kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Олонхону сиэр-майгы иитиитигэр туьаныы

Нажмите, чтобы узнать подробности

Оҕону олоххо бэлэмнээһиҥҥэ, оҕо тус бэйэтин киһи быһыытынан билиниитин, саастыылаахтарын, дьону-сэргэни кытта алтыһыытын, дьиэ кэргэҥҥэ, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэргэ, олоҥхо педагогикатын туһаныы.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Олонхону сиэр-майгы иитиитигэр туьаныы»

Воспитатель Шамаева Лена федоровна

Олоҥхону сиэр-майгы иитиитигэр туһаныы

Сыала: оҕону олоххо бэлэмнээһиҥҥэ, оҕо тус бэйэтин киһи быһыытынан билиниитин, саастыылаахтарын, дьону-сэргэни кытта алтыһыытын, дьиэ кэргэҥҥэ, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэргэ, олоҥхо педагогикатын туһаныы.

Оскуолага киириэн иннинээги ого тэрилтэтин биир сурун сыала-соруга огону сиэр-майгы өттунэн иитии буолар.

Сиэр-майгы өттунэн итиигэ улахан төһүү күүһүнэн норуот тылынан уус-уран айымньыта-фольклора буолара саарбага суох. Фольклорга норуот тыына- дьылгата, кини киһи аймах культуратыгар киллэрэр кылаата иҥэн сылдьар. Оттон төрөөбүт тылын, фольклорун билэр киһи бэйэтин норуотун ытыктыыр, таптыыр, кининэн киэн тутта иитиллэр.

Ол иһин, оҕолору сиэр-майгы өттүнэн иитэр үлэбэр, норуоппут кутун-сүрүн иҥэрэр сыалтан фольклор айымньыларын хото туттабын: остуоруйаны, өс хоһооннору, чабырҕаҕы, тойугу, таабырыннары. Хас биирдии оҕо төрөөбут тылын билэр, сахалыы куттаах гына иитэргэ кыһаллабын.

Саха норуотун уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала – олоҥхо.

Олоҥхо норуот педагогикатын сүрүн өйдөбүлүн, тутулун, тиһигин түмэр. Онон олоҥхону сиһилии үөрэтии, чинчийии оҕону олоххо бэлэмнээх киһи гына иитэргэ кыаҕы биэрэр.

Этнопедагогиканы төруттээбит профессор, академик Г.Н.Волков олоҥхону маннык сыаналаабыта: «…олонхо самое концентрированное выражение духовной жизни якутского народа. Если по словам Платона, Гомер воспитал Элладу, то олонхо воспитал народ страны саха…»(Ефимов 2013:7)

Өбугэ саҕаттан чочуллан иитиэхтэнэн кэлбит норуот кутун-сурун баайа, киһи сирдээҕи аналын туһунан өйдөбүлү биэрэринэн, уран тылга уһуйар, маны тэҥэ оҕо ис кыаҕын арыйарга олук буолар ураты тыыннаах айымньы буоларынан, оҕону кыра сааһыттан олоҥхоҕо сыһыаран иитэн, сахалыы сиэрдээх буоларга, олоҥхоьут курдук тобуллагас толкуйдаах,уус-уран хомоҕой тыллаах оҕону иитии-биһиги сурун сыалбыт буолар.(Матвеева 2012:53)

Оҕо, олоҥхо тылын кыра эрдэҕиттэн истэ үөрэннэҕинэ,саҥарар саҥата, мындыр толкуйа, өйгө оҥорон көрөр дьоҕура куускэ сайдар. Оҕо уус-уран тыла эрэ сайдыбат, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх, куһаҕан-учугэй өрүттэри сыаналыыр, ырааҕы толкуйдуур, болҕомтолоох, кэтээн көрөр дьоҕурдаах, тулалыыр айылҕатын, эйгэтин убаастыыр киһи буола улаатар. (Михайлова 2012:23)

Олоҥхоҕо айыы дьоно сиэрдээх майгыны тутуһаллар, үтүө үгэһи уксэтэллэр. Сырдык күүс уонна хараҥа күүс мөккүөрүгэр айыы дьоно сырдык санааны, көҥүл олоҕу, үтүө быһыыны тутуһаллар, оттон абааһы өттө хараҥа күүскэ сүгүрүйэр,куһаҕан кэмэлдьини тарҕатар.

Кэнники кэмҥэ олоҥхо иитэр-үөрэтэр,сайыннарар суолтатын өйдөөн, үлэбитигэр үгүстүк туттар буоллубут. Олоҥхону билиьиннэрии биһиги уһуйааммытыгар араас хайысхаларынан кыра бөлөхтөн саҕалаан ыытыллар. Быйыл оҕолору сиэр-майгы өттунэн иитиим улэтигэр олоҥхону былааннаан туһанарга сананным. Того диэтэххэ олоҥхо орто дойду дьонун ытык өйдөбүллэрин, ордук сиэр-майгы суолтатын тоһоҕолоон аһар: аҕа-ийэ уустарын ситимнэрэ, бухатыырдар бэйэ-бэйэлэригэр, кырдьагастарга сыһыаннара, төрөөбут дойдуга, дьоҥҥо-сэргэҕэ бэриниилээх буолуу (патриотизм),үтүө-мааны, сиэрдээх, хорсун быһыы-майгы көстүүлэрэ хоһуйуллар

Ол курдук олоҥхоҕо чугас дьоҥҥо таптал сыһыана күүскэ бэриллэр, ордук ыалга ийэ, аҕа оҕоҕо таптала, оҕо төрөппүт дьонугар сүгүрүйүүтэ, бииргэ төрөөбүттэр истиҥ сыһыаннара, дьиэ кэргэҥҥэ аймах-уруу бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһүүлэрэ сиһилии кэпсэнэр. Олоҥхоҕо сыһыан утарыта турар икки күүһүнэн бэриллэр. Айыы сыһыана бэйэни сатаан көмүскэнэри, дьоҥҥо аһыныгас буолары түстүүр, олоҕу туругурдар үтүө өрүттээх, абааһы сыһыана күүһүнэн өттөйөр, маҥнай иирсээни саҕалыыр, онон олоҕу үрэйэр, алдьатар мөкү өрүттээх. Айыы дьонун бэйэтин икки ардыгар сыһыан үтүөҕэ тирэҕирэр: ийэ, аҕа, кырдьаҕас дьон алгыһа, аллараа дойдуга алдьархайга түбэспит бухатыырга айыы бухатыыра булгуччу көмөлөһөрүгэр, кинилэри быыһыырыгар көстөр.

Олоҥхо дойдуга бэриниилээх буолууну хоһуйар. Сырдыкка, үтүөҕэ, ырааска, кырдьыкка дьулуспут күүс кыайар. Айыы бухатыырдара төрөөбүт сирдэрэ-уоттара, дьоно-сэргэтэ «аал уоту оттон, алаһа дьиэни тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн» олороллорун туһугар абааһылары кытта бэриниилээхтик охсуһарыгар көстөр. Оттон бэйэ дойдутугар бэриниилээх буолуу- киһи-аймах биир боччумнаах сыаннаһа буолар. (Чехордуна 2012: 15-16)

Олоҥхоҕо көстөр киһи-аймах сүрүн сыаннастарын үөрэтэн, чинчийэн баран сыллааҕы улэбэр ыйдарынан туспа былаан оҥостон киллэрэргэ быһаарынным. Бу былаан сыллаагы иитэр-үөрэтэр үлэ былаанын кытта дьүөрэлии барар.

Олоҥхону сиэр-майгы иитиитигэр туһаныы үлэтин былаана

Сыала: оҕону олоххо бэлэмнээһиҥҥэ, оҕо тус бэйэтин киһи быһыытынан билиниитин, саастыылаахтарын, дьону-сэргэни кытта алтыһыытын, дьиэ кэргэҥҥэ, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэргэ, олоҥхо педагогикатын туһаныы.

  1. Балаҕан ыйа. «Мин дойдум – олоҥхо дойдута»

Сыала: олоҥхо үс дойдутун, аан дойду айыллыытын туһунан билиһиннэрии. «Мин Бүлүүм-олоҥхо дойдута» төрөөбүт дойдуну таптыырга, харыстыырга иитии.



  1. Алтынньы. «Күн күбэй ийэм»

Көмүс чопчу сүрэҕэр

Күлүктээн үөскэппит

Күбэй хотун ийэ!

Сыала: олоҥхо тылынан ийэни хоһуйууну иһитиннэрии; оголорго ийэҕэ тапталы, убаастабылы иитии. Ийэ өттуттэн төрдү-ууһу быһаарыы, төрүччүнү оҥоруу.



  1. Сэтинньи. «Тойон аҕа»

Аламай күн анныгар

Айан төрөппүт

Аар тойон аҕа

Сыала: олоҥхо тылынан аҕаны хоһуйууну иһитиннэрии. Аҕаҕа убаастабылы, тапталы иитии, аҕа- алаһа дьиэ баһылыга, байанайдаах булчут буоларын оҕолорго өйдөтүү. Аҕа өттүттэн төрүччүнү оҥоруу.



  1. Ахсынньы. «Ыал олоҕун сиэрин олохсутуу» «Төрүччү – өбугэлэр үгэстэрэ»

Сыала: оҕону «мин сахабын» диэн киэн туттар дьоһун киһи буола улаатарын түстээһин; дьиэ кэргэн төрдүн-ууһун ситимин, аймахтар сыһыаннарын олоҥхо баай тылын көмөтүнэн хатылааһын. Саастаах, кырдьаҕас дьону истэргэ, ытыктыырга иитии, үөрэтии.

  1. Тохсунньу. «Дьоҥҥо - сэргэҕэ, бэйэ-бэйэҕэ сиэрдээх сыһыан »

Сыала: олоҥхоҕо айыы бухатыырдарын, абааһылар сыһыаннарын, майгыларын холобур туттан, киһиэхэ баар үчүгэй, мөкү өрүттэри (кырдьыксыт, сымыйаччы, аһыныгас, күүс өттүнэн өттөйүү,киэптээһин) чиҥэтэн билиһиннэрии. Оҕолору көмүскэс, аһыныгас, иллээх-эйэлээх, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр буоларга иитии.

  1. Олунньу. «Уол оҕо барахсан»

уол оҕо барахсан күн тура-тура ыстаҥалыы-кылыйа, куобахтыы, сүүрэ оонньуур буолла.

Сыала: Айыы бухатыырын холобур тутуу: Оҕоҕо - дьиэҕэ-уокка дурда-хахха, дьону-сэргэни, дойдуну көмүскээччи, араҥаччылааччы буоларын өйдөтүү.



  1. Кулун тутар. «Кыыс оҕо»

тахсар күн сардаҥата чабырҕайыгар оонньуур, киирэр күн килбиэнэ иэдэһигэр тыгар кыыс оҕо барахсан.

Күн курдук күлүмнээтэ

Сардаҥа курдук сандаарда,

Кыталык курдук кынталдьыйда,

Куба курдук долгулдьуйда.

Сыала: кыыс оҕо сибэкки курдук кыраһыабай, көрсүө-номоҕон майгылаах, сатабыллаах (иистэнэр, астыыр), ийэ буолар аналлаах диэн өйдөтүү.

  1. Муус устар. «Сиэрдээх сыһыан»

Сыала: бухатыырдар төрөппүттэрин кытта сыһыаннарын санатыы

Кырдьаҕас, инбэлиит киһини күлүмэ, кыамматы, тулаайаҕы атаҕастаама, ымсыы, көҥөс, хобуоччу, киҥнээх буолума диэн уөрэтии.



  1. Ыам ыйа. «Айылҕаны, көтөрү-сүүрэри харыстаа»

Сыала: олоҥхоҕо айылҕаны хоһуйуу олуктарын иһитиннэрии; оҕону төрөөбүт сирин-дойдутун таптыырга, отун-маһын алдьаппат, кыылын-сүөлүн, көтөрүн-сүүрэрин, кинилэр оҕолорун харыстыырга, уйаларын тыыппат наадатын билиһиннэрии, үөрэтии.

Бу үлэбэр төрөппүттэри эмиэ көмөлөһүннэрэбин. Олоҥхону аахтарыы, оҕолорго тыллары үөрэтээһин, төрүччү маһын оҥоруу, хаартыскалары бэлэмнээһин, дьиэ кэргэн улахан дьонун толору ааттарын үөрэтии о.д.а.

Түмүк: онон, төрөппүттэри кытта биир санаанан, оҕолорбутун олоҥхо эйгэтигэр киллэрэн тобуллаҕас толкуйдаах, сахалыы сиэрдээх, олоххо бэлэмнээх буоларга бастакы олуктары ууран иитии-үөрэтии – биһиги биир сүрүн сыалбыт буолар.

Туһаныллыбыт литература



  1. Ефимов Д.Т. Олоҥхо педагогикатын оҕо садыгар олохтооьун.Дь.,2013.

  2. Матвеева М.В. Түөлбэ олоҥхотугар олоҕуран оҕону сиэрдээх майгыга иитии. Чөмчүүк саас. №2- 2012

  3. Чехордуна Е.П. Олоҥхоҕо тулхадыйбат ытык өйдөбүллэр. Чөмчүүк саас №3-2012

  4. Чехордуна Е.П. Мин дойдум – олоҥхо дойдута. Дь.,2006.










































Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Дошкольное образование

Категория: Уроки

Целевая аудитория: Дошкольникам.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Олонхону сиэр-майгы иитиитигэр туьаныы

Автор: Шамаева Лена Федоровна

Дата: 18.12.2018

Номер свидетельства: 491360


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства