УҺугун, өйдөн, икки атахтаах !
( 10 кылааска П.А.Ойуунускай «КыҺыл Ойуун» айымньытынан уруок былаана)
Слепцова И.С.,
Сул5аччы орто уопсай үөрэхтээьин оскуолатын
саха тылын, литературатын учуутала, Амма
Чулуу суруйааччы П.Ойуунускай «КыҺыл Ойуун» драматын 10 кылааска уерэтэбит. Бу айымньыны уөрэтиини уруогунан маннык темалаан ыытыахха сөп:
1 уруок- УҺугун, өйдөн, икки атахтаах!
2 уруок- Үөскүүр үйэ баҺылыга туспа.
3 уруок- Үллэр өлгөм күүстээх
Үүнэр үйэ кыайда
4 уруок- Сор-муң умнуллуођа
Кэрэ кэскил кэлиэђэ
Кэрэ соргу элбиэђэ
5 уруок- Икки атахтаах тилиннэ!
Мантан аллара холобур быҺыытынан маңнайгы уруок былаанын билиҺиннэрэбин.
Уруок темата: «УҺугун, өйдөн, икки атахтаах!»
Уруок кер үнэ : саңаны барыы
Учуутал сыала-соруга:
П.Ойуунускай туьунан эбии билиҺиннэрии, уус ураннык аа5ыыга ке5улээьин, тыл саппааҺын байытыы, ођо толкуйдуур, санарар дьођурун сайыннарыы,
Үөрэнээччи сыала-соруга:
П.Ойуунускай айымньытын ылынан, ейдеен, тус бэйэ5э олох икки өрүтүн туҺунан толкуй керуу киириитэ уонна бэйэ ейунэн тойоннуурга холонуу.
Үөрэтии тэрилэ:
учебник, тэтэрээт, П.Ойуунускай мэтириэтэ, Ойуун уруҺуйа (хартыына), П.А.Ойуунускай кинигэлэрин быыстапката, суруйааччы олоҕун кэпсиир презентация, тылдьыт;
Уруок т үь үмэхтэрэ:
Уруок туьумэхтэрэ
Учуутал үлэтэ
Үөрэнээччи үлэтэ
Үөруйэ5и туттуу (УУД)
1. Тэрээhин
Сыалы–соругу тобулуу
Уруокка бэлэмнээҺин.
Үерэнээччи сыалын-соругун чопчу ейдееҺүнэ, уруок тэтимигэр тэннэ киирсэн үлэлээьинэ
БодоруҺуу- учуутал- үерэнээччи сыҺыана.
Билэр-керер үеруйэх-толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы
2. Сонур5атыы. Суруйааччы литературнай мэтириэтэ
Уруокка «кэҺиилээх» кэлии. Суруйааччы литературнай мэтириэтин аа5ыы, мэтириэти көрдөрүү
Сонур5ааҺын, таайыы.
Истэр, өйгө ойуулаан көрөр дьоҕур сайдыыта
3.Билиини тургутуу. « Ким, туох, хаҺан, ханна?»-викторина
Билиини бэрэбиэркэлиир, барбыты чинэтэр тургутук ыытыы.
Суруйааччы туҺунан билиини сөргөхсүтүү, айымньыны өйдрүүрүн билгэлиир ыйытыкка эппиэт.
Билэр-көрөр үөруйэх, билбити чинэтии,
Бэйэни салайыныы-билиини хонтуруолланыы, эрдэ ылбыт үөрүйэ5и туҺаныы
Эбии матырыйаал билии
Суруйааччы биҺиги дойдубутугар сылдьыытын билиҺиннэрии
Учуутал иьитиннэриитин бол5ойон истии. Эбии информация ылыы.
Билэр-керер үеруйэ5и сайыннарыы. Сана билиини инэринии.
5.Турукка киллэрии. Хоьоонтон быьа тардан аа5ыы.
Уруок бэлиэ хоьоонун аа5ыы.
хоьоону истэн турукка киирии.
Билэр-керер,
истэр уеруйэх
6. Толкуй сурук
Ойуун туһунан оҕолор тугу билэллэрин толкуй сурук нөнүө тиэрдэр үлэни тэрийии .
Төрүт культура уруогун кытта ситимнээн ойуун туьунан санааларын сурунуу
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэх
-тойоннуур дьоҕур
-толкуйдуур дьоҕур сатабыла
7. Тылы кытта үлэ
Айымньыга баар билбэт тылларын тылдьыттан булар үлэ тэрийии. Уруок тэтимин тутуу
Тылдьыты кытта улэлиир үөруйэх
Билэр-керер уеруйэ5и сайыннарыы
8. Айымньыны уус-ураннык доргуччу аа5ыы
Аа5ыы үлэтин тэрийии
О5о5о тиийимтиэ гына уус-ураннык аа5ыы
Дор5оонноохтук аа5ар сатабылы сайыннарыы
9.Айымньыны ырытыы, чинчийии
Учуутал тирэх ыйытыыта, санаа атастаьарга кө5үлээьин
Уөрэнээччи айымньыга тирэ5ирэн. диринэтэн ырытар улэтэ
Бэйэни салайыныы-ылбыт билиигэ тирэ5ирэн диринэтэн ырытыы.
Бодоруьуу-куолаан улэлиир сатабылы сайыннарыы
10. Драма биьиги нэьилиэк оло5ор
Иьитиннэрии оноруу, ахтыы истии.
Олохтоох матырыйаалы эбии ылыныы
Бэйэни салайынар, бодоруьар- бол5омтолоохтук истии, сэнээрии.
11.Рефлексия
Уруок табыллыбыт уонна табыллыбатах өрүтүн көрүүтэ. Инники сыалы туруоруу
Кылааска үлэ туьунан бэйэ тус этиитэ, санаата.
- Мин туох сананы биллим-көрдүм?
- Уруок ханнык тү үмэ5эр ордук табыллан үлэлээтим?
- Ханнык тус санаа, толкуй үөскээтэ
Бэйэни салайыныы-тус санааны толлубакка этии,санаа уллэстии
12.Дьиэ5э үлэ
Талан толорор сорудах быьааран биэрии
Дьиэ5э үлэни бол5ойон истии, бэйэ кыа5ынан, ба5атынан талыы.
Сурун уерэнэр уеруйэх-бол5ойон истии, бэйэ кыа5ынан талыы.
Уруок хаамыыта:
Учуутал киирии түьүмэх кэнниттэн уруокка «кэьиилээх» кэлбитин этэн, үөрэнээччилэр бол5омтолорун тардар, сонургатар.
Салгыы суруйааччы литературнай мэтириэтин Амма Аччыгыйа ахтыытыттан аа5ан иьитиннэрэр.
-Кини кимий?
-Платон Ойуунускай.
-Саамай сөп. Ханнык ба5арар омук саамай тынааьыннаах да түгэнигэр санаан ааьар , ытыктыыр дьоьун дьонноох. Саха омук өйүн-санаатын сомо5олуур оннук дьонтон биирдэстэрэ П.Ойуунускай буолар.(мэтириэти тыктарыы)
3. Суруйааччыны кытта кыра кылааска билсибиккит. Онтон туох өйдөбүл хаалбытын, билиигитин тургутан «Ким? Туох? Хаьан? Ханна?» викторина ыытабын.
Хаьан, ханна төрөөбүтэй?
«Эн уолун-бассабыык, охсуьуу буойуна.
Эн уолун-ырыаьыт, илбис тыл туйгуна,
Сурэ5им телене кинини уматар
Сүү үнэн сүрэ5и дьэ туотан дуоратар» - кимиэхэ анаан суруйбутай?
Ойуунускай биир айымньытыгар ким үрдүк халлаан ыйаа5ын утары 3 суол аньыыны оносторуй?
«Миигин үрүннэр уматыах буоллулар…сыаналаан көрдөхпүнэ боруруок эбиппин»-ким тылай?
«Син биир буолбаат?!» хоьоонун кимңэ анаабытай?
Ханна-ханна үөрэммитэй?
Маннайгы «Улэьит ырыата» хоьоонун Емельян Ярославскай соруда5ынан суруйар. Хаьан?
Ойуунускай биьиги түөлбэбитин кытта эмиэ сибээстээх эбит. Күннүгэр суруйбутунан, 1924 сыллаахха алтынньы ый 24 күнүгэр мунньах онорон ааспыт эбит, оройуоннай конференция оңорор туьунан. «Приехал 25.10 в Хоптогинский наслег наслежный съезд Советов. Мой доклад вызвал живое участие и большой интерес. Задавали вопросы приняли краткую резолюцию, приветствующую гуманную политику Советской власти, необходимости рассеивания ложных слухов о сплочении всех для ликвидации бандитизма с призывом к бывшим повстанцам, пепеляевцам принять участие в советском строительстве и в борьбе с бандитизмом,». Салгыы: «Приехал в Сулгачу - 24.10 днем. Решили создать Сулгачинсую районную всепартийную конференцию из северных наслегов I-го Амгинского улуса, I-го Бологурского, Сулгачинского, Кугдинского. Сулгачинская районная конференция открылась 26.10 в храме. В обсуждении моего доклада приняли активное, живое участие бывшие повстанцы и пепеляевцы, выразившие полное удовлетворение и восторг по поводу неуклонного, твердого проведения гуманной политики. Они выявили свой страх, свои опасения от преследования красными. Указали случаи недоверчивого, отталкивающего отношения некоторых коммунистов, подчас грубых. Принятая резолюция вполне отвечает задачами целям созванной конференции».(презентация кердерүү)
Үс саха төрүө5эр
Үөрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа,- диэн П.Ойуунускай кэнэ5эьин да5аны бар дьонум миигин умнуохтара суо5а диэн санаатын хоьоонунан эппитэ туолан, кини айымньыларын үөрэтэбит, сэргээн аа5абыт.
–Ойуун диэн кимий? Кылгас толкуй сурукта суруйуң. (биирдиилээн о5ону аахтаран истии, «былыр уөрэ5э суох саха норуота ойуунна ордук итэ5эйэрэ»). Ол да иьин Ойуунускай да5аны, Кулаковскай да5аны сүдү философскай айымньыларын сүрүн геройунан ойууну талбыттара. (хартыына көрдөрүү, төрүт культура уруогун кытта ситим)
Угүс классик суруйааччы айымньыларыгар норуот үөскэппит тылынан айымньытын (фольклору) уонна мифологическай уобарастары туьаналлара. Холобур, А.Пушкин «Руслан и Людмила». М.Лермонтов «Демон», А.Кулаковскай «Ойуун түүлэ». Бу үгэьи Ойуунускай сал5аабыта: Улуу Кудансаны уонна Добун ойуун Таатта сис баайдарын кытта хатыйсан, кинилэри эстэр кырыыска киллэрбитин уус-уран айымньынан көрдөрбутэ.
Ойуунускай ойууна оло5у киэнник билгэлиир хоодуот санаалаах, батталы утары эрэллээх охсуьааччы, кыра-хара норуоту көмүскээччи буоларын өйдөөн туран айымньыны аа5ыыга киирэбит.
-То5о «кыьыл» буолла? (саба5алаан көрүү: кыьыл-уот бэлиэтэ, охсуьуу, куустээх өн…). Салгыы тылы кытта үлэ ыытыллар. (кэп туонуу, домнуур, арчы, добун халлаан тыллар суолталарын быьаарсыы, тылдьыттан булуу)
«Кыьыл Ойуун» автор быьаарыытынан олонхо-тойук. Улуу ойуун норуотун иннигэр аналын толорор ба5атын этэн, бэйэтин иннигэр илбистээх ыйытыылары туруорунарыгар бол5омто5утун уурун.
Кэп туонуу, 1 оонньуутун -аа5ыы
Айымньыны ырытыы
-туох сыаллаах-соруктаах хара норуот хара5ын аьарга турунарый?
- ханнык илбистээх ыйытыылары туруорарый?
-эриэн кыылынан автор тугу дьүьүннээн көрдөрөрүй?.
- ойуун ханнык соруктары быьаарар соруктаа5ый?
(- ата5астабылга-батталга сылдьар норуоту өйдөтөр соруктаах,
- олох уларыйарын иьин туруулаьар гына өргөс тылланыан ба5арар,
- хааннаах хапсыьыыга кэннинэн кэхтибэт тимир сүрэхтэниэн ба5арар)
10. «Кыьыл Ойуун» драматическай айымньыны дьон-сэргэ биьириэн биьириир. Ол туоьутунан саха театрыгар элбэхтэ сцена5а туруоруллубута буолар. Онноо5ор нуучча улуу суруйааччыта М.Горькай драма тылбааьын аа5ан, урдуктук сыаналаабыта. Биьиги нэьилиэккэ эмиэ сыана5а туруора сылдьыбыттар эбит. Тыыл ветерана Анастасия Никифоровна Тарасова ис дууьатыттан оонньообут буолан, ырыатын тылын хойукка диэри ыллаан иьитиннэрэрэ. Кини кэпсииринэн, билиңңи курдук музыка суох, сценалары киэргэтэргэ чүмэчи эрэ уотунан ту»аналлара. Кумаа5ынан кырыйан кыталык оңортообуттар, онтуктара дьиңнээх курдук, кынаттара хамсыыр эбит. ону таьынан Оруос баар торуоската үөээ өттүгэр чүмэчи киллэрэн биэрбиттэрэ ыраахтан уоттаах дьиңнээх баай диэн биллэр гына оңорбуттар. Өссө ,,Кыьыл Ойуун,, драматыгар Ойуун ына5ын төбөтүн тахсан маска ыйаабыта, онтукатыгар эмиэ харахтарыгар чүмэчи уган биэрбиттэр. Ол курдук оңорон барыта дьиңнээх буола турарын курдук дьон сө5өн-махтайан көрбүттэр».
11. – Бу уруокка туох саңаны биллигит?
- Уруок ханнык түьүмэ5эр ордук табыллан үлэлээтигит?
- Ханнык тус санаа, толкуй үөскээтэ?
12. Дьиэ5э үлэ биэрии.