kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

"Эьэлээх боро иирээннэрэ"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Технологическая карта занятия по ФГОС.

"Эьэлээх боро иирээннэрэ"

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«"Эьэлээх боро иирээннэрэ"»

Саха Ѳрөспүүбүлүкэтэ «Yөhээ Бүлүү улууhа (оройуон)» муниципальнай оройуон
бюджетнай уопсай үөрэхтээhин тэрилтэтэ
«Нам «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин»





«Эһэлээх бѳрѳ иирээннэрэ»
(Аһаҕас дьарык технологическай картата)





Иитээччилэр: Томская Татьяна Николаевна
Ботуева Олимпия Анатольевна


















2018 сыл
Дьарык: ситимнээх тылы, кэпсиир дьоҕуру, тарбах былчыҥнарын сайыннарар дьарык
Темата: «Эһэлээх бѳрѳ иирээннэрэ»
Уобаластар алтыһыылара: билии – керүү,тылы сайыннарыы, бодоруһуу, эт-хаан сайдыыта, кэрэҕэ уһуйуу
Көрүңэ: интегрированнай
Тиибэ: саҥаны үөрэтии
Дьарык ньымата: билии – кѳрүү, оонньуу

Сыала - соруга:

1. Николай Якутскай саҥа остуоруйатын салгыы билиһиннэрии, чиҥэтии, оонньуу;
2. Суруйааччы остуоруйатыгар олоҕуран бэйэ ыккардыгар, кыылларга, айылҕаҕа харыстабылы иитии, амарах, үтүө санааҕа угуйуу, иҥэрии;
3. Остуоруйа ис хоһоонун өйдүүрү ситиһии,саҥарар саҥаны сайыннарыы;
4. Иитиллээччи инники олоҕор сыал туруорунан, ону хайдах ситиһиэн сөбүн ыраҥалаан көрүү;
5. Бэйэ бэйэлэрин кытары сүбэлэһэн иллээхтик-эйэлээхтик үлэлииллэрин сайыннарыы.

Формата:
Биирдиилээн үлэ
Бөлөђүнэн үлэ
Бэсиэдэ
Оонньуу
Таабырын

Кэтэһиллэр түмүктэр:
1. Оҕо тус сайдыытын байытыы;
2. Остуоруйа кэрэ эйгэтигэр уһуйуллан бэйэ – бэйэни, кыыллары, айылҕаны харыстыы үөрэнэр;
3. Ођо сатабылын сайыннарыы.

Иитиллээччи дьарык түмүгэр ылар сатабыла:
Тус суолталаах сатабыл:
• Ыйытыыларга чобуотук эппиэттиир уонна ис санаатын толору этэр.
Бэйэни салайынар – дьаhанар сатабыла:
• Бэриллибит соруда5ы ѳйдүүр, былаанныыр, тэрийэр, оҥорор, тиһэҕэр тиэрдэр.



Билэр – көрөр сатабыла:
-Истибитин, кѳрбүтүн ис санаатын уруһуйдаан, оҥорон, музыканан хамсанан кѳрдѳрѳр;
-Остуоруйа сүрүн санаатын таба этэр;
-Yлэ түмүгүн кэпсиир, ырытар.
Бодоруhар сатабыла:
• Бөлөхтөhөн үлэлииргэ үөрүйэ5и сайыннарар;
• Биир сыаллаах-соруктаах оҕолорун кытта таhаарыылаахтык – көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэрэ;
• Кэпсиир киhитин сэңээрэр, кини санаатын бол5ойон истэр, ылынар.
Тус суолталаах түмүк:
-Истибит, кѳрбүт геройдарыгар бэйэтин тус санаатын толору сыhыанын этинии;
-Бэйэ – бэйэ5э убаастабыллаахтык сыhыаннаhыы;
-Майгы-сигили, үчүгэй - куһаҕан ѳйдѳбүллэрин араарар, сыаналыыр.
Метапредметнай түмүк:
-проблеманы быhаарар;
-эрдэ ылбыт билиини баһылыыр;
-дьарыкка үлэтин сыалын ситиhэр.
Предметнай түмүк:
-эрдэ ылбыт билиини туһанар;
-сөптөөх ньымалары таба булар;
-санаабыт санаатын тылынан сатаан сааhылаан этэр;
-практическай соруктарга эрдэ ылбыт билиилэрин туттар.



Дьарык түhүмэхтэрэ:
1. Киирии тыл 1м
2. Дьарык соругун этии. Дьарык тематын таhаарар проблема туруоруу 1м
3. Проблеманы быhаарыы 1м
4. Дьарык сүрүн чааһа.
А) Николай Якутскай остуоруйатын билиһиннэрии 1м
Б) Остуоруйа кѳрүү «Эһэлээх бѳрѳ иирээннэрэ». Нам орто оскуолатын оҕолорун устуута 3м
5. Хамсаныылаах сынньалаң 5м
6. Дьарык практическай чааһа. Бөлөђүнэн үлэ. 15м
7. Таабырын таайыы 5м
8. Түмүк чааһа 2м
9. Рефлексия 1м
Материальнай – техническэй хааччыллыыта:
Экран;
Проектор;
Колонка;
Магнитола;
Таҥас куукулалар (Эһэ, бѳрѳ);
Эһэ, бѳрѳ моһуомнара;
Сиэрэй ѳңнѳѳх кумаахы;
Туттар тэриллэр: хоңор баайыы сап, кыптыый, клей, салфетка
Уруһуйдуур тэриллэр;
Үѳрбүт, хомойбут кыыллар.
Туhаныллыбыт литература:
Иитиллээччигэ:
1) Ю.И.Васильев-Дьаргыстай Николай Якутскай «Саха суруйааччылара оҕолорго» кинигэ. Дь.Бичик 2008
Иитээччигэ:
1) Ю.И.Васильев-Дьаргыстай Николай Якутскай. Саха суруйааччылара о5олорго кинигэ. Дь.Бичик 2008






Түһүмэх Сатабыл, үѳрүйэх иңэриллиитэ Иитээччи үлэтэ Иитиллээччи үлэтэ Бириэмэтэ Туттар тэриллэрэ
1 Киирии тыл













2 Дьарык соругун этии. Дьарык тематын таһаарар проблема туруоруу














3Проблеманы быһаарыы







4Дьарык сүрүн чааһа:

А)Николай Якутскай саҥа остуоруйатын билиһиннэрии


Б) Остуоруйа кѳрүү «Эһэлээх бѳрѳ иирээннэрэ». Нам орто оскуолатын оҕолорун устуута














5 Хамсаныылаах
сынньалаң


6Дьарык практическай чааһа











































7Таабырын таайсыыта



































8 Түмүк чааһа










9 Рефлексия Турукка киирии, бол5омтолоох буолуу












Дьарыкка интэриэс үѳскэтии




Эрдэ ылбыт билиилэрин чиңэтии










Уустуктан тахсыы








Оҕолор саңа информация иңэриниилэрэ




Саңа информацияны харахтарынан, кулгаахтарынан иңэринии


Кѳрбүтү чиңэтии












Музыка доҕуһуолунан хамсаныыны тэрийии

Бѳлѳҕүнэн үлэ


























Үлэ миэстэтигэр сэрэхтээх буолууну санатыы, үлэ миэстэтин бэлэмнэнии







Оҥоһук оҥоруу





Ылбыт билиилэрин чиңэтии



































Түмүктүүр үлэ










Ылбыт билиилэриттэн, оҥоһуктарыттан дуоһуйууну ылыы



-Оҕолоор, үтүѳ күнүнэн!
-Дьарыкпытын саҕалыахпыт иннинэ, таһаарыылаахтык үлэлиир турукка киириэххэйиҥ. Бары тѳгүрүччү турдубут.
-Бэйэ – бэйэбитин кѳрүстүбүт, мичээрбитин бэлэхтэстибит уонна миигин үтүктэн саҥарыаххайыҥ.
-Күн таҕыста, сардаҥатын ыста, сырдык, сылаас буолла, санаабыт сайынна, турукпут тубуста.
-Бүгүн биһиэхэ аһаҕас дьарык буолуоҕа, бары кѳхтѳѳхтүк кыттабыт.
-Оҕолоор,биһиэхэ бүгүн ойууртан туохтар эрэ күүлэйдии кэлбиттэр.
-О5олоор бу ханнык кыылый? ( Эһэ)
-Онтон биирэ? (Бѳрѳ)
-Хайдах кыылларый? (маладьыастар)
-Айыл5а5а, кыылларга хайдах сыһыаннаһыахтаахпытый?
-Бу кыыллардаах ханнык сахалыы остуоруйалары билэ5итий?
-Онтон нуучччалыы?
-О5олоор, бу ойуурбут кыыллара туох эрэ кэһиилээх кэлбиттэр, тугу аҕалбыттарый?
-Ол аата бүгүн биһиги ханнык кыыллар тустарынан ѳссѳ биир интэриэһинэй остуоруйаны билиэхпитий? (Маладьыастар)
-О5олоор, бүгүн биһиги Николай Якутскай ѳссѳ биир остуоруйатын кытта билсиэхпит.
-Остуоруйабыт аата “Эһэлээх бѳрѳ иирээннэрэ” диэн.

-Билигин биһиги Нам орто оскуолатын үѳрэнээччилэрин устубут Николай Якутскай “Эһэлээх бѳрѳ иирээннэрэ” остуоруйатын чуумпураммыт кѳрүѳхпүт.
-О5олоор, туох туһунан остуоруйа кѳрдүгүтүй?
-Хайдах кыыллар тустарынан кѳрдүгүтүй?
-Остуоруйаны сөбүлээтигит дуо?
-Тоҕо?
-Николай Якутскай бу кыыллары хайдах майгылаах гына көрдөрбүтүй?
-Бэйэ ыккардыгар хайдах сыһыаннаһыахтаахпытый?

-О5олоор, биһиги сылайдыбыт, билигин сынньанан ылыахпыт.

-Билигин остуоруйаны төһө болҕомтолоохтук кѳрбүккүтүн бэрэбиэркэлэниэххэ.
-Сѳбүлэһэҕит дуо?
-Бѳлѳҕүнэн үлэлиэхпит.
1-кы бөлөххө
-Эһэ түүтэ хайдах өҥнөөҕүй?
-Эһиги сорудаххыт эһэҕэ хоҥор сабы кыра гына кырыйан түүтүн сыһыарыаххыт.
2-с бөлөххө
Бөрө хайдах түүлээҕий?
-Эһиги сорудаххыт сиэрэй ѳҥнѳѳх кумаахынан оригами техниканан бѳрѳнү оҥоруоххут.
3-с бѳлѳххѳ хомуйан оҥоруу (конструктор)
-Мүѳт хайдах ѳҥнѳѳ5үй?
-Амтана хайда5ый?
-Ким эмит сиэн кѳрбүтэ дуо?Туһалаах дуо?
-Схеманы кѳрѳн тигээйи мүѳтүн иһитин оҥоруоххут.

Үлэлиэххит иннинэ сэрэхтээх буоларбытын умнубаппыт. Кыптыыйы сөпкө тутабыт, уһугунан хороччу туппаппыт, клейы,кыра конструктордары айахпытыгар уктубаппыт, кыһамньылаахтык туттабыт, бэйэ – бэйэбитигэр харыстабыллаах буолабыт.
Иитээччи уонна иитээччи кѳмѳлѳһѳѳччүтэ (эбэтэр тѳрѳппүт) биирдиилээн оҕоҕо кѳмѳлѳрѳ.
Ким тугу ыарырҕаппытын ыйытыы. Кыһаллан үлэлээбиттэри бэлиэтээһин.
(Оҕолор маладьыастар)

-О5олоор, билигин биһиги ылбыт билиибитин чиҥэтэ таарыйа таабырын таайсан оонньуохпут.
-Кѳттѳҕүнэ дыыгыныыр, Олордоҕуна саҥарбат,
Күнү быһа үлэлиир,
Хонууларга, садтарга
Доҕотторун мүѳттүѳҕэ,
Ѳстѳѳхтѳрүн куоттарыа
(Тигээйи)
Кѳмүс дьаабылыка буоламмын
Халлааҥҥа кѳҥүл устабын
Сарсыардаттан оҕолорго Итии мичээр ыытабын
Этиҥ эрэ о5олоор, мин кимминий? (Күн)
Кэчигирэс сытыы тиистэрдээх,
Киммит тымныы кыһыҥҥа
Аччык ѳкчѳҥѳлѳѳн,
Ойуур устун хаамарый?
(Бѳрѳ)
Кып-кыра, мап-маҥан,
Ойуур устун ойуоккалыыр,
Хаар устун тэйиэккэлиир. (Куобах)
Үмүрүччү үктүүр атахтаах,
Улахан кѳрүҥнээх,
Киммит арҕахха кыстыырый?
Кинини этиэххит буолаарай. (Эһэ)
-Маладьыастар! Биири да сыыспатыгыт, барытын таайдыгыт.

-О5олоор, бүгүңңү дьарыкпытыгар ким суруйбут остуоруйатын эбии биллибитий?
-Бүгүн туох туһунан остуоруйа кѳрдүбүтүй?
- Бу остуоруйаны атыннык түмүгүн уларытыахха сөп дуо?
-Хайдах түмүктүө этигитий?

-Бүгүңңү дьарыкпыт эһиэхэ хайдах аастай?
Үчүгэйдик ааспыт буолла5ына үѳрбүт кыыллары, астымматах буолллаххытына хомойбут кыыллары ылабыт уонна кѳрдѳрѳбүт.
-Эһиэхэ баҕарыа этибит тус олоххутугар ситиһиилээх дьон буоларгытыгар.
-Дьарыкпытын бары тэҥҥэ туран эрэ бу тылларынан түмүктүөҕүҥ:
Үөһэттэн үөһэҕэ
Үрдүккэ талаһан,
Дьаныһан үөрэнэн
Элбэҕи билэммит
Ситиһиилээх буолуохха!
-Дьарыкка кѳхтѳѳхтүк кыттыбыккытыгар бар5а махтал, аныгыскыга кѳрсүѳххэ диэри!
Оҕолор дорооболоһоллор
Турукка киирии, бол5омтолоох буолуу
Залга тѳгүрүччү тураллар

О5олор мичээрдэһэллэр


Иитээччини үтүктэллэр, миэстэлэригэр баран олороллор.



Болҕомтолоох буолуу


Оҕолор сэҥээриилэрэ


О5олор кыыллары сѳпкѳ ааттыыллар

Бэйэ толкуйун этинэллэр




Билэр остуоруйаларын этэллэр



Урут билбит билиитин сананы билиитигэр туьанар, бэйэтин этиитин чопчулуур

О5олор сѳптѳѳх эппиэти этиилэрэ
Эһэ, бѳрѳ туһунан дэһэллэр









Чуумпуран олорон остуоруйа кѳрүүтэ




Биирдиилээн о5олор эппиэттэрэ.


Бэйэ санаатын иннигэһэ суохтук этиниилэрэ







Эттэрин-хааннарын хамсатан сынньаналлар.


О5олор хоруйдара
Бѳлѳҕүнэн үлэ




1-кы бѳлѳх эппиэтэ





2-с бѳлѳх хоруйа





3-кы бѳлѳх санаата












Сэрэхтээх буолууну санатыы








О5олор айымньылаах үлэлэрэ








Оҕолор эппиэттэрэ




































Дьарыкка тугу билбиттэрин, сатаабыттарын, баҕа санааларын этинэллэр.
Ким тугу сөбүлээбитин, тугу ыарырҕаппытын этинии.






О5олор биирдиилээн хоруйдара
Бэйэлэрин настырыанньаларынан үѳрбүт, хомойбут кыыллары ылан кѳрдѳрүү 1м


































































10 м



15 м




























































































1-2м Проекторга мичээрдээбит күн сардаҥаларын ыһар анимацията кѳстѳр.











Улахан таҥас куукулалар: эһэ, бѳрѳ ( иитээччи кѳмѳлѳһѳѳччүлэрэ эбэтэр тѳрѳппүттэр кэтэн киирэллэр)

Кыылы иитээччи ыйытта5ын аайы колонка5а эһэ, бѳрѳ саҥата иһиллэр, куукулалар хамсанан кѳрдѳрѳллѳр.




Эһэлээх бѳрѳ мүѳт илдьэ кэлбиттэр














Проектор, доска, колонка


















Магнитола, колонка








Эһэ моһуома,хоҥор сап, кыптыый,
клей


Сиэрэй ѳҥнѳѳх кумаахы, ѳҥнѳѳх харандаастар
Араас ѳҥнѳѳх конструктордар





























Проекторынан таабырын-оонньуу














































Үѳрбүт, хомойбут кыыллар









Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Дошкольное образование

Категория: Уроки

Целевая аудитория: Дошкольникам.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
"Эьэлээх боро иирээннэрэ"

Автор: Томская Татьяна Николаевна, Ботуева Олимпия Анатольевна

Дата: 17.10.2018

Номер свидетельства: 480977


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства