kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

«Литертура уруогун уорэтии кодьуустээх ньымалара»

Нажмите, чтобы узнать подробности

Оскуола5а о5о барыта атын атыннаах. Ол курдук хас биирдии о5о бэйэ-бэйэтиттэн туох эрэ уратылаах буолар. Ханнык ба5арар уорэнээччи наука ханнык эмэ салаатыгар сыста5ас, ханныкка эрэ молтох буолар. О5о личноьын учуоттаан уорэтии - билинни кэмнээ5и методика сурун соруктарыттан биирдэстэрэ.

Биьиги, литература учууталлара, литература нонуо тыл уорэ5ин, культурологияны, политиканы, философияны, психологияны о5олорго тиэрдиэхтээхпит, сибидиэнньэлэри иьитиннэриэхтээхпит, оччо5о кинилэр билиилэрэ-коруулэрэ кэниэх этэ. Философия - литература уруогар дьол-сор, таптал, олох туьунан философскайдык уорэтии. Ол аата оло5у анааран, ырыналаан корон сыаналыырга уорэнэллэр. Психология - киьи ис туругун, уйул5атын уорэтэр. Хас биирдии суруйааччы психолог буолар. Киьи психикатын хамсааьына поэ5ия5а костор. Тыл уорэ5э - тыл баайын чинник билии. История айымньыларга история кордоруллэр. Норуоттар олохторо-дьаьахтара, культуралара историяттан биллэр. Культурология - культураны уорэтэр салаа. Мантан норуот уруккуттан билинээннэ диэри сайдан кэлбит культуратын билэбит. 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
««Литертура уруогун уорэтии кодьуустээх ньымалара»»

  1. Доклад

  2. на тему: «Литертура уруогун уорэтии кодьуустээх ньымалара»

  3. учителя КНРС(Я), якутского языка и литературы МОУ «Батагайская средняя общеобразовательная школа»

  4. Неустроевой Юнны Павловны

  5. за период работы 2006-2011 гг.

  6. п. Батагай - 2011

  7. Литература уруогун уорэтии кодьуустээх ньымалара.

  8. Оскуола5а о5о барыта атын атыннаах. Ол курдук хас биирдии о5о бэйэ-бэйэтиттэн туох эрэ уратылаах буолар. Ханнык ба5арар уорэнээччи наука ханнык эмэ салаатыгар сыста5ас, ханныкка эрэ молтох буолар. О5о личноьын учуоттаан уорэтии - билинни кэмнээ5и методика сурун соруктарыттан биирдэстэрэ.

  9. Биьиги, литература учууталлара, литература нонуо тыл уорэ5ин, культурологияны, политиканы, философияны, психологияны о5олорго тиэрдиэхтээхпит, сибидиэнньэлэри иьитиннэриэхтээхпит, оччо5о кинилэр билиилэрэ-коруулэрэ кэниэх этэ. Философия - литература уруогар дьол-сор, таптал, олох туьунан философскайдык уорэтии. Ол аата оло5у анааран, ырыналаан корон сыаналыырга уорэнэллэр. Психология - киьи ис туругун, уйул5атын уорэтэр. Хас биирдии суруйааччы психолог буолар. Киьи психикатын хамсааьына поэ5ия5а костор. Тыл уорэ5э - тыл баайын чинник билии. История айымньыларга история кордоруллэр. Норуоттар олохторо-дьаьахтара, культуралара историяттан биллэр. Культурология - культураны уорэтэр салаа. Мантан норуот уруккуттан билинээннэ диэри сайдан кэлбит культуратын билэбит. Литература уруога - олох дэгиттэр сайдыылаах буоларыгар суду акылаат. Киьи айымньыннан эрэ мунурдаммакка, дэгиттэр сайдыылаах киьи буоларыгар талаьыахтаахпыт.

  10. Литература уруогун Поликарпова Е.М. «айар уруок», Е.Ильин «урок жизни» диир эбит буоллахтарына мин литература уруогун «наукалар торуттэрэ» диэхпин ба5арабын.

  11. Литература уруогуттан киьи олоххо буолар араас тубэлтэлэри корор, истэр, билэр. Онуоха Е.Ильин «олох уруога» диирэ оруннаах. Ону таьынан литература уруогар айар дьо5ур сайдар дии саныыбын. Поликарпова Е.М. «айар уруок» диирэ эмиэ улахан оруоллаах. Мин то5о литература уруогун «наукалар торуттэрэ» диибиний?

  12. Уоьэ этиллибитин курдук, ханнык ба5арар о5о интэриэьэ араас. Уорэтэр учуутал ону учуоттаан, хас биирдии о5о ханнык наука5а сыста5аьын таба корон, уруок кэмигэр уорэнээччилэри барыларын улэлэтэр сыал-сорук туруорунуохтаах. Мин онуоха маннык технологияны толкуйдаатым. Литература уруогар тыл уорэ5ин, культурологияны, политиканы, философияны, психологияны уруок матырыйаалын быьыытынан киллэриэххэ. Холобур: о5олору болохтоон олордобут уонна филологтар, культурологтар, политиктар, философтар, психологтар ааттарын биэриэххэ соп. Ону о5олор ханнык науканы интэриэьиргииллэриттэн коробут. Ол кэннэ уруок тематыгар сыьыаннаах наукаларынан араарыллыбыт тестэри, литературнай викториналары, кроссвордары тунэтэлиибин. Маннык уруокка улэлиэн ба5арбат да о5о улэлээбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалар.

  13. Литература уруоктарыгар ирдэбиллэр:

  14. 1. учуутал идэтигэр киэн билиилээх буолуохтаах, литература5а тапталы о5олорго тиэрдэр кыахтаах буолуохтаах;

  15. 2. учуутал уйэтин тухары уорэнэр уонна бэйэтин ииттинэр.

  16. Уруок тутула:

  1. уруок темата чопчу быьаарыллыахтаах;

  2. уруок сыала-соруга:

  • учуутал уорэтэр, биллэрэр

  • уорэнээччи уорэнэр, билэр;

  • иитэр оруттэр.

  1. уруок кордорор тэрилинэн баай буолуохтаах. Онно киирэллэр: дуоска, интегрированнай дуоска, проектар, таблица, хартыына о.д.а. (сорох уорэнээччи корон, сорох истэн, сорох суруйан ылынар).

  1. Уорэтии ирдэбиллэрэ:

  2. 1.уорэтэргэ уонна уорэ5и тэрийэргэ о5о сааьын уонна туе бэйэ уратытыгар хайаан да5аны тирэннээххэ сатанар. (Сензитивность – о5о чуолаан бу сааьыгар тугу эмит ордук билэрин, билэр дьо5ура туохха эмэ ордук туьуланыытын ааттыыллар).

  3. 3 - 5-с кылаас уорэнээччитэ уорэ5и ылынымтыа, улахан киьини саарбахтаабакка итэ5эйэр.

  4. 6 - 8-с кылаас уорэнээччитэ общество5а туьалаах улэни баьылыырга бэлэм, обществоЗа баар быьыы-майгы уонна бодоруьуу сиэрин ылынымтыа.

  5. 9 - 11-с кылаас уорэнээчитэ ырытар дьо5урун сайыннарыыга бэлэм, ойун-санаатын бэйэ ойунэн тойоннуур кыа5ын, аан дойдуну анааран корору, сайыннарары ылынымтыа.

  1. уорэх сайды саамай чугастаа5ы балаьатыгар (зона ближайшего развития) барыахтаах, ону тэнэ сайдыы ситиьиллибит таьымыгар оло5уруохтаах.

  2. уорэх хас биирдии личноьын таарыйар, кини уратытын арыйар уонна туьа5а таьаарар курдук тэриллиэхтээх. Уорэнээччи сайдарын сурун торуотэ - кини личность буолар кыа5а уонна ба5ата.

  3. уорэх о5о социум толору бырааптаах чилиэнин быьыытынан ситэри хааччыйыахтаах. Литература уорэх предметин быьыытынан сурун соругу социализация дииллэр.

  1. Социализация:

  • улэ, уорэх;

  • бодоруьуу;

  • бэйэни ойдооьун, билинии.

  1. 5. уорэх о5о сатаан бэйэтин кырдьыгынан сыаналыыр дьо5урун олохтуохтаах. Улэ ньымата туруоруммут сорукка эппиэттиир буолуохтаах. Онуоха соптоох былаан оностуу наада. Соптоох былааны оностуу соптоох соругу таба тайанартан тутулуктаах.

  2. Уорэтии процеьа 3 сурун субъектаах:

  • уорэнээччи эбэтэр аа5ааччы;

  • аа5ыллар тиэкис;

  • автор уонна учуутал.

  1. Саха литературатын оскуола5а уорэтии билинни туруга.

  2. 1995 сыллаахха Филиппова Н.И., Шишигина В.Р. «Литература5а сана программа» диэн ыстатыйаны «Народное образования Якутии» сурунаалга бэчээттэппитттэрэ. Онно кинилэр литератураны уорэтии сыалын-соругун туьунан маннык этэллэр (стр.33): «Билинни кэмнэ литератураны уорэтии сурун сыалынан-соругунан сахалыы суруйуулар бастын холобурдарынан уорэнээччилэри кэрэ эигэтигэр киллэрии, ийэ тыл уус-уран кууьун, кэрэтин ойдуургэ уорэтии, тыл илбиьин, хомуьунун о5о5о кыра сааьыттан инэрии, торообут тылынан айыллар литератураны ойдоон, сатаан аа5арга уорэтии, аахпыты бэйэ сайдыытыгар туьанарга туьулааьын буолар». Кинилэр этэллэринэн, ханнык ба5арар киьи урдук уус-уран таьымнаах айымньыны аа5ыыттаах дуоьуйууну ылыахтаах. «Уус-уран айымньыны уонна кини геройдарын нонуо олоххо буолар быьыыны-майгыны сылыктыы, быьаара, сыаналыы уорэниэхтээх. Уус-уран айымньы о5о5о олоххо бэйэтин ойдобулун, ирдэбилин чопчулууругар комолоьуохтээх, торообут тылынан айыллар айымньы угэстэрин, кистэлэннэрин уонна ньымаларын билсиэхтээх, олор холобурдарыгар эрчиллиэн о5о бэйэтин кыа5ынан айар улэ5э кыттыьыахтаах, дьо5урун сайыннарыахтаах», - диэн бигэргэтэллэр. Маннык санаанан салайтаран кинилэр урдук культуралаах аа5ааччы киьи иитиллэн тахсаарай диэн 5-11 кылаа-старга «Норуот тылынан уус-уран айымньыта уонна литературата» диэн программа онорбуттара. Программа билигин оскуола5а ханнык ба5арар предмета уорэтии о5о кыа5ын учуоттаан хас да таьымнаах буолуохтаах диэн ирдэбили эмиэ тутуьаллар.

  3. Тумук ситиьиитигэр 2 сыалы туруораллар:

  4. уорэнээччи билиитигэр уонна сатабылыгар ирдэбил;

  5. тылы сайыннарыыга ирдэбил.

  6. Мантан корон баран, инники оттугэр литератураны уорэтии суруннээн маннык онкулунан барыах курдук диэн сыаналыыллар:

  1. теманы, уорэтии сыалын билиьиннэрии;

  2. билиини «тэнитии» эбэтэр «хомуйуу» бэрээдэгинэн варианнаах хатылааьын;

  3. учуутал салалтатынан, кэтээн коруутунэн, комотунэн о5о бэйэтин чинчийэр хайысхалаах улэтэ (бииррдиилээн, пааранан, боло5унэн, чуолаан кылааьынан);

  4. бэйэ улэтин тумугунэн билиини, сатабылы уонна уоруйэ5и бэрэбиэркэлиир сыаллах, боло5унэн, куолаан уопсай дьууллэьии;

  5. тумуктуур эбэтэр бэрэбиэркэлиир, айар тускуллаах улэ5э бэлэмнээьин;

  6. тумукутуур улэ (хонтуруолунай улэ, зачет, айар улэлэр араас коруннэрэ о.д.а.). «Оччо5о эрэ тугу эрэ ситиьиэхпит, литератураны уорэтиигэ сана суурэни киллэриэхпит»,- диэн тумуктууллэр. (стр.6).

  1. Онтон 1996 сыллаахха Филиппова Н.И., Шишигина В.Р., Максимова М.Е. «Норуот айымньыта уонна литература» диэн 5-11 кылаастарга аналлаах программа онорбуттара. Онно кинилэр орто оскуола5а уорэтии билинни кэмигэр маннык сыалы-соругу туруорбуттара:

  2. - сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, ойдоон аа5арга уорэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туьанарга туьулааьын;

  3. - ийэ тыл уус-уран кууьун, кэрэтин, тыл илбиьин, хомуьунун, о5о кыра сааьыттан инэрии;

  4. - уус-уран айымньыны, араас геройдары туьанан торообут норуот оло5ун, историятын, культуратын, угэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киьи аналын, оло5у дирининк таба ойдуургэ уорэтии;

  5. - торообут тылынан уус-уран айымньыны айыллар угэьин, кистэлэнин, араас ньыматын билиьиннэрии;

  6. - уорэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аьыы;

  7. - уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын ойдотуу.

  8. «Онон оскуола5а литература уруогун сурун анала - уорэнээччи торообут тыл, фольклор уонна литература норуод духовнай баайа, киьи ойо-санаата тобуллар, тутугурар, майгыта-сигилитэ ситэр, арыллар, истин, иьирэх иэйиитэ уьуктар эйгэтэ буолар диэн ойдууруг ситиьии»,- диэн этэллэр. (стр.4).

  9. Саха литературатын орто оскуоал5а уорэтэр программаны онорорго маннык сурун туьаайыылары тутуспуттар:

  1. Норуот тылынан уус-уран айымньыта сахалыы уус-уран литература силиьэ, тордо буоларын аахсан, уус-уран литератураны фолькору кытта ситимнээн уорэтии.

  2. Айымньыны идейнэй тосхолунан эрэ буолбакка, уус-уран ситиьиитин, уорэнээччигэ сайдыыны, литературнай уорэ5ириини тоьо биэрэр кыахтаа5ын сыаналаан талы уонна таны.

  3. Уус-уран айымньына айар ньыма арааьын, литература теориятын ойдобуллэрин тумэн, болохтоох биэрии. Ону уорэнээччи бол5ойоро, бэйэтэ туттарга эрчиллэрэ.

  4. Талан уорэтии уонна аа5ыы хайысхатын тутуьуу. О5ону ба5аран туран уорэнэргэ, бэйэни сайыннарарга, бэйэ санаатын, сатабылын, дьо5урун сыаналыырга уьуйуу.

  5. Уорэнээчигэ айарга уорэнэр, холонор кыа5ы биэрии, тэрийии, соптоох уоруйэ5и, сатабылы инэрии, дьо5ура сайдарыгар ирдэбил туруоруу.

  1. Уорэх процеьыгар сана технологиялары туьаныы кодьууьэ.

  2. Бастатан туран, технология туьунан быьаарыылары коруоххэ: «Технология - это совокупность приемов, применяемых в каком-либо деле, мастерстве, искусстве» (толковый словарь).

  3. «Педагогическая технология - совокупность психолога - педагогических установок, определяющих специальный набор и компоновку форм, методов, способов, приемов обучения, воспитательных средств; она есть организационно-методический инструментальный педагогического процесса». (Б.Т.Лихачев).

  4. «Технология обучения — это составная процессуальная часть дидактической системы». (М.Чошанов).

  5. Сана технологиялары туттуу туьунан кулун тутар 28-29 куннэригэр 2001 сыллаахха Булуу куоратыгар дакылааттар, тезистэр аа5ыллыбыттара. Ону В.М.Саввинов уонна С.Н.Додока «Информационные технологии в образовании» диэн кинигэ таьаарбыттара. Манна барыта 45 дакылаат киирбит. Педагогтар бэйэлэрин опыттарын, ханнык ньыманан уорэтэллэрин, онно тугу сууйэллэрин, уорэнээччи ханнык хаачыстыбалара сайдарын коруттэр. Уксулэрэ компьютер, тест, биллэрэр суолталаах технологияны, интернети туьаналлар эбит. Билигин компьютер уйэтигэр бу технология туьалаах дни са-ныыбын, ол эрэн хас биирдии оскуола5а компьютер тиийбэт, ордук тыа оскуолаларыгар. Интернети эмиэ хас уруок аайы туьанар кыахпыт суох, арай биир эмэ уруокка, улэ онорорго наадалаах. Тест ньымата билигин оскуола аайы туттуллар ньыманан буолар. Онтон хас биирдии уорэнээччи интэриэьин учуоттаан уорэттэххэ ордук ылынымтыа дни саныыбын. Онтон биллэрэр суолатлаах технология5а БПК преподавателя О.Г.Николаева нуучча тылын уруоктарыгар маннык оруттэри киллэрэр:

  1. Тэрийэн ыыттыы (дидактическай оонньуулар);

  2. Материально-дидактическай оонньуулар (наглядность);

  3. Уорэнээччилэр сайдалларыгар аналлаах тутул (алгоритм). С.В.Кульневич «Педагогика личности от концепции до технологии» диэн пособиятыгар учуутал педагогическай технологиянан улэлииригэр 2 варианы этэр:

  1. «1 Один из частных участков в гуманизации - неосвоенные педагогические потенциалы организации и содержания воспитательной деятельности. (стр.62).

  2. 2 Алгоритм реализации педагогической концепции должен представлять конкретные этапы конкретных действий учителя», (стр.66.). Г.К.Селевко педагогическай технология5а 3 аспегы ыйар:

  1. Научнай;

  2. Процессуальная – описательнай;

  3. Процессуальная - действеннай.

  1. Селевко технологията о5ону сайыннарыыга улахан оруоллаах дни саныыбын. То5о диэтэххэ, бу технология 3 аспегы хабар, онуоха о5о 3 араас хайысха5а сайдар. Саамай кылаабынайа научнай таьым урдээьинэ.

  2. Ылан кордоххо, Д.Б.Эльконин - В.В.Давыдов, П.Я.Гальперин - Н.Ф.Талызин, А.Бандур - Е.Маккоби, Д.Брукнер - С.Пайперт технологиялара ордук туттулла сылдьыбыт ньымаларынан буолаллар.

  3. Д.Б.Эльконин - В.В.Давыдов технологията о5о теоретическай ойун сайыннарыытыгар, научнай ойдобуллэри биэриигэ, логиканы урдэтиигэ аналлаах. Кинилэр бигэргэтэллэринэн, о5о5о кордорор матырыйаал буортулаах. Ол иьин начаалынай кылаастарга кордорон уорэтии бобуулаах эбит. Мин санаабар, кордорон уорэтии кодьууьэ улахан. То5о диэтэххэ: бастакытынан, корон ылынар дьо5урдаах о5о эмиэ баар буолар; иккиьинэн, кордорор матырыйааллаах уруок ордук ойдонор; усуьунэн, кордорор матырыйааллаах уорэттэххэ уруок темата ордук киьиэхэ дьайар. Эльконин - Давыдовтаах ньымаларынан соторутаанна диэри оскуолалар улэлээбиттэрэ. Бу технологиянан элбэх о5о уорэнэн кэллэ5э. бэйэтин кэмигэр улахан кодьуустээх этэ.

  4. П.Я.Гальперин - Н.Ф.Талызин ньымалара 5 хайысхалаах:

  1. хамсааьыны кытта барыллаан билсиьии;

  2. материальнай хамсааьын;

  3. тас санаэтаба;

  4. ис сана этаба;

  1. автоматическай хамсааьын.

  2. Бу ньыма интериоризация комотунэн толоруллар. Мин санаа5ар, бу технология аьа5ас уруокка соптоох. То5о диэтэххэ, киьи ис-тас дьайыылара, хамсааьыннара костор. Ордук бэйэ санаатын этиниигэ улахан оруоллаах дни саныыбын.

  3. Педагогическай технологияны маннык наардыыллар:

  • туттуллар табымынан;

  • философскай оло5унан;

  • фактор бэриллитинэн;

  • научнай суолунан;

  • личностнай тутул ориентациятынан;

  • ис хоьоонун уонна тутулун характерынан;

  • хамсааьын тэрийэр уонна салайар тиибинэн.

  1. ПрактикаЗа элбэхтик туттуллар системаларынан буолаллар:

  • Я.А.Коменский классическай классно-урочнай системата;

  • сана традиционнай уорэтиилэр;

  • болохтоон уонна биирдиилээн уорэтии;

  • программалаан уорэтии.

  1. Оонньуу технологията.

  2. Уруогу оонньуу быьыытынан ыытыы - о5о бол5омтотун тардарга биир ньыма. Оонньуу уруокка уорэнээччи ко5о кото5уллэр, толкуйдуур дьобура сайдар. Г.К.Селевко ыйарынан, онньуу маннык функциялары толорор:

  • развлекательнай (обо интэриэьэ кобор, дуоьуйуу ылар, аралдьыйар);

  • коммуникативнай (диалект саналары ылынар);

  • бэйэни регулировкаланыы;

  • игротерапевтическай (олох ыарахан тугэннэрин ылынар);

  • диагностическай (бэйэтин сыаналанар);

  1. коррекция функцията бэйэ кордоруулэрин уларытыныыны толорор;

  2. - Бу ньыма интериоризация комотунэн толоруллар. Мин санаабар, бу технология аьа5ас уруокка соптоох. То5о диэтэххэ, киьи ис-тас дьайыылара, хамсааьыннара костор. Ордук бэйэ санаатын этиниигэ улахан оруоллаах дии саныыбын.

  3. Педагогическай технологияны маннык наардыыллар:

  • туттуллар табымынан;

  • философскай оло5унан;

  • фактор бэриллитинэн;

  • научнай суолунан;

  • личностнай тутул ориентациятынан;

  • ис хоьоонун уонна тутулун характерынан;

  • хамсааьын тэрийэр уонна салайар тиибинэн.

  1. Практика5а элбэхтик туттуллар системаларынан буолаллар:

  • Я.А.Коменский классическай классно-урочнай системата;

  • сана традиционнай уорэтиилэр;

  • болохтоон уонна биирдиилээн уорэтии;

  • программалаан уорэтии.

  1. Оонньуу технологията.

  2. Уруогу оонньуу быьыытынан ыытыы - о5о бол5омтотун тардарга биир ньыма. Оонньуу уруокка уорэнээччи ко5о кото5уллэр, толкуйдуур дьобура сайдар. Г.К.Селевко ыйарынан, онньуу маннык функциялары толорор:

  • развлекательнай (обо интэриэьэ кобор, дуоьуйуу ылар, аралдьыйар);

  • коммуникативнай (диалект саналары ылынар);

  • бэйэни регулировкаланыы;

  • игротерапевтическай (олох ыарахан тугэннэрин ылынар);

  • диагностическай (бэйэтин сыаналанар);

  • коррекция функцията бэйэ кордоруулэрин уларытыныыны толорор;

  • - межнациональнай коммуникация (киьиэхэ барытыгар тэн сыанабылы биэрэр);

  • социализация (уопсай системаны ылынар).

  1. Проблемалаан уорэтии

  2. Бу технологияны 20-30 сылларга сэбиэскэй уонна зарубежнай оскуолаларга туттубуттара. Проблемалаан уорэтии Дж.Дьюи теоретическай балаьыанньатынан 1894 сыллаахха олохтоммута. Дьюи уорэтии 4 инстинын бэлиэтиир: социальная, конструированнай, художественнай санарыы, чинчийии.

  3. Онтон билигин бу ньыманы учуутал салайыытынан проблемнай ситуациялары уонна уорэнээччи бэйэ улэтин сатабыла, толкуйдуур дьо5ура сайдыытыгар анаан туьаналлар. Билинни теория5а Проблемалаан уорэтиини 2 проблемнай ситуациялаах болоххо араараллар: психологическай уонна педагогическай. Бастакыта уорэнээччи улэлиирэ, иккиьэ уоррэх процеьын тэриллиитин кордорор. Педагогическай пробламнай ситуация - уорэнээччи ко5о ко5уллуутугэр аналлаах оноьуллар, учуутал боппуруоьа, сананы биллэрэрэ. проблемнай ситуацияны уорэтиини уруок ханнык баЗарар этабыгар туьаны-ахха соп: быьаарарга, чинэтэргэ, бэрэбиэрбэлииргэ.

  4. Опорнай схемалары туьанан комментарийдаан уорэтии

  5. С.Н.Лосенкова опорнай схемалары туьанан комментарийдаан салайан уорэтии технологиятын киллэрбитэ. Бу прием эппиэти (информацияны) эрэйэр. Кылааьы буттуунун кытта улэлииргэ комолоьор, кылааьы кытта си-бээс олохтуур.

  6. Комментарийдааьын ньыматын 60-с сылларга лицей учууталлара киэнник туттубуттар эбит.

  7. Бу ньыма комотунэн:

  • орто уонна молтох уорэхтээх уорэнээччилэр оро тардыналлар;

  • кэпсиир, дакаастыыр, толкуйдуур дьоЗурдара сайдар;

  • уорэнээччи салайа турар кылааьын учууталын оннугар туруоруллар.

  1. Со5отохтуу уорэтии технологията

  2. Инге Унт, А.С.Границкая, В.Д.Шадриков бу ньыманы киллэрбиттэрэ. Манна учуутал биир эрэ уорэнээччини уорэтэр уонна биир уорэнээччи уорэтии средствотыгар киирэр (кинигэ аа5ар, компьютердыыр уо.д.а.).

  3. Бу технология сурун ситиьиилэрэ: уорэтии хамсааьыныгар ис хоьоону, ньымалары, темпэлэри адаптациялыыр.

  4. Тумэн уорэтии ньымата

  5. Бу ньыма пааранан улэ буолар, о5олор бэйэ-бэйэлэрин уорэтэллэр. Биир кэмнэ кылааска элбэх теманы уорэтэллэр. Хас биирдии паара тус-туьунан тема ылаллар уонна ону аа5ан, сурун ис хоьоонун кылааска кэпсииллэр. Манна кэпсиир дьо5урдара, боппуруоска эппиэттээьиннэрэ сайдар.

  6. «Кэпсэтии культурата»

  7. Бу ньыманы В.С.Библер уонна С.Ю.Курганов киллэрбиттэрэ. Кэпсэтии проблематыгар сана проблематын туруорар. Кэпсэтии сыалын уонна ис хоьоонун ойдотор сыаллаах-соруктаах.

  8. Сайыннаран уорэтии технологията

  9. 30-с сыллар саЗаланыыларыгар Л.С.Выготскай сайыннаран уорэтии технологиятыгар улэлэспитэ. Онтон салгыы бу идеяны А.Н.Леонтьев, П.Я.Гальперин сайыннарбыттара. Манна сайыннарыыны араас оттунэн корбуттэр.

  10. Ону таьынан сайыннарыыга Л.В.Занков, Д.Б.Эльконин, В.В.Давыдов улэлэспиттэрэ. О5олор айар хаачыстыбаларын сайыннарыыга И.П.Волков, Г.С.Альтшуллер, И.П.Иванов технология киллэрбиттэрэ. Бэйэни сайыннарыыга уорэтэр технология туьунан Г.К.Селевко идея киллэрбитэ.

  11. Онтон билинни оскуола5а литературнай айымньыны уорэтии албастара манныктар:

  1. репродуктивнай - уорэтиллибити кэпсээн биэрии (уорэнээччи учууталга);

  2. эврестическэй - кыра сананы булуулаах, кордооьуннээх (уорэнээччи сорудах онорор);

  3. чинчийэр - бэйэлэрэ быьааран, толкуйдаан онороллор;

  4. айымньылаах ньыма - обо бэйэтэ айан таьаарар.

  1. Литература уруогар улэ коруннэрэ: суруйаллар, аа5ааллар, истэллэр, толкуйдууллар, кэпсииллэр, сценарий суруйаллар, уруьуйдууллар уо.д.а.

  2. Билинни оскуола5а литература уруогун проблемалар: ис хоьооно, тутула, типалогията, кодьууьэ, ньымалара, учуутал оруола, уорэнээччи улэтэ.

  3. Ис хоьооно:

  4. 1. уруок матырыйаала атын темалары кытта сибээьэ, бэриллиэхтээх информация кээмэйэ уонна характера;

  5. 2. бэриллиэхтээх информация о5о сааьынан бэрэбиэркэлэнэр. Ус дидактическай соруктаах:

  • актуализация;

  • сана ойдобул уонна дьайыылар уоскээьиннэрэ;

  • билиини, уоруйэЗи сайыннарыы.

  1. Мантан сиэттэрэн уруок формалара тахсар:

  1. лекция уруок;

  2. бэсиэдэ уруок;

  3. семинар уруок;

  1. диспут уруок;

  2. практика уруок;

  3. концерт уруок.

  1. Онон билинни уруок тутула араас буолар. Билинни учуутал бэйэтин кыабынан, толкуйунан, матырыйаалынан корон уруок ыытар. Билигин компьютер уйэтигэр араас элбэх уруоктары ыытыахха соп.

  2. ТуЬаныллыбыт литература

  1. Аввакумов П. Д., Попов С. А. — Тумат «Суурбэпис уйэ кэпсээнньиттэрэ», Дь., «Бичик», 2000.

  2. Альбеткова Р. И. «Активные формы преподавания литературы» (лекции и семинары на уроках в старших классах), М., «Просвещение», 1991.

  3. Антонова Л. Г. «Педагогический дневник и личность учителя» (учебное пособие), М., изд —во «Флинта», «Наука», 1998.

  4. Башарина 3. К., Максимова П. В., Семенова В. Г. «Урун туллук мелбестуур», Дь., «Бичик», 2001.

  5. Богданова О. Ю., Леонов С. А., Чертов В. Ф. «Методика преподавания литературы», М., «Академия», 1999.

  6. Голубков В. В. «Методика преподавания литературы», М., «Учпедгиз», 1955.

  7. Кириллин Д. В., Павлова В. П., Шевков С. Д. «Писатели земли Олонхо» (биобиблиографический справочник), Дь., «Бичик», 2000.

  8. Кондакова У. Ф. «Вербальные игры как средство повышения профессиональной подготовки будущего учителя» (автореферат диссертации на соискание ученой степени кандидата педагогических наук), Якутск - 2002.

  9. Кондакова У. Ф. «Тыл оонньуута», Дь., 1994.

  1. Кульневич СВ. «Педагогика личности от концепций до технологий» (учебное пособие), Ростов — на — Дону, ТЦ «Учитель», 2001.

  2. Материалы республиканской научно — практической конференции «Новые информационные технологии», Я., 2001.

  3. Николаев Л. Г., Данилов Ф. Э. «Саха саарыннара», Дь., «Кудук»,1998.

  4. Николаев И. И. «Эпоха», Я., 2002.

  5. Окорокова В. Б. «Этигэн сурэх айманар тойуга», Дь., «Бичик», 2002.

  1. 15.Палат Е. С, Бухаркина М. Ю., Моисеева М. В., Петров А. Е. «Новые педагогические и информационные технологии в системе образования», Москва, «Академия», 2000.

  1. Павлов А. Н. — Дабыл, Афанасьев Л. А. — Тэрис «Ташса», Дь., «Бичик», 2001.

  2. Поликарпова Е. М. «Хопоонноохтук аадыы», Дь., 1992.

  3. Поликарпова Е. М. «Литература уруога — айар улэ», Дь., 1999.

  4. Попова М. А. «Саха терут культурата» (1 чаапа), Дь., 1993.

  5. Попова М. А. «Саха терут культурата» (4 чаапа), Дь.,

  6. Попова М. А.. Павлов А. Н. «Саха угэпин терут ейдебулэ», Дь., «Бичик», 2000.

  7. Попова М. А. «Саха литературатыгар тирэх бэлиэлэр», Дь., 1999.

  1. Рез 3. Я. «Методика преподавания литературы», М., 1985.

  2. Саввинов В. М., Додока С. Н. «Информационные технологии в образовании» (тезисы выступлений и докладов), Я., 2001.

  3. Семенова А. Д. «Коллективный способ обучения» (в помощь учителю), Я., 1995.

  4. Селевко Г. К.

  5. Смелкова 3. С. «Педагогическое общение» (теория и практика учебного диалога на уроках словесности), М., изд — во «Флинта», «Наука», 1999.

  6. Филиппова Н. П., Шишигина В. Р., Максимова М. Е. «Норуот айымньыта уонна литература» (саха оскуолатын программата), Дь., 1996.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Литература

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 11 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
«Литертура уруогун уорэтии кодьуустээх ньымалара»

Автор: Неустроева Юнна Павловна

Дата: 30.01.2017

Номер свидетельства: 385365


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства