Театрализованнай дьуьуйуу
«Ытык Ийэ»
Вед: Күн күбэй Ийэ. Тɵhɵлɵɵх киьи эн ааккын киэн туттан ааттыырый? Ийэ истиҥ иэйиитэ, у5арыйбат таптала, мунура суох бэриниитэ кимиэхэ да5аны күндүттэн күндү.
Ытык Ийэ А5а дойдуну кɵмүскүүр уодаhыннаах сэриигэ, биэс уолун атаарбыт, ол биэс хотойдоро Ийэ дойдуларын кɵмүскээн кыргыhыы толоонугар охтубут улахан аhыыларын уйбут, сэрии ыарахан сылларыгар бар дьоннорун кытары тыылга күүс-күдэх буолбут, бутун саха норуотун ытыктанар ийэтэ.
Бу маннык күн күбэй, ытык ийэнэн буолар Феврония Николаевна Малгина-Хобороос.
(Эйэлээх олох. Уолаттар ийэлэрин кытта олороллор, на5ыл музыка тыаьыыр.)
Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн оло5о, былыта суох халлаанна этиҥ эппитинии биирдэ сатарыйбыта, аймаммыта.
( «Вставай страна огромная» музыка тыаьыыр, бары туран кэлэллэр)
Кырыктаах сэрии са5аламмытын туhунан ыар сурах ыал аайы тар5аммыта. Сэриигэ атаарар аймал5ан алаастары, тыалары толорбута. (уолаттар гимнастерка кэтэллэр, рюкзактарын сугэллэр)
Ийэ барахсан кɵччɵх гынан кɵтүппүт биэс уолаттарын сэриигэ биир-биир атаартаабыта. ( Ийэ уолаттарын сэриигэ атаарар, «Мин мантан сэриигэ барбытым» ырыа)
Вед:Бу манна, бүтэйдээх Мɵҥүрүɵн алааска
Олоорто эбэбит эмээхсин.
Өр да ɵр күүлэттэн күүппүтэ, муҥ саатар,
Биир уола эргиллэн кэлиэ5ин.
Чаанньыгын ɵрɵрɵ, чааскытын тардара
Эрэлин сүтэрбит эмээхсин.
Уолаттар мас кэрпит, оттообут сирдэрэ
Саас аайы тиллэрэ кэрэтик…(Ийэ хатын таьыгар тиийэн турар)
Биэс уола-ат бɵ5ɵ, кус быhый эрэттэр
Баартара бу мантан сэриигэ.
«Эн уолун хорсуннук ɵллɵ!»-диэн кэлбитэ
Биэс тɵгүл биллэрии суруга!..
Бу манна олоорто, Сыҥаьа алааска,
Аас манан баттахтаах эмээхсин.
Күүппүтэ биэс уолун уот отто, уу баhа,
Кууhара күн уоттаах сэргэтин…
( Ийэ хатынын таьыгар турар.Курус музыка тыаьыыр. Прожектор Ийэни кердерер. Ол кэмнэ уолаттар киирэн тураллар)
Вед: Эн. Кун кубэй ийэ барахсан кɵччɵх гынан кɵтүппүт уолаттаргыттан арахсан, ыарахан күннэр үɵрүүгүн-хомолто5ун бииргэ үллэстибит Аар маҥан хатыҥҥар кэлбитин. Хараххыттан тохтор аhыылаах, кутур5аннаах итии таммахтартан күɵ5үнэн күлэ турбут сэбирдэх хараара хатан иьэр курдуга. Сэрии диэн уодаьыннаах сурахтан күɵх тɵлɵнүнэн ɵрɵ тыына турбут чараҥ, хайыы-үйэ5э хара тордо5унан уhууран сир-дойду эмискэ иhийэ түспүтэ.
(Сцена5а уот арахсар, Прожектор биир биир уолаттары кердерер. Ийэ5э эмиэ прожектор тыгар)
1: Бастакы уол: Ийээ, атаака5а киирэн иhэн иҥнибит курдук охтон түспүтүм. Сирдиин халлаанныын түɵрэ эргийэн, саба туhэн эрэрин ɵйдүүбүн. (туннэри хайыьар)
Вед: Улахан уола-Алексей 1941 сыл кыьыныгар кыргыьыы толоонугар охтубута.
2: Иккис уол: Итэ5эй ийээ, тохтубут кыа хаан итии тɵлɵнүн итии суоhуттан ииним урдугэр сибэкки тыллыа, күɵх сирэм буолан күɵгэйэ тыллыа. (туннэри хайыьар)
Вед: Иккис уол-кыра Алексей 1941 сыл сааьыгар хорсуннук ɵлбутэ.
3: Уьус уол: Ийээ, танкам умайда, охсуьуу саамай уоттаах үгэнигэр охтон хаалбытым олус кыьыылаах. (туннэри хайыьар)
Вед: Уьус уол-Петр 1942 сыллаахха Ийэ дойдутун иьин оло5ун толук уурбута.
4: Тердус уол: Ийээ, бу сэрии суостаах уотугар сидьиҥ ɵстɵɵ5ү кыайар туьугар сүрэхпэр ɵс-саас тɵлɵнɵ сүппэтэ…(туннэри хайыьар)
Вед: Тɵрдүс уол-Василий 1942 сыллаахха сура5а суох сүппү.тэ
5: Бэьис уол: Ийээ, убайдарбын, бырааппын суох гыммыт ɵстɵɵхтɵр ɵhү- сааьы ситэри ситиспэккэ охсуьа сылдьан охтор кыьыытыан, абатыан…(туннэри хайыьар)
Вед: Бэьис уол-Спиридон 1944 сыллаахха кыргыьыы хонуутугар хорсуннук ɵлбүтэ.
(сурэх тэбэр тыаьа) ( Прожектор Ийэ5э тыгар, сцена5а уот умайар. Бу кэмнэ Ийэ охтубут хатынын анныгар олорор, хара5ын уутун соттор)
( Уолаттар ырыалара «Биэс уолаттарым». Ыллаан бутэн, тахсан бараллар. Ийэ эмиэ туран уолаттарын кэннилэриттэн тахсан барар)
Хаhан да, хаhан да сэрии хара былыта халыйбатын! Куруутун күөх чэмэлэй халлаан, кундэлэс кун, тапталынан угуттаммыт дьоллоох олох кун сиригэр туругурдун!
Албан аат – Улуу сэрии хорсун саллааттарыгар, албан аат!
Сүдү кэриэс – ытык ийэлэргэ!