kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Мин сөбүлүүр мультигым геройа

Нажмите, чтобы узнать подробности

Рапунцель утуе холобура.

Америка биллиилээх суруйааччыта Дэн Фогельман суруйбут «Рапунцель» мультигын олус сѳбүлээн дьиэ кэргэнинэн кѳрбүппүт. Мультик 2010 сыллаахха оңоhуллубут, нууччалыы тылынан тылбаастаммыт. Тѳрѳппүттэрбин кытта Рапунцель кыысчаанныын тэңңэ кини эриирдээх-мускуурдаах олођун олорсубут курдукпут. Ардыгар аhынан-айманан харађым уутун соттон, ардыгар кыыhыран-абаран куhађан санаалаах Готелы кэhэтиэхпин бађаран, сорох кэмңэ тэңңэ мүччүргэннээх түгэннэргэ аргыстаhан, мультигы олус сѳбүлээн кѳрдүм. Сүрүн геройу Рапунцелы олус диэн сѳбүлээтим, кини олођун түгэннэрэ миэхэ инники олохпор үтүѳ холобур буолалларыгар бигэ эрэллээхпин. Холобур буолар Рапунцелым туhунан мультиктан тугу ѳйдѳѳбүппүн эhиэхэ тиэрдиэхпин бађарабын.

Кѳрүѳхтэн кэрэ айылђалаах,  ыраас-чэбдик салгыннаах, күлбүт-үѳрбүт күѳх куйаар халлааннаах, мэник-тэник  былыттардаах,  чађылхай мичээрдээх аламай күннээх, эккирэтиhэ оонньуур, ыраастан-ыраас  долгуннура сүүрэр үрүччэ 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Мин сөбүлүүр мультигым геройа»

Рапунцель утуе холобура.

Америка биллиилээх суруйааччыта Дэн Фогельман суруйбут «Рапунцель» мультигын олус сѳбүлээн дьиэ кэргэнинэн кѳрбүппүт. Мультик 2010 сыллаахха оңоhуллубут, нууччалыы тылынан тылбаастаммыт. Тѳрѳппүттэрбин кытта Рапунцель кыысчаанныын тэңңэ кини эриирдээх-мускуурдаах олођун олорсубут курдукпут. Ардыгар аhынан-айманан харађым уутун соттон, ардыгар кыыhыран-абаран куhађан санаалаах Готелы кэhэтиэхпин бађаран, сорох кэмңэ тэңңэ мүччүргэннээх түгэннэргэ аргыстаhан, мультигы олус сѳбүлээн кѳрдүм. Сүрүн геройу Рапунцелы олус диэн сѳбүлээтим, кини олођун түгэннэрэ миэхэ инники олохпор үтүѳ холобур буолалларыгар бигэ эрэллээхпин. Холобур буолар Рапунцелым туhунан мультиктан тугу ѳйдѳѳбүппүн эhиэхэ тиэрдиэхпин бађарабын.

Кѳрүѳхтэн кэрэ айылђалаах, ыраас-чэбдик салгыннаах, күлбүт-үѳрбүт күѳх куйаар халлааннаах, мэник-тэник былыттардаах, чађылхай мичээрдээх аламай күннээх, эккирэтиhэ оонньуур, ыраастан-ыраас долгуннура сүүрэр үрүччэ уулаах, сиэдэрэй сибэккилэринэн симэммит күѳх хонуулаах, тэлээрэ кѳтѳр дьэрэкээн лыахтарынан киэркэйбит дойду сир үрдүгэр айыллан уос номођор кэпсэнэрэ эбитэ үhү. Бу үтүѳкэн дойдуга арай биирдэ күнтэн аптаах таммах сир үрдүгэр сибэккигэ кэлэн түспүт. Таммађы иңэриммит сибэкки аптаах буола түспүт. Сибэкки дьону куруук эдэр, кыраhыабай оңорор кыахтаах буолбут.

Бу эриэккэс айылђалаах дойдуга, аатырбыт саарыстыбађа Король уонна Королева дьиэ кэргэннэригэр иэдээн ааннаабыт. Королева ођолоноору ыараханнык ыалдьыбыт. Кинини бу аптаах эрэ сибэкки быыhыыр кыахтаах эбит. Сибэккини бэрт ѳр кѳрдѳѳн булаллар. Дьэ ол кэннэ биир үтүѳ күн, айылђа иhийэн чуумпуран турдађына, кэрэчээн сир симэђэ кыысчаан күн сирин кѳрѳн саарыстыба иhэ сырдыгынан сыдьаайа түспүт. Кыысчааны ийэлээх ађата Рапунцель диэн сүрэхтээбиттэр. Рапунцель баттађын сүүмэђэр күн абылыыр күүhэ иңмит эбит. Кыысчаан атын дьонтон ураты буолара тута биллибит. Ол курдук кини күн турдах аайы тубустар тупсан испит.

Олоххо үчүгэй уонна куhађан батысыhа сылдьаллар диэн мээнэђэ эппэттэр. Үтүѳ уонна мѳкү күүстэр охсуhар түгэннэрэ син биир тирээн кэлэр. Куhађан санаалаах Готель замокка кэлэн Рапунцель баттађын сүүмэђин кырыйан ылар. Ол гынан баран кыыс кырыллыбыт баттађа Готельга туhалаабат. Ол иhин Готель кыракый Рапунцелы уоран барар. Рапунцель тааска ууну бырахпыттыы сурахтыын симэлийэр, кинини кѳрдүүр уhун ыллык түмүктэнэр бириэмэтэ тиийэн кэлэр.

Ол гынан баран Рапунцель тыыннаађа. Кини 18 сыл устата халлаанна харбаспыт үрдүк да үрдүк башняђа хаайыллан олорор. Рапунцель олох кэрэтин, очурдарын, тулатыгар туох буола турарын билбэтэ, бэйэтин саныыр санаатынан эрэ дойдутугар сылдьара. Бу кэм устата Рапунцель биирдэ да суhуођа кырыллыбакка, ыллык суол устун уhаан бара турбута. Суhуођа- кини олођун суолун кэпсиир кэрэhитэ, сиэркилэтэ буолбута. Кинини тобуллађас, мындыр ѳйѳ куруутун биир санаађа эргитэн ађала турара.

Сыл аайы саарыстыбађа Рапунцель тѳрѳѳбүт күнүгэр халлаанна уоттаах фонариктары кѳтүтэллэрэ. Рапунцель бу уоттары чугастан кѳрүѳн олус бађарара. Кини 18 сааhын туолуон иннинээђи күн Готельтан бу уоту чугастан кѳрдѳрѳрүгэр кѳрдѳhѳр. Готель аккаастыыр. Бу кэмнэ Флин Райдер диэн аатырбыт уоруйах саарыстыбаттан куотан иhэн Рапунцель хаайыллан олорор башнятыгар кэлэр. Рапунцель кутталыттан кинини хобордоођунан тѳбѳђѳ охсон дѳйүтэр. Уоруйах суумкатыгар корона баарын булар. Рапунцель Флин Райдерга суумканы тѳннѳрѳр усулуобуйатын туруорар. Кинини кѳтѳр уоттарга илтэђинэ короналаах суумканы тѳннѳрүѳх буолар.

Дьэ Рапунцель бађа санаата туолар кэмэ үүнэр. Кинилэр уоттаах фонарик бырааhынньыгар тиийэллэр. Рапунцель уонна Флин Райдер чугастык билсэллэр. Уол дьиннээх аата Юджин диэн эбит. Уоллаах кыыс дођордоhоллор.

Бу кэмңэ Готель кистэммит коронаны булан ылар. Киниэхэ Юджин ѳстѳѳхтѳрѳ бырааттыы Граббинстоннар кѳмѳлѳhѳллѳр. Юджины уоруйах диэн түрмэђэ бырахтараллар, Рапунцелы Готельга тѳннѳрѳллѳр. Рапунцель, Готель үѳрэппитинэн, аан дойдуга барыта куhађан эрэ баар эбит диэн ѳйдѳбүлгэ кэлэр. Бу кэмңэ Юджины ѳлѳрѳргѳ уураахтыыллар. Ол гынан баран кинини Король ата Максимус уонна разбойниктар быыhыыллар. Кини Рапунцель башнятыгар кыыhы быыhыы барар.

Рапунцель бу кэмңэ Готель кинини албынныырын билэр, кини сүппүт принцесса буоларын сэрэйэр. Дьэ ол иhин күрүүргэ былааннанар. Готель кини аптаах баттађынан туhанарын тохтотор.

Бу кэмңэ Юджин башняђа кэлэр. Готель кинини быhађынан ѳлѳрдүү искэ анньар. Рапунцель Готельтан уолу үтүѳрдэригэр кѳрдѳhѳр, куруук Готель бађатынан олорорго сѳбүлэhэр. Юджин, Готельга Рапунцель баттађа кѳмѳлѳспѳтүн диэн, кыыс баттађын быhан ылар. Готель тута тугу да кыайбат кырдьађас эмээхсин буолар. Кини үрдүк башня түннүгүттэн мүччү туттан аллара охтон түhэн ѳлѳр.

Рапунцель Юджины харађын аптаах уутунан үтүѳрдэр. Юджин кыыhы тѳрѳппүттэригэр - Корольга уонна Королевађа илдьэр. Мультик итинник үѳрүүлээх түгэнинэн түмүктэнэр.

Мин салгыы толкуйдаатахпына, арааhа, Рапунцель уонна Юджин холбоhон саарыстыбађа хаhан да буолбатах сыбаайба буолара буолуо. Кинилэр ођо - уруу тѳрѳтѳн уhуннук дьоллоохтук олороллорун туhунан остуоруйа салгыы бара туруо дии саныыбын.

Таптыыр геройум Рапунцель биhигини мындыр ѳйдѳѳх, тобуллугас толкуйдаах, хорсун санаалаах, чиэhинэй, тулуурдаах буоларга үѳрэтэр. Кини, тѳhѳлѳѳх да мүччүргэннээх түбэлтэђэ куттанан ыhыктынан кэбиспэккэ, куруук сырдыкка- кэрэђэ тардыhарга холобур буолар. Киинэ автора кыыс ођо суhуођа аңардас кэрэ кѳстүү эрэ буолбакка, күүhү - уођу угарын аптаах- хомуhуннаах гына кѳрдѳрбүт. Дэлэђэ дађаны саха остуоруйаларыгар, олоңхолоругар саха кыргыттарын суhуођун «Тођус былас уhуннаах, толбоннурар суhуохтаах» диэн хоhуйуохтара дуо? Саха кыыhын суhуођа ырыађа ылланар, хоhооңңо хоhуллар. «Тулаайах» диэн кэпсээңңэ суhуођун кѳмѳтүнэн ѳлѳр ѳлүүттэн быыhаммыт хоту дойду хорсун кыысчаанын холобура эмиэ олох уустугун туоруурга үѳрэтэр.

Ханнык да дойду кыыhа буоллун, олох суолун туорууругар киниэхэ суhуођа-үтүѳ сүбэhитэ, кѳмѳлѳhѳѳччүтэ буоларын бу мультигы кѳрѳн баран ѳйдѳѳтүм. Мин бэйэм уhун суhуохтанан, кэрэ- нарын кѳрүңнэнэн, тулуурдаах- дьулуурдаах, үтүѳ санаалаах буолар ыра санаалаахпын. Онно тѳрүѳтүнэн бу кѳрбүт американскай мультигым геройа Рапунцель буолар.

Күндү дођотторум, ким «Рапунцель» мультигы кѳрбѳтѳх хайаан да кѳрүн диэн сүбэлиибин. Үтүѳ санаалаах, хорсун сүрэхтээх Рапунцель кыысчаан эhиэхэ күүтүүлээх ыалдьыт буолан барыгытын үѳртүн.

Биhиги кылаас ођолоро «Айымньы кустуга» диэн куруhуокка араас остуоруйалары, хоhооннору, тэттик кэпсээннэри суруйа үѳрэнэбит. Олору «Летопись класса» диэн альбоммутугар мунньабыт. Тѳрѳппүттэрбитин кытта видеоклип устар былааннаахпыт. Кѳрдѳѳх-нардаах олохпут түгэннэриттэн сађалаан бэйэбит киинэ геройдара буолар бастакы хардыыбытын сађалыахпыт.

Барыгытын быйыл киинэ сыла биллэриллибитинэн ис сүрэхпиттэн эђэрдэлиибин. Таптыыр геройдаргыт олоххут устата арыаллаатынар, үтүѳђэ- кэрэђэ сирдээтинэр!

Готовцева Долгуйаана, Танда орто оскуолатын 3-с кылааhын үѳрэнээччитэ.




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Классному руководителю

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 2 класс

Скачать
Мин сөбүлүүр мультигым геройа

Автор: Никифорова Анна Дмитриевна

Дата: 02.02.2017

Номер свидетельства: 386856


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства