Сулустуу сандаарбыт олох
Презентация для классного часа
Тема : Сулустуу сандаарбыт олох.
Сыала: Сахаачча- Николай Захаров олоҕун, көҥүл тустууга ситиһиилэрин тиэрдии , оҕолор спорка, тустууга интэриэстэрин тардыы.
Соруга: Сахаачча туһунан ааҕыы, ахтыылары хомуйуу, музей матырыйаалын үөрэтии.
Актуальноһа: биир дойдулаахпыт Н. Захаров аатынан киэн туттуу. Амма улууьугар спорт сыла биллэриллибитинэн, Н. С. Захаров 65 сааьын туолар ерегейдеех убулуейунэн биһиги улуу тустуукпутун Николай Захаровы – Сахааччаны санаан ахтан ааһарбыт наадалаах дии саныыбын.
“ Бэрт кылгас кэм устатыгар кини сындыыс сулус курдук чаҕылыс гынан, спорт эйгэтигэр Сахатын сирин дорҕоонноохтук ааттаппыта, бар дьонун истиҥ тапталын ылыаҕын ылбыта, өссө да үтүмэн ситиһиилэри дьонугар – сэргэтигэр бэлэхтиэхтээх, саамай үрдүк чыпчаалы дабайыахтаах уолбут күөгэйэр күнүгэр сылдьан былаҕайга былдьатан, быстах дьылҕаламмыта.”
Александр Артемьев
«Амма улуу һа » МТ баһылыга
Николай Семенович Захаров – Сахаачча Ахсынньы 20 күнүгэр 1948 сыллаахха Амма бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Коля Семен Иванович, Матрена Николаевна Захаровтар иккис оҕолоро.
Захаровтар дьиэ кэргэттэрэ
Матрена Николаевна, Семен Иванович сэттэ оҕолоохтор. Матрена Николаевна аҕата Болугур, Семен Иванович Амма олохтооҕо 40 сыл сылгы иитиитигэр үлэлээбитэ .
Бииргэ төрөөбүттэрэ
Володя
Коля
Аня
Клара
Ваня
Сеня
Проня
Коля эһэтэ, ийэтин төрөппүт аҕата Иванов Николай Николаевич Амма оройуонун Омоллоон Болугур нэһилиэгин олохтооҕо этэ. Ньукулай күүстээх киһи диэн кэпсииллэр. Сылгыны сырсан ситэн, көҕүлүттэн ылан охторо сытыаран сэлиирэ, быалыыра үһү. Ыһыахтарга биирдэ эмэ күрэхтэстэҕинэ өрүү кыайара. Маннык күүстээх төрүттэрдээх буолан Сахаачча кус быһый, ат бөҕө киһи буола улааттаҕа. Бырааттара эмиэ убайдарын суолун солоон биллиилээх тустуук буолтара. Кини спорт үгүс көрүҥнэригэр уһулуччу чаҕылхай этэ.
Сахаачча тренердэрэ
Талааннаах үүнэн иһэр ыччаттар тустууктар үчүгэй тренергэ түбэспэккэ, бэйэлэрин кыахтарын ситэ көрдөрбөккө хаалбыттара элбэх буолуо.
Сахаачча тренердэригэр табыллыбыт тустуук. Олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри спорду тустууну өрө тутан сылдьыбыт Николай Михайлович Давыдов Коля бастакы тренерэ.
1965 сылтан үйэҕэ сэдэхтик кэлэн барар улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин кини көрсүө – сэмэй буоларыгар, билиилээх- көрүүлээх , аан дойду ааттаахтарын кытта тэҥҥэ кэпсэтэр буоларыгар салайбыт киһи буолар.
Сахаачча ситиһиилэрэ .
Эдэр тустууктарга СССР чемпиона (Орджоникидзе 1967 с) Тыа сирин бөҕөстөрүгэр СССр икки төгүллээх чемпиона (Краснодар 1967 с., Йошкар- Ола 1968с.) Россия «Урожай» обществотын күрэхтэиитин чемпиона (Краснодар 1967 с.) РСФСР тыа сирин тустууктарыгар чемпионатын кыайыылаа ҕ а (Нальчик, 1967) Саха АССР спартакиадатын чемпиона (Якутскай 1969 с.) Саха сирин профсоюзтарын спартакиадатын чемпиона (Якутскай 1969)
Саха сирин Н.Н. Тарскай бирии һигэр чемпиона (1967) Дальнай восток зонатын чемпиона(Благовещенскай 1967) Польшаҕа «Олимпийскай эрэллэр» чемпиона (1967) Казахскай ССР чемпиона (Караганда 1968) Куба, РСФСР, Саха сирин к өрсүһүүтүн кыайыылааҕа. ( 1968 ) Болгарияҕа ыччаттар 9-с фестивалларын үрүҥ көмүс призера (1968) Тбилиситээ5и норуоттар икки ардыларынаа5ы турнир иккис миэстэ. Болгария, СССР, Румыния, Польша, Югославия кыттыылаах турнир кыайыылаа5а (Болгария 1969 с.) СССР улахан дьонно иккис миэстэ (Минскэй к. 1969 с.) СССР командатын чилиэнэ.
До5отторун ахтыылара
Роман Дмитриев: « Мин бииргэ уерэммит табаарыьым Уруккаттан да5аны тустар техникатынан уонна спортсмен быьыытынан олимпийскай чемпион, аан дойду, Европа чемпионнара буолар кыахтаах, айыл5аттан талааннаах тустуук этэ диэн сыаналыыбын».
Павел Пинигин: « Мин табаарыстарбын Романы уонна Сахааччаны холобур оностобун кинилэр курдук тустуук буолуохпун ба5арарым».
Сахаачча бастын до5оро, кебуергэ бииргэ тустубут киьитэ, Дагестантан бастакы олимпийскай чемпион, Загалав Абдулбеков маннык ахтар: «Я видел много якутских борцов. Наибольшее впечатление на меня произвел и как борец, и как человек Николай Захаров. Он был прекрасным человеком, другом и не менее прекрасным борцом. Он стал бы олимпийским чемпионом, он был рожден , чтобы бороться»
Хапсыьыы т ү гэннэрэ
Спорт туьунан кэпсиир умсугутуулаах , биьиги улуу тустууктарбыт, Сахабыт сирин аар – саарга аатырдыбыт тустууктарбыт бары да5аны олус сэмэй, дьон убаастыыр ытыктыыр, сугуруйэр дьонноро.
Ол иьин мин бэйэм улэбэр тустууктар тустарынан кылаас чаастарын ыыталаатым.
Бастакы кылаас чааьа « Сулустуу сандаарбыт олох » -Николай Захаров оло5ун билиьиннэрии.
- Ийэтэ , а5ата бииргэ тереебуттэрэ, эьэтэ Н.Н. Иванов туьунан кэпсээьин.
Сахаачча о5о сааьын до5отторо, тустуунан дьарыктаныыта, спортка ийэтин , а5атын ейебулэ.
- Иккис кылаас чааьа Чурапчы спортивнай оскуолатыгар барыыта, курэхтэьиилэргэ кыттыыта.
- Уьус кылаас кылаас чааьа Улахан туьулгэ5э тахсыыта. Бу кылаас чаастарын ыытарбар бииргэ адтыспыт дьоннорун, до5отторун, аймахтарын, уелээннээхтэрин ынырабын. Николай Захаров Болугуртан теруттээх буолан билэр алтыспыт дьоннор элбэхтэр.
Тердус кылаас чааьа Роман Дмитриев сахалартан бастакы олимпийскай чемпион. Бу кылаас чааьыгар Роман Дмитриев о5о сааьа. Коркин оскуолатыгар кэлиитэ. Москва5а уерэммит, эрчиллибит сыллара. Олимпиада5а кыайыыта.
Бэьис кылаас чааьа Павел Пинигин оло5о, о5о сааьа, Д.П. Коркинна дьарыктаныыта.Украина5а уениитэ, олимпиада5а кыайыыта
Алтыс кылаас чааьа Александр Иванов о5о сааьа. Курэхтэьиилэргэ кыттыыта. Олимпиада призера.
Кылаас чаастарын онорорго тустууктар тустарынан тахсыбыт кинигэлэри, хаартыскалары туьанабын .
Түмүк
Айылҕа барахсан биһиги Аммабытын аар – саарга аатырдаары анаан ыыппыт киһитэ Николай Семенович Захаров -Сахаачча кылгас да буоллар чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Биһиги Сахаачча Болугуртан төрүттээҕинэн киэн туттабыт. Кини кэнниттэн Ефрем Ефремов, Виктор Никитин, Владимир Михайлов, бырааттыы Устиновтар уо.д.а. т устубуттара. Болугурга кини аата үйэтитиллиэн баҕарабыт.
Оо, Амма киэн тутун уолгунан,
Уостубат кэриэстээх аатынан,
Тиийдилэр уолаттар аар-саарга
Эн уолуҥ бу тэлбит суолунан.