kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Библиотечный урок "Халандаар-норуот угэhин кэрэhитэ"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Якутский календарь раскрывает культуру и традицию якутского народа. Прививает интерес к изучению народных традиций.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Библиотечный урок "Халандаар-норуот угэhин кэрэhитэ"»

Техническэй наука доктора А.Е.Слепцов аатынан Абый орто оскуолата

Библиотечнай уруок. Библиотекарь Слепцова Г.К.

Тема: Халандаар-норуот үгэhин кэрэhитэ.

Кылаас: 6-7

Предмет: Саха тɵрүт культурата

Уруок сыала:

1.Саха халандаарын нөӊүө норуот оло5ун-дьаьа5ын,культуратын билиhиннэрии;

2. О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы

3. Бэйэ культуратынан киэн туттууну, тапталы уhугуннарыы

Уруок тиибэ: Сана теманы барыы

Уруок көрүӊэ: смешанный вид (беседа,лекция,презентация,опрос)

Атын предметтэри кытта сибээhэ (междисциплинарная связь): аан дойду культурата, история, биология,музыка,физкультура,математика, олохтоох материал

Физминутка: дьыл кэминэн музыкальнай сынньалан

Уруок аныгы технологията: презентация гиперсыылка көмөтүнэн оноhуллунна, музыкалаах

Уруок агрокомпонена: Сахалыы ыйдар улэни кытта сибээстээх ааттара, олохтоох матырыйаал, Дьыл о5уhа о.д.а.















Уруок хаамыыта

Дорооболорун! (Билиhиннэрии) Бүгүӊӊү уруокпутугар санаа5ытын нууччалыы да,сахалыы да тылынан этиэххитин сөп. Бары көхтөөхтүк кыттаргытыгар ынырабыт

Уруоктан билиэхпит:

  • Былыргы сахалар куну-дьылы хайдах аа5ар ньымаларын;

  • Сахалыы ыйдар ааттарын билэн тахсыахпыт

  • Араас омуктар халандаардарын арааhын;

1.Киирии: Эhиги дьиэ5итигэр халандаардааххыт дуо?

Халандаар туох туhалаа5ый?

Арай халандаара суох эбиппит буоллар? (о5олор эппиэттэрэ)

Онон, халандаара суох аныгы дьон сатаммаппыт.

Халандаар араас омукка барыларыгар баар. Кинилэр бу халандаардарыгар бэйэлэрин олохторун,культураларын ураты бэлиэлэрэ көстөр.

(слайд: араас омуктар халандаардара)

Оттон сахаларга халандаар баара буолуо дуо? Биллэн турар баара.

Былыр-былыргыттан сахалар куну-дьылы кэтээн корор угэстээхтэр. Бу улэни-хамнаhы аттарарга,былаанныырга улахан туhалаах уонна комолоох эбит. Дьэ ол иьин сахалар «Дьыл маhа» диэн ааттаан халандаар оностор эбиттэр. Бу халандаарга кинилэр от-мас ситиитин,котор – суурэр кэлиитин, улэ-хамнас са5аланыытын бэлиэтээн иhэллэр эбит. Онон, халандаар бастакы анала - билгэни, куну-дьылы бэлиэтиир мал эбит.

(слайд)

Ыйдар ааттара омук-омук ахсын атын.

Сылга 12 ый баар. Кинилэр бары ааттаахтар. Ким ыйдар ааттарын этиэ5эй?

Оттон сахалыы?

Сахалыы ким билэрий? Бары аа5абыт. Билигин ханнык ый эбитий?

Холобур,мин май ыйга төрөөбүтүм. Ол аата сахалыы туох диэн ыйга төрөөбүппүнүй? Оттон эhиги?

(2-3 о5о эппиэтэ)

Билигин биhиги сахалыы ыйдар ааттарын кытта билсиhиэхпит. Ый – ыйар,ыйынньык диэн суолталаах(справочник)

(слайд)

Өҥнөрүн көрдүбүт эрэ, то5о ыйдар ааттарын араас-араас өҥүнэн кырааскалаатыбыт? (о5олор эппиэттэр: дьыл өҥнөрө)

Сахалыы ыйдар ааттарын хатылааhын.

Сынньалан (дьыл кэмин хатылааhын)

Дьыл о5уhа-тымныы символа. Олунньу ый олус тымныы. 50-54% диэри быйыл тымныйда. Олус уhуннук үɵрэммэтибит. Саха халандаара кэпсииринэн, Дьыл о5уhа биьиэхэ тымныыны ыытар. 1 муоhа-олунньу 12 күнүгэр, 2 муоhа-олунньу 24 к, онтон тɵбɵтɵ-кулун тутар-30 күнүгэр. Барыта түстэ5инэ кɵхсɵ сиик буолан халлаанна кɵтɵр диэн ɵбүгэлэрбит ɵйдүүллэр.

Абыйга саха халандаарынан туhанар дьон бааллар. Мин бугун эhиэхэ кɵрдɵрɵ а5аллым.

(Абый ыалларын туттар сахалыы халандаардара, халандаары онорбут кыргыттар ситиhиилэрэ)

Билигин миэхэ ким ба5алаах тахсан халандаарга бэйэтин тɵрɵɵбүт күнүн,ыйын тахсан бэлиэтиэ5э.

(учуутал көрөн уруокка кыттыыны ылбатах о5олору ынырар)



Сахалыы ыйдар ааттарын хатылааhын.Нууччалыы ыйдар ааттарыгар сахалыы ыйдар ааттарын холбуубут.

Түмүк:

Онон,культура5ытын үɵрэтин уонна Абый кыргыттарын курдук ситиhиилээх буолун! Бол5омто5ут иhин баhыыбаларын!




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Школьному библиотекарю

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 5 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Библиотечный урок "Халандаар-норуот угэhин кэрэhитэ"

Автор: Слепцова Галина Константиновна

Дата: 24.03.2020

Номер свидетельства: 543991


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства