kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Олонхону кыра саастаах о5олорго уерэтии

Нажмите, чтобы узнать подробности

Олонхо уус уран айымньы, хас биирдии олонхо угус ураты дьоруойдаах тус туhунан ис хоьоонноох – олонхо ?бугэ т?рутпут кэлэр к?лу?нэлэргэ кэриэс гынан хаалларбыт кэс тыла, ол кэс тыла диэн олонхо5о олох дьаhах, ?й санаа, былдьаhыктаах, быhылааннаах кэм майгытын сигилитин туhунан уустаан-ураннаан дьуhуйбут у?рэ5э эбит. Ону ааhан киэн халлаан киэлитин, итэ5эл, сиэр туом туhунан билиини тиэрдэр у?рэх. Онтон саамай сурунэ – киhи аналын, бухатыыр айыы айма5ын к?мускуур, араначчылыыр аналлаа5ын уран тылынан умсугутан инэрэр у?рэх. Ол да иhин сункэн билиини инэринэн ильдэ сылдьар олонхоhуту улуу педагог Г.Н. Волков «Олонхоhуттар норуот уту?кэннээх учууталлара эбиттэр», - диэтэ5э.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Олонхону кыра саастаах о5олорго уерэтии»









































МБДОУ детский сад присмотра и оздоровления «Туллукчаан-от»



Саввинова А.Г.











Олонхону кыра саастаах о5олорго уерэтии

Иитээччигэ кѳмѳ

















Ѳргуѳт – 2015с.

















































Иhинээ5итэ

I туhумэх. Киириитэ

  1. Олонхону о5о5о уерэтии

  2. О5о уонна олонхо

  3. Олонхо о5о оонньуутугар

II туhумэх. Дьуhуйуу.

  1. О5о олонхону дьуhуйуутэ

  2. Дакылаат «Олонхо дойдутун о5отобун»

Тумук тыл



























I туhумэх. Олонхо тѳрут ѳйдѳбуллэрэ

Киириитэ

Олонхо уус уран айымньы, хас биирдии олонхо угус ураты дьоруойдаах тус туhунан ис хоьоонноох – олонхо ѳбугэ тѳрутпут кэлэр кѳлуѳнэлэргэ кэриэс гынан хаалларбыт кэс тыла, ол кэс тыла диэн олонхо5о олох дьаhах, ѳй санаа, былдьаhыктаах, быhылааннаах кэм майгытын сигилитин туhунан уустаан-ураннаан дьуhуйбут уѳрэ5э эбит. Ону ааhан киэн халлаан киэлитин, итэ5эл, сиэр туом туhунан билиини тиэрдэр уѳрэх. Онтон саамай сурунэ – киhи аналын, бухатыыр айыы айма5ын кѳмускуур, араначчылыыр аналлаа5ын уран тылынан умсугутан инэрэр уѳрэх. Ол да иhин сункэн билиини инэринэн ильдэ сылдьар олонхоhуту улуу педагог Г.Н. Волков «Олонхоhуттар норуот утуѳкэннээх учууталлара эбиттэр», - диэтэ5э.

Олонхо тѳрут ѳйдѳбуллэрэ саха оло5о, тулалыыр олох кѳстѳр-кѳстубэт эйгэтин, аан айыл5аны анааран сылыттаан кѳрѳр уѳруйэ5ин кытта быhаччы ситимнээхтэр. Олонхо иитэр уѳрэтэр, сайыннарар кыа5ын тута сылдьар тѳрут ѳйдѳбуллэрин маннык наардыахха сѳп:

  • Аан дойдуну анаарар тѳрут ѳйдѳбуллэр: аан ийэ дойду, Аар кудук мас //Аал луук мас, уеhээ дойду , орто дойду, аллара Дойду, то5ус хаттыгастаах халлаан, ойук былыт, кинкиниир киэн куйаар, былыргы быльдаhыктаах быдан дьыллар мындаалара.

  • Киhи аймах аналын туhунан: айыы айма5а, кун айыы улууhа, кун ѳркѳн улууhа, саха ураанхай, аар тойон а5а, кун кубэй ийэ, айыы кыыhа, окко туспут оноhуу, тѳннубэт тѳлкѳ, киhи буолар кэрэмэс кэскил, саха буолар салбар салааhын,; бутун оноруу, киhи тѳрдѳ буол, кэнчээрини кэнэтэр, удьуору ууhатар о.д.а.

  • Бухатыыр аналын туhунан: айыы бухатыыра, бухатыыр ата, кун улууhун, айыы айма5ын араначчылыыр аналлаах, суон дурда, халын хахха, кун киhитэ кѳмускэс, айыы киhитэ аhыныгас, айыы сирин аарыма ба5аната, кун сирин кутур куустээ5э, Кудай Бахсы уус о.д.а.

  • Айыы айма5ар утары турар куус туhунан: абааhы айма5а адьарай бииhэ, Арсан Дуолай, уѳдэн тугэ5э, Нэс Утугэн, абааhы уола, абааhы кыыhа, о.д.а.

  • Итэ5эл туhунан: сур-кут,буор кут, салгын кут ийэ кут, урдук айыылар, Урун Айыы Тойон,иччи, ойуун, уда5ан, кыырар, дьалбыйар, алгыыр, од.а.

  • Норуот уйгулаах оло5ун-дьаhа5ын туhунан: алаhа дьиэ, иэримэ дьиэ, аал уот, алтан сэргэ, аар ба5ах, урун суурук, хара суурук, унаар буруо, уостубат уйгу, быстыбат, быйан, иитэр суѳhу;

  • Тыл кууhун туhунан: кэс тыл, аман ѳс, хомуhуннаах тыл, сиэрдээх тыл илбистээх тыл, иччилээх тыл, сэттээх-сэлээннээх тыл, тыл иччитэ;

Бу а5ыйах холобуртан олонхо терут ѳйдѳбуллэрэ киhи буолар кэскили тустуур ѳйу санааны тиэрдэр аналлаахтара кѳстѳр.

Олонхону о5о5о уѳрэтии.

Киhи аймах уйэлэр тухары олох туhугар туруулаhар охсуhуу наадатын, эр санаалаах кууhун , кэрэ утуѳ быhыы-майгы уйэлээ5ин, киhи оло5о бутун норуотун оло5ор суолталаа5ын олонхо философията кэрэhэлиир.

Олонхо кэнчээри ыччаттарбытын иитиигэ-уѳрэтиигэ туhанар сорук турар.

Тулуурдаах буолуу проблемата кыра саастаах о5олорго эмиэ баар. Билинни о5о кыра сааhыттан билиилээх-кѳруулээх, толкуйдуур дьо5урдаах, тыла ѳhѳ ыраас, ситимнээх сайдыылаах буолара ирдэнэр. О5олору иитэргэ былыргы ѳбугэлэрбит абыычайдарын , этиилэрин олоххо туhанарбыт ордук буолуо этэ.

О5о туhунан:

О5о – уйэ кэскилэ

О5о – инники эрэл

О5о – дьол-уѳруу,

О5о – оло5у, омугу сал5ааччы

Улэм сыала соруга О5олору сиэрдээх быьыыга- майгыга, ѳйгѳ-санаа5а иитии, ѳбугэлэрбит угэстэрин, итэ5эллэрин, тѳрут культуураны о5о5о ѳбугэлэрбит оонньууларын нѳнуѳ тириэрдии- уѳрэтии. Олонхо тылынан-ѳhунэн, дьоруойдарын уобарастарын, олонхо дойдутунан былыргы ѳбугэлэрбит олорон ааспыт олохторун кэрэhэлиир, сал5ыыр, кэнчээри ыччаттарбытыгар кѳрдѳрѳн, утугуннэрэн, уерэтии иитии.

Актуальноhа

Олонхо тылын-ѳhун кѳмѳтунэн о5ону сахалыы тыынна ѳбугэлэрбит олохторун-дьаhахтарын билиhиннэрээри. Бу олонхо диэн суду айымньыга о5олору кыра саастарыттан уhуйан иитиигэ-уѳрэтиигэ.

Тылларын саппааhын байытыы, уустаан-ураннаан бэргэн-хомо5ой тылынан кэпсэтэр уонна кэпсиир дьо5урдарын, уобарастаан толкуйдуур фантазияларын сайыннарыы.

Улэм формалара

  • Дьарыктар

  • Бэсиэдэлэр

  • Олонхо оонньуулара

  • Олонхону оонньооhун (драматизация)

О5о5о бастаан олонхо сириттэн дойдутуттан са5алаан кэпсээhин уруhуйу кѳрдѳруу, олонхо дьоруойдарын уобарастарын кѳрдѳруу, ѳйдѳтуу.

Дьарыкка сахалыы ѳбугэ оонньууларын оонньоотуу. Олонхону улахан группа о5олоругар утугуннэрэн аахтарыы. О5о уус уран тылы-ѳhу билэригэр бэйэтин сааhыгар сѳптѳѳх тойугу, олонхону уѳрэтии.

О5о уонна олонхо



Ханнык ба5арар омук уѳскээбит олорбут оло5ун кэпсиир, сырдатар уостан-уоска бэриллэн, аныгы ыччакка тиийэн кэлбит уостубат-ѳспѳт айымньылаах буолар. Саха омуга уѳскээбит дойдутун тыынын, дьонун ѳйун-санаатын, оло5ун дьаhа5ын кэрэhэлиир суду айымньытынан олонхо буолар. Олонхо тылын – ѳhун иhитиннэрии о5о кыра эрдэ5иттэн ыытыллар. О5о олох кыратыгар ыалга, дьиэ5э-уокка, эбэ-эhэ, тѳрѳппут олонхону сэнээрэн истэннэр о5о бол5омтотун тардаллар. Уhугэр диэри сааcтаах кырачааннар ойууну кѳрѳн олонхо дойдутун, сирин-уотун, айыы бухатыырын, кыыhын аатын суолун, уратытын билсэллэр.

Ол курдук ѳйдууругэр табыгастаах гына остуоруйа куpдук кылгатан, ол эрэри олонхо ойуулуур-дьуhуннуур, олук тылларын туттан сурун ис хоhоонун иитээччи билиhиннэрэр, о5о ѳйугэр онорон кѳрѳр дьо5урун сайыннарар. Олонхону кыра сааhыттан билсэн, этигэр хааныгар инэринэн, ылынан улааппыт о5о:

  1. Ѳйдѳѳн истэр дьо5ура сайдар

  2. Олонхо тылыгар-ѳhугэр интириэhэ уhуктар.

  3. Тѳрѳѳбут норуотун былыргы оло5ун-дьаhа5ын кытта билсэр

  4. Ыраа5ы толкуйдуур ыраналыыр буолар, ойуулаан-дьуhуннээн, уобарастаан кѳруутэ сайдар

  5. Тулалыыр айыл5атын, эйгэтин убаастыыр, учугэй-куhа5ан ѳруттэри араарар, тѳрѳѳбут норуотунан киэн туттар буола улаатар

  6. Айыы сыралын инэринэн, сахалыы сиэрдээх киhи кэрэмэhэ буолар кыахтанар.

Олонхо о5о оонньуутугар



Саха иьитэ

Анала 3-5 саастаах о5олорго ус атахтаах чороон, кытыйа.

Быьаарыыта:

4-6 аны арахсыбыт хартыыналары саха иhитэ уруhуй.

Хас биирдии иhит тус -туспа оhуордаах халын хордуонунан оноhуллубут

Сайыннарар кыа5а:

Бу оонньуур 3-5 саастаах о5олор саха иhитин арааhын кытта билсэллэригэр улахан кѳмѳ буолуо ,

Оонньуур о5о толкуйун таьымын, ѳйугэр онорор дьайыыларын

Сатаан тэнниир, араарар ,сурунун булар , уобарастаан толкуйдуурун

Сайыннарар кыахтаах ,

Ону тэнэ бѳлѳ5унэн, паараннан улэ5э тутуннахха , бэйэ – бэйэлэрин

Кытта бодоруhарга уѳрэнэллэр.



«Олонхо ус дойдута» таныллар хартыына



Быьаарыыта

Ус дойду уруhуй 3 чаастан турар ,

Уѳhээ дойду - халлаан куйаара ,былыттар ,сулустар ,урун айыылар

Орто дойду - сир араната, айыл5а , уунээйилэр ,кыыллар ,уѳн-кѳйуур, кѳтѳрдѳр

Аллараа дойду -сир аллараа араната

Хас биирдии дойду бэйэтэ туспа ис хоhоонугар сѳп тубэhиннэрэн ууруллар

Сайыннарар кыа5а

Ус дойду ойуу о5о сенсорнай сайдыытын хааччыйар уонна олонхо ус дойдутун билсиhиннэрэр демонстрационнай матырыйаал буолар, улахан о5о олонхону бэйэтэ кэпсиир кыахтанна5ына, тылын-ѳhун, айар, кэпсиир уонна бол5омтолоохтук истэр дьо5урун таhымын урдэтэр кыахтанар



Хамсаныылаах олонхо оонньуута



Эрчимэн Бэргэн бухатыыр 6 – 7 саастаах о5олорго

Иитээччи аан дойду айыллыыта хоhоон аа5ар

Бухатыыр эрчимэн бэргэн аллараа дойдуга айанныыр

3 куруугу сы5арытан онон хаамар

Аллараа дойдуга ѳйдѳѳн кѳрбутэ хара тааhынан кѳрѳн турар эбит

Абааhы о5олоро 5 о5о куруук иhигэр тураллар ,

Эрчимэн Бэргэн ньолбуhах хара ѳрбѳхтѳн оноhуллубут мээчигинэн быра5аттыыр

5 абааьы о5олоро тогурук хаптаhын урдунэн солбуhан ууран хаамаллар

Куота сатыыллар,

Барыларын табан Эрчимэн Бэргэн хотор

Оонньуу сайыннарар кыа5а

Оонньуу быраабылатын тутуьан, о5о сатаан быллаанныыр ,хонтуруолланар , бэйэтин салайынар тургэнник хамнанар ,сымса буоларыгар эрчийэр.































II туhумэх. Дьуhуйуу.



О5о олонхону дьуhуйуутэ



Ханнык ба5арар олонхо аан ийэ дойдуну ойуулааhынтан, онуоха бухатыыр о5о тѳрѳѳн уѳскээн, ситэн хотон барыытыттан са5аланар. Салгыы бухатыыр быhылааннаах сырыылара уѳруу-кѳтуу, ѳрѳгѳй тосхойуутунан тумуктэнэр

О5о тэрилтэтигэр норуот тылынан уус уран айымньытын олонхону билиhиннэриигэ театр оонньуутун туhаналлар

Угэс буолбут ньыманнан олорон эрэ биир киhи толоруута (олоонноон олорон эрэн, кулгаах тардыстан, хара5ы быhа симэн олорон толоруу).

Улуустаа5ы НПК детсад бэлэмнэнии белех иитиллээчитэ Нарыйа Захарова олонхону дьуhуйэн иккис миэстэни ылбыта.

Дакылаат аата «Олонхо дойдутун о5отобун»

Олонхо диэн норуоттан тахсыбыт уус-уран айымньы. Олонхо бэрт былыр уѳскээбит, ол иhин уhу диибит.

Сыала-соруга:

Мин олонхо тылын истэммин, ойуутун кѳрѳммун, олонхолуу уѳрэнэммин саха былыргы угэстэрин ырыаларын-тойуктарын уѳрэтэбин.

Олонхо ус дойдута – сырдык ыраас дойду, утумэн угус уѳруулээх учугэй орто дойду, харана куьа5ан тыыннаах аллараа дойду.

Олонхо5о Аал-Луук мас – орто дойдуга уунэр ытык мас. Аал-Луук маска сир-дойду иччитэ Аан Алахчын хотун олорор. Ол иhин Аал – Луук маhы харыстыыллар.

А5ыс иилээх – са5алаах атааннаах мѳнуѳннээх

Аан ийэ дойдуларын хаба ортотугар

А5ыс салаалаах Аал луук мас ууммут эбит.

Тойон айах са5а лонку кѳмус туорахтаах эбит,

Тэллэх туос са5а нэлэмэн кѳмус сэбирдэхтээх эбит,

Аал Луук мас барахсан тула орто тула

Суѳгэй арыыта сологой чѳнѳрѳ чуѳмпэлээх.

Олонхо сурун геройдара – бухатыырдар:

Урун уолан бухатыыр

Ньургун Боотур бухатыыр

Абааhы уола Арсан Дуолай бухатыыр.

То5ус былас суhуохтаах

Тунал5аннаах ньуурдаах

Туйаарыма Куо

Олонхо учугэй кыыhа.

Олонхо бухатыырын ата:

Дьулусханнаах дьулуо манан халлаан

Дьураатыгар тура тѳрѳѳбут

Дьулусхан субуйа суурук

Дьураа хара ат барахсан...

Модун эр со5отох олонхоттон быhа тардыы:

Биир утуѳ кун

Орто дойду оло5ун

Аллараа дойдуттан

Абааhы айма5а

Тахсан аймаатылар.

Туналыкаан Куону

Уоран илдьэ бардылар.

Модун Эр Со5отох бухатыыр

Кыыьырыа5ын кыыьыран

Туналыкаан Куону

Быыьыы барарга тэринэр.

Айаннаан сынньана олордо5уна

Сорук боллур уол кѳтутэн кэллэ

Ататтан ыстанан

Тѳкунуйэ биэрэн

Ойон турда.

Субу курдук диэн

Ырыалаах буолла.

Аhуу – ля – hаатан (2 тогул)

То5ус халлаан ула5атыгар

Тура тэбинэн тѳрѳѳбут

Тойон ини убайым

До – hо –роо –бо (2тогул)

Арсан Дуолай атаман

Туналыкаан Куону

Аллараа дойдуга

Ойох ылан эрэр.

Чэй эрэ тургэнник

Бара охсуон уhу

Чэй эрэ, чэй эрэ…

Сити курдук Модун Эр Со5отох бухатыыр абааhы бухатыырын Арсан Дуолайы охсуhан хотон кыайар.

Модун Эр Со5отох бухатыыры кытта Туналыкаан Куо холоонноох до5ор буоларга ананан кэлсэр.

То5ус тууннээх – кун уруу ыhыа5а буолбута уhу.

Тумукпэр:

Мин олонхону истэммин олонхо дойдутун геройдарын тустарынан элбэ5и биллим. Олонхону кэпсии уѳрэнним. Олонхо тумугэр орто дойду улуу бухатыыра, абааhы бухатыырын улту сынньан уѳдэн таhаан онороро ойуулаан кэпсэнэр эбит

Ус саха уѳруутэ урдээбит

Уруй – туску

Уруй – айхал













Тумук тыл

Ѳбугэлэрбит былыргыттан утумнаан кэлбит культууралара сал5ана санатылла сырыттын диэн уѳрэтэбин –иитэбин.

Олонхо кѳмѳтунэн о5о тылын-ѳhyн байытыы, ойуулаан-дьуhуннээн кэпсиир дьо5урун сайыннарыытыгар иитэбин-уѳрэтэбин

О5о5о сахалыы тыыны иитэр сыалтан-соруктан о5о тэрилтэтигэр сахалыы муннуктары, оонньуулары онорон о5о сайдар эйгэтин олохтооhун.

Ити курдук олонхо дьарыктарыттан олоххо утуѳну олордуу, атын дьон иннигэр эппиэтинэстээх, дьонун-сэргэтин харыстыыр кѳмускуур киhини иитиигэ дьулуур, олох олоруу толору дьолугар тиийэр суолу арыйыы тѳрутэ о5о ис айылгытыгар инэр кыа5а уескуур. О5о ону чопчу билинэн, ѳйугэр хатаабата5ыын иhин, уйул5атыгар (иhигэр) утуѳ тѳрут буолан, оло5ун тускулууругар кыах биэрэр куус буолуо. Омук тѳhѳннѳн сайдыылаах да соччонон ѳбугэлэрин ытыктыыр буолар.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Дошкольное образование

Категория: Прочее

Целевая аудитория: Дошкольникам.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Олонхону кыра саастаах о5олорго уерэтии

Автор: Саввинова Акулина Гаврильевна

Дата: 25.04.2016

Номер свидетельства: 322284


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства