Охлопкова Снежана Николаевна
Учитель математики, классный руководитель 5 класса.
Аьа5ас кылаас чааьа
Кылаас: 5
Тиэмэтэ: «Саха кыыьа уонна уола»
Кылаас чааска бэлэмнэнии:
Бары сахалыы танастаах буолабыт
Алаадьынан кундулуубут бастаан
Уолаттар туспа паарта5а, кыргыттар туспа паарта5а олороллор
Кылаас чааьыгар ынырыллыбыт ыалдьыттар: Оскуолабыт саха тылын, торут культуртын учуутала - Иван Иванович, кини саха киьитин торут дьарыгын, ологун дьаьагын кэпсиэ5э. Уонна биьиги кылааспыт о5отун эбээтэ кэлэн ыалдьыт буолар Аксиния Николаевна- Дайаана эбээтэ, кини бэйэтин собулээн дьарыктанар дьыалатын кэпсиэ5э-иистэнньэн, асчыт, культураны уо.да элбэх.
Утуо сарсыарданан!
Былыр, саха ыалыгар, маанылаах ыалдьыттары, минньигэс, арыылаах алаадьынан корсор угэс баар этэ.
Бугунну кылааспыт чааьа сахалыы тыыннаах буоларын иьин, кэлбит ыалдьыттарбытын алаадьынан кундулуубут (Кыыстаах уол кытыйалаах алаадьыны ыалдьыттартан са5алаан тунэтэллэр, салфетка уол)
Кылааспыт чааьа тиэмэтэ. Саха кыыьа уонна уола диэн…(слайд 1)
О5олоор, саха кыыьа хайдах буолуохтаа5ый уонна саха уола? (слайд 2)
Эьиэхэ мин маркер уонна бу уруьуйдары туттарабын. Уолаттарга саха кыыьын, кырыгттарага саха уолун. Уолаттар ити уруьуйдаммыт саха кыыстан, стрелка таьаара – таьаара, саха кыыьа хайдах буолуохтаа5ын суруйа5ыт (тас корунэ, быьыыта-майгыта, сатабыла, туох санаабыккытын барытын). Ол курдук кыргыттар саха уола хайда буолуохтаа5ын.
Оччо5о эьиэхэ тумугэр саха кыыьын модельэ, саха уолун модельэ тахсан кэлэр. Уолаттар тутан туран,саха кыыьа дьэ хайдах буолоухаах дии санаабыккытын биирдии –биирдии этитэлээн. Онтон кыргыттар этэллэр ….(Биьиги санаабытыгар саха кыыьа….)
Уолаттар маннык буоларга дьулуьуохтаах эбиппит, кыргыттар эмиэ маннык буолуохтааххыт. Манна оссо тугу эбэн биэриэххэ собуй?
Биьиэхэ бугунну кэпсэтиибитигэр сыьыаннаах, бэйэлэрин коруулэрин кэпсии кэллилэр ыалдьыттарбыт: Аксиния Николаевна уонна Иван Иванович. Бастаан Иван Иванович кэпсиир. Слайд
Тумуккэ:
Бу уруьуйдарбытын кордубут. Иван Иванович уонна Аксиния Николаевна кэпсээбиттэриттэн ити моделларбытыгар оссо тугу эбэн биэриэххэ соп эбитий? ( саха уола мунханы сатыахтаах эбит, оссо….)…..Бэйэ5итигэр соп тубэьэр баар эбит дуо? Тубэспэт буолла5а то5о буолуой? Бэйэ5итин сыаналаан, анаализтаан корун.
Рефлексия5а:
Бугунну кэпсэтиибитигэр тугу биьирээтигит?
Тугу интириэьиргээтигит?
Туох сананы биллигит?
Уонна инникитин туох тиэмэ5э кэпсэтиэххитин ба5ара5ыт?
Уонна тумукпэр Тэрис «итэ5эл тылдьытыгар», кыыс уонна уол быьаарыытынан тумуктуохпун ба5арабын.
Кыыс – Айыы уьус ойдобулэ. Ийэ буолуохтаах о5о. Кыыьы ийэ буолар гына иитэллэр
Уол – Айыы уьус ойдобулэ. А5а буолуохтаах о5о. Уол а5а буолардыы иитиллиэхтээх.
Кунду ыалдьыттарбытын, интириэьинэй кэпсээннэрин иьин махтаныаххайын о5олоор! (ытыс тыаьа)
Бугунну кун ойдонумтуо буоллун диэн, саха киьитэ чээй иьэрин собулуур, онон бу чааскылартан чээй иьэ-иьэ санаарын диэн сэмэй бэлэхпитин туттарабыт! (кыргыттар бэлэх чааскы туттараллар)
Корсуоххэ диэри!