kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Ыраас буолуу доруобуйа т?рд? /кылаас чаа?ын сценарийа/

Нажмите, чтобы узнать подробности

2 кылаас.

Темата: «Ыраас буолуу- доруобуйа т?рд?».

Сыала, соруга:

  -Бэйэтин доруобуйатыгар интэриэстээх, илии тириитин, тии?и,                             хара?ы сатаан харыстыырга ??рэтии.                                                               

- Доруобуйаны харыстаа?ы??а уонна б???рг?т??гэ о?о           интэриэ?ин, ба?атын у?угуннарыы.

 -Доруобай буолууга пропагандалаа?ын.

Туттар тэрилэ: Доруобуйа дойдутун картата (станциялар ойуулара, айан суола), автобус ойуута,о?о бэйэтин тиис суунар щетката, тиис суунуу быраабылаата,микроскоп, видеоряд.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Ыраас буолуу доруобуйа т?рд? /кылаас чаа?ын сценарийа/»

Саха Республикатын муниципальнай тэриллии «Кэбээйи улууһа (оройуона)»

муниципальнай казеннай тэриллии «Улуустааҕы үөрэҕирии салалтата»

муниципальнай бюджетнай үөрэхтээһин тэрилтэтин

«Танара уопсай үөрэхтээһин оскуолата»








Ыраас буолуу доруобуйа төрдө

/кылаас чааһын сценарийа/










Алын сүһүөх кылаас учуутала

Иванова Ирина Ивановна






Сайылык 2014 с.


Кылаас чааһын сценарийа

2 кылаас.

Темата: «Ыраас буолуу- доруобуйа төрдө».

Сыала, соруга:

-Бэйэтин доруобуйатыгар интэриэстээх, илии тириитин, тииһи, хараҕы сатаан харыстыырга үөрэтии.

- Доруобуйаны харыстааһыҥҥа уонна бөҕөргөтүүгэ оҕо интэриэһин, баҕатын уһугуннарыы.

-Доруобай буолууга пропагандалааһын.

Туттар тэрилэ: Доруобуйа дойдутун картата (станциялар ойуулара, айан суола), автобус ойуута,оҕо бэйэтин тиис суунар щетката, тиис суунуу быраабылаата,микроскоп, видеоряд.

Кылаас чааһын хаамыыта:

Учуутал- Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор!

Бүгүн биһиги айаҥҥа барыахпыт. Айаммыт картатын көрүҥ эрэ, ханна барабытый? Аата ким диэний? (Карта ыйаныллар).

Үөрэнээччилэр: Доруобуйа дойдутугар.

Учуутал: Доруобуйа дойдутугар тугунан айанныыбытый?

Үөрэнээччилэр: Автобуһунан.

Учуутал: Бары миэстэбитин буллубут уонна айаҥҥа турунабыт.(автобуска олорор курдук олоробут. Станция аата суруллан турар).

Маҥнайгы станциябыт аата «Илиилэр» диэн.

Киһи хараҕар көстүбэт үөннэр . Кирдээх иилиигэ үөскүүллэр. Илиини сууммакка аһаатахха, үөннэрбит испитигэр киирэллэр. Биһиги кылааска бары суунабыт дуо? Хайдах суунаргытын ким көрдөрүөй? Тоҕо иилиилэри харыстыыбытый?

Үөрэнээччи:

Учуутал: Сөпко этэҕит. Учугэйдик мыылалаан тарбахтаргыт быыстарын барытын суунаҕыт, кирдээх илии, тыҥырах нөҥүө араас ыарыы сыстар. Илиигитин хайаан да сылаас, мыылалаах уунан суунуохтааххыт. Суунан баран кураанах гына кичэйэн сотторунан соттуохтааххыт. Илии тириитэ хатырбыт буоллаҕына оҕо креминэн соттоҕут.

Тыҥырах киһи тарбаҕын төбөтүн эчэйииттэн харыстыыр.Ол гынан баран тыҥыраҕы кырыйбакка уһатан,ыраастаабат буоллахха туох буортулаах буоларый?

Үөрэнээччи:

Кирдээх тыҥырах иһигэр киһи хараҕар көстүбэт микробтар бааллар,олор искитигэр киирдэҕинэ ыалдьыаххытын сөп. (микроскобунан көрүү).

Илии тыҥыраҕын нэдиэлэҕэ биирдэ, атах тыҥыраҕын икки нэдиэлэҕэ биирдэ кырыйыллыахтаах.

Учуутал: Аны атын станцияҕа барыахха. Ханнык станцияҕа кэлэрий?

Үөрэнээччи: Тиистэр диэн станция.

Учуутал: -Киһи тииһэ то5о ыалдьарый?

-Тиискэ туохтан хайаҕас үөскүүрүй?

-Тииһи эмтиир бырааһы туох диэн ааттыылларый?

-Тииһи хайдах суунуохтааххытый?

Тиис суунуутун быраабылаата,оҕолор щетканан сууналларыгар көмө сүбэлэр.

Оҕолорго памятка бэриллэр.

Памятка:

-Күҥҥэ тииһи 2 суунуу (сарсыарда уонна киэһэ).

- Минньигэһи аҕыйаҕы сиэ, фрукта, оҕуруот аһын элбэхтик сиэ.

-Тиис ыарыйдаҕына- стоматолокка бар.

Учуутал: Сылайдыгыт дуо? Билигин кыратык сынньаныахпыт. (Физкультминутка).

Учуутал: Автобус харахтар станцияларыгар кэллэ. Киһи хараҕа туох туһалааҕый? Компьютер, телевизор киһи хараҕар туох буортуну оҥороллоруй? Паартаҕа хайдах олоробутуй?

Уһуннук компьютерга, телевизорга, кинигэ ааҕан олордоххо киһи хараҕа сылайар, ыалдьар, көрөрө мөлтүүр. Ол иһин харахтарбытыгар зарядка оҥорорго үөрэтиэҕим.Бары турдубут автобустан таҕыстыбыт.

1.Харахтарбытынан уҥа уонна хаҥас диэки көрөбут.

2. Лыах кынатын сапсынарын курдук, харахтарбытынан чыпчылыйабыт.(1-2 мүнүүтэ).

3.Харахтарбытын сабабыт, саныыбыт биһиги бүгүҥҥү айаммытын.

Учуутал: Билигин «үчүгэй» уонна «куһаҕан» диэн оонньууну оонньуохпут.

Ыйытыыга эппиэттиигит үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн.

1.Илиини, атаҕы суунар хайдаҕый? (Үчүгэй).

2.Утуйуох иннинэ элбэҕи аһыыр? (куһаҕан).

3.Тииспитин суунабыт, күн аайы иккитэ? (үчүгэй).

4.Кутталлаах киинэлэри көрүү? (куһаҕан).

5. Сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сылдьыы?(Үчүгэй).

6.Улахан музыка холбоон истии? (куһаҕан).

Учуутал: Хас сылын аайы ыалдьар оҕолор ахсааннара элбээн иһэр. Ити оҕо режимы тутуспатыттан, сыыһа аһааһынтан, элбэхтик хамсаммакка телевизорга, компьютерга уһуннук олорууттан буолар.

Онон, оҕолор, ити бүгүҥҥү сүбэлэрбитин умнубакка доруобуйабытын бэйэбит көрүнүөххэ. Элбэхтик сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыахха, күнү, ууну, зарядканы кытта доҕордоһуохха, спордунан дьарыктаныахха, оччоҕо эһиги доруобай, бэһиэлэй буола улаатыаххыт. Сөбүлэһэҕит дуо?

Бу курдук автобуспут оскуолабытыгар айаннаан кэллэ.

Ким бугуҥҥу айаммытыттан бэйэтигэр саҥаны биллэ?



Манан кылаас чааһа түмүктэнэр

Бары доруобай буолун!







Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Классному руководителю

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 2 класс

Скачать
Ыраас буолуу доруобуйа т?рд? /кылаас чаа?ын сценарийа/

Автор: Иванова Ирина Ивановна

Дата: 14.11.2015

Номер свидетельства: 252844


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства