Уруок тиэмэтэ: «Олоххо дьулуур» ту´унан санаалар...
Уруок тиибэ: Аахпыттан суруйууга бэлэмнэнии.
Уруок формата: суругунан уонна тылынан µлэ.
Уруок сыала: 1. О±о тиэки´и аа±ан баран бары ³ттµнэн ырытар µ³рµйэ±ин сайыннарыы.
2. Т³р³³бµт тыл баайын этигэр-хааныгар и²эрии.
3. О±о олох-дьа´ах проблемаларыгар тус к³рµµтµн, бэйэтин сыанабылын этинэрин сити´ии.
Сорук: Аахпыттан суруйуох иннинэ тиэкис тылын-³´µн, ис хо´оонун уопсай бы´аарсыы.
Кылаа´а: 7 кылаас.
1 тµ´µмэх:Тиэки´и аа±ыы, ырытыы. Автор тиэки´и туох эрэ сµрµн санааны этээри суруйар, ону сурунан ылыы, былаан о²остуу.
Дуоска±а:
Риторическай ыйытыы (1 этии)
Тэ²нээ´ин: мас сили´ин курдук модьураан...
Эпитет: муус сµрэхтээх бµтэй дьон... хатырбыт сµрэхтээх ки´и...
Кубулуйбат эпитет: то±ус му²ур мо´ол суолун...
Тыыннаа±ымсытыы: ку´а±ан дьаллык ма±алайыгар киирэн биэрбиттэр...
Сомо±о тыллар: муннугу-ханныгы кэйэ сылдьар кэрэгэй кэскиллээх... силистиин-мутуктуун симэлийэр кырдьа±ас ыар дьыл±атын...
Сомо±о домох: ый ы´ыа±а...
Синоним: куоттарбыттар, сµтэрбиттэр...
Билбэт, ыарыр±атар тылларбыт ³йд³бµллэрэ: кэрэгэй-кылгас µйэлээх, оччото суох.
(Бары к³м³л³³н ырытыы, уопсай µлэ)
2-с тµ´µмэх. Этиигэ сурук бэлиэтэ:
Кµµ´µрдµµлээх этиилэр: автор то±о кµµ´µрдµµ бэлиэтин ити этиилэргэ туруорда? (о±о санаатын истии)
3-с тµ´µмэх. Тыллар араас формалара: паараласпыт тыллары тиэкистэн к³рд³³н булуу.
Кэм-кэрдии, силистээх-мутуктаах, быстан-охтон, т³рд³-т³рµ³тэ, санаатан-онооттон, у´уну-киэ²и, эрэйгэ-кы´ал±а±а, оонньуу-кµлэ, силистиин-мутуктуун, оннун-туойун, муннугу-ханныгы.
Тиэкискэ бэриллибит, ту´аныллыбыт тыллары суруннубут, аахтыбыт, бэйэбит кыахпытынан чинчийэн к³рдµбµт.
¥чµгэйдик олорууга сы´ыаннаах тыллар, этиилэр. | Олохторо огдолуйбут дьо²²о сы ´ыаннаах тыллар, этиилэр. |
Кыраттан са±алаан, мас сили´ин курдук силистээх-мутуктаах т³рдµлээх буола±ын. 3-с кэрчик этиитэ барыта киирэр. | Ситэри силигэлээбэккэ быстан-охтон, ³л³н, симэлийэн хаалыаххын с³п. Оло±у сыаналаабат муус сµрэхтээх бµтэй дьон. 4-с кэрчиккэ баар. 5-с кэрчиккэ баар. |
4-с тµ´µмэх. Аны билигин автор тиэкискэ ки´и оло±о огдолуйуон да с³п, тупсан, сир ньуурунаа±ар да к³н³ буолуон с³п диир санаалаах этиилэрин устабыт.
Бу карточка±а бэриллибитинэн тэтэрээт ортотунан сураа´ын ыытабыт, бастакы столбикка µчµгэй олоххо, иккис столбикка олох огдолуйуутугар сы´ыаннаах холобурдары булан устабыт.
Автор этэринэн ки´и оло±о то±о огдолуйарый?
Тµмµк:
Тиэки´и иккис тµмµктµµр аа±ыы буолар.
Олоххо дьулуурдаах буолуохха.
Ама ким таптаабат буолуо±ай т³р³³бµт т³рµт буорун, о±о саа´а ааспыт ытык буорун. Кэм-кэрдии аа´ан истэ±ин аайы т³р³³бµт дойду² ордук тардыылаах, ордук кµндµ буолан и´эр.
Туох барыта кыраттан са±аланар. Кыраттан са±аланан, мас сили´ин курдук модьураан, силигилээн барар. Оччо±уна били этиллэрин курдук, силистээх-мутуктаах, т³рдµлээх буола±ын, туох да±аны ыарахаттартан толлон турбаккын. Эбэтэр т³тт³рµтµн, ситэри силигилээбэккэ, быстан-охтон, ³л³н, симэлийэн хаалыаххын с³п. Ол т³рд³-т³рµ³тэ барыта быстах санааттан-онооттон, у´уну-киэ²и толкуйдаабаттан тахсар.
Бу Кµн сирин µрдµгэр ки´и биирдэ т³р³³н, олох олорон аа´ар. Олох...олох суолтатын ³йдµµр дьон бука бааллара буолуо. Оло±у олоруу диэн-бэйэтэ туспа дьол. Оло±у сатаан олоруохха наада. Ол аата т³´³ кыалларынан µчµгэй ³ттµгэр тарды´ыы, сиргэ биирдэ т³р³³н баран, дьоллоохтук олорон аа´ыы буолар. Ханна ба±арар ки´и дуу´ата ыраас, санаата баай буолуохтаах.
Бааллар оло±у отой сыаналаабат, муус сµрэхтээх бµтэй дьон, то±ус мо´ол суолун туту´ан эрэйгэ-кы´ал±а±а ылларбыт дьон, сарсы²²ыны санаабакка кµннээ±инэн олорор дьон. Кинилэри а´ыныахха с³п. Элбэ±и билбэккэ, олох µчµгэйин мµччµ туппуттарын. Олохторун ый ы´ыа±а о²остон оонньуу-кµлэ сылдьан, ку´а±ан дьаллык ма±алайыгар киирэн биэрбиттэрин.
£йд³³н к³рµ²: эдэр ки´и оло±о у´ун, ³сс³ да 40-50-60 сыл. Ол тухары оннун-туойун булбакка, муннугу-ханныгы кэйэ сылдьар кэрэгэй кэскилин. Таптыыр кыы´ын оннугар арыгылаах бытыылканы бобо кууспут эдэр уолу! Олорор дьиэ сылаа´ын, т³р³т³р о±о минньигэ´ин билбэтэх хатырбыт сµрэхтээх ки´ини! £йд³³н к³рµ²: аатын ааттатар ыччата суох силистиин-мутуктуун симэлийэр кырдьа±ас ыар дьыл±атын!
Биирдэ кэлбит оло±у ки´и кэминэн, саха µгэ´инэн сиэрдээхтик олорон аа´ыахха! Ол ту´угар сµµрµк хоту устубакка, олоххо дьулуурдаах буолуохха!("Эдэр саас" ха´ыаттан)