«Олимпийскай оонньуу былыргыта»
5-с кылааска ыытыллар аhа5ас уруок сценарийа
Уруок сыала:
Былыргы Греция5а Олимпийскай оонньуулар хайдах тѳруттэммиттэрин уѳрэтии, былыргы Олимпийскай оонньуулар кѳруннэрин уонна ыытыллыытын кытта билсиhии;
О5олор интэриэстэрин чѳл олоххо тардыы, спортка угуйуу;
Предмекка о5о интэриэhин тардыы, о5о фантазиятын сайыннарыы;
О5о бол5омтотун, санарар дьо5урун сайыннарыы.
Уруок туттуллар тэрилэ уонна туhаныллыбыт литература:
«Былыргы аан дойду историята» А. А. Вигасин учебнига;
«Олимпийскай оонньуу былыргыта» презентация;
"Былыргы Греция" каарта;
Раздаточнай матырыйаал (сорудахтаах карточкалар).
Уруок тиибэ: сана матырыйаалы уѳрэтии уруога.
Уруок формата: "экскурсия" – уруок, уруок – оонньуу.
Уруок хаамыыта
1. Орг. момент.
2. Киирии тыл.
Учуутал: Бугунну уруокпут темата «Олимпийскай оонньуу былыргыта». Тэтэрээппитигэр сурунабыт. Эhиги бары «Олимпийскай оонньуулар» диэн тыллары истибиккит буолуо, сорохтор бэркэ билэллэрэ буолуо.Чэ эрэ, ким биллэр, Олимпийскай оонньууларга спорт ханнык кѳруннэрэ ыытыллалларый? 2014 сылга Россия ханнык куоратыгар кыhынны Олимпийскай оонньууулар ыытыллыахтаахтарый? Олимпийскай оонньууларга аатырбыт ханнык спортсменнары билэ5итий?
Уѳрэнээччилэр эппиэттииллэр:
Учуутал: Бугун биhиги Олимпийскай оонньуу былыргытын кѳруѳхпут, оонньууларга бары кыттыахпыт, былыр оонньуулар хайдах ыытыллалларын билиэхпит, уонна бугун ким саамай куустээ5ин, сымсатын, бол5омтолоо5ун курэхтэhэн быhаарыахпыт. Хамаандаларга арахсыахпыт, хас биирдии сѳптѳѳх эппиэккэ хамаанда баал ылыа. Инньэ гынан, биhиэхэ бугун 3 хамаанда ыалдьыттыыр: «Тустуктар», «Суурууктэр», «Ат суурдээччилэр». (Учуутал о5олору 3 хамаанда5а араарар). Бол5омтолоохтук истэбит, бугунну оонньуубут девиhа: «Ким билиилээх – ол кыайыылаах!»
3. Сана матырыйаалы уѳрэтии
Уруок былаанын кытта билиhиннэрии: Бугунну курэх хас да туhумэхтэн туруо: (слайд 2)
1. Оонньууга бэлэмнэнии
2. Бэйэни билиhиннэрии
3. Былыргы Олимпия устун экскурсия
4. «Умнуллубат биэс кун»
5. «Сѳп дуу, сыыhа дуу?»
6. «Уhулуччулаах атлеттар»
1. Учуутал: Бастакы туhумэхпит аата «Оонньууга бэлэмнэнии». Тэтэрээппитигэр сурунабыт (слайд 3): Бастакы Олимпийскай оонньуу б.э.и. 776 сыллаахха буолбута. Ыытыллар сирэ – Олимпия куорат.
Сана тыллары уонна кинилэр суолталарын тэтэрээккэ слайдаттан кѳрѳн устуоххайын: (слайд 4)
Олимпия – Греция со5уруу ѳттугэр турар куората.
Олимп – хайа аата, гректэр итэ5эллэринэн бу хайа урдугэр танаралар олороллоро.
Олимпионик - олимпийскай оонньуу кыайыылаа5а.
Атлет – курэхтэhии кыттыылаа5а, бѳ5ѳ-та5а, куустээх киhи.
Учуутал тыллар суолталарын о5олорго быhаарар, Олимпия куорат, Олимп хайа каарта5а ханна сытарын кѳрдѳрѳр.
Учуутал: Олимпийскай оонньууга кытта барыахпытын инньэ, аан бастаан оонньуу быраабылатын кытта билсиэххэ наада. Бол5омтолоохтук кэпсээммин истин (слайд 5):
Олимпийскай оонньуу Зевс танара5а аналлаа5а.
Оонньуу 4 сыл буола-буола, самаан сайын угэнигэр буолара
Оонньуу барар кэмигэр сэрии тохтуур, эйэ кэмэ буолар
Оонньуу кэмигэр сэриилэhэр куораттарга ыстараап олохтонор
Оонньууларга эр дьон эрэ кыттар бырааптаа5а.
Оонньуга дьахтар кыттара, да кѳрѳѳччу да буолара бобуллар! Дьахтар ону кэhэр буолла5ына, кинини ѳлуу кэтэhэр.
2. Учуутал: «Бэйэни билиhиннэрии» диэн иккис туhумэххэ киирэбит (слайд 6). Хайа ба5арар спортсмен, биhиги тугэммитигэр атлет оонньууга кыттан, кыайан-хотон бэйэтин аатын ааттатыан, бэйэтин дойдутун уруйдуон ба5арар. Бу туhумэххэ хас биирдии хамаанда5а карточка бэриллэр, онно куорат аата суруллубут . Сорудах: Олимпия5а оонньууга кытта кэлбит атлет аатыттан кылгас кэпсээннэ онорун. Спорт ханнык кѳрунэр кытта5ын? Ханнык куораттан тѳруттээххин? Карта5а тахсан кѳрдѳр, дойдун туhунан кылгастык кэпсээ.
Уѳрэнээччилэргэ карточкалар бэриллэр, 3 мунуутэ иhигэр кэпсээн онороллор, каарта5а хас биирдии хамаандаттан биир кыттааччы тахсан, бэйэтин туhунан кэпсиир.
Карточкаларга суруллубут куораттар ааттара: Спарта, Афина, Кносс.
3. Учуутал: Атлеттар айаннарыгар турунан, уhун айаны айаннаан, Олимпия куоракка Греция араас муннуктарыттан кэлэллэр. Дьэ эрэ о5олор, Былыргы Олимпия хайдах куорат эбитий, билигин бары илэ харахпытынан кѳруѳхпут. Уhус туhумэхпит «Былыргы Олимпия5а экскурсия» (слайд 7 - 13)
Учуутал былыргы Олимпия куорат туhунан слайдынан сиэрдэтэн кэпсиир: Олимпия5а оонньууга элбэх кыттааччы, да кѳрѳѳччу да мустара. Оонньуулар сайын ыытыллар буоланнар, ыалдьыттар уксун куорат таhыгар аhа5ас халлаан анныгар хоноллоро. Кэрэ айыл5алаах, элбэх куѳх хонуулардаах Олимпия элбэх дьону сѳхтѳрѳрѳ. Саамай биллиилээх тутуунан Зевс храама буолара. Зевс храамыгар киирэн кѳруѳххэйин. Манна Фидий диэн скульптор онорбут суунэ улахан статуята баара. Бу статуя урдугэ 14 метрэ эбит. Зевс тѳбѳтѳ, илиитэ, туѳhэ слон муоhуттан, хара5а – кунду таастан оноhуллубут. Батта5а, бытыга, хоруоната кыhыл кѳмустэн оноhуллан, факел уотугар кулумурдээн кѳстѳрѳ. Зевс иннибитигэр илэ тыыннааахтыы олорор курдук кѳстѳр! Гректэр Фидийы саамай учугэй скульптор диэн хай5ыыллара.
Спортивнай курэхтэhии ыытыллар сирэ буолан, Олимпия5а онно аналлаах тутуулар элбэхтэрэ: стадион, ипподром. Тэтэрээппитигэр сурунабыт: (слайд 11):
Стадион («стадиа» – гректии тилэх) – курэхтэhии ыытыллар сирэ
Ипподром – ат суурдуутэ буолар сирэ.
Былыргы стадион маннык кѳруннээ5э (слайд 12-13)
4. Учуутал: Олимпийскай оонньуу биэс кун устата буолара (слайд 14-15). Бастакы кун атлеттар танара5а сиэртибэ биэрэллэрэ, чиэстээхтик кыттыахпыт диэн анда5айаллара. Судьуйалар кырдьыктаах быhаарыы ылыныахпыт диэн анда5айаллара.
Иккис-тѳрдус кун устата курэхтэhии буолара. Биир сурун курэхтэhии – пятиборье буолара (слайд 16). Бу курэх 5 туhумэхтэн турара: сууруу, уhуну ыстаныы, унууну уонна диискэни быра5ыы, тустуу (Тэтэрээппитигэр сурунабыт)
Билигин хамаандаларга сорудах: учебник 166-167 страницаттан бэйэлэрин спорт кѳруннэрин туhунан булан аа5ан, слайданы кѳмѳлѳhуннэрэн, кылгастык кэпсиэхтээхтэр (слайд 17-24). Хамаандаттан биирдии уѳрэнээччи туран, сууруу, тустуу, кѳлѳскѳнѳн сырсыы туhунан кэпсииллэр. Саамай учугэйдик кэпсээбит хамаанда5а 3 баал, иккис миэстэ5э – 2 баал, 3 миэстэ5э – 1 баал.
Учуутал: Ол таhынан, эппиппит курдук, унууну уонна диискэни быра5ыы, уhуну ыстаныы, cэрии сэптээх-сэбиргэллээх сууруу баара. Оонньуу 5-c кунугэр Зевс храамын иннигэр кыайыылаахтары на5араадалааhын буолара. Кыайбыт атлеттарга олива лабаата веногу судьуйалар тѳбѳлѳругэр кэтэрдэллэрэ (слайд 25).
5. Учуутал: 5 туhумэхпитигэр тѳhѳ бол5омтолоохтук истибиккитин бэрибиэркэлиэхпит. Эhиэхэ 6 этии бэриллиэ, ол этиилэргэ эhиги сѳп буоларын дуу, сыыhа буоларын дуу хоруйдуохтааххыт.
Хас биирдии хамаанда карточканы толорор. Учуутал бэрибиэкэлиир, сѳптѳѳх эппиэккэ баал туруорар. Ыйытыылар:
1. Олимпийскай оонньуу 4 эрэ кун устата буолара.
2. Оонньууга эр дьон эрэ кыттар бырааптаа5а.
3. Олимпия сурун храамынан Геракл храма этэ.
4. Олимпийскай оонньуулар саас ыытыллар этилэр.
5. Оонньуу кэмигэр сэрии тохтуура.
6. Саамай умсул5аннаах курэхтэhиинэн көлөөскөнөн сырсыы этэ.
6. Учуутал: Бутэhик туhумэхпит аата «Уhулуччулаах атлеттар» диэн. Бу туhумэххэ биhиги Былыргы Греция уhулуччулаах, номоххо киирбит, аатырбыт атлеттарын кытта билсиhиэхпит. Учебник 168 – 169 страницатын арыйан, хас биирдии хамаанда бэриллибит атлеттар тустарынан аа5абыт уонна кэпсиибит.
1 хамаанда – Милон, 2 хамаанда – Полидам, 3 хамаанда – Феаген туhунан аа5ар уонна кэпсиир. Саамай учугэйдик кэпсээбит хамаанда5а 3 баал, иккис миэстэ5э – 2 баал, 3 миэстэ5э – 1 баал.
7. Тумук таhаарыы, хайа хамаанда кыайбытын быhаарыы.
Сыана туруоруу (Бастаабыт хамаанда5а – «5»)
8. Дьиэ5э улэ: параграф 33 аа5ан кэлии, сана тыллары уѳрэтии.