kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Примерный сценарий классного часа ко дню знаний 1 сентября (На якутском языке)

Нажмите, чтобы узнать подробности

примерный сценарий классного часа ко дню знаний 1 сентября (На якутском языке)

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Примерный сценарий классного часа ко дню знаний 1 сентября (На якутском языке)»

II кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа

«Мин баьылыахпын ба5арар идэм»


Сыала: о5олорго бырааьынньык атмосфератын тэрийии, араас идэлэри кытта билиьиннэрии

Соруктара: уэрэххэ мотивацияларын уонна уерэнэр ба5аларын уескэтии, бодоруьуу уонна бэйэ бэйэни ейдеьер культураларын сайыннарыы.

Тэрилэ: Идэ5э сыьыаннаах плакаттар, презентация.

Хаамыыта:

О5олор кылааска киирэн паарталарга олороллор, тереппуттэр ыалдьыт быьыытынан киирэллэр

Учуутал: Утуе кунунэн кунду о5олор уонна убаастабыллах тереппуттэр! Эьигини барыгытын бугунну уеруулээх куммутунэн, сана уерэх сыла са5аламмытынан итиитик-истинник э5эрдэлиибин! Биир сыл тургэнник ааьан, эьиги иккис кылаас буола о5устугут. Слайд 1

Кылааспытыгар кимнээх уерэнэ кэллилэрий?

Мин барыларын ааттаталыам, тереппуттэр ытыскытын таьынан иьээрин. О5олор туран кердеребут.

Учуутал: Чээрэ о5олооор, мин билигин таабырын таайтарыам, бары бол5ойон истэбит, кохтоохтук кыттабыт (Дуоска5а энин араас идэлээх дьон костор таабырыннар таайбараннарынан) Слайд 2-7

Чэ эрэ бары бол5ойон истэбит, билигин таабырыннары таайыахпыт!

  • Ыарыыттан харыстыыр,

Ыллам суhал сырыылаах,

Ыраас манан халааттаах

Ытыктабыллаах киьибит ким буоларый? (быраас)

  • Учугэй, кэрэ

Уксуурун туhугар

Угус сыратын биэрэр,

Билиигэ коруугэ уорэтэр,

Бэрт элбэ5и билэр ким буоларый? (учуутал)

  • Куох халлааны

Кырсынан кырыйа

Кылбайа котор

Кыраhыабай хараабылы

Киммит ыытарый? (летчик, пилот)

  • Дьэрэкээн танас-сап,

Ойуулаах иhит-хомуос,

Дьон да дьиэтин

Тупсаран онорон,

Тулам барыта туспуо5а диир кимий? (дизайнер)

  • Ким тимир суолу тутан

Саха сиринэн тимир суол

Субуруйа субуллуо диирий? (инженер)

  • Саха сирин баайын-дуолун

Сатабыллаахтык ханатыа.

Саха омук мындыр ойун

Сыаналыа5а бар дьонум диир кимий? (экономист)


- Маладьыастар, бары олус учугэйдик эппиэттээтигит.


Учуутал: Эьиги санаа5ытыгар бугунну кылааспыт чааьын тиэмэтэ ким диэн буолуой? Эбэтэр туохха сыьыанна5ый?

Саамай соп. Бугунну кылааспыт чааьын тиэмэтэ «Мин баьылыахпын ба5арар идэм» диэн. Слайд 8

Учуутал: Бастакы ыйытыым: Идэ диэн тугуй эьиги санаа5ытыгар? (нууччалыыта профессия) Тороппуттэр комолоьобут.

Соп маладьыастар бары билэр эбиккит.

Учуутал: Билинни олоххо араас идэ барыта баар, этэргэ дылы туьээн да корботох идэлэрбит. Аан дойду урдунэн 40 тыьыынча араас идэ баар. Онтон эьиги ханнык идэлэри билэ5итий?

Слай 9-11

Чээрэ о5олоор билигин биир-биир туран ким туох идэни баьылыан ба5арарын, уонна тороппуттэргит идэлэрин туьунан кылгастык кэпсээн (билиьиннэрин).

О5олоор эьиги тороппуттэргит идэлэрин хайдах баьылаан ылбыттара буолуой? Холобура мээнэ ыллын да быраас буолан хаалбаккын батта. Хайыахпытын нааданый?

Саамай сеп. Хара маннайгыттан учугэйдик уерэниэхпитин наада.

Оол иьин бу ууммут сана уерэх дьылыгар учугэйдик, кыьаллан уерэнэргитигэр ба5арабын.

Учуутал: Кунду о5олор, убаастабыллаах тереппуттэр, ыалдьыттар, бугун биьиги маннайгы кылааспыт чааьыгар кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар улахан махтал! Манан Билии кунугэр аналлаах кылааспыт чааьа тумуктэнэр. Аныгыс керсуеххэ диэри!


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Классному руководителю

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: Прочее

Скачать
Примерный сценарий классного часа ко дню знаний 1 сентября (На якутском языке)

Автор: Александров Ариян Алексеевич

Дата: 10.02.2017

Номер свидетельства: 390136


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства