуо5ун! Норуот кууьэ- комуол кууьэ диэн итини эттэхтэрэ…
1 ыыт. Биһиги нэһилиэкпит кэрэчээн кыргыттара ырыа кэһиилээх тиийэн кэллилэр. Ырыа түмэн” ансамбль толоруутугар _________________
Ырыа тумэн ансамбль эҕэрдэ ырыата
2 ыыт. Дьууллуур субэ бэйэтин быьаарыытын таьаарда бука- бары кыттыбыт ырыаһыттары бу сыанаҕа ынырабыт.
Тылы биэрэбит дьууллуур субэ председателыгар Зоя Васильевна Уароваҕа.
Кыайыылаахтары ааттаталыыр
1 ыыт. Манан биһиги “Ырыа угуйар дойдута” улуустааҕы керуу-курэхпит тумуктэнэр, кыайыылаахтарга истин эҕэрдэбитин аныыбыт, кыттыбыттарга барҕа махт ал тылларбытын этэбит!
2 ыыт. Кунду манна мустубут бар дьоммут, баҕарабыт эьиэхэ ыраас, эйэлээх халлааны, тус олоххутугар сырдыгы-ырааьы, доруобуйаны. Ыллаан, ырыаны таптаан, ырыа аргыстаах буолун, оччоҕо эьи олоххут уьуоҕа, араас кустук енунэн киэркэйиэҕэ.
Киэьэни иилээн- саҕалаан ыыттыбыт биьи: проект автора, Кириэстээх орто оскуолатын муусукаҕа учуутала Жанна Макаринская
1 ыыт. Уонна Тойбохойдооҕу “Кыталык” култура киинин специалтһа Петр Уаров. Аныгыс керсуеххэ диэри кунду доҕоттоор!
Уопсай хаартыскаҕа түһүү