Тема: В.Алданскай сомоҕо домоҕунан ааттаммыт оҕолорго аналлаах сатирическай хоһоонноро («Сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар», «Киһиргээн кирсиҥ быстаарай», «Тумсун дулҕаҕа соттубут», «Сылдьыбыт сыыһы булар», «Күрүө намыһах»).
Дьарык тиибэ: Саҥаны үөрэтии
Уруокка аннотация: Бу уруок «Школа России» УМК 3-с кылааһыгар Төрөөбүт литература уруогар кылаас таһынан ааҕыы көрүҥүнэн ыытылынна. Уруок темата В.Алданскайы поэт-сатирик быһыытынан оҕолорго билиһиннэрэн, сомоҕо домоҕу саха норуотун тылын баайын быһыытынан сыаналыырга үөрэтэр. Маны таһынан тылы дириҥник биллэрэр үөрүйэҕи сайыннарар, табатык уонна өйдөнүмтүөтүк таска саҥарыы үөрүйэхтэрин иҥэрэр, кинигэни ааҕарга интэриэһи үөскэтэр. Үөрэнээччилэр уруокка ылбыт билиилэригэр тирэҕирэн, төрөөбүт тыллара сүппэтин уонна умнуллубатын туһугар умсугутуу акылаата ууруллар.
Сыал: В.Алданскай поэзиятыгар олоҕуран сомоҕо домох нөҥүө оҕо төрөөбүт тылын чинчийэригэр уонна төрөөбүт тылын баайын ылынарыгар усулуобуйа үөскэтии.
Соруктар:
- В.Алданскай олоҕун уонна айымньыларын билсии;
- Сомоҕо домохтор суолталарын билии;
- Сомоҕо домохтору айымньыттан була, атын тылынан солбуйа үөрэнии;
- Сомоҕо домоҕу кэпсэтэр саҥаҕа туттууну сайыннарыы;
- Сиэрдээх быһыыга-майгыга иитии.