«О5ону оскуола5а киирэригэр хайдах бэлэмниэххэ?»
Төрөппүттэргэ көмө.
Сыала: о5ону оскуола5а бэлэмнииргэ тереппуттэргэ субэ-ама биэрии; о5о тарбахтарын былчыцнарын сайыннарыы ньымаларын билиьиннэрии.
- О5ону олох кыратыттан оскуола5а киирэригэр бэлэмниэххэ наада: остуоруйа кэпсээн, кинигэ ойуутунан кэпсээн, кинигэни кердерен, бэйэц холобургунан кинигэни харыстыырга уерэтэ5ин, кинигэ5э интэриэьи тарда5ын, билэ-кере сатыыр дьо5урун сайынара5ын.
Сайыннарыылаах оонньуулары: буукубалаах кубиктары, кырааскалыыр кинигэлэри, мозаикалары, пазллары, конструктордары, доминолары о.д.а. оонньуулары туттуохха сеп. Бу оонньуулар о5о кыьамньытын, бол5омтотун, тулуурун, ейге хатыыр дьо5урун сайыннаралар.
Буукубалары уруьуйдаан о5о элбэхтик сылдьар сиригэр ыйыахха сеп. Теье билэринэн керен уларытан иьэ5ин.
О5о тугунан оонньуурун, тугу оцорорун тереппут интэриэьиргиэхтээх. Холобур уруьуйугар тугу эптэххэ ессее кыраьыабай буолуой? Кырааската дьуерэлэспит дуо? Ессе тугу эбии уруьуйдаан биэриэххэ себуй? Бу маннык куруук интэриэьиргиир буоллахха, о5о5о сацаны оцорорго ба5а уескуур, билиэн-керуен ба5арара элбиир. Сорох о5о тургэн ба5айытык бииртэн бииргэ кеьер, тулуура суох. О5о5ут санаатын ситиьэригэр кемелеьуехтээххит. Холобур, уруьуйун быра5аары гынна5ына хайгыахха, субэлиэххэ. Оонньоон интэриэьэ суттэ5инэ, а5ата курэхтэьии тэрийиэн сеп. Ба5ар о5о дьарыктанар сирэ табыгаьа суо5а буолуо. Маны эмиэ тэрийиэххэ, остуола бэрээдэктээх буоларын ирдиэххэ наада. Ба5ар харандааьын кердууруттэн уруьуйдуур ба5ата суппутэ буолуо.
Уеьээ ыйыллыбыт дьарыктар, оонньуулар, о5о оскуола5а киирэригэр тирэх буолаллар.
Дьиэ5э буукубалары, аьа5ас, бутэй дор5ооннору уерэтэргэ, штриховкалатарга, кун аайы 5 – 10 мунуутэ дьарыктыаххытын наада. Ыалдьар кэмигэр буолбакка. Дьарык кэмигэр о5о сирэйэ кытарыар, тиритиэр, тебете, иьэ ыалдьыар диэри о5ону туппаккын. Хас биирдии сорудахтарын учугэйдик, ба5ар хат-хат да быьаарыахха наада. «Тугу оцоруохтааххын?», «Хайдах оцоруохтааххын» -диэн ыйытан иьиц, бэйэ5ит оцорон кердеруц. Ыксатымац, хаачыстыбалаахтык оцорорун ситиьиц. Сыыьа оцордо5уна тута кеннеруеххэ сеп, то5о диэтэххэ куруук оцорбутун курдук оцоруон сеп. «Сыыьа», «маннык буолбатах» диир сатаммат, «ессе бол5ойон керуеххэ», «ессе биирдэ оцорон керуеххэ» диэххэ сеп.
Кенетук олорорун ситиьиц. Улэтэ сатаммата5ына да5аны, хайгыыр биричиинэни кердеец, ордук тугу сатаабытын чорботон бэлиэтээц. Кини онтон «мин сатыыбын», «ессе учугэйдик оцоруохпун сеп», «ыараханы кыайдым» диэн саныахтаах. Сыыьатын хас да хас буолумац.
Харандааьы, уруучуканы хайдах тутар улахан суолталаах. «О5о тарбахтарын былчыцнара теьенен учугэйдик улэлиир да5аны, соччонон о5о ейдеех буолар» диэн улуу педагог В.А.Сухомлинскай суруйан турар. Ону хайдах сайыннарыахха? Үгүс автор о5о тарбахтарын тебете, былчыцнара сайдарыгар араас эрчиллиилэри туттарга субэлииллэр:
- рис, гречка курууппатыгар массаж;
- курууппанан араас оцоьуктары оцоруу;
- тарба5ы араастаан тутан кетер, кыыл кулугун таьаарыы;
- о5уруо тиьии;
- кумаа5ыны кыптыыйа суох быстарыы;
- араас сурааьыннары оцоруу (штриховка);
- кырааскалааьын;
- пластилин;
- бытархай малы наардааьын (о5уруо, тимэх, курууппа);
- кумаа5ыны имитэн мээчик оцоруу.