kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

"Кырачаан асчыт" куруьуок

Нажмите, чтобы узнать подробности

             «Кырачаан асчыт» куруьуок

Билинни кэмнэ о5о сайдарыгар сурун эрэ уерэхтээhин буолбакка эбии уэрэхтээhин эмиэ оруолу оонньуур. О5о кыра сааhыттан билиэн керуен ба5алаах, барытын тутан хабан, амсайан тургэнник уерэнэр. О5о ийэтэ иhит, дьиэ сууйарын, астыырын, а5ата уhанарын кэрэхсээн керер,  улахан киhини утуктэрин оонньууга эрэ буолбакка олоххо киллэрэн  боруобалаан керер. Улэ5э уерэнэн араас дьо5ура сайынна5ына о5о бэйэтигэр эрэллээх буолар, бэйэтин харана уэрэнэр,  олоххо бэлэмнээх буолар.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«"Кырачаан асчыт" куруьуок»

«Кырачаан асчыт» куруьуок

Билинни кэмнэ о5о сайдарыгар сурун эрэ уерэхтээhин буолбакка эбии уэрэхтээhин эмиэ оруолу оонньуур. О5о кыра сааhыттан билиэн керуен ба5алаах, барытын тутан хабан, амсайан тургэнник уерэнэр. О5о ийэтэ иhит, дьиэ сууйарын, астыырын, а5ата уhанарын кэрэхсээн керер, улахан киhини утуктэрин оонньууга эрэ буолбакка олоххо киллэрэн боруобалаан керер. Улэ5э уерэнэн араас дьо5ура сайынна5ына о5о бэйэтигэр эрэллээх буолар, бэйэтин харана уэрэнэр, олоххо бэлэмнээх буолар.

Уоьээ этиллибит этииттэн оло5уран Майатаа5ы Чуораанчык о5о саадыгар быйылгыттан орто болох о5олоругар «Мин кыра асчыппын» диэн эбии уорэхтээьин тэриллибитэ. Бу куруьуок ыйга иккитэ буолар,группа о5ото барыта кыттар, уьуна 30 мунуутэ5э тиийэ буолар.

Куруhуок сурун сыала:

1 о5олорго ас эйгэтигэр сыьыаннаах идэлэри билиhиннэрии.

2 о5ону боростуой булуудэлэри астыырга уэрэтии, ас астыырыгар бэйэтин бэйэтэ керунэригэр иитии

3 о5о айар дьо5урун сайыннарыы

Соруктара:

- ас астыырга туттуллар тэриллэри билиhиннэрии

- остуолу сервировкалыырга уерэтии

-Аьы тупса5ай костуулээхтик киэргэтии

- электрическэй кухоннай прибордары билиhиннэрии

- быhа5ынан, терканан, араас формочкаларынан ,белyэгунэн туттарга уерэтии

Актуальнаьа :

Билинни тереппут о5отун оннугар барытын бэйэтэ онорор буолан кэлин кэмнэ улахан да о5олор бэйэлэрин сатаан керуммэттэр. Онон бу куруhуок о5о бэйэтэ толкуйдуур, онорон - кэтээн керер дьо5урун сайыннарар. Боростуой астары астыырга, остуолу тардарга, бэйэтин бэйэтэ керунэригэр уерэтэр.

Бу куруьуок ненуе о5о5о чэнчис буолуу уеруйэхтэрин инэрии:

- Астыах иннинэ илиини кичэйэн суунуу.

- фартугу , косынканы кэтии

- батта5ы кичэйэн косынка, колпак анныгар хомуйуу

- улэлээн бутэн баран остуол урдун сууйуу, хомуйуу.

Сэрэхтээх буолуу уеруйэхтэригэр иитии.

- быhа5ы сиргэ туhэрбэппит

- быhа5ынан оонньообоппут, сирэйгэ чугаьаппаппыт

- быьа5ы биититтэн туппаппыт

- терканы туттарга сэрэхтээхтик туттабыт

- улахан киьитэ суох электрическэй прибордары холбообоппут.

Бу куруьуокка дьарыктаммыт о5олор улахан дьон улэтин билсэллэр, интириэстэнэллэр,о5олор айар дбо5урдара сайдар, бэйэлэрин керунэ , ыраастык туттан улэлии уерэнэллэр. Интэриэс уескээн, толкуйдаан , сыал –сорук туруорунан улэлииллэр, тылларын саппааьа байар, мелкай моторикалара сайдар.





Ыйдара

Астаныллар булуудэ

сыала

Бала5ан ыйа

1 дьарык – повар идэтин билиьиннэрии


2 дьарык ­– сыырдаах помидор сокууска

Детсад поварын улэтин билиьиннэрии.

Быьа5ынан, терканан туттарга, астары холбуурга уерэтии

Алтынньы

1 дьарык - мухомордар сокууска

2 дьарык – хараабыллар сокууска

Сымыыты ыраастыырга, помидор иьин луосканан баьарга уерэтии.

Салгыы быьа5ынан туттарга уерэтии, айар дьо5урдарын сайыннарыы

Сэтинньи

1 дьарык – чизкейк пирожнай

2 дьарык – творогтаах кэмпиэт

Блендерынан туттарга уерэтии, аьы тупса5айдык киэргэтии.

Ахсынньы

1 дьарык – лавааштан харыйа

2 дьарык – сиэниллэр харыйа

Айан таьаарар дьо5урдарын сайыннарыы, сэрэхтээх буолууну иитии

Тохсунньу

1 дьарык – телефон бутерброд

2 дьарык – сибэкки бутерброд

Быьа5ынан туттарга салгыы уерэтии, кыраьыабайдык бэйэлэрин ба5аларынан киэргэттэрии

Олунньу

1 дьарык – муорус (сугун, хапта5ас, уулаах отон)

2 дьарык – апельсинтан коктейль

отон араастарын билиьиннэрии, амсатыы. Блендерынан туттарга салгыы уерэтии

Кулун тутар

1 дьарык – муравейник пирожнай

2 дьарык – башенка пирожнай

Терканан, белуегунэн туттарга салгыы уерэтии. Тылларын саппаьын байытыы

Муус устар

1 дьарык – йогуртаах салаат

2 дьарык – тэллэйдэр

Фрукталар ааттарын чинэтии,илии моторикатын салгыы сайыннарыы

Ыам ыйа

1 дьарык – винегрет салаат


Тохпокко, аккуратнайдык улэлииргэ салгыы уерэтии



Сыьыарыы.

Сыырдаах помидор сокууска .

Сыыры теркалыыыыбыт. Ныьыллыбыт чесногу кытта майонестаан холбуубут. Помидору тегуруктуу быьабыт, луосканан сыырдаах чесногу тегуруккэ уурабыт.

Мухомордар сокууска

Сымыыты туруору тэриэлкэ5э уурабыт. Сууйуллубут помидору икки гына анаардаан баран , ортотун луосканан баьан ылабыт. Сымыыт урдугэр уран баран майонеьынан ойуу туьэрэбит, укробунан от онорон киэргэтэбит.

Хараабыллар сокууска

Сымыыты ыраастаан баран уьаты тутан анардыыбыт, саьархайын туспа иьиккэ оруубут.зубочиска5а иилиллибит сырынан , халбаьынан парус оноробут.

Чизкейк

Бэчиэнньэни белуек кеметунэн бытарытабыт. Форма5а кутабыт. Блендерынан творогу, саахары, суегэйи буккуйабыт,бэчиэнньэ урдугэр кутабыт.

Творогтаах кэмпиэт

200 грамм творокка 3 ст. луоска сахар пуудратын, 2 ст.луоска какаоны, 1 ст.луоска суегэйи блендерынан буккуйабыт.бу маассаттан кыракый тегуруктэри онорон теркаламмыт сакалаакка текунутэбит. Кэмпиэт бэлэм.

Лавааштан харыйа.

Лавааьы 3 муннук гына быьыталыыбыт, укроптаах майонеьынан сыбыыбыт. О5о ба5атынан киэргэтэбит.

Сиэниллэр харыйа.

О5урсуну(туустаах, сибиэьэй) 3 гына быьабыт,усталарынан быьан баран соломо курдук кырбыыбыт.харыйаны хаарынан(майонез),кукурузанан, помидорунан киэргэтэбит.

Телефон бутерброд.

Арыылаах килиэпкэ сымыыт мананын теркалаан кутабыт.кукурузаттан биитэр горохтан кнопкалары оноробут, сыыртан , буспут эттэн экран оноробут.

Сибэкки бутерброд.

Тогуруктуу быьыллыбыт батону теркаламмыт сымыытынан, майонеьынан сыбыыбыт.крабовай палочкалары сибэкки сэбирдэ5ин курдук уурабыт, ортотугар кукурузанан киэргэтэбит.





Апельсин коктейль.

Биир стакан апельсин согугар стакан анаара ууту, 100 грамм мороженайы блендерынан буккуйабыт. Бокалларга кутабыт.

Муравейник пирожнай.

600 гр. бэчиэнньэни салапаанна кутан белуегунэн ултурутэбит, наьаа бытархайдык буолбакка.100 гр.ынах арыытыгар биир банка буспут сгущенканы миксердыыбыт.бэлэм кремна бэчиэнньэни кыра кыра кутан буккуйабыт.кымырда5ас уйатын курдук кутабыт,урдугэр сакалаат теркалыыбыт.

Башенка пирожнай.

Бэлэм бисквиттэн тегуруктэри быьабыт,сгущенканан сыбыыбыт.ол урдугэр слойунан яблоко,банан уурабыт.куерчэ5инэн киэргэтэбит.

Йогуртаах салат.

Яблоканы,мандарины.винограды быьабыт, йогурунан буккуйабыт.

Тэллэйдэр.

Бананы ыраастаан баран 3 гына быьабыт,тэриэлкэ5э туруору уурабыт.Яблоканы, мандарины ыраастаан 2 гына анаардаан банан урдугэр уурабыт.эубочисканан туттарабыт.

Винегрет.

Буспут моркуобу,субуекулэни,хортуосканы , лугу кубиктыы кырбыыбыт.миискэ5э кутан масс арыылаан буккуйабыт. Горох,туустаах хаппыыста эбиэххэ сеп






Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Дошкольное образование

Категория: Планирование

Целевая аудитория: Дошкольникам.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
"Кырачаан асчыт" куруьуок

Автор: Захарова Мария Руслановна

Дата: 19.11.2018

Номер свидетельства: 486463


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства