kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Маша уонна эһэ

Нажмите, чтобы узнать подробности

                                                  Маша уонна Эhэ-күүтүүлээх дођотторум.

      Олег Кузовков туруорбут «Маша и Медведь» мультига – хас дьиэ аайы күүтүүлээх ыалдьыт. Маша уонна Эhэ - ођо бары таптыыр геройдара. Мультик 2009 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр күн сирин кѳрбүт. Ити күнтэн ыла Машалаах Эhэ – биhиги арахсыспат аргыстарбыт, чугас дођотторбут. 7-лии мүнүүтэлээх 56 серия биhигини кэтэhиннэрэр, долгутар, үѳрдэр.

     Машаны Варвара Саранцева, Эhэни Борис Кутневич диэн киинэ артыыстара олус үчүгэйдик санараннар оонньотоллор. Мультик нууччалыы тылынан кыра да ођо ѳйдүүр гына оноhуллубут. Дьыл түѳрт кэмэ барыта хабыллан кѳстѳр кэрэ түгэннэрэ ойууланаллар.

      «Маша уонна Эhэ» мультигы ођо-аймах барыта сѳбүлүүрүн туоhутунан кинилэр уобарастарынан араас значоктар, наклейкалар, хартыыналар 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Маша уонна эһэ»

Маша уонна Эhэ-күүтүүлээх дођотторум.

Олег Кузовков туруорбут «Маша и Медведь» мультига – хас дьиэ аайы күүтүүлээх ыалдьыт. Маша уонна Эhэ - ођо бары таптыыр геройдара. Мультик 2009 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр күн сирин кѳрбүт. Ити күнтэн ыла Машалаах Эhэ – биhиги арахсыспат аргыстарбыт, чугас дођотторбут. 7-лии мүнүүтэлээх 56 серия биhигини кэтэhиннэрэр, долгутар, үѳрдэр.

Машаны Варвара Саранцева, Эhэни Борис Кутневич диэн киинэ артыыстара олус үчүгэйдик санараннар оонньотоллор. Мультик нууччалыы тылынан кыра да ођо ѳйдүүр гына оноhуллубут. Дьыл түѳрт кэмэ барыта хабыллан кѳстѳр кэрэ түгэннэрэ ойууланаллар.

«Маша уонна Эhэ» мультигы ођо-аймах барыта сѳбүлүүрүн туоhутунан кинилэр уобарастарынан араас значоктар, наклейкалар, хартыыналар айыллыылара, уруhуй уонна оноhук күрэхтэрин, инсценировкалары туруорууну тэрийии буолар.

Мин мультик 56 сериятын барытын кѳрбүтүм. Тѳhѳ да эргитэ сылдьан кѳрдѳрбүн, олох салгыбаппын, саңалыы кѳрѳр курдук үѳрэбин, сорох түгэңңэ Машабыныын тэңңэ мэниктиибин, дьээбэлэнэбин.

Маша тѳрѳппүттэрин кытта станцияђа олорор. Дьиэтигэр козел уонна сибиинньэ баар. Кини дођордоhор ођото чугас суох, ол иhин тыа кыылларын кытта сылдьар. Маша-сүрдээх эйэђэс, бэhиэлэй, билиэн-кѳрүѳн бађалаах, мэник, дьээбэлээх кыыс. Кини минньигэhи наhаа таптыыр. Ордук палочкалаах таас кэмпиэти сѳбүлүүр. Мээчиктиирин, биэдэрэ иhигэр ыстаңалыырын, велосипедка хатааhылыырын, сүүрэрин-кѳтѳрүн уонна Эhэ Миша нађараадаламмыт мэтээллэринэн, кубоктарынан оонньуурун сѳбүлүүр. Кини куруук наhаа элбэх боппуруостаах буолар. Өссѳ мультигы сѳбүлээн кѳрѳр, араас кутталлаах түбэлтэлэри кэпсиирин туохтаађар да ордорор. Маша туохтан да куттаммат, барытын боруобалаан иhэр идэлээх. Кини Эhэ Мишаны олус эрэйдиир, кыhын утуйарыгар мэhэйдиир, дьиэтин ыhар. Ол да буоллар кинилэр наhаа үчүгэй сыhыаннаахтар.

Миша урут циркэђэ үлэлээбит эбит. Ол иhин сүрдээх элбэх нађараадалаах: кубоктар, мэтээллэр. Кини онтуктарын наhаа харыстыыр эбит. Сотору-сотору кылбаччы ыраастыырын сѳбүлүүр. Билигин кини тыађа олорор. Балыктыырын, чуумпутук олорорун туохтаађар да ордорор эбит. Футболунан, дуобатынан дьарыктанарын, мүѳтү сиирин наhаа таптыыр. Ођуруоттаах, тигээйи иитэр пасекалаах, сибэкки олордорун туохтаађар да ордорор эбит. Циркэђэ үлэлээбит буолан сүрдээх элбэх дођордоођо. Онноођор Кытайтан панда кытта кэлэн ыалдьыттыыра. Тигр эмиэ сотору-сотору кэлэн күүлэйдиирэ. Миша Машаны ођотун курдук таптыыра, бүѳбэйдиирэ, кѳрѳрѳ-харайара, кѳмүскүүрэ. Кини сатаан санарбат этэ, ол иhин Машалыын үксүн хамсанан, араас дорђооннору таhааран кэпсэтэрэ.

Мин ордук «Большая стирка» серияны сѳбүлүүбүн. Бу серияђа Маша сибиинньэни кытта ийэлээх ођо буола оонньууллар. Маша сарафанын киртитэн тахсар. Эhэ Миша киниэхэ саңа таңас тигэн биэрэр. Маша Эhэ Миша этэрин улаханнык истибэт, бэйэтэ толкуйдаабытынан оңорбута баар буолар. Ол да буоллар Эhэ Миша Машаны мѳхпѳт, наар кѳрѳ-хараанныы сылдьар.

Эhэ Миша, Маша оруолларын наhаа үчүгэйдик толороллор. Мультигы кѳрѳ олорон бэйэм тыађа Эhэ Миша икки этээстээх дьиэтигэр Машалыын сылдьар курдук сананааччыбын. Санаабар дьэдьэн үргээн Эhэ Мишаны күндүлүүбүн, киниэхэ үчүгэйи оңоруохпун бађарабын. Машалаах Эhэ Мишаны бэйэм чугас дођотторбунан аађабын. Мађаhыынтан кинилэр куукулаларын атыыласпытым. Дьиэбэр сођотох хааллахпына да ол иhин чункуйбаппын. Онтон технология уруогар «Маша и Медведь» диэн коллективнай композиция оңорбуппут. Айылђа матырыйаалыттан Эhэ Миша олорор сирин-уотун, дьиэтин, онтон тапталлаах Эhэбитин, Машабытын пластилинтан оңорбуппут. Оңоhукпутун кылааспыт быыстапкатыгар ууран туруорабыт. Хас сарсыарда аайы үѳрэнэ кэллэхпитинэ биhигини саамай таптыыр геройдарбыт үѳрэ-кѳтѳ кѳрсѳллѳр. Ити курдук, мультигы кѳрүүнэн эрэ муңурдаммакка, таптыыр геройдарбытын күннэтэ кѳрсѳр, дођордоhор сыаллаах араас кѳрүүлэри ыытабыт: уруhуйдуубут, коллекциялыыбыт, куукула театра туруорабыт.

Мин олохпор Эhэ Миша курдук үтүѳ сүрэхтээх, Маша курдук бэhиэлэй дођоттору кѳрсүбүппүттэн олус диэн үѳрэбин. Кинилэр культурнай, бэрээдэктээх буолуу элбэх холобуругар үѳрэтэллэр.



Колодезникова Виолетта, Танда орто оскуолатын 3-с кылааhын үѳрэнээччитэ.








Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Классному руководителю

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 2 класс

Скачать
Маша уонна эһэ

Автор: Никифорова Анна Дмитриевна

Дата: 02.02.2017

Номер свидетельства: 386854


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства