kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Бастакы кылааска "Билии күнэ"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Бастакы кылааска "Билии күнүн" уруога. Үөрэххэ интэриэһи көҕүтүү; оҕолор бэйэ-бэйэлэрин, учууталы кытта билсэллэригэр усулуобуйа тэрийии; "Илиини уун" - быраабыланы билиһиннэрии.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Бастакы кылааска "Билии күнэ"»

«Дорообо, оскуола»

1 кылааска уруок.

Сыала: Үөрэххэ интэриэһи көҕүтүү.

Соруктара: 1) Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин, учууталы кытта билсэллэригэр сөптөөх усулуобуйа тэрийии; 2) “Илиини уун” быраабыланы билиһиннэрии; 3) Үөрэнэр баҕаны сайыннарыы.

Туттуллар тэрил: ырыа, сорудахтардаах харандаастар, азбука учебнига, оҕолорго А-4 лиистэрэ, өҥнөөх харандаастар, фломастердар, клей-карандаш, бэлэм ытыстар, кэмбиэрдээх сурук.


Уруок хаамыыта

  1. Киирии тыл.

  • Үтүө күнүнэн, оҕолоор! Наһаа да кыраһыабайдаргыт, мааныларгыт, үөрбүккүт-көппүккүт, көрүөххэ олус кэрэ. Бүгүн эһиги аан бастаан оскуолаҕа кэллигит. Мин эмиэ бу күнү эһигини кытта көрсүһээри олус күүттүм, эһиги күүттүгүт дуу?

  • Аны бу күнтэн ыла 4 сылы быһа бары бииргэ үөрэниэхпит, араас күрэхтэргэ кыттыахпыт, оонньуохпут-көрүлүөхпүт даҕаны. Күн аайы мин кылааска киириэҕим уонна: «Үтүө күнүнэн, оҕолоор»,-диэҕим. Эһиги эмиэ хардары дорооболоһуоххут. Хайдах дорооболоһоҕут?

  • Кылааска учууталы кытта парта кытыытыгар туран эрэ, саҥата суох тоҥхох гыныаххыт. Дорооболоһон көрүөҕүҥ эрэ. Маладьыастар. Олоробут уонна бэйэ-бэйэбитигэр үөрэн мичээрдиибит.

  • Мин эһиги тоҕо үөрбүккүтүн билэбин ээ. Таайдахпына ытыскытын таһынаарыҥ. Сөпсөһөҕүт?

  • Эһиги саҥа үрүксээктээххит, ол иһин үөрбүккүт?

  • Эһиэхэ олус элбэх саҥа үөрэх тээбириннэрин атыыласпыттар.

  • Оскуолаҕа аан бастаан кэлбиккититтэн үөрэҕит.

  • Саҥа көстүүм кэппиккит.

  • Эһиги учууталгытын кытта көрүстүгүт.

  • Олус үчүгэй, таайдым дии? Мин эһиги учууталгыт буолабын. Саас көрсүбүппүт дии? Ааппын өйдүүгүт?

  • Сөп, мин эһиги ааккытын эмиэ билэбин, ол эрээри, бүгүн үөрэнээччи буолбуккутунан, ааккытын улаханнык этиҥ эрэ.

  • Оҕолоор, иккиэн тэҥҥэ саҥарбыккытыгар ыалдьыттар өйдөөбүттэрэ буолуо дуо ааккытын?

  • Оччоҕо хайдах этиэххэ нааданый?

  • Бэлиэни көрүҥ. Бу оҕо тугу гыммытый?

  • Илиитин тоҕо ууммута буолуой?

  • Оччоҕо туох түмүккэ кэлэбит?

  • Эппиэттээри гыннахпытына, илиибитин уунар эбиппит. Ити үөрэнээччи быраабылата буолар, өйдөөн кэбиһиҥ сөп?

Ааны тоҥсуйан кэмбиэрдэри биэрэллэр.

  • Кэмбиэри арыйан суругу ааҕыаҕыҥ эрэ. “Оҕолоор, үөрэнээччи буолбуккутунан эҕэрдэлиибин. Мин эһиэхэ сорудахтары ыыттым. Бастакыттан саҕалаан сорудаҕы барытын толордоххутуна, мин бирииспин ылыаххыт. Э.к.Билбэтчэй”.

  • Оо, оҕолоор, бириис ылыаххытын баҕардыгыт дуо? Чэ эрэ, оччоҕо 1диэн сыыппараны булан биэриҥ эрэ.

1 сорудах: Килиэккэбэр эбэтэр

Уһун көнө сурааһыммар

Суруйан боруобалаа,

Биитэр баҕар уруһуйдаа.

Туох эбиппин доҕоттоор,

Таайыҥ эрэ түргэнник. (Тэтэрээт)

2 сорудах: Ыраас маҕан хонууга

Атым миэнэ ойуолуур.

Үгүс элбэх сылларга

Күөх суоллары хааллартыыр. (Уруучука)

3 сорудах: Үөрэнээччи быраабылатын тутуһан эппиэттээ:

Доруобай буоларга тугу оҥороллоруй? (Зарядка)

Сынньалаҥ. Музыканан хамсаныылаах зарядка.

4 сорудах: Билэр буукубаларгын, сыыппараларгын илиискэ суруй.

5 сорудах: Эйэ холуубун оҥор.

  • Оҕолоор, эйэ холууба диэни хайдах өйдүүгүтүй?

  • Бүттүүн норуот, сүүһүнэн мөлүйүөн эһиги курдук оҕолор, иллээх-эйэлээх олоххо олорон үөрэ-көтө үөрэнэллэр. Холууп – иллээх-эйэлээх олох бэлиэтэ. Эһиги бүгүҥҥүттэн ыла, биир кылааска үөрэниэххит. Эйэлээх буоллаххытына элбэҕи билиэххит дуу, этиһэ сылдьан дуу?

  • Эйэлээх киһи элбэх доҕордоох. Ил, эйэ – дьиэ кэргэнтэн, кылааскыттан, доҕотторгуттан саҕаланар. Онтон эйэ суох буоллаҕына туох буолуой?

  • Онон оҕолоор, иллээхтик, бэйэ-бэйэбитигэр эйэҕэстик сыһыаннаһан үөрэннэхпитинэ, элбэҕи билиэхпит. Бу холууп биһиэхэ эйэни аҕаллын диэн баран, кылааспыт дуоскатыгар сыһыарыаҕыҥ.

  • Дьэ маладьыастар, аны бүтэһик сорудаҕы толордоххутуна, бириискит ханна баарын билиэххит.

6 сорудах: 4 атахтаах, олорорго аналлаах. (Олоппос)

  • Олоппостон Билбэтчэй бирииһин булуҥ.

  • Уруогу сөбүлээтигит дуо?

  • Ханнык быраабыланы биллигит?

  • Илиини хаһан уунар эбиппит?

  • Хайдах үөрэниэхтээх эбиппитий?

  • Бүгүн тугу биллигит? Тугу оҥордугут? Эйэ диэн туох эбитий?

  • Уруок бүттэ, малбытын үрүксээкпитигэр угабыт уонна паарта таһыгар тахсан турабыт. Аныгыскы көрсүөххэ диэри!







  1. Килиэккэбэр эбэтэр

Уһун көнө сурааһыммар

Суруйан боруобалаа,

Биитэр баҕар уруһуйдаа.

Туох эбиппин доҕоттоор,

Таайыҥ эрэ түргэнник.


  1. Ыраас маҕан хонууга

Атым миэнэ ойуолуур.

Үгүс элбэх сылларга

Күөх суоллары хааллартыыр.



  1. Үөрэнээччи быраабылатын

тутуһан эппиэттээ:

Доруобай буоларга

тугу оҥороллоруй?


  1. Билэр буукубаларгын,

сыыппараларгын

илиискэ суруй.


  1. Эйэ холуубун оҥор.



  1. 4 атахтаах,

олорорго аналлаах.








“Оҕолоор, үөрэнээччи буолбуккутунан эҕэрдэлиибин. Мин эһиэхэ сорудахтары ыыттым. Бастакыттан саҕалаан сорудаҕы барытын толордоххутуна, мин бирииспин ылыаххыт. Э.к.Билбэтчэй”.



Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Классному руководителю

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 1 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Бастакы кылааска "Билии күнэ"

Автор: Поскачина Алена Антоновна

Дата: 14.05.2020

Номер свидетельства: 549619


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства