Здравствуйте, отправляю на публикацию презентацию
Просмотр содержимого документа
«Саха тылын историята»
САХА ТЫЛЫН үөрэтии ИСТОРИЯТыттан
Онордо: Куьуур орто оскуолатын педагог-библиотекара Попова Н.Ф.
Аан дойдуга барыта 2500 тахса араас омук тыла баар. Саха тыла тюрк омук тылларыттан т өрүттээх . Ол гынан баран төрүттэрбит эрдэ арахсаннар уонна атын омуктары кытта бодоруһан, биһиги тылбыт уруулуу тюрк тылларыттан туспатыйан хаалбыт.
Саха тылын үөрэтиини аан бастаан Филипп Иоганн Табберт (Страленберг) (1676-1747) шведскэй капитаан са5алаабыта. 1730 с. «Северные и Восточные части Европы и Азии» үлэтигэр саха тылын төрүтүн туһунан суруйбута .
1692 с. Амстердам бургомистра, географ уонна этнограф Николо Корнелиус Витзен (1641-1717Сс.) сахалыы ахсаан ааттары сурукка киллэрбитэ уонна «Отче наш» тексин сахалыы тылбаастаабыта.
Немец уонна нуучча аатырбыт Профессора Симон Паллас (1741-1811) 1887 с. аан бастакы сахалыы-нууччалыы тылдьыты бэчээттэппитэ. Бу тылдьыкка 300-чэкэ сахалыы тылы суруйбута.
Өлүөхүмэ таңаратын дьиэтин а5абыыта Георгий Яковлевич Попов 1819 с.саха бастакы алфавитын оңорбута.
1858 сыллаахха миссионер Дионисий Хитров сахалыы атын алфавиты та һаарар . Бу алфавит үксүн таңара үөрэ5ин тар5атыыга туттуллубут эбит.
Саха тылын бастаан үөрэтиигэ улахан өңөлөөх немец академига Отто Николаевич Бетлингк буолар.
Отто Бётлингк саха алфавитын 1851 сыллаахха оҥорбута. Бу алфавит 1917 сыллаахха диэри туттуллубут. Кылгас кэм иһигэр «Сахалар тылларын туһунан» кинигэ суруйар.
Нуучча тюрколога Василий Васильевич Радлов (1837-1917) саха тылын атын тюрк тылларыгар тэҥнээн үөрэппитэ.
Эдуард Карлович Пекарскай саха тылын 50 сыл устата үөрэппитэ. Саха сиригэр уопсайа 24 сыл олорбута.1907-1930 сылларга саха тылын тылдьытын 13 выпуһун та һаарбыта .
Бетлингк «Сахалар тылларын туһунан» кинигэтигэр бастатан туран 1851 сыллаахха Афанасий Яковлевич Уваровскай суруйбут «Ахтыылара » киирбитэ .
Семён Андреевич Новгородов бастакы советскай кэмнээ5и алфавиты олохтообута. Бу алфавитынан 1920-1930 сылларга 200-чэкэ кинигэ бэчээттэммитэ.
С.А.Новгородов 1917 сыллаахха «Сахалыы сурук-бичик» диэн ааттаан сахалыы бастакы букубаары таһаартарар
Саха уус-уран литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай Саха сирин оройуоннарын кэрийэ сылдьан, норуот тылын, өһүн хоһооннорун, фольклорун хомуйбута. Кини тылга 8 үлэни бэчээттэппитэ.
Платон Алексеевич Ойуунускай тылга бастакы кандидатскай диссертацияны көмүскээбитэ. Саха сиригэр тылы, культураны үөрэтэр бастакы научнай тэрилтэ директора этэ,Бастакы
«Термин-орфография тылдьытын» оҥорбута .
Суруйааччы А.А.Иванов-К үндэ саха тылын терминин уонна орфографиятын олохтонуутугар бэрт улахан өңөлөөх , Саха тылыгар хас да учебник автора.
Лука Никифорович Харитонов (1901-1972) 1939с. наука кандидатын ученай степенин ылбыта. Кини сахалартан бастакы бөдөҥ тыл үөрэхтээ 5 э,биллэр-көстөр тюрколог (тюрк тылларын чинчийээччи ).
Елизавета Ивановна Убрятова омугунан нуучча, 1932 с. Таймыр национальнай уокуругар долган сахаларыгар кэлэн учууталлаабыта. Онтон ыла саха тылын үчүгэйдик билэрэ. 1940 с. долганнар тылларын туһунан үлэ суруйбута.
Тыл диэн норуот историятын музейа буолар.