kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Уол о5ону иитии

Нажмите, чтобы узнать подробности

Данная разработка направлена по воспитанию детей подросткого возраста

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Уол о5ону иитии»

Муниципальное бюджетное образовательное организация

«Дая – амгинская средняя общеобразовательная школа имени Х.И.Кашкина»
















Проект «Уол о5ону иитии»




Разработала учитель родного языка и литературы (якутского):

Моттуева Майя Сергеевна




























2020 г.


Уол о5ону иитии

Уол о5о айыл5атынан симик, элбэх саната-инэтэ суох буолар. Онон кыргыттарга баhыйтарара угус.

Уол о5ону тереебут тылынан хомо5ойдук кэпсэтэр, санаатын сааhылаан этэр, суруйар дьо5урун сайыннарар сыалтан ийэ тыбыт илдьит, сирдьит, сиэрдьит, сэhэнньит, ураты омук буоларбытын билинэр сурун еруппут буоларын ейдетуу.

Угус учуонайдар, кыраайы уерэтээччилэр, педагогтар улэлэрин ырытан кердеххе, норуот педагогикатыгар ыалга утуе угэhи олохсутуу ситимэ баар. Норуот педагогикатыгар утуе угэhи олохсутууну, о5ону иитэр ньымалары дьон араастаан толкуйдаан, ырытан кереллер.

Сурун соругум: норуот кууhэ ейугэр, ейун кууhэ тылыгар. Уол о5ону иитиигэ ебугэ терут угэстэрин ненуе ис уйул5атын уhугуннаран, киhи быhыытынан сайыннарыы.

Уйэ сайдан истэ5ин ахсын кини дьалхаана улаатар, олохтон ирдиир ирдэбилэ ыарыыр, уксуур, ону тэнэ мунура суох сайдар. Ол онно сеп тубэhэр, соhуйан, уолуйан олорон хаалбат туhугар кыhаныы – биhиги бугунну куммут ирдэбилэ.

Бэлэм буолуубут терде – о5олорбутугар, сана киhиэхэ, кинилэр хайдах оло5у уйар дьон буолан тахсыыларыгар, орто дойду оло5ун хайдах тустууллэригэр.

Олоххо бэлэмнээх киhи диэн биhиги бугун хайдах киhини ааттыахпытын себуй?

- Олох хайдах хааман иhиититтэн керен, бэйэтин дьыл5атын оностунар, дьон-сэргэ ортотугар холкутук сананан олорор-улэлиир, оло5ун суолун бэйэтэ тыырынар кыахтаах киhи.

- Ааспыт оло5у салгыыр, билинни оло5у тутар, кэлэр оло5у тустуур уhун киэн санаалаах киhи.

- Киhилии киhи, киhи киhитэ, дьон киhитэ, норуот киhитэ, ытык иэhи ейдуур киhи.

- Тус оло5ун дьоло бэйэтиттэн эрэ тутулуктаа5ын, ону таhынан олох кэрэтин ейдуур, олох толору дьолун билэргэ, сатаан туhанарга дьулуhар киhи.

- Бэйэтин культуратын таhынан атын омук культуратын, тылын убаастыыр, билэр киhи.

- Улэттэн толлубат, улэттэн дьоллонор, дуоhуйар, улэнэн киэн туттар, олох ыарахаттарыттан толлубат киhи.

- Айыл5а кууhун сатаан туhанар, харыстыыр, араначчылыыр уонна бэйэтин туругун сатаан харыстанар, бе5ергетунэр киhи.

Саха о5ону иитэригэр угус уратылаа5ын профессор В.Ф.Афанасьев «Этнопедагогика нерусских народов Сибири и Дальнего Востока » улэтигэр сиьилии ырыппыт. Бу улэ 1979с. Якутскайга бэчээттэнэн тахсыбыта. Профессор В.Ф.Афанасьев уоьэ аатаммыт улэтигэр оло5уран, о5ону иитэргэ саха омуга туох угэстэрдээ5ин ырытабыт.

Кини норуот уйэттэн уйэ5э чочуйан, угус ньыманы мунньан, о5о иитиитигэр кытаанахтык тутуьарын, бэйэтэ туьанарын ыйбыта. Бу теhе да «суруллубатах сокуонунан» аа5ыллыбытын иhин, кырдьа5ас эдэргэ, тереппут о5отугар инэрэр олох бэйэтэ ирдиир кытаанах ыйаахтара буолаллар. Норуот педагогикатын диринник уерэппит учуонай керуулэрэ,тумуктурэ суруннуур оруоллаахтарын бу улэ5э киэнник сырдатыллар.

Профессор о5о иитиитигэр элбэх суолу ыйбыта.

I. Саха киьитэ о5отун утуо сыалга уорэтэрэ.

1. Ийэтигэр, а5атыгар, эhэтигэр, эбэтигэр дьиэ иhинээ5и дьонно барытыгар утуе сыhыаны олохтооhун. Утуе тереппут о5ону кытары сепке сыhыаннаhары сатыыра. О5о-тереппут, о5о-аймах сыьыана, тереппут уерэ5инэн ытыктабылга, тапталга оло5урара. Ол иhин кырдьа5аhы ытыктааhын, кинилэри урдуктук тутуу саха оло5ор -дьаhа5ар куускэ кестере. Эьэ, эбэ, атын да кырдьа5ас аймах субэтэ ылыныллара, аахсыллара. Онон кырдьа5ас киьи о5о иитиитигэр ураты суолтаны ылара, ей-санаа, майгы- сигили еттугэр куускэ дьайара. А5а-о5о, ийэ-о5о сыhыаннара о5о кыра сааhыттан тутулуктанара. О5олорун кытта куннээ5и улэни, дьиэ иhигэр буолары субэлэhэллэрэ, о5олоро этэрин сэнээрэллэрэ, харыстанньан буоларга иитэллэрэ.

Итини барытын то5ооhугар тубэhиннэрэн сэргээн, хай5аан, тэптэрэн ситиhллэрэ. В.Ф. Афанасьев хай5ааhын утуе ньымаларын быhыытынан манныктары бэлиэтиир: тылынан хай5ааhын; о5ону себулуур дьонугар хонноро эбэтэр дьаарбата ыытыы; бултуу, сир астыы, сири-дойдуну кере баралларыгар бэйэни кытта илдьии; о5о ба5атынан сонун аhы астааhын.

О5о сурэ5элдьиир, бэрээдэги кэhэр тубэлтэтигэр, толоругаhа суох буолла5ына сэмэлэнэр. Буруйдааhын керунэ араас буолара: хомолтону биллэрии, киhи истибэтигэр сэмэлээhин, буруйдаа5ы ааттабакка эрэ ханарытан этии, арыт таhыйыы. О5ону уерэтии-такайыы айыыны кытта сибээстэнэрэ, ол сиэринэн угус бопсуу онно оло5урара.

2. Улэ5э септеех сыhыаны иитии киhи олох олорорун терде буоларын таба ейдууллэрэ; ол иhин быстах улэ5э илдьэ сылдьаллара, о5о керуутун-харайыытын итэ5эйэллэрэ, о5о ылыммыт улэтин тиhэ5эр тиэрдэрин ситиhэллэрэ. Онон улэhит, тулуйумтуо, улэ5э булугас ейдеех, иннэн-толлон турбат буоларга иитэр угэстэри ньымалары сатаан туhаналлара. Балыксыт, булчут саха о5отун бэйэтин кытта илдьэ сылдьан кыылы суоллуурга, миэстэни ейдеен керерге, булду бултаhарга уерэтэрэ.

3. Ураты уерэх айыл5а5а сыhыана иитии буолара. Айыл5а5а харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга уерэтии о5о олох кыра сааhыттан са5аланара. Онон ордук куустээх этэ. Тереппуттэр тулалаан турар айыл5аны: тыаны, ууну, хонууну олус харыстыыллара, онуоха септеех элбэх угэhи билэллэрэ, тутуhаллара. Сайылыкка тахсалларыгар, кыстыкка киирэллэригэр олорбут сирдэрин хайаан да ыраастыыллара; дьиэ таhын хомуйан, бе5ун-сыыhын уматан иhэллэрэ. Кыылы, кетеру хайа тубэhиэх елербеттере. Барыта кэмнээх, сиэрдээх-туомнаах буолара. Дьон сиргэ-дойдуга ытыктаылаахтык сыhыаннаhара, улаханнык айдаарбат буолара, ытык сиргэ тыас-уус суох буоларыгар кыhанара. Ханна да сылдьыбытын иhин о5о тереппутун кытта сылдьара, киниттэн уерэнэрэ.

II. Киhилии сиэри-майгыны иитии араас еруттээхтик барара. О5ону сиэрдээх быhыыга, утуе майгыга уерэтэр элбэх угэhи билэллэрэ, онон угус субэни биэрэллэрэ. «Кырдьа5аhы, кыамматы кулуу-элэк оностума», «Улахан дьонтон ыйыппакка эрэ тугу да ылыма», «Туора киhи малыгар ымсыырыма», - диэн курдук субэ элбэх буолара.

Саха атын угус омуктан биир ураты майгыта-кенете, чиэhинэйэ. Кини атын киhи гиэнин хайа да тубэлтэ5э тыыппатын туора омук киhитэ мэлдьи се5ен-махтайан бэлиэтиирэ.

Саха киhитин атын уратытынан ыалдьытымсах майгыта буолара.

О5о иитиитигэр тереппут тус холобурун урдуктук сыаналаабыта. Олоххо кэтээн керуутунэн, тус бэйэтин оло5уттан, кырдьа5астар бэргэн этиилэриттэн холобур а5алталаабыта: «О5ону кытта сэрэнэн кэпсэт», «Куhа5ан холобур тургэнник сыстар» о.д.а.

Иитии

Сыhыаныы

олохсутуу

Тулалыыр эйгэни билиhиннэрии

Оонньуу

Сиэри-мйгыны

Олохсутуу


-хамсыыр-харамай

-уунээйи

-куну-дьылы билгэлээhин

-астрология

-хамсаныылаах

-быhыыга-майгыга сеп тубэhэр


-дьонно

-улэ5э

-айыл5а5а

-чиэhинэй,кене майгы

-алдьытымсах

-иэйии,уйул5а

-махтанары сатыыр


Улэ

Тус бэйэ холобура


Олонхо, таабырын, остуоруйа, ес хоhооно,ырыа-тойук, уhуйээн, алгыс, чабыр5ах, анда5ар

Тылынан уус-уран айымньы

-себулээбэти биллэрии

-сэмэлээhин

-ме5уу

-дьарайыы

-таhыйыы

Сэмэлээhин

Хай5ааhын


-тылынан хай5ал

-ыалга хонноро ыытыы

-таптыыр аhын астааhын


III. Оонньуу. Ооннуу суолтатын тереппут табатык ейдеен, о5отун иитиитигэр сепке туhанара.

Оонньуу арааhыттан профессор суурэр-кетер, хамсанар-имсэнэр керуннэри: куобах, кылыы, ыстана, буур, хапса5ай, мас тардыhыы, кулун куллуруhуу курдуктары быhаарар. Саха хамсаныылаах оонньуунан этин –хаанын эрчийэрин атын омук дьоно бэлиэтииллэр.

Хас биирдии тереппут о5ото учугэй киhи буоларыгар кыhаллар, бол5омтотун уурар. Тыл-ес, быhыы-майгы, ей- санаа терут ейдебулэрин о5о 4-5 сааьыгар диэри инэринэр диэн педагогика уорэ5э бигэргэтэр.

Улуу педагог А.С. Макаренко маннык эппиттээх: «Иитии сурун теруттэрэ о5о 5сааьыгар диэри оноhуллар. Эьиги о5о 5 диэри онорбуккут – бу иитии бары процеьын 90%». Маны ордук эдэр тереппут билэрэ наада. Оччо5о кини о5отун кыратыгар улахан бол5омтотун ей-санаа, тыл-ес, быьыы-майгы эт-хаан еттунэн сайдыытыгар улахан бол5омтотун ууруох этэ. «Дьиэ кэргэн педагогикатын ис дьинин ыал оло5о-дьаьа5а быьаарар», - диэн академик К.С. Чиряев эппитэ.

«О5о-киhи дьоло, эрэлэ» - диэн ес хоьоонун сирдэтэн хас биирдии тереппут о5ону иитэн, киьи-хара онорон, инники оло5ор суол арыйар сыала.

О5о уйул5атын чопчу билэн, кини кыа5ын учуотаан, ба5атын интэриэьиргээн, маны барытын холбоон, чочуйан киьи гыныы- бу тереппут уеруутэ, дьоло.

Биьиги дьиэ кэргэн иитэр сурун ньымаларбыт манныктар:

- уерэ5и интэриэьиргээhин, хонтуруоллааьын ирдээhин

- улэнэн иитии

- о5о дьо5урун таба керен, ейеен, субэ – ама биэрэн сайыннарыы

- бары бииргэ дьиэ кэргэнинэн тумсуулээх буолары ситиьии

- эт-хаан ертунэн эрчийии, сайыннарыы

- кердерен уерэтии утугуннэрии

- тереппут тус холобура.

1. Биир сурун ньымабыт улэнэн иитии. О5олорбут тус туьунан баьылыыр улэлээхтэр. Дьиэ ис – тас улэтин барытын кинилэр сугэллэр.

Кыыс, уол улэтэ диэн араарбакка, барытыгар сыста5ас буоларга уерэтэбит. Ол курдук, улахан уол хаар курдьэн, мас киллэрэн оьох оттон, ас астаан, дьиэ хомуйан тутаах дьоннор. Орто о5обут кыыс - хортуоска ыраастааьына, иьит сууйуу, онтон кыра уол оонньуурдарын хомуйан, эдьиийдээх убайыгар «илии- атах » буолар. Сайын о5уруот улэтигэр бары бииргэ улэлээн, уу кутан, сыыс от ыраастаан туьалара баьаам. Аны сибэкки арааьын ууннэрэн кереллер – харайаллар. Улахан уол сайын эhэтин аа5ы кытта от улэтигэр улэлиир. Ити курдук, саастарыгар себе да суох улэттэн са5алаан о5олорбутун улэ5эсыста5ас дьон буола улааталларын ситиhэит, улэни тэрийэбит. Сайын аайы сир аьын эгэлгэтин хомуйан, кыьынныга барыанньа онорон, хаьаанабыт. Ханнык отон хайа кэмнэ ситэрин, хомулларын бэркэ билэллэр, кэтэьэллэр. Улэни бары кемелеен, саба туьэн улэлиир угэстээхпит. Саас буолла да мас саhааннааhына, олбуор иьин хомуйуута, рассада олордуута са5аланар. Аны ким эмэ куонкуруска, концертка кыттар буолла5ына бары саба туьэн бэлэмниибит. Ким тумсуулээх – ол кыайыылаах диэн ойдобулунэн салайтарабыт.

2. иккис сурун ньымабыт - кинигэни сэнээрэр буолууларын ирдиибит.

Хаьыаттарга, араас энциклопедияларга суруйтаран, араас сонуннары билэллэрин ситиhэн аа5ан кэпсээн,кердерен биэрэбит.

  1. Уhус сурун ньымабыт – о5о дьо5урун таба керен, ейеен, субэ – ама биэрэн сайыннарыы. О5олорбут кыра эрдэхтэриттэн кыахтарынан, ба5аларынан дьо5урдара, сатабыллара сайдар усулуобуйатын тэрийэбит. Кыраларыттан кыптыый, иннэ, фломастер, гуашь, акварель, харандаас, пластилин тутта уерэммиттэрэ. Учуутал киьи улэбэр бэлэмнэнэ олордохпуна, бары тэннэ уруhуйдаhан бараллара. Тереебут куннэригэр, улахан бырааhынньыктарга хаhыат таhаарар угэстээхтэр. О5олор улаатан истэхтэрин ахсын сайдар эйгэлэрин кэнэтэ – сайыннара сатыыбыт. Араас ыйынньыктары, энциклопедиялары мунньабыт, суруттаран ылабыт.

  2. О5ону эт-хаан ортунэн доруобай буоларга уорэтии.

О5о доруобуйата кини этин – хаанын эрчийииттэн олус улахан тутулуктаах. А5абыт эт-хаан еттунэн чэбдигирдэр, сайыннарар сыалтан, хачыалтан са5алаан араас тэриллэри онорбута. Саас буолла да, дьиэ кэргэнинэн хайыhардыыбыт, ханкылыыбыт. Техникабытынан тыа5а куулэйдии, отоннуу, тэллэйдии барабыт.

Остуол тенниьыгар бары оонньуубут.

Аны волейболу собулээн оонньуубут. Кыьын дьиэбитигэр дуобат, саахымат, араас остуол оонньуулара ыытыллаллар.

Ханнык ба5арар о5о5о дьо5ур уескэмэ хайаан да баар буолар. Ону таба керен, кэмигэр сайыннаран, ейеен иьиэххэ наада. Онно дьиэ кэргэн уьулуччу суолталаа5а мэлдьэ5э суох.

  1. Тороппут тус холобурунан иитиигэ –биир сурун суолтаны ылар.

Ханнык ба5арар о5о чугас дьонуттан, тереппуттэриттэн холобур ылан, иитиллэн тахсар. Манна ийэ, а5а оруола ордук куустээх, «иитии бастакы уонна сурун ньыматын тереппут бэйэтигэр ирдэбилэ, дьиэ кэргэнигэр ытыктабыла, хас хардыытын толкуйдуура буолаллар , - диэн А.С. Макаренко эппитин умнар табыллыбат.

Бэйэни салайыныы киhи сайдыытын биир сурун туоhута. Бэйэни салайыныы бэйэ дьарыгын тэринэ уерэниигэ оло5урар. Уруок кэмигэр бэйэтин дьарыгын тэринэ уерэммит о5о кылаас тас еттугэр дьарыга эмиэ ити сыалга туhуланыахтаах эбит. Кылаас салайааччытын иннигэр эрдэ5эс о5о бэйэтин салайына уерэниитин ситиhэргэ маннык соруктар тураллар дии саныыбын:

  1. Уерэнээччи утуе еруттээх интэриэhэ, идеала, харакера олохсуйарыгар усулуобуйа уескэтии;

  2. Инники сыалы туруоруна уерэнэрин ситиhии;

  3. Соругу ситиhэр суолу-ииhи булунарыгар кемелеhуу;

  4. Кылаас предметник-учууталларын улэлэрин биир суруннээhин;

  5. О5о бэйэтин дьарыгын тэринэ уерэнэригэр тереппуту кытыннарыы.

Онтон бэйэни бэйэ уерэтиниитэ бэйэни бэйэ иитиниитигэр, сайыннарыытыгар тириэрдэр. Л.С. Выготскай уерэтии сайыннарыахтаах диэн мээнэ5э эппэтэ5э.ки этэринэн, сепке тэриллибит уерэх улэтэ, дьарыга ейу, толкуйу сайыннарарын таhынан олоххо туhалаах дьо5урдары инэрэр, о5о личность буоларыгар кемелеhер. Онтон сепке тэриллибит дьарык сорук туруорунуу, былааннаныы, ырытыы, дьайыыны оноруу, хонтуруолланыы, сыаналаныы курдук туhумэхтэртэн турар. О5о бары туhумэ5и этинэн хаанынан билэн ааста5ына эрэ бэйэтин кыа5ын толору туhанар.

Киhи личность буола уунуутэ улэ, улэлээhин кэмигэр барар. Улэлээhин икки хардарыта сибээстээх керуннээ5ин психологтар бэлиэтииллэр:

  1. Предменэй, а.э. практическай – биллэрэр – кердерер. Билии, уеруйэх, сатабыл оло5уруута, киhи-айах уопутун кытта сибээстээх;

  2. Дьону кытта, общество5а хардарыта сыhыан сайдыыта кини киhи социальнай активноhын уескэтэр.

Мин ейдебулум билинни уйэ5э ийэ уол о5ону иитиигэ сурун оруолу суктэ. Ол ебугэ угэhин тумнан иитии атын ерутун ылынна. Урут уол о5ону а5а баыhннара сылдьар эбит буолла5ына, билигин оннук кестуу хана баарый. Уол о5о кэлин а5а буолар тугэнигэр кини хайдах о5отун иитэрий? Ыал а5ата буолуу диэн дьиэ баhылыга диэн ейдебулунэн эрэ мунурдаммат. Бутун дьиэ кэргэни керуу-харайыы, кинилэр тустарыгар кыhаллыы ааттанар. Cыыhа –халты оноhуллар, куhа5ан дьайыы тахсар тубэлтэтигэр туох ханнык иннинэ бастакы ыйытык а5аттан са5аланар. А5а анала, айыл5ата – дьиэ кэргэни харыстааhын. А5а – ыал эрэлэ, тирэ5э, кууhэ.

Былыр саха ыалын баhылыгынан а5алара буолара, кинини дьиэлээх тойон, хаhаайын дииллэрэ. А5алара дьиэ кэргэн баайын барытын бас билэрэ, кыыhын кэргэн биэриини кытта. А5аны ким да утары эппэт, кербет буолара. Кини, кемулуек иннигэр олорор буолла5ына, иннин быhа хаампаттар, куоластарын урдэтэн санарбаттар. Сахалар а5аларын ытыктыыллара, киниттэн толлоллоро.

А5а былааhа улахан, кини кырыйда5ына, былааhа улахан уолга кеhер да, кини а5атын кытта еруу субэлэhэр. Саха ыалыгар, уол о5о тереете5унэ, дьиннээх дьолунан, танара бэлэ5инэн аа5аллара.

Урут а5а улэ ньыматыгар уhуйуута билиннитээ5эр быдан улахан кыахтаа5а. О5ото а5а улэтин бытархайыттан улаханыгар, быhах, сугэ уктууруттан са5алаан, дьиэ уот тутуутугар тиийэ барытын бэйэтэ тутан-хабан онорорун аттыттан арахпакка кере, кемелеhе, онорсо улаатара. А5а туулуура-туhахтыыра, кустуура-куобахтыыра, оттуура-мастыыра, сэп-сэбиргэл оносторо, харайара, суеhутун, келетун керунэрэ. О5о а5атын кытта тэннэ сылдьарыттан олоххо-дьаhахха сыhыаннаа5ы бэйэтэ барытын сатыыр, улэ5э сыста5ас, ханнык да улэттэн толлон турбат, ыарахаттартан ча5ыйбат дьаныардаах буола улаатара. Иллэнсийэн, мээнэ, биэрэс тэбэ, а5ала сатыы-сатыы уhуннук утуйуу диэннэри билбэт этэ.

Улэ кэмигэр а5а о5отунуун чугасыhыыта, до5ордоhуута дебеннук сайдара. А5а аптарытыата, бугунну курдук улэ5э тылынан ынырыынан, тылын эрэ такайан буолбакка, чахчылаахтык, кестер улэнэн, улэ5э ситиhиинэн улаатара уонна кедьуустэнэрэ.

Билигин а5алар о5ону улэ5э, сиэргэ-майгыга иитэр кыахтара кыра.

А5алаах эрээри а5ата суох курдук о5олор а5ыйа5а суохтар. Кинилэр а5а утуе сабыдыалын билбит о5олортон уратылаахтар. Маннык о5о олоххо уонна тус бэйэтигэр кердебулэ татым, сыанабыл быhынара намыhах, ыарахантан ча5ыйымтыа. Атын дьоннуун бодороhуутугар эрэйдэнэр.

Олоххо араас а5алар баар буолааччылар:

- авторитарнай а5а. Кини о5о5о дьайыыта куруубай майгыта тирэнэр. «Иитиитэ» диэн кургуйдээhиннэ, кууhунэн ороhуута, еттейуутэ, сааныыга, суоhааhынна, илиинэн дьарыйыыга, кэhэтиигэ, бэл, чахчытык кырбааhынна оло5урар;

- о5о достоинстватын туhэрэн астынар а5алар;

- то5оостоох теруетэ да, матыыба да суох бэйэлэрин кыахтарынан ча5ыланар а5алар;

- о5о интэриэhиттэн ойуччу турар, о5о5о кыhаллыбат а5а.

Онон биhиги о5олорбутуттан маннык дьоннор тахсыбаттарын туhуттан кинилэри эрдэттэн ебугэлэрбит утуе угэстэринэн ииттэхпитинэ эрэ бэйэбит курдук эппиэтинэстээх, олоххо ба5алаах, уруккуну умнубат дьон иитиллэн тахсыахтара диэн эрэнэбин.

Итинэн сиэттэрэн тумукпэр этиэм этэ, сахаларга о5о иитиитигэр норуот педагогикатын уерэтэр-иитэр суолтатыгар, ис тутулугар, уратыларын наардааhыныгар сурун тумук санааларым манныктар:

  1. Киhи киhи быhыытынан суhуе5эр туруутугар сурун суолтаны о5ону киhиэхэ, айыл5а5а, олоххо сыhыанна иитии ылар.

  2. Норуот тылынан уус –уран айымньыта-иитии куустээх ньымата.

  3. Саха куннээ5и оло5ун-дьаhа5ын ирдэбиллэрэ, кэтээн керуулэрэ, сылыктара о5ону иитиигэ анал миэткэлээхтэр. Кыhал5алаах олох дьон ейун сытыылыыр, айар дьо5урун сайыннарар.

  4. Саха – о5омсох омук. О5отун кун сирин керуе5уттэн олох олорорго эрчийэр, хатарар. Онуоха угэhи, сиэри-туому тутуhар; эрчийии, хатарыы кэмин – кэрдиитин билэр.

  5. О5ону иитиигэ олонхо ордук уhулуччу суолталаах. Олонхоттон иитии араас керунун, ньыматын, дьиэ кэргэн тутулун, дьон сыhыанын, бэйэни иитинии суолларын, онтон да атын туhунан сыаналаах субэлэри булуохха сеп.



Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Классному руководителю

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 8 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Уол о5ону иитии

Автор: Моттуева Майя Сергеевна

Дата: 22.01.2021

Номер свидетельства: 570998


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства