«Тыл баар бараммат баай» дакылаакка тезис.
Сана кэм ирдэбилэ ыччат сиэрин – туомун билиитигэр норуот фольклорун билиитэ быстыспат ситимнээх. Ол аата норуот туох угэстэрин, сиэрин –туомун , итэ5элин , бастатан туран, тылын – оьун , тылынан уус – уран айымньытын о5о кыра эрдэ5иттэн этигэр – хааныгар, ойугэр – санаатыгар инэринэн улаатар. Торообут тыл угэстэрин билэ улааталларыгар норуот уус – уран айымньытын билии , таптааьын улахан оруолу ылар. Саха фольклора баайын, фантазията киэнин, уобарастара куустээ5ин, идиэйэтэ диринин угус тыл уорэхтээхтэрэ бэлиэтээбиттэрэ.
Саха фольклора билинни кэмнэ диэри бастын литературнай айымньы буолан , норуот тапталын , киэн туттуутун инэринэ сылдьар. Ханнык ба5арар угэ5э, остуоруйа5а, ос хоьоонугар , чабыр5ахха тыл баайа, былыргы сахалар олохторо – дьаьахтара хоьуйуллан этиллэр. О5ону сахалыы тыынна ииттэхпитинэ, уорэттэхпитинэ сайдыылаах саха ыччатын чол олохтоох , амарах санаалаах, утуону ойдуур, кэрэни кэрэхсиир саха инники кэскилин тустуур бастын ыччат аатырыа.
Торообут тыл комотунэн иитии икки оруттээх:
Бастакыннан, тыл кэпсэтэр , бодоруьар ньыма буоларыгар бары билии уонна иитиллии хайысхата , торуттэрэ о5олорго тыл комотунэн бэриллэр уонна олохсутуллар. Ол тылы уорэтии формаларыгар иитэр- уорэтэр ис хоьоону араастаан киллэриэххэ соп. Тылы уорэтэргэ оло5у кытта сибээстээтэххэ, хайаан да о5олорго иитэр- уорэтэр дьайыы оноьуллар. Ону сатаан былаанныахха наада.
Иккиьинэн, тыл уйэлэргэ чочуллан, сайдан, байан, син искусство айымньытын, эбэтэр норуот бары материальнай духовнай культуратын курдук, бэйэтэ кэрэ костуу буолар. Тыл дор5оонноро, тыллар олуускэлэрэ, суолталара этиигэ киирэн уоскуур ойдобуллэр – бары торообут тыллаах киьиэхэ этигэн хомус кэриэтэ кунду.
Тыл эгэлгэ кырааската, бараммат бар5а баай ойдобуллэрэ , бол5ойбот буоллахха биллиэ , ойдонуллуо суо5ун курдук. Киьи кэрэни ойдуургэ хайаан да уорэниэн наада. Ол курдук торообут тыл угус орутун о5о уорэнэн, иитиллэн эрэ ситэ ойдуур. Оччо5о о5о торообут тылын комотунэн кэрэни ойдуур, айар , бэйэтэ утуо5э тардыьар киьи буола улаатыа. Саха омук оркон ойун , талба талаанын урдук орогойо – олонхо. Олонхо – а5ыс кырыылаах алмаас курдук , хайа да оттунэн хайыьан кордоххо , араасонунэн арылайа оонньуур улууканнаах айымньы буолар.Олонхо биир оннук кэрэ килбиэнэ , суду кууьэ тыла-оьо буолар..
Ураанхай саха олонхо тылын чочуйбут , наардаан, сааьылаан дьаптайбыт.Билинни кэмнэ хайа ба5арар саха киьитэ олонхо тылын-оьун ойдоон-уорэтэн , ырытан- билэн , саныыр санаатын сааьылаан санарарыгар , толкуйкуур толкуйун толору этинэригэр туттуон- туьаныан соп. Олонхо улуу эпическэй айымньы быьыытынан уус- уран уратылаах , омуннаах геройдара эт-хаан оттунэн сайдыылаахтар , ой-санаа ,сиэр-майгы оттунэн энкилэ суох ыраастар.
Просмотр содержимого документа
«Тыл баар бараммат баай »
Тыл баар бараммат баай .
Темата: Тыл диэн тугуй ?
Бугунну дьарык тематын бэйэ5ит быьаараргыт наада. Истэбит : Паарта, харандаас, хапта5ас, хатын .
Бу тыллар суолталарын тылынан быьаарын. Быьаарбыт тылларын уруьуйдаан кордоруу. Маннайгы тылбыт паарта , тугуй ? Тугу кордороруй? Ким этиэй? Соп. Паарта - кылаас мала . Урут эьиги ийэлэргит , а5аларгыт бу ойууга костор мас паарта5а олорон уорэммиттэрэ. Онтон бу тугуй? Ким этиэй? Соп.Бу бары билэр , туттар малбыт.Харандаас.Харандаас барыбытыгар баар.Харандаас хайдах буоларый? Хайдах харандаастар баалларый? Ким этиэй? Соп. Харандаас арааьа элбэх. Бааллар боростуой , онноох харандаастар, суон, синньигэс , уьун , кылгас.Уруьуйу коробут. Ким этиэй бу тугуй? Ханна корбуккутуй? Соп .Бу хапта5ас. Ойуурга уунэр. Амтана хайда5ый? Ким этиэй? Толкуйдаан. Сиэн коробут. Амтана ап-аьыы эбит. Оно хайда5ый? Кып-кыьыл онноох. Бу хапта5аьы хайдах гынан сииллэрин билэ5ит дуо? Соп. Бу отону барыанньа онорон сииллэр. (о5олор этэллэр).Оссо утах оностон иьэллэр. Ким испитэй ? Соп. Бу хапта5ас оссо киьи доруобуйатыгар олус туьалаах эбит. О5олоор, киьи тымныйан ыарыйда5ына бу утах олус туьалаах . Уруьуйу коробут .Бу тугуй? Мас. Ханнык маьый? Бары билэр маскыт хатын. Ханна уунэрий? Ойуурга.(о5олор эппиэттииллэр). Хатын хайдах маьый? Наьаа кыраьыабай , элбэхтик хоьоонно хоьуллар, ырыа5а ылланар мас буолар.Хатын туохха туьатын билэ5ит дуо? Ким этиэй? Хатын эмиэ киьи доруобуйатыгар туьалаах. Хатын мас туьата олус элбэх.Ким этиэй бу тугуй? ( «Паарта, харандаас, хапта5ас, хатын « тыллары кордоробун ).Соп.Бу тыллар суруллубуттар. (о5олор бэйэлэрэ быьааран этэллэр).Билигин , бу тыллар суолталарын уруьуйдаан кордоробутКим уруьуйа ордугуй ? (.Ким уруьуйа учугэйин о5олор бэйэлэрэ быьаараллар).( Манна слайда уонна уруьуй туьаныллар ).
Хоьоону истии , ырытыы.
-Бу хоьоону поэтесса И. Токмакова суруйбута .Кини о5олорго анаан сурдээх элбэх хоьооннордоох.Олортон биир хоьоону истиэхпит.
Луоска –бу луоска,
Луосканан миин иьэллэр.
Куоска – бу куоска ,
Куоска сэттэ о5олоох.
Тирээпкэ-бу тирээпкэ,
Тирээпкэнэн остуол сото5ун.
Бэргэьэ – бу бэргэьэ,
Кэттин да бара5ын.
Мин тылы толкуйдаатым,
Киьи кулэр тыла блим .
Ити тылы мин хатылыыбын .
Блим , блим , блим.
Бу ойуоккалыыр , орутэ котор
Блим , блим ,блим .
Тугу да быьаарара суох
Блим , блим , блим .
Хоьоону бол5ойон иьиттибит . Тугу быьааралларый? Эьиги санаа5ытыгар бу тыллар дуо? Луоска, куоска, тирээпкэ , бэргэьэ .Тугу кордороллоруй? Суолтата тугуй? Биир,биир быьаарабыт.( Суолтата ойдонор , ол иьин бу тыллар).
Онтон блим ? Тугу быьаарарый ? Хатылаан .(Суолтата ойдоммот , ол иьин тыл корунэр киирбэт).
Тыл ойдонор, тугу эмэ быьаарар буолла5ына туох эрэ суолтатыгар туттуллар буолла5ына , тыл дэнэр.
Билигин тыллары уруьуйдаан кордоробут .Маладьыастар .(О5олор уруьуйдууллар , слайда костор ).
7.Оонньуу.Тыллары таьаарыы .
.ас(м, т, х, л ) . иир(б, к, с ) ..р( ыы, уу )
. аас (м, с, т, х ) б.5.( а, о, ) .т (а, у, э)
Таьааарбыт тылларгытын саната суох суруйабыт .Ким таба суруйбутуй? Бэрэбиэркэлэнэбит. Ким элбэх тылы таба суруйбут, ол кыайыылаах буолар.(тумугун о5олор бэйэлэрэ быьаараллар).
8.Остуоруйа «Ба5а уонна чоппууска» .
Ба5а уонна чоппууска тыа5а барбыттар. Ханнык эрэ кыьыл отону сиэбиттэр.Ол ханнык отон буолуой? Сиэбитинэн барбыттар , аатын олох билбэтэхтэр .
-Чэ эрэ, аата да суох сиэххэ,- диэбит ба5а,- ба5ар, хойут ойдуохпут . Ол курдук сиэн барбыттар .
-Клю,- диир чоппууска уонна сиир. Ба5а хайдах санарыай ? Оччо5о ханнык отону сииллэрий ?
-Ква! Ква! – диир ба5а . Ханнык тыл та5ыста? Клюква.Бу отон биьиги ойуурбутугар уунэр дуо ? Ким билэрий? Ким сиэбитэй? Суох.Ким да сиэбэтэх. Оччо5о биьиги ойуурбутугар уунэр дуо? Бу отон биьиги ойуурбутугар ууммэт.Биьиэхэ то5о ууммэтий? Бу отон со5уруу дойдуга уунэр .( Клюква ойуутун кордоруу- слайда)
9.Отоннор ааттарын ситэрэн этитии: о-тон,сугун,дьэ…, ыт тин….5э, биэ эми…, моруос…, уох…, моонньо…, хапта5…. Бу отоннор бары биьиги ойуурбутугар уунэллэр. Ким билэрий? Ким этиэй? Ким сиэбитэй? Соп.Барытын таайдыбыт. Маладьыастар.
10.Билэр отонноргутун уруьуйдаан кордорун .Ким уруьуйа ордук табыллыбытый?(о5олор бэйэлэрэ ким уруьуйа учугэйин быьаараллар).
Таабырыннары таайтарыы, таайыыларын суолталарынан наардааьын .
1.Туохтан да куустээх баар уьу .(Айыл5а ).
2.Эмистэн эмис баар уьу .(сир).
3.Тугэ5э суох комус ыа5ас баар уьу .(халлаан).
4.Утуо киьи сылга биирдэ киэргэнэр уьу.(тыа).
5.Тыала да суохха тыаьыы турар баар уьу.(тэтин).
Таайтарыылар таайыыларын уонна туохха сыьыаннаахтарын бэйэбит толкуйдаан , этэн таьаарабыт .(Эппиэтин о5олор бэйэлэрэ этэллэр ).
Бу таабырыннар таайыылара тыллар дуо? Эьиги санаа5ытыгар туох диэххэ собуй?Соп.Бу барыта тыллар.
Тумук. Бугунну занятиябытыгар тугу гынныбыт? Тугу биллибит? Туохха уорэннибит?
Маладьыастар ,бары олус учугэйдик улэлээтигит, оонньоотугут .Барыгытыгар махтал.